Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Уопсастыба

Бастыҥнарга истипиэндьийэ туттарылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүк аграрнай үөрэх тэриллибитэ 70 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, бэҕэһээ, ол эбэтэр сэтинньи 20 күнүгэр, АГАТУ-га Учуонай сүбэ үөрүүлээх мунньаҕа буолла.
21.11.26 13:02
Общество

Якутия присоединится к «Географическому диктанту — 2026»

22 ноября в 12:00 по местному времени во всех регионах России состоится Международная просветительская акция «Географический диктант». Она проводится Русским географическим обществом ежегодно с 2015…
21.11.26 12:52
Занятость населения

Что учесть при выборе дат отпуска в 2027 году

Работодатели должны утвердить графики отпусков на следующий год не позднее чем за две недели до его начала. Ежегодный основной оплачиваемый отпуск — не менее 28 календарных дней. Его можно разделить…
21.11.26 12:36
Общество

"Эрэл ситимэ" — сүрэх бааһын эмтиир, эрэли саҕар испэктээк сүрэхтэннэ

Сэтинньи 20 күнүгэр Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһин сыанатыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра көрөөччүлэргэ ураты бэлэҕи оҥордо — “Нить надежды” ("Эрэл ситимэ") диэн долгутуулаах, сүрэҕи таарыйар…
21.11.26 12:16
Уопсастыба

Бибилэтиэкэ саҥа дьиэлэннэ!

Сунтаарга Леонид Попов аатынан улуустааҕы бибилэтиэкэ саҥа дьиэҕэ көспүт үөрүүтүн үллэстии олус киэҥ хабааннаахтык барда.
21.11.26 12:03
В Ил Тумэне

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна…
21.11.26 10:37
Уопсастыба

Көмүскэнэр куйахпыт

Ил Түмэн хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Конституцияҕа уларытыылар чаастарынан Саха…
21.11.26 10:14
Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 21 күнэ

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар кыратык хаардыыр. Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу уонна киин улуустарга сорох сиринэн хаар түһүөҕэ.
21.11.26 08:25
Общество

От «экстренного реагирования» — к системной работе: законопроект о продовольственной безопасности Арктики

Проект закона Республики Саха (Якутия) «О факториях в республике Саха (Якутия)» обсудили на рабочем заседании постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС (Я) по вопросам коренных…
20.11.26 14:12
Общество

Материалы до коффердамов Ленского моста будут доставлять по ледовой дороге

Устройство свайных оснований для пилонов Ленского моста продолжается, несмотря на установившиеся морозы в круглосуточном режиме. В ночные часы температура воздуха в районе строительства опускается до…
20.11.26 14:02
Общество

На 3 млрд увеличат финансирование, направляемое на здравоохранение в Якутии в 2027 году

В 2027 году в республике на здравоохранение планируется направить 36,5 млрд рублей. Рост — на 3 млрд по сравнению с текущим годом. Это и новые медицинские объекты, и модернизация, и лекарства для…
20.11.26 13:36
Общество

Бобуулаах сирдэргэ киирии: Үөрэх министиэристибэтэ сэрэтэр үлэни күүһүрдэргэ ыҥырар

Дьокуускай куоракка харабылланар байыаннай эбийиэккэ оҕолор бөлөхтөрө киирбит түбэлтэлэринэн сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтэ төрөппүттэри уонна педагогтары…
20.11.26 11:58

Биллиилээх олоҥхону чинчийээччи Иннокентий Васильевич Пухов (1904-1979) кулун тутар 12 күнүгэр 120 сылын туолла. Кини олоҥхону чинчийиигэ сааһыран баран ылсыбыта, 1945 с. МГУ аспирантуратыгар тылынан уус-уран айымньы сиэктэригэр үөрэнэ киирбитэ. Научнай салайааччытынан кафедра сэбиэдиссэйэ, аан дойдуга биллэр фольклорист, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Петр Богатырев бэйэтинэн буолбута. Петр Григорьевич славян норуоттарын тылынан айымньыларын этнографияны кытары ситимнээн үөрэппитэ. Үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн Арассыыйаҕа даҕаны, Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар тас дойдуларга бэрэстэбиитэл быһыытынан үлэлии сылдьан, фольклору уонна этнографияны чинчийэн үөрэппитэ. Үлэлэрэ чех, болгар, ньиэмэс, аангылыйа тылларынан тахсыбыттара. 1940 с. Москубаҕа көһөн кэлэн, славян норуоттарын фольклорун, култууратын тэҥнээн үөрэтиинэн дьарыктаммыта.

Биллиилээх олоҥхону чинчийээччи Иннокентий Васильевич Пухов (1904-1979) кулун тутар 12 күнүгэр 120 сылын туолла. Кини олоҥхону чинчийиигэ сааһыран баран ылсыбыта, 1945 с. МГУ аспирантуратыгар тылынан уус-уран айымньы сиэктэригэр үөрэнэ киирбитэ. Научнай салайааччытынан кафедра сэбиэдиссэйэ, аан дойдуга биллэр фольклорист, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Петр Богатырев бэйэтинэн буолбута. Петр Григорьевич славян норуоттарын тылынан айымньыларын этнографияны кытары ситимнээн үөрэппитэ. Үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн Арассыыйаҕа даҕаны, Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар тас дойдуларга бэрэстэбиитэл быһыытынан үлэлии сылдьан, фольклору уонна этнографияны чинчийэн үөрэппитэ. Үлэлэрэ чех, болгар, ньиэмэс, аангылыйа тылларынан тахсыбыттара. 1940 с. Москубаҕа көһөн кэлэн, славян норуоттарын фольклорун, култууратын тэҥнээн үөрэтиинэн дьарыктаммыта.

Дьиктини дьиктиргээтэххэ

Иннокентий Пухов кандидатскай диссертациятын тиэмэтинэн Дмитрий Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун дьүһүлгэнин (уобарастарын) чинчийиини ылбыта. Бу олоҥхону саха судаарыстыбаннай үлэһитэ Алексей Бояров 1934 с. олоҥхоһуту суруйааччылар маҥнайгы кэмпэриэнсийэлэригэр киирэ сырыттаҕына көрсөн, сурукка тиспитэ. Тыл уонна култуура үнүстүүтүн дириэктэрэ Платон Ойуунускай көҕүлээһининэн, кини хаайыллыан эрэ иннинэ бэчээккэ бэлэмнэммитэ латыын алпаабытынан 1938 с. Москуба куоракка күн сирин көрбүтэ. Саха дьоно-сэргэтэ ону олус сэргээбитэ, кырдьаҕастар оскуола оҕолоругар аахтаран истэллэрэ.

17.jpg

Иннокентий Пухов научнай салайааччытынаан үлэлэрин торумнаабыта. Дмитрий Говоров олоҥхото туспа кинигэнэн тахсыбытын билэн, өссө аахтаран истэн баран, 1942 с. сэрии ыар сылларыгар олохтон туораабыта. Биир дойдулааҕа Георгий Данилов өссө оҕо сылдьан 1930 с. суруйбутун Георгий Васильев уонна  Христофор Константинов 1942 с. “Саха народун айымньыта” диэн хомуурунньукка киллэрэн бэчээттэппиттэрэ. Бу тэттик олоҥхону Ойуунускай көрөн бэлиэтээһиннэри оҥорбут уонна бэчээккэ тахсыан сөп эбит диэн суруйбут. Дьиҥэ оччолорго суруллубут олоҥхо элбэх этэ да, хомуйан оҥорооччулар Платон Алексеевич норуот өстөөҕө аатырбыт кэмигэр кини хайҕаабыт олоҥхотун талбыттара туһугар хорсун быһыы этэ. Иннокентий Пухов даҕаны норуот өстөөхтөрө аатырбыт дьон суруйбут олоҥхолорун чинчийбитэ эмиэ дьикти.

Научнай салайааччыта Петр Григорьевич саха фольклорун кэрэхсээбитэ. Норуот аатырбыт ырыаһыттара Устин Нохсоороп, Сергей Зверев толорууларын кэрэхсээн истибитэ. Биир көрсүһүүгэ Устин Нохсоороп Улуу Кыайыы туһунан тута хоһуйбутун олус сөхпүтүн уонна Кыайыы кэнсиэригэр киллэттэрбитин туһунан фольклорист Петр Попов кэпсээбитэ. Маныаха киниэхэ аспирана Иннокентий Пухов тылбаастаан биэрбитэ биллэр. Ити курдук, олус тапсан үлэлии сырыттхтарына, научнай салайааччытын космополитизмҥа эрийэ тардан, буржуазнай оскуолалар сүүрээннэрин тутуһаҕын диэн баайсан, үлэтиттэн 1948 с. устаннар, Воронеж үнүбүрсүтүөтүгэр сыылкаҕа ыыппыттара. Оттон аспиранын Дьокуускайга төннөрүгэр күһэйбиттэрэ. Таарыччы аҕыннахха, бу олоҥхону Агафья Захарова эрэдэээксийэтинэн сахалыы-нууччалыы тылынан уус алданнар 2023 с. таһаарбыттара.

Диссертацияны көмүскээһин

Дойдутугар кэлэн Иннокентий Васильевич ТЛИНЧИ-гэ үлэҕэ киирбитэ. Кандидатскай диссертациятын ситэрэргэ дьулуспута. Уус Алдаҥҥа тахсан, олоҥхоһуттары көрсөн, баай матырыйаалы эбии хомуйбута. Уопсайа отучча олоҥхо сюжетын, олоҥхоттон быһа тардыылары суруйбута, кандидатскай диссертациятыгар Иван Говоров «Айыы сиэнэ Адьа-Будьу» «Эмпэрэлээх тайахтаах Элэгэн Кулантай» , Суотту нэһилиэгин олоҥхоһута Петр Олесовтан «Дьуларытта Бэргэн», Курбуһах олоҥхоһута П.М. Пуховтан «Күн Эрили бухатыыр» , II Бэрт Ууһун олоҥхоһута Е.П. Охлопковтан «Мэдьээн тыа тоҥуһун уолаттара» , II Өлтөх олоҥхоһута И.И. Даниловтан «Хахай сиэр аттаах Хара Дьааһын»  олоҥхолору суруйбута. Дьокуускайга олорон, Амма олоҥхоһута Устин  Нохсоороптон «Үрүҥ Уолан» , Мэҥэ Хаҥалас олоҥхоһута Г.С. Кычкинтан «Дьура Суорун» олоҥхолору сурукка тиспитэ учуонай архыыбыгар бааллар.

Онон Иннокентий Васильевич научнай салайааччытыттан ылбыт билиитин-көрүүтүн кэҥэтэн, үлэтин эбии матырыйаалларынан байытан,  түмүктүүр түһүмэҕэр киллэрбитэ. Ол эрээри, Дмитрий Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун эбээн эдэр суруйааччытабын диэн ааттанар Николай Кривошапкин баартыйа обкомун аатыгар олоҥхоҕо Ардьамаан-Дьардьамаан уонна Балтараа Баатыр уобарастарынан норуоттар доҕордоһууларыгар күлүк түһэрэр буортулаах кинигэ тахсыбыт диэн үҥсүү түһэрбит. Суруйааччылар сойуустарын бырабылыанньатын мунньаҕар ол үҥсүүнү көрбүттэр, дьүүллэспиттэр. Сорох суруйааччылар олоҥхо интернациональнай иитиигэ буортулааҕын ыйбыттар, бибилэтиэкэ пуондаларыттан устарга эппиттэр, Пуховка диссертациятын көмүскэтэр наадата суоҕун ыйбыттар. Арай, бырабылыанньа чилиэнэ, фольклорист Георгий Васильев утары куоластыыртан туттуммут. Баартыйа обкома суруйааччылар уураахтарын ылыммыт. Онтон ТЛНЧИ Иннокентий Пухов кандидатскайын ИМЛИ-гэ көмүскүүрүгэр көҥүлү биэрбит, онон 1956 с. Иннокентий Васильевич диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кэллиэгэлэрин сүбэтинэн, үлэтин кэҥэтэн, туруорар проблематын чопчулаан, олоҥхо дьүһүлгэннэрин тиһигин арыйан көрдөрбүтэ. «Якутский героический эпос олонхо. Основные образы» диэн монографияны таһаарбыта.

Улахан кылаат

Кини иннигэр олоҥхону бухатыырдар тустарынан эпос, эрдэтээҥҥи эпос (архаическай) көрүҥүн быһыытынан сыаналааһын баара. Онтон Иннокентий Пухов саха олоҥхото сюжет уонна уобарас өттүнэн сайдан, дьоруойдуу эпос көрүҥүн ылыммытын олоҥхоҕо кэпсэнэр бухатыырдар уобарастарынан арыйан көрдөрбүтэ. Кэлин Николай Емельянов олоҥхо сайдан испит сюжеттарынан көрөн, дьоруойдуу эпос таһымыгар тахсыбытын бигэргэппитэ. Бу – саха фольклористара эпос теориятыгар киллэрбит биир улахан кылааттара буолар. 

18.jpg

Эпосовед 1954 сылтан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри ИМЛИ-гэ  үлэлээбитэ. Саха уонна түүр-монгуол норуоттарын эпическэй айымньыларын академическай билим таһымынан чинчийбитэ. «Эпос народов СССР» (билигин «Эпосы народов Евразии») сиэрийэҕэ эпос айымньытын туһааннаах норуот тылынан уонна нууччалыы тылбаастаан туспа кинигэнэн таһаарыы 1960-с сс. саҕаламмыта. Иннокентий Васильевич алтайдар «Маадай Хара» эпостарын бэрэпиэссэр  Сазон Суразаковтыын бэчээккэ бэлэмнээбитэ, Иннокентий Теплоухов-Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун Георгий Эргис уонна Александр Попов эрдэ бэлэмнээбиттэрин фольклористика аныгы ирдэбиллэринэн ситэрэн таһаарбыта. Онуоха аҕа көлүөнэ фольклористар үлэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаспыта, кинилэри бэйэтин кытта тэҥҥэ ааттаан бэчээттэппитэ.

ИМЛИ-гэ үлэлиир сылларыгар Наукалар Академияларын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Виктор Гацак салалтатынан фольклор сиэктэрин  бырайыактарыгар кыттыһан, эпос билиҥҥи теориятыгар тэҥнээн үөрэтии, эпос типологиятыгар, эпоһы тылбаастаан, бэчээттээн таһаарыы боппуруостарыгар сы­һыаннаах научнай ыстатыйалары суруйталаабыта академическай хомуурунньуктарга бэчээттэммитэ. Эпосовед 100 сааһын туоларыгар тахсыбыт  «Героический эпос алтая-саянских и якутские олонхо» монографията, «Якутский героический эпос олонхо: публикация, перевод, теория, типология. Избранные статьи» диэн кинигэлэрин Гуманитарнай чинчийии үнүстүүтүн фольклористара бэчээттээн таһаарбыттара.

Туомтуу тардыы

Иннокентий  Васильевич Пухов саха фольклористикатыгар киллэрбит кылаата сөҕүмэр, научнай нэһилиэстибэтэ норуот тылынан айымньытын хомуйууга, үйэтитиигэ, үөрэтиигэ аналлаахтар. Хомойуох иһин, кини төрөөбүтэ 120 сааһыгар күттүөннээх үлэ барбата. Сиэн балта Наталья  Мордовская таайын туһунан кинигэ бэлэмнээбитэ да үп-харчы суох диэн буолла. Арай, аны кыһын олоҥхо дэкээдэтигэр Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацията, Олоҥхо киинэ тугу эмит толкуйдууллара дуу диэн эрэнэ саныыбыт.

Василий ИЛЛАРИОНОВ,

тыл билимин дуоктора,

бэрэпиэссэр

Хаартыскаларга:

1. Иннокентий Пухов – Дьокуускайдааҕы педтехникум устудьуона.

2. Наталья Мордовская И.В. Пуховка туруоруллубут өйдөбүнньүккэ.

3. Дьокуускайга ГЧИ дьиэтигэр мемориальнай дуоска.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0