Дьиктини дьиктиргээтэххэ
Иннокентий Пухов кандидатскай диссертациятын тиэмэтинэн Дмитрий Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун дьүһүлгэнин (уобарастарын) чинчийиини ылбыта. Бу олоҥхону саха судаарыстыбаннай үлэһитэ Алексей Бояров 1934 с. олоҥхоһуту суруйааччылар маҥнайгы кэмпэриэнсийэлэригэр киирэ сырыттаҕына көрсөн, сурукка тиспитэ. Тыл уонна култуура үнүстүүтүн дириэктэрэ Платон Ойуунускай көҕүлээһининэн, кини хаайыллыан эрэ иннинэ бэчээккэ бэлэмнэммитэ латыын алпаабытынан 1938 с. Москуба куоракка күн сирин көрбүтэ. Саха дьоно-сэргэтэ ону олус сэргээбитэ, кырдьаҕастар оскуола оҕолоругар аахтаран истэллэрэ.
Иннокентий Пухов научнай салайааччытынаан үлэлэрин торумнаабыта. Дмитрий Говоров олоҥхото туспа кинигэнэн тахсыбытын билэн, өссө аахтаран истэн баран, 1942 с. сэрии ыар сылларыгар олохтон туораабыта. Биир дойдулааҕа Георгий Данилов өссө оҕо сылдьан 1930 с. суруйбутун Георгий Васильев уонна Христофор Константинов 1942 с. “Саха народун айымньыта” диэн хомуурунньукка киллэрэн бэчээттэппиттэрэ. Бу тэттик олоҥхону Ойуунускай көрөн бэлиэтээһиннэри оҥорбут уонна бэчээккэ тахсыан сөп эбит диэн суруйбут. Дьиҥэ оччолорго суруллубут олоҥхо элбэх этэ да, хомуйан оҥорооччулар Платон Алексеевич норуот өстөөҕө аатырбыт кэмигэр кини хайҕаабыт олоҥхотун талбыттара туһугар хорсун быһыы этэ. Иннокентий Пухов даҕаны норуот өстөөхтөрө аатырбыт дьон суруйбут олоҥхолорун чинчийбитэ эмиэ дьикти.
Научнай салайааччыта Петр Григорьевич саха фольклорун кэрэхсээбитэ. Норуот аатырбыт ырыаһыттара Устин Нохсоороп, Сергей Зверев толорууларын кэрэхсээн истибитэ. Биир көрсүһүүгэ Устин Нохсоороп Улуу Кыайыы туһунан тута хоһуйбутун олус сөхпүтүн уонна Кыайыы кэнсиэригэр киллэттэрбитин туһунан фольклорист Петр Попов кэпсээбитэ. Маныаха киниэхэ аспирана Иннокентий Пухов тылбаастаан биэрбитэ биллэр. Ити курдук, олус тапсан үлэлии сырыттхтарына, научнай салайааччытын космополитизмҥа эрийэ тардан, буржуазнай оскуолалар сүүрээннэрин тутуһаҕын диэн баайсан, үлэтиттэн 1948 с. устаннар, Воронеж үнүбүрсүтүөтүгэр сыылкаҕа ыыппыттара. Оттон аспиранын Дьокуускайга төннөрүгэр күһэйбиттэрэ. Таарыччы аҕыннахха, бу олоҥхону Агафья Захарова эрэдэээксийэтинэн сахалыы-нууччалыы тылынан уус алданнар 2023 с. таһаарбыттара.
Диссертацияны көмүскээһин
Дойдутугар кэлэн Иннокентий Васильевич ТЛИНЧИ-гэ үлэҕэ киирбитэ. Кандидатскай диссертациятын ситэрэргэ дьулуспута. Уус Алдаҥҥа тахсан, олоҥхоһуттары көрсөн, баай матырыйаалы эбии хомуйбута. Уопсайа отучча олоҥхо сюжетын, олоҥхоттон быһа тардыылары суруйбута, кандидатскай диссертациятыгар Иван Говоров «Айыы сиэнэ Адьа-Будьу» «Эмпэрэлээх тайахтаах Элэгэн Кулантай» , Суотту нэһилиэгин олоҥхоһута Петр Олесовтан «Дьуларытта Бэргэн», Курбуһах олоҥхоһута П.М. Пуховтан «Күн Эрили бухатыыр» , II Бэрт Ууһун олоҥхоһута Е.П. Охлопковтан «Мэдьээн тыа тоҥуһун уолаттара» , II Өлтөх олоҥхоһута И.И. Даниловтан «Хахай сиэр аттаах Хара Дьааһын» олоҥхолору суруйбута. Дьокуускайга олорон, Амма олоҥхоһута Устин Нохсоороптон «Үрүҥ Уолан» , Мэҥэ Хаҥалас олоҥхоһута Г.С. Кычкинтан «Дьура Суорун» олоҥхолору сурукка тиспитэ учуонай архыыбыгар бааллар.
Онон Иннокентий Васильевич научнай салайааччытыттан ылбыт билиитин-көрүүтүн кэҥэтэн, үлэтин эбии матырыйаалларынан байытан, түмүктүүр түһүмэҕэр киллэрбитэ. Ол эрээри, Дмитрий Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун эбээн эдэр суруйааччытабын диэн ааттанар Николай Кривошапкин баартыйа обкомун аатыгар олоҥхоҕо Ардьамаан-Дьардьамаан уонна Балтараа Баатыр уобарастарынан норуоттар доҕордоһууларыгар күлүк түһэрэр буортулаах кинигэ тахсыбыт диэн үҥсүү түһэрбит. Суруйааччылар сойуустарын бырабылыанньатын мунньаҕар ол үҥсүүнү көрбүттэр, дьүүллэспиттэр. Сорох суруйааччылар олоҥхо интернациональнай иитиигэ буортулааҕын ыйбыттар, бибилэтиэкэ пуондаларыттан устарга эппиттэр, Пуховка диссертациятын көмүскэтэр наадата суоҕун ыйбыттар. Арай, бырабылыанньа чилиэнэ, фольклорист Георгий Васильев утары куоластыыртан туттуммут. Баартыйа обкома суруйааччылар уураахтарын ылыммыт. Онтон ТЛНЧИ Иннокентий Пухов кандидатскайын ИМЛИ-гэ көмүскүүрүгэр көҥүлү биэрбит, онон 1956 с. Иннокентий Васильевич диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кэллиэгэлэрин сүбэтинэн, үлэтин кэҥэтэн, туруорар проблематын чопчулаан, олоҥхо дьүһүлгэннэрин тиһигин арыйан көрдөрбүтэ. «Якутский героический эпос олонхо. Основные образы» диэн монографияны таһаарбыта.
Улахан кылаат
Кини иннигэр олоҥхону бухатыырдар тустарынан эпос, эрдэтээҥҥи эпос (архаическай) көрүҥүн быһыытынан сыаналааһын баара. Онтон Иннокентий Пухов саха олоҥхото сюжет уонна уобарас өттүнэн сайдан, дьоруойдуу эпос көрүҥүн ылыммытын олоҥхоҕо кэпсэнэр бухатыырдар уобарастарынан арыйан көрдөрбүтэ. Кэлин Николай Емельянов олоҥхо сайдан испит сюжеттарынан көрөн, дьоруойдуу эпос таһымыгар тахсыбытын бигэргэппитэ. Бу – саха фольклористара эпос теориятыгар киллэрбит биир улахан кылааттара буолар.
Эпосовед 1954 сылтан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри ИМЛИ-гэ үлэлээбитэ. Саха уонна түүр-монгуол норуоттарын эпическэй айымньыларын академическай билим таһымынан чинчийбитэ. «Эпос народов СССР» (билигин «Эпосы народов Евразии») сиэрийэҕэ эпос айымньытын туһааннаах норуот тылынан уонна нууччалыы тылбаастаан туспа кинигэнэн таһаарыы 1960-с сс. саҕаламмыта. Иннокентий Васильевич алтайдар «Маадай Хара» эпостарын бэрэпиэссэр Сазон Суразаковтыын бэчээккэ бэлэмнээбитэ, Иннокентий Теплоухов-Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун Георгий Эргис уонна Александр Попов эрдэ бэлэмнээбиттэрин фольклористика аныгы ирдэбиллэринэн ситэрэн таһаарбыта. Онуоха аҕа көлүөнэ фольклористар үлэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаспыта, кинилэри бэйэтин кытта тэҥҥэ ааттаан бэчээттэппитэ.
ИМЛИ-гэ үлэлиир сылларыгар Наукалар Академияларын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Виктор Гацак салалтатынан фольклор сиэктэрин бырайыактарыгар кыттыһан, эпос билиҥҥи теориятыгар тэҥнээн үөрэтии, эпос типологиятыгар, эпоһы тылбаастаан, бэчээттээн таһаарыы боппуруостарыгар сыһыаннаах научнай ыстатыйалары суруйталаабыта академическай хомуурунньуктарга бэчээттэммитэ. Эпосовед 100 сааһын туоларыгар тахсыбыт «Героический эпос алтая-саянских и якутские олонхо» монографията, «Якутский героический эпос олонхо: публикация, перевод, теория, типология. Избранные статьи» диэн кинигэлэрин Гуманитарнай чинчийии үнүстүүтүн фольклористара бэчээттээн таһаарбыттара.
Туомтуу тардыы
Иннокентий Васильевич Пухов саха фольклористикатыгар киллэрбит кылаата сөҕүмэр, научнай нэһилиэстибэтэ норуот тылынан айымньытын хомуйууга, үйэтитиигэ, үөрэтиигэ аналлаахтар. Хомойуох иһин, кини төрөөбүтэ 120 сааһыгар күттүөннээх үлэ барбата. Сиэн балта Наталья Мордовская таайын туһунан кинигэ бэлэмнээбитэ да үп-харчы суох диэн буолла. Арай, аны кыһын олоҥхо дэкээдэтигэр Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацията, Олоҥхо киинэ тугу эмит толкуйдууллара дуу диэн эрэнэ саныыбыт.
Василий ИЛЛАРИОНОВ,
тыл билимин дуоктора,
бэрэпиэссэр
Хаартыскаларга:
1. Иннокентий Пухов – Дьокуускайдааҕы педтехникум устудьуона.
2. Наталья Мордовская И.В. Пуховка туруоруллубут өйдөбүнньүккэ.
3. Дьокуускайга ГЧИ дьиэтигэр мемориальнай дуоска.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0