Андрей Находкин быйылгы күрэххэ 80-ча күрэхтэһээччи, уопсайа 200-чэкэ дэлэгээт кыттыыны ылла диэн кэпсээтэ. Ону сэргэ 40-ча соноҕос быыстапкаҕа турбута дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Саамай суолталааҕа, ыраах Өймөкөөн, Орто Халыма улууһуттан племенной сылгыларын аҕалан көрдөрөн, атыылаан бардылар. Барыта 13 улуус кэлэн күрэххэ кыттыыны ылбыта сылгыһыттар түһүлгэлэрин таһымын уонна суолтатын үрдэттэ. Бу тэрээһин туһунан сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ маннык кэпсээтэ:
«Сылгыһыттар күрэхтэригэр 13 улуустан 19 хамаанда кыттыыны ылла. Олохтоохтор бэркэ тэриммиттэр, улахан махтал! Күрэхтэһии кэнниттэн, «Кормопроизводство» программанан 11 МТЗ тыраахтар күлүүстэрин 11 Амма нэһилиэктэрин хаһаайыстыбаларыгар туттарыы мустубут дьон улахан сэҥээриитин ылла. Бу программа ирдэбилин быһыытынан, 50 быр. республика, хаалбыт 50 быр. улуус, нэһилиэк, хаһаайыстыба уйунар. Сири оҥоруунан дьарыктанааччыларга бэртээхэй өйөбүл, ханнык баҕарар улуус ити өйөбүлүнэн туһаныан сөп.
Күн иккис аҥаарыгар үгэскэ кубулуйбут төгүрүк остуол тэрилиннэ. Сыралаах үлэлэрэ сыаналанан, бу күн үлэ дьонугар - сылгыһыттарга элбэх наҕараада туттарылынна.
Урукку өттүгэр наар тирээн турар кыһалҕалары быһаарсыы түмүгэр, хайдах эрэ биир сиргэ тэпсэҥнээһин, кэпсэтиинэн муҥурданыы, бэйэ бэйэҕэ сытыы соҕус боппуруостары кэккэлэтэн баран, ол быһаарыыта хайдах буолуохтааҕа биллибэт курдук буолар этэ.
Быйыл «муус оннуттан хамсаата» диэхпин баҕарабын.
Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн үбүлээһини лаппа улаатыннардыбыт. Ааспыт сылга сылгы иитиитигэр 259 мөл.солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, бу сылга 569 мөл.солк. көрүлүннэ. Биэ төбөтүгэр барыта 94 мөл.солк.этэ, быйыл 331 мөл.солк. тиийэ улаатта. Үбүлээһин үрдээбитин бары кыттааччылар бэлиэтээтилэр. Кэпсэтии сүрүн ис хоһооно: бары көмөлөөн үлэни тэрийиэҕиҥ диэн буолла. Ити туһунан тыл эппит дьон бары бэлиэтээтилэр.
Сылгыны иитиигэ инники өттүгэр ханнык киэҥ кэскил, үтүө саҕалааһын баарын «Нөмүгүтээҕи килиэп собуотун» дириэктэрэ, «Дьөһөгөй» тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин тэрийбит Вячеслав Анатольевич Нестеров этиититтэн иһиттибит. Кини 2100 сылгыны 15 тыһ.га сиргэ иитэн-аһатан турарын, хайдах дьаһанан олороллорун, сылгыһыты үрдүк хамнастаабыттарын, материальнай-техническэй базаны аныгы таһымҥа таһаарбыттарын, инникитин эт переработкатын олус күүскэ, киэҥник, аныгылыы киллэрэр былааннаахтарын бары да сэҥээрэ, сэргии иһиттибит. Улахан бизнес ити курдук тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар киирдэҕинэ эрэ, биллэр хамсааһыннар тахсалларын өссө төгүл итэҕэйдибит. Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаарга «Татыйыына» атыы-эргиэн тэрилтэтин салайааччыта Нина Герасимова хороҕор муостааҕы иитиигэ ылсыбыта эмиэ үтүө түмүктэри биэрэн эрэрин бэлиэтиэххэ наада.
Ордук киһини үөрдэрэ, элбэх эдэр сылгыһыт баар буолбута харахха быраҕыллар. Бу салааны өссө күүскэ өйөөтөхпүтүнэ, үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо, бизнескэ утары бардахпытына, түмүктэр өссө үчүгэй буолуохтара.
Мунньахпытын түмүк тылынан кырдьаҕас, ытыктабыллаах киһибит, үтүөлээх сылгыһыт Өймөкөөнтөн Винокуров Николай Тимофеевич сүбэ-соргу тылларынан түмүктээбитэ суолталаах буолла.
Түмүктээн эттэххэ, быйыл буолбут көрсүһүү сылгы иитиитигэр биллэр хамсааһын тахсыбытын, тыа сиригэр дьон-сэргэ төрүт дьарыгы сайыннарыыга туруммутун, саамай суолталааҕа - эдэр сылгыһыт элбээбитэ кэскил бу салааҕа баарын көрдөрдө.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0