Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сыллара
Оҕо аймах доруобуйатын туругун тупсарар, оҕо успуордун сайыннарар, оҕо тэрилтэлэрин баазаларын тупсарар сыалтан, Михаил Ефимович 1999-2000 сс. Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларынан биллэрбитэ. Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларын бэлиэ түгэнинэн 2000 с. ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» II норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара буолбута. «Туймаада» стадион, «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһа, «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһа, «Долгун» бассейн, «Модун» комплекс тутуллубуттара. «Азия оҕолоругар» 14 дойдуттан 1 788 оҕо кыттыбыта, 135 кэмпилиэк мэтээл оонньоммута.
Ол кэнниттэн үйэ чиэппэрэ буолан баран, быйыл сайын Оҕо аймах сылын чэрчитинэн, «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара буолан аастылар. Ону көрсө тоҕус успуорт эбийиэгэ хапытаалынайдык өрөмүөннэннэ, үс саҥа эбийиэк тутулунна. 25 дойдуттан 3,5 тыһыынча эдэр спортсмен кэлэн, 24 көрүҥҥэ күөн көрүстэ. 239 кэмпилиэк мэтээл оонньонно.
Бастакы кыайыылаахтар
Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларын биир сүрүн соругунан дьиэ кэргэни өйөөһүн буолбута. Өрөспүүбүлүкэ таһымынан «Сыл дьиэ кэргэнэ» куонкурус, «Аҕам, ийэм уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэммит» күрэхтэһии ыытыллыбыттара.
«Бигэ туруктаах ыал – дьоллоох оҕо саас» девиһинэн ыытыллыбыт «Сыл дьиэ кэргэнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус «Көс ыал», «Устудьуон ыал» уонна «Куорат ыала» диэн номинациялардаах этэ.
«Сыл дьиэ кэргэнэ – 2000» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бастакы кыайыылаахтарынан Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин элбэх оҕолоох Евдокия Петровна уонна Афанасий Николаевич Поповтар буолбуттара. 2002 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ ыалларыгар анаммыт «Бочуот кинигэтигэр» киллэриллибиттэрэ.
Билигин Афанасий Николаевич – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, биллиилээх олоҥхоһут, Үөһээ Бүлүүгэ 2022 с. ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын «Кылаан чыпчаал» бирииһин туппута, Евдокия Петровна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, «Таатта улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, «Төрөппүт Албат аата» уордьан мэтээлин квалера.
Ытык ыал оҕолоро сэттиэн олохторун суолун булуммут дьоһун дьон. Ол курдук, улахан уол Николай Суорун Омоллон аатынан Опера уонна балет судаарстыбаннай тыйаатырын солиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа. Үс оҕолоох ыал аҕата. Улахан кыыс Мария Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун преподавателэ. Үс оҕолоох ыал ийэтэ. Орто кыыс Анастасия «Алмаасэргиэнбаан» сүрүн исписэлииһэ, икки оҕолоох ыал ийэтэ. Орто уол Петр Санкт-Петербургтааҕы М.П. Мусоргскай аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын аркыастырын артыыһа. Икки оҕолох ыал аҕата. Кыра уол Афанасий «Арт-Алгыс» чааһынай полиграфическай тэрилтэлээх, «Happy Chuck» ансаамбылга дьарыктанар. Биир уоллаах ыал аҕата. Кыра кыыс Нина идэтинэн картограф. Икки оҕолоох ыал ийэтэ.
«Сыл дьиэ кэргэнэ – 2024» кыайыылаахтара
Быйылгы «Сыл дьиэ кэргэнэ – 2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии үгэс курдук көхтөөхтүк ыытылынна. «Дьиэ кэргэн – төрүт үгэстэри араҥаччылааччы» номинацияҕа Елена Григорьевна, Николай Афанасьевич Рязанскайдар (Амма), «Тыа ыала» номинацияҕа Марфа Ивановна, Руслан Афанасьевич Сидоровтар (МэҥэХаҥалас), «Иитиэх дьиэ кэргэн» номинацияҕа Оксана Алексеевна, Александр Иванович Павловтар (Дьокуускай к.), «Эдэр ыал» номинацияҕа Валерия Гаврильевна, Константин Афанасьевич Владимировтар (Ньурба), «Элбэх оҕолоох ыал» номинацияҕа Розалия Степановна, Валерий Гаврильевич Новгородовтар (Нам), «Көс ыал» номинацияҕа Елена Степановна, Василий Викторович Соловьевтар (Муома), «Көмүс дьиэ кэргэн» номинацияҕа Розалия Антоновна, Иннокентий Иннокентьевич Алексеевтар (Сунтаар) бэлиэтэннилэр. Кыайыылаахтар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыахтара.
Аҕа суолтатын үрдэтэн
Дьиэ кэргэҥҥэ уонна уопсастыбаҕа аҕа оруолун үрдэтэр инниттэн, Бастакы Бэрэсидьиэн ыйааҕынан, 1999 сыллаахха Аҕа күнэ, «Ытык Аҕа» бэлиэ олохтоммута. Бастакы нүөмэрдээх бэлиэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгин олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 10 оҕолоох ыал аҕата Николай Петрович Тастыгиҥҥа туттарыллыбыта.
2000 сыллаахха «Ытык Аҕа» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытыллыбыта. Кыайыылаахтарынан тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 9 оҕолоох ыал аҕата Иннокентий Николаевич Скрябин (Хаҥалас, Нөмүгү), сэрии бэтэрээнэ, 8 оҕолоох ыал аҕата Дмитрий Дмитриевич Елегяев (Ньурба, Чаппанда) уонна тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 7 оҕолоох ыал аҕата Дмитрий Гаврильевич Корякин (Абый, Майыар) буолбуттара.
2002 сыллаахха вице-бэрэсидьиэн Александр Акимов дьаһалынан олохтоммут «Ытык Аҕа» бэлиэнэн Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 14 оҕолоох (ол иһиттэн 10 уола аармыйаҕа сулууспалаан, Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлөөбүттэр) ыал аҕата Семен Васильевич Игнатьев, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, Үлэ Албан аат уордьан кавалера, 9 оҕолоох ыал аҕата Николай Иванович Сивцев бэлиэтэммиттэрэ.
«Ытык Аҕа» бэлиэ ааспыт сылларга үстүү аҕаҕа бэриллибит буоллаҕына, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан быйылгыттан алталыы аҕа бэлиэтэнэр буолла: үс аҕа – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн (муус устар бастакы өрөбүлүгэр), үс аҕа – Арассыыйа Федерациятыгар Аҕа күнүнэн (алтынньы үһүс өрөбүлүгэр). Бу судаарыстыбаннай наҕарааданы кытары 100 000 солк суумалаах биир кэмнээх биһирэбил бэриллэр.
Быйыл бу Бочуоттаах бэлиэни туттулар: 12 оҕолоох, 29 сиэннээх, 36 хос сиэннээх Яков Иванович Лавров (Чурапчы), 10 оҕолоох, 37 сиэннээх, 3 хос сиэннээх Дмитрий Николаевич Яковлев (Ньурба), 11 оҕолоох, 19 сиэннээх, 19 хос сиэннээх Семен Семенович Яковлев (Амма).
Аҕа уолунаан
«Аҕа күрэҕэ» 1999 сылтан тэриллэр. «Орто дойду» туристическай кииҥҥэ ыытыллыбыт бастакы күрэхтэһиигэ 14 улуустан аҕалар уолаттарын илдьэ кэлэн кыттыбыттара. Бу күрэхтэһии билигин өссө кэҥэтиллэн, ис хоһооно байытыллан ыытыллар. Ол курдук, быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар буолбут күрэхтэһиигэ Амма Чакырыттан кэлэн кыттыбыт Николай Федоров уола Аркадийдыын кыайыылааҕынан тахсан, Ил Дархан бириэмийэтин (300 000 солк.) туттулар. Иккис миэстэни – Бүлүүттэн Дмитрий Иванов уола Дьулусханныын (150 000 солк.), үһүс миэстэни – Уус Алдантан Руслан Попов уола Ильялыын (100 000 солк.) ыллылар.
Былырыын, Арассыыйа Федерациятыгар Аҕа күнүн чэрчитинэн, «Сыл аҕата» куонкурус тэриллибитэ. 11 улуустан 19 хамаанда кыттыбытыттан, Леонид Дмитриевич Солкин (Алдан) – бастакы, Виктор Васильевич Семенов (Дьокуускай к.) – иккис, Дьулус Спартакович Кардашевскай –үһүс миэстэни ылбыттара.
Дьиэ кэргэн килбиэнэ
Быйыл, от ыйын 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дьиэ кэргэн, ыал буолуу институтун бөҕөргөтөр, үгэс буолбут дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутар, харыстыыр, дьиэ кэргэҥҥэ уонна уопсастыбаҕа төрөппүт аатын үрдэтэр сыалтан, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» диэн бэлиэни олохтуур туһунан ыйааҕы таһаарда. Бу бэлиэнэн 50 сыл бииргэ олорбут, үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтиир, оҕону иитиигэ ураты үтүөлээх, дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө туппут ыаллар наҕараадаланыахтара.
Дьиэ кэргэни, ыалы социальнай, моральнай уонна духуобунай өттүнэн өйөөһүн дьаһаллара Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сыаннаһын, ыалы бөҕөргөтөргө тирэх буолаллар.
Александр Пахомов, экэниэмикэ билимин дуоктара,Арассыыйа естественнай билимҥэ академиятын академига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0