Чөл олоҕу тутуһууга Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковская бу курдук сүбэлэри биэрэр.
Чөл олох – бу киһи доруобуйатын тупсарарга, ыарыылары сэрэтэргэ, киһи этин-сиинин эрчийэргэ туһуламмыт олоҕун уобараһынан буолар. Чөл олох сиэрэ киһи бары өттүнэн сайдарыгар көмөлөһөр, кырдьар сааһыгар тэтиэнэх сылдьарын мэктиэлиир.
Кэлиҥҥи сылларга хаһааҥҥытааҕар да чөл олох суолтата үрдээтэ. Олохпут тэтимэ уларыйан, бырамыысыланнас сайдан, экологиябыт мөлтөөбүтүн түмүгэр киһи доруобуйата айгырыыр. Ол курдук чөл олоҕу тутуһууга маннык сүбэлэр бааллар:
-- Аһылыкккытыгар хаһан даҕаны үпкүтүн кэмчилиэ суохтааххыт. Ол эбэтэр хаачыстыбалаах, доруобуйаҕа туһалаах бородуукталары атыылаһыҥ. Чэпчэтиллибит, болдьоҕо ааспыт бородуукталартан тэйиччи туттуҥ. Өйдөөҥ кэбиһиҥ, киһи аһыыр аһылыгыттан киһи үчүгэй доруобуйалаах буолара тутулуктанар.Элбэхтик уута иһиҥ. Ортотунан, күҥҥэ 1,5-2 лиитэрэ ууну иһэргэ сүбэлииллэр. Онтон 50 %-нын миинтэн, чэйтэн, соктан уонна да атын убаҕас астан иҥэриниэххэ сөп. Ыһаарыламмыт аһылыгы биирдэ эмэ сиэҥ, бородуукталары үксүн паарга уонна ууга буһарыҥ.Канцероген киһи доруобуйатыгар охсуулааҕа дакаастаммыта ыраатта. Канцерогеннар ыыһаммыт, сыаҕа-арыыга ыһаарыламмыт бородуукталарга, олус үрдүк температураҕа буспут эккэ, кэнсиэрбэлэргэ, тууһааһыннарга бааллар. Исписэлиистэр аахпыттарынан, 50 г ыыһаммыт халбаһыыга биир хаа табах буруотугар баар канцерогеннаах. Оттон биир шпрот бааҥкатыгар 60 табахха баар канцерогон саспыт.Төһө кыалларынан, сатыы сылдьыҥ. Хамсаннахха эрэ киһи этигэр-сиинигэр сыа мунньустубат. Өскөтүн олорон эрэ үлэлиир буоллаххытына, хас чаас аайы үс мүнүүтэ устата эрчиллиҥ – тыыллаҥнааҥ, атаххытын, тилэххитин хамсатыҥ, куорпускутунан уҥа-хаҥас диэки эргийиҥ, санныгытын өрө анньыҥ, аллараа түһэриҥ. Олорон эрэ даҕаны бу эрчиллиилэри оҥоруоххутун сөп.Табах, итирдэр утахтар, буортулаах астар (чипса, олус элбэх саахардаах астар, гаастаах утахтар) доруобуйаны мөлтөтөллөр. Доруобай, чөл сылдьыаххын баҕарар буоллаххына, бу этиллибит астартан аккаастаныахтааххын. Чөл олох биир сүрүн быраабылатынан буортулаах кэмэлдьиттэн аккаастаныы буолар.Нүксүччү туттан баран сылдьымаҥ. Көнөтүк туттан олоруҥ, хаамыҥ, моойгутун эмиэ көнөтүк туттуҥ. Сис тоноҕоһуттан киһи доруобуйата тутулуктаах, онно кыһалҕа үөскээтэҕинэ, атын ыарыы эмиэ сиэттэрэн көбөр.Сууккаҕа кыччаабыта 8 чаас утуйуҥ. Утуйар кэмҥит биир буолуохтаах. Утуйуу эрэ киһи күүһүн-уоҕун чөлүгэр түһэрэр, төбөтүн дьэҥкэрдэр, киһи болҕомтотун уонна өйгө тутар дьоҕурун тупсарар, сүргэтин көтөҕөр, иммунитетын бөҕөргөтөр.Успуордунан дьарыктаныҥ. Нэдиэлэҕэ 150 мүнүүтэ фитнес-дьарык киһи олоҕун 5 сыл уһатар. Ханнык эрчиллиини таларгытын бэйэҕит быһаарыҥ, кылаабынайа, көтүппэккэ дьарыктаныахтааххыт. Доруобуйаны үҥкүү, йога, пилатес, хаамыы тупсараллар.
Маны таһынан дьарыктаныаххытын сөп: тренажернай саалаҕа, стадиоҥҥа сүүрүү эбэтэр успуорт хаамыы, бассейнҥа дьарык, бэлэсэпиэтинэн сылдьыы, дьиэҕэ гимнастика, йога уонна цигун гимнастика.
Ол эрээри, быччыҥы сайыннараары күүстээхтик эрчиллэртэн, сүүрүүттэн, боксаттан сэрэхтээхтик туттуҥ. Эчэйиини ылыаххытын сөп, онон инструктар көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьан дьарыктанар ордук.
Ньиэрбинэй систиэмэни уонна уйулҕа туругун умнар сатаммат. Долгуйуу, стресс, тыҥааһын, кыыһырыы түргэнник кырытыннараллар. Оттон уһуннук ньиэрбинэй турукка сырыттахха, киһи ис этигэр-хааныгар куһаҕаннык дьайан, организм килиэккэтин таһымыгар үчүгэйэ суох уларыйыылары киллэрэр.Быраастартан куттанымаҥ, балыыһаҕа көрдөрүнэртэн куотунумаҥ. Өйдөөн кэбиһиҥ, доруобуйаҕыт – бэйэҕит илиигитигэр. Ыарыы ыалласпатыгар, ыарыыны эрдэтинэ быһаарарга бары күүһү туһанар кыахтааххыт. Олорор сиргитинэн сылын аайы диспансеризация бараргытын умнумаҥ.
Бэчээттэмиккэ эргиллэн
« Саха сирин чэгиэн олохтооҕо – чэгиэн Саха сирэ!»
Судаарыстыбаннай былаас биир сүрүн соругунан нэһилиэнньэ доруобайатын харыстааһын буолар. Буолаары буолан, аан дойдуга пандемия сатыылаабыт кэмигэр чөл туруктаах олох тиэмэтэ сытыытык турар. Ил Дархан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар Анал этиитигэр 2021 сылы Чэбдигирии сылынан биллэрбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобай олоххо уонна этэҥҥэ буолууга Сэбиэти тэрийиигэ үлэлииллэр. Оттон «Саха сирин чэгиэн олохтооҕо – чэгиэн Саха сирэ!» диэн девиһинэн саҥа стратегическай көҕүлээһин саҕаланна.
Санатар буоллахха, чөл туруктаах олох тиэмэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ уруккуттан улахан болҕомто ууруллара. 29 сыл анараа өттүгэр бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев «О первоочередных мерах по совершенствованию здравоохранения Республики Саха (Якутия)» диэн Ыйааҕа тахсыбыта. 1992 сылтан бу устуоруйаҕа киирбит Ыйаах тыйыс килиимэттээх сиргэ нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыныгар туһуламмыт эрэгийиэн доруобуйаҕа харыстабылын тиһигин сүрүн хайысхатын тосхолун буолбута.
2000 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Саха сирин норуоттарын бастакы форумугар СӨ Чөл олоҕун доктринатын докумуонун ылыммыттара. 20 сыл устата бу докумуону олоххо киллэрии түмүгэр өрөспүүбүлүкэ духуобунаһа тупсубута, доруобай, ситиһиилээх олох хамсааһына түстэммитэ. Маны таһынан Михаил Николаев Ыйааҕынан 2000 сылтан сылын аайы олунньу ый бүтэһик өрөбүлэ Доруобуйа национальнай күнүнэн биллэриллибитэ уонна сылын ахсын таһымнаахтык бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн олунньу 28 күнүгэр түбэспитэ
Чэбдигирии сылын сыалы уонна соруктара
2021 сыл – Чэбдигирии сылынан буолар. «Саха сирин чэгиэн олохтооҕо – чэгиэн Саха сирэ!» диэн биир сыллаах бырайыак сыалынан өрөспүүбүлүкэ бары салааларыгар былаас бары уорганнарын, уопсастыбаны тардан туран олоххо киллэрии буолар. Сүрүн соругунан -- Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Чэбдигирии сылын үрдүк таһымнаахтык тэрийии.
2021 сыл түмүктэниитин диэки, Саха сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун уһунун 73,5 сааска диэри тиэрдэргэ былаанныыллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн сайыннарыы бырагырааманан Чурапчыга 4 эмп-том комплексын, Бүлүүгэ, Уус Маайаҕа уонна Муома улууһун киинигэр Хонууга уопсайа 33 балыыһаны өрөмүөннээһин, мэдиссиинэ оборудованиетын, санитарнай тырааныспартары атыылаһыы былааҥҥа баар. Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиологическай киин иккис уочаратын – 150 миэстэлээх сүрэх тымырын киинин тутан киллэриэхтээхтэр. Муниципальнай тэриллиилэргэ биэс биэлсэр пуунун, 245 миэстэлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй инфекционнай балыыһа саҥа дьиэтин барыйыагын оҥоруохтаахтар. Ону таһынан нэһилиэнньэ өлүүтүн кыччатарга туһуламмыт «Чэгиэн Саха сирэ» биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бырагыраамаларын оҥоруохтаахтар.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, Чэбдигирии сылыгар ыытыллар дьаһаллар хас биирдии киһи бэйэтин доруобуйатын харыстана, көрүнэ сылдьара олох нуорматын курдук ылынарыгар тиэрдиэхтээх. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев эппитинии, нэһилиэнньэ доруобуйата өрөспүүбүлүкэ биэдэмистибэтин кыһалҕатынан буолбакка, барыларын интэриэһинэн буолуохтаах: бары таһымнаах былаас, бэлиитиктэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна дьон бэйэтин кыһалҕатынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0