Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Ил Дархан Айсен Николаев иллэрээ сыл, Арассыыйаҕа норуот ускуустубатын уонна матырыйаалынайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар, 2023-2027 сыллары саха олоҕун чинчиһитин, бөһүлүөгүн, саха суругунан уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээбит, саҥа үйэ олоҕун сайдыытын суолун ыйбыт Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин үөрэтии, үйэтитии биэс сылынан биллэрбитэ.

Ил Дархан Айсен Николаев иллэрээ сыл, Арассыыйаҕа норуот ускуустубатын уонна матырыйаалынайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар, 2023-2027 сыллары саха олоҕун чинчиһитин, бөһүлүөгүн, саха суругунан уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээбит, саҥа үйэ олоҕун сайдыытын суолун ыйбыт Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин үөрэтии, үйэтитии биэс сылынан биллэрбитэ.

Бу улахан суолталаах үлэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй биир дойдулааҕа, Таатта улууһун Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран уһаныыга маастара, Арассыыйа Федерациятын «Таптал уонна бэриниилээх буолуу» мэтээл, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран уһаныыга өҥөтүн иһин», «Таатта улууһун сайдыытыгар өҥөтүн иһин» бэлиэлэр туһааннаахтара иитэр-үөрэтэр үлэ бэтэрээнэ Татьяна Ефимова көхтөөхтүк кыттар.

Сэрии сылларын оҕото

Татьяна Васильевна кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын туһунан маннык сэһэргиир:

-- Ийэм Мария Егоровна Ньуураба (Прудецкая) Уус Маайаҕа, Алыһардаах диэн сиргэ төрөөбүт. Төрөппүттэрэ, Мария Николаевна Малышева уонна Егор Николаевич Прудецкай, кини уонча саастааҕар бандьыыттартан куотан, Уус Маайаттан бу Чычымахха киирэн олохсуйбуттар. Ийэм сааһын ситэн, холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбит, эбэтин, ийэтин, аҕатын уҥуохтарын тутан быраатынаан суулаһан олорбут. Бастакы кэргэниттэн, Тарабукин Терентийтэн, аҕыста оҕоломмута бары “төннүбүттэр”. Мин киниэхэ соҕотох оҕотобун. Аҕам Ньуурап Василий Спиридонович диэн сэттэ оҕолоох Ньуураптар иккис уоллара. Бэрт сытыары-сымнаҕас майгылаах, туруу үлэһит, холкуос сылгыһыта эбит. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмытыгар, 1941 с., атырдьах ыйын саҥатыгар бэбиэскэ тутан, аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Баран иһэн Дьокуускайга хаартыскаҕа түспүттэрин ыыппыт уонна ол кэнниттэн ууга тааһы бырахпыттыы сүппүт. Ханна да тиийбитэ, өлбүтэ биллибэт. Кэлин кистэлэҥ докумуоннар арылланнар, 1941 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр өлбүттэр испииһэктэригэр баарын көрбүтүм.

Аҕам сэриигэ барарыгар мин ийэм иһигэр хаалбыппын, 1942 с. тохсунньу 15 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт-үөскээбит Чычымаҕым сирэ-уота, Көрдөрүүлээх алааһым дьэ, үтүөкэн дойду! Оҕо сааһым күннээх, сылаас өйдөбүлэ, чахчыта даҕаны көмүс-ньээкэ уйам буоллаҕа. Олус эйэлээх, үлэһит дьоннордооҕо. Биһиги ол биир модун күргүөмнээх үлэҕэ бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаҥҥа иитиллэн, киһи буолан уһаарыллан тахсыбыппыт. Учайга кыра эрдэхпинэ олоро сылдьыбыппыт. Учай туһунан сырдык, сылаас өйдөбүллээхпин. Кырдьаҕас Учайга оттуурбут. Онно халдьаайы анныгар кэрэх маска хара сүөһү тириитэ төбөлүүн, атахтардыын тиириллэн турарын күнүс сыныйан көрөрбүт. Тыыппат этибит. Өксөкүлээх өтөҕө диэн хайдах эрэ тардына сылдьарбыт.

К_-_2_1.jpeg

Ийэ тылы иҥэринэн

Оскуолаҕа Өксөкүлээх туйаҕын хатарааччытыгар, Реас Алексеевичка, үөрэммит дьоллоохпун. Саха тылыгар, ботаникаҕа, зоологияҕа, физикаҕа, нуучча тылыгар үөрэтэрэ. Уруокка ирдэбиллээх этэ, күһүн уонна саас уруоктарын айылҕаҕа сылдьан ыытара, олоххо сыһыаран үөрэтэрэ. Аҕатын туһунан олох кэпсээбэт этэ, биһиги Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан дьоммутуттан истэн билэрбит. Мин кинилэр дьиэлэригэр сылдьар этим. Татьяна Паповна куруук үөрэ-көтө көрсөрө. Далбар Хотун диэн аат киниэхэ олус барсар. Алаадьылаах буолара. Уһун аһыыр остуоллаахтара.

Иитиллибит аҕам ааҕар, суруйар этэ. Онон балаҕаммытыгар сахалыы кинигэ куруук баара. Олор быыстарыгар Өксөкүлээх «Ырыа-хоһоон» диэн кинигэтэ илдьиркэй да буоллар баара. Ол кинигэҕэ хоһооннор кэннилэригэр мэкчиргэ эҥин ойуута баарыттан куттанарбын өйдүүбүн. Кэлин үчүгэйдик ааҕар буолбутум кэннэ, дьонум доргуччу аахтараллара. Онтон үрдүкү кылааска тахсарым саҕана, Былатыан Ойуунускай айымньыларын сэттэ туомнаах толору хомуурунньуга тахсыбыта. Дьонум онтон олоҥхону сорох сиринэн нойосуустуохпар диэри аахтараллара. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэрбэр пластинката тахсан, ону истэр буолбуттара. Улуу дьон тыл эгэлгэтин, дириҥин, эҕэтин туттар сабыдыалларынан, сахалыы өйдүүргэ, саҥарарга көмөлөһөрө кэмнээх буолуо дуо.

К_-_3.jpeg

Күннээҕи олоҕу киэркэтэн

Эдьиийим Татьяна Егоровна Ньуураба кыра эрдэхпиттэн маннык этэрэ: «Ньуураптар үлэһит удьуордар, ону түһэн биэриэ суохтааххын, үлэһит, үчүгэй киһи буолуохтааххын», – диирэ. Ону арааһа толордум быһыылаах саба быраҕан. Уонна биир өлөр ыарыытыгар сытар эмээхсин маннык эппиттээх: «Сороххут таҥара маһа буолуо, сороххут күрдьэх маһа буолуо. Таҥара маһа буоллахха, ону уйуохха наада, сууллар ыарыылаах буолуо. Күрдьэх да маһа буоллаххына, суҥхарбакка, көнө сүрүннээхтик сулууспалаар».

Мин олоҕум устата күрдьэх маһын ордордум, бэйэм хайдах сатыырбынан, кыайарбынан олохпун оҥоһуннум. Таҥара маһа буола сатаабатым. Баҕар, ол иһин унньуктаах үлэни сүрэҕэлдьээбэккэ, хорутан үлэлиирбин, иистэнэрбин сөбүлүүрүм буолуо. Иис алыба дьэ, дьикти. Күҥҥэ тугу эмитэ тикпэтэхпинэ, олох табыллыбаппын. Дуоһуйууну ылабын. Алып диэн ымсыырыы, дуоһуйуу буоллаҕа.

Баайабын, быысапкалыыбын, уруһуйдуубун, урукку олоҕу сурукка тиһэбин, төрүччүбүн оҥоробун, ыллыыбын, хоһоон ааҕабын, эдэрдэргэ олох туһунан кэпсиибин, сатыырбынан сүбэлиибин. Ону таһынан нэһилиэкпэр үҥкүү бөлөҕүн 22-с сылын салайабын, ол устатын тухары элбэх үҥкүү үҥкүүлэннэ, таҥас тигилиннэ. Сири-дойдуну да кэрийдибит, доҕор-атас да булуннубут. Билигин да өйбүтүн-санаабытын холбоон үлэлиибит. Биир санаанан кырдьар сааспытын көрсөбүт, киэргэтэбит.

к-_1.jpeg

Иис бөлөҕө

Татьяна Васильевна Чычымах орто оскуолатыгар таһаарыылаахтык үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Нэһилиэгэр үҥкүү бөлөҕүн таһынан, иис бөлөҕүн үлэлэтэр. Кини салалтатынан Чычымах иистэнньэҥнэрэ 2006 с. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхонон сэттэ паннону оҥорбуттара, 2009 с. аныгылыы саха таҥастарын оҕуруонан тикпиттэрэ. 2012 с., Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 135 сылыгар, Өксөкүлээх айымньыларынан 12 паннону кыбытыылаах иис ньыматынан тигэн, Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаныгар бэлэхтээбиттэрэ. 2014 с., Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 100 сылыгар чаппараах кэмпилиэгин тигэн, Суоттуга, Доҕордоһуу түмэлигэр биэрбиттэрэ. 2017 с., Өксөкүлээх үбүлүөйдээх сылыгар, норуот маастара А.Н. Большакова уруһуйунан чаппараах толору кэмпилиэгин, 2018-2020 сс. «Таатта» уус уран литературнай түмэлгэ кыыс хаппахчытын, орон таҥаһын кэмпилиэгин, 2020 с. Өймөкөөн улууһун 100 сылынан Н.М.Заболоцкай-Чысхаан түмэлигэр чаппараах кэмпилиэгин, 2021 с. Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаныгар утуйар таҥас кэмпилиэгин тигэн биэрбиттэрэ, билигин убаһа тириититтэн аас тэллэх тигэ сылдьаллар. Бу курдук, нэһилиэк уран тарбахтаахтара Өксөкүлээх Өлөксөй аатын ииһинэн үйэтитэллэр.

Ефимова_-_2.jpeg

Дьол диэн тугуй?

Биллэн турар, дьиэ кэргэн олоҕо туруктаах буоллаҕына эрэ, идэлээх анал уонна уопсастыбаннай үлэ таһаарыылаах буолар. Татьяна Васильевна олоҕун аргыһа Петр Павлович Ефимовтыын ыал буолан олорбуттара 55 сыл буолла. Петр Павлович Хаҥалас улууһун Хачыкаатыттан төрүттээх, Чычымахха 1968 с. кэлэн, хомуньуус баартыйа сыахтааҕы тэрилтэтин сэкирэтээринэн, оскуола дириэктэринэн, саабыһынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Иитэр-үөрэтэр үлэҕэ олоҕун 40 сылын анаабыта. Дьоһун ыал үс кыыстаахтар, сиэннэрдээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр. Сэһэргэһиибит түмүгэр мин дьол диэн тугун ыйыппыппар, Татьяна Васильевна маннык хардара:

-- Дьол диэн, мин санаабар, этэҥҥэ сылдьыы, туруоруммут сыалы ситиһии, дьону-сэргэни кытары өйдөһөн-өйөһөн олоруу, дьоҥҥо туһалаах буолуу, үөрүүнү бэлэхтээһин. Оттон ийэ анала -- дьиэ кэргэн этэҥҥэ буолуута, оҕону олоххо бигэтик үктэннэрии. Мин сааһыран баран, үйэтитиигэ ылыстым. Сахалыы ииһи үйэтитэ сатаан, оҕолорбор уонна сиэннэрбэр анаан иистэнэбин. Ийэ, эбэ уонна хос эбэ буолан тураммын, сиэри-туому умнумаҥ, тутуһа сылдьыҥ, дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ диэн сүбэлиибин, алгыыбын.

  • 12
  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением