Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Сылгыны иитии – биһиги үгэс буолбут дьарыкпыт итиэннэ экономикабыт биир көдьүүстээх хайысхата буолар. Сылгыттан ылыллар бородууксуйа олохтоох ырыынакка батарылларын таһынан тас дойдуларга интэриэһи тардар. Оттон наукаҕа саха сылгыта бытарҕан тымныылаах уһун кыһыны хаары хаһан аһаан туоруур уратытынан биһирэнэр, чинчийиллэр.

Сылгыны иитии – биһиги үгэс буолбут дьарыкпыт итиэннэ экономикабыт биир көдьүүстээх хайысхата буолар. Сылгыттан ылыллар бородууксуйа олохтоох ырыынакка батарылларын таһынан тас дойдуларга интэриэһи тардар. Оттон наукаҕа саха сылгыта бытарҕан тымныылаах уһун кыһыны хаары хаһан аһаан туоруур уратытынан биһирэнэр, чинчийиллэр.

Дьөһөгөй оҕото барахсан

Саха сылгыта өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар оруола улахан. Нуучча хаһаахтара саханы «сылгылаах норуот» диэн атыттартан чорботон бэлиэтээбиттэрэ. «А Якольская, государь, земля велика, и людна, и конна», – диэн хаһаахтар 1634 сыллаахха Михаил Федорович ыраахтааҕыга ыыппыт суруктарыгар этиллэр. Бу саха сылгытын туһунан сурукка-бичиккэ киллэриллибит бастакы чахчы буолар.

Дьөһөгөй оҕото барахсан саха киһитигэр эрэллээх көлө буолар, сылаас таҥаһы уонна тотоойу аһы-үөлү хааччыйар. Оттон нуучча айанньыта саха сылгыта баар буолан, саҥаттан саҥа сирдэри арыйан, Чуумпу акыйааҥҥа тиийбитэ. Норуот хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарыыга эмиэ саха сылгыта ураты оруолу оонньообута. 1924-1941 сыллардаахха көмүһү хостооһуҥҥа сыллата 13-14 тыһыынча ат туһаныллыбыта, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар фроҥҥа 45 тыһыынча сылгы, 1946-1953 сыллардаахха сэрииттэн эмсэҕэлээбит арҕааҥҥы уобаластарга көмөҕө 27 тыһыынча сылгы илдьиллибитэ. Итинэн саха сылгыга Улуу Кыайыыга бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.

Маннык дьаһаллар биллэн турар, Дьөһөгөй оҕотун ахсаанын биллэрдик аҕыйаппыттара, сылгы муҥутуурдук элбээбит 1940 сыллааҕы кирбиитэ (194 тыһ.) 1980-с сылларга эрэ ситиһиллибитэ.

Үлэ дьоруойдара

Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сааскы-күһүҥҥү хаайтарыыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар, ыраах учаастактарынан базаланан сылдьан, сылгыны иитиигэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн, үгүс сылгыһыт уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Чулууттан чулуулар Социалистическай Үлэ Дьоруойдара буолбуттара: 1948 сыллаахха – уот кураан эҥэрдээх сэрии саҕанааҕы уонна ол кэннинээҕи ыарахан сылларга холкуос сылгытын энчирэппэккэ ииппит, 100 % төрүөҕү ылбыт Роман Константинов (Чурапчы), Афанасий Степанов (Мэҥэ Хаҥалас), 1949 сыллаахха -- Степан Васильев, Афанасий Саввинов (үөһээ бүлүүлэр), Герасим Кривошапкин (Өймөкөөн), Тимофей Лукин (Амма). Элбэх сылгыһыт Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аатын ылбыта.

Саҥа тыыны киллэрбит ыйаах

2016 сыллаахха «Саха өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын» туһунан ыйаахха саха төрүт дьарыгын сайыннарар, сылгыһыты өрө тутар сыалтан элбэх дьаһалы тэрийэр, ол иһигэр кулун тутар 21 күнүн Сылгыһыт күнүнэн биллэрэр туһунан этиллибитэ. Бу ыйаах чэрчитинэн бастатан туран, сыллата Сылгыһыт күнэ эрдэттэн былааннанан ыытыллар. Иккиһинэн, «Сылгыны үөрдээн иитии туһунан» сокуоҥҥа уларытыы киирэн, сылгы базатын тутуу, племенной ыччат сылгыны иитии, сылгыһыттар Үөрэнэр кииннэрин тэрийии, ыраах сытар учаастактары туһаҕа таһаарыы, сылгы бородууксуйатын тиэйиини-таһыы, улуус мэччирэҥиттэн көрөн сылгы ахсаанын былааннааһын уо.д.а. дьаһаллара тэриллэр. Сир Кодексыгар судаарыстыба, муниципалитет бас билиилэригэр баар сирдэри сылгы хаһаайыстыбаларыгар сыһыарар туһунан балаһыанньа киллэриллэн, биир сылгыга гектартан итэҕэһэ суох оттуур ходуһа, аҕыс гектар мэччирэҥ сыһыарыллар.

Бырагыраамаларга тирэҕирэн

Сопхуостар эстиэхтэрин иннинэ сылгы ахсаана 209 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта. Сопхуостар эстиэхтэриттэн сылгы ахсаана түһэ сылдьан баран, кэлиҥҥи сылларга эбиллэн иһэр.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ Арассыыйа сылгытын 14 %-а, ол эбэтэр 182 153 сылгы, ол иһигэр 118 705 биэ баар. Бас билии көрүҥүнэн ыллахха, сылгы 39 %-на бааһынай хаһаайыстыбалар, 41 %-а кэтэх ыаллар, 20 %-на тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин (кэпэрэтииптэр, сылгы собуоттарын, хаһыанай тэрилтэлэр) баайдара. Сылгы ахсаана эбиллэригэр “Саҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыба”, “Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы”, онтон “Агростартап” федеральнай бырагыраамалар тирэх буоллулар.

Үбүлээһин эбилиннэ

Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар ааспыт өттүгэр көрүллэ илик харчы – 12,5 млрд солк. көрүлүннэ. Ити иһигэр сылгыны үөрдээн иитии салаатыгар биэҕэ көрүллэр 1,5 тыһ. солк. субсидия үрдэтиллэн, 3 тыһ. солк. буолла. Айсен Николаев «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕын чэрчитинэн, этинэн хааччыллыыны 30 %-ҥа тиэрдэр сыалтан, ороскуот сорох чааһын толуйуу быһыытынан, биир киилэ сылгы этигэр 60 солк. субсидия олохтонно. Былырыын бу хайысхаҕа харчы көрүллүбэтэҕэ. Сылгы базатын тутууга 55 мөл. солк. көрүлүннэ (былырыын 30 мөл. солк. этэ).

Улахан болҕомто племенной үлэҕэ ууруллар. «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтэ 15 улууска силиэксийэлиир-племенной үлэни ыытар. Ол түмүгэр 2016 сыллаахха федеральнай таһымнаах 16 племенной хаһаайыстыба баар эбит буоллаҕына, билигин кинилэр ахсааннара – 26! Бу хаһаайыстыбалар сыллата 1 000 ыччат сылгыны батараллар, 2021 сыл түмүгүнэн кулуну ылыыны 69,9 % ситистилэр (өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтэ 59 %). Быйыл племенной биэҕэ 10 412 солк. субсидия көрүлүннэ, племенной ыччат сылгыны атыылаһыы 98 %-на толуйуллар буолла.

Сылгыһыт күнэ – Ньурбаҕа

– Өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт күнэ Ньурба улууһугар кулун тутар 21-22 күннэригэр ыытыллыаҕа, – диир Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменын сылгы салаатыгар эппиэттээх исписэлииһэ Владимир Сыроватскай. – Маҥнайгы күҥҥэ «Чаппанда» кэпэрэтиип базатыгар Үөрэнэр киини үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыаҕа. Сылгыны иитии боппуруостарыгар сүбэ мунньах ыытыллыаҕа, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сылгы тэрилин уонна боруода сылгылар быыстапкалара-дьаарбаҥкалара тэриллиэхтэрэ. Сарсыныгар Антоновка сэлиэнньэтигэр ат сүүрдүүтэ уонна үгэс буолбут «Сылгыһыт күрэҕэ» ыытыллыахтара.

Үөрэнэр киин дьиэтэ толору хааччыллыылаах, үөрэнэр аудиториялаах, остолобуойдаах, курсааннар олороллоругар анаммыт хостордоох. Ааспыт өттүгэр маннык Үөрэнэр кииннэр Өймөкөөн Томторугар, биллиилээх сылгыһыт Николай Винокуров бааһынай хаһаайыстыбатын базатыгар, итиэннэ Хаҥалас улууһугар, «Бөртө» сылгы сылгы собуотугар аһыллыбыттара. Хаҥаласка саха сылгытын Өлүөнэ өрүстээҕи көрүҥэ, Өймөкөөҥҥө хоту дойду сылгыта үөрэтиллэр буоллаҕына, манна Мэгэдьэк сылгытын үөрэтии-чинчийии ыытыллыаҕа, идэни үрдүтэр куурустар, уопуту атастаһыылар тэриллиэхтэрэ, устудьуоннар практикаланыахтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (2)

This comment was minimized by the moderator on the site

Раиса Сибирякова ыстатыйаларын оруу сэргээн аагабын, наьаа учугэйдик суруйар тыа ологун. Оруу да суруйа турдун, Саха дьонугар наьаа интэриэьинэй

This comment was minimized by the moderator on the site

Надежда, үтүө тылгар махтал.

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением