Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Улуу Кыайыы 75 сыла туолуутугар Ржевтээҕи кыргыһыыга охтубут буойуннар кэриэстэригэр анаммыт Мемориал пааматынньык арылынна.  Саҥа мемориалы РФ уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэннэрэ Владимир Путин уонна Александр Лукашенко астылар.

Улуу Кыайыы 75 сыла туолуутугар Ржевтээҕи кыргыһыыга охтубут буойуннар кэриэстэригэр анаммыт Мемориал пааматынньык арылынна.  Саҥа мемориалы РФ уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэннэрэ Владимир Путин уонна Александр Лукашенко астылар.

Сэрии тиэмэтигэр үлэлээбит уонна үлэлэһэр историктар, исписэлиистэр, суруйааччылар, Ржевтээҕи кыргыһыы сирэй кыттыылаахтара, тыыннаах ордубуттара — бүгүҥҥү аҕыйах ахсааннаах бэтэрээннэрэ билинэллэринэн — Аҕа дойду Улуу сэриитин бары бөдөҥ кыргыһыыларыттан мастаабынан, барбыт сирэ-уота киэҥинэн, болдьоҕо уһунунан уонна киһитин сиэртибэтэ улаханынан тэҥнээҕэ суох, Ржевтээҕи кыргыһыы (Ржев-Вязьма плацдарма) үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ умнууга хаалларыллыбытын тэҥэ буола сылдьыбыт. Сүрүннээн, бу 2000 сыллартан чинчийиилэр, ахтыылар, суруйуулар баар буолуталаабыттар.

regular image 0c254aeb1f7431f4b5aacdece8e8b9de.jpg.8f7b45d62ac2c78d6425ecf984219c0b

Олоҕун дьыалата олоххо киирдэ

«Аргументы и факты» хаһыат бу от ыйын 22-28 күннэринээҕи №-гэр «Кини олоҕун дьыалата» диэн ааттаах авиация генерал-майора, бу кыргыһыы кыттыылааҕа 98 саастаах Алексей Никифорович Рапота туһунан матырыйаал бэчээттэммит. Алексей Никифорович Ржев аннынааҕы кыргыһыыга өлбүт боростуой саллаакка, буойуҥҥа аналлаах пааматынньыгы тутуу идьиэйэтин уһун сылларга дьирээлэһэн туран туруорсан кэлбит дьоннортон биирдэстэрэ эбит.

«Жуков мемуардарыгар Ржев да туһунан, бойобуой эпэрээссийэлэр да тустарынан биир да устуруока суох. Саҥарбат буоларга син суобаһа тиийбит. Өскөтө кырдьыгы суруйар буоллахха, бэйэ туһунан эмиэ этиэххэ наада эбээт. Оттон кини, Симонов «Марс» эпэрээссийэ тоҕо ситиһиилэммэтэҕин туһунан ыйыппытыгар, маннык эппиэттээбит: «Биһиги  олохтоох усулуобуйаны, сирин-уотун тутулун, ньуурун, метеорологическай уратыларын ситэ учуоттаабатахпыт. Авиация биһигини кыайан өйөөбөтөҕө». Сылы быһа Ржев анныгар олорон баран, олохтоох быһыыны-майгыны кыайан үөрэппэт буолуу? Бу хайдаҕый?! Өлбүт балтараа мөлүйүөн киһи туһугар буруй  70 бырыһыанын Жуков сүгэр. 75 сыл ааста, күн бүгүнүгэр диэри мин кинигэҕэ да, хаһыакка да ол сабыытыйалар тустарынан кириитикэлээх анаалыстааһыны түбэһэн көрө иликпин», — диэбит Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ.

«Ржевтээҕи кэйгэллээһин» (бойня), «Ржевтээҕи үлтү мэһиллии» (мясорубка) диэн боростуой эрээри, өйгө-санааҕа чахчы тиийимтиэ тылларынан бу кыргыһыы характырыыстыкаланар. Ржев хонууларыгар үс дьапталҕа буола үрүт-үрдүлэригэр охтубут саллааттар өлүктэрэ кыймалас чиэрбэнэн саба ыһылланнар, сайыҥҥы куйааска сытыйаннар, аһаҕас халлаан анныгар, киэҥ хонуулар дуолларыгар туох да ааттааҕа тулуйбат сыта-сымара туолан, дьиҥнээх «өлүү толоонноругар» кубулуйбуттар…

IMG 20200729 081504

Ити кэриэтин диэххэ айылаах

Ржевтээҕи кыргыһыыга сыһыаран, биир быстах түгэни ахтан аһарар буоллахха. Ыам ыйын 8 күнүнээҕи ТВ бырагырааматыгар саҥа көстүөхтээх «Ржев» киинэ киирэн сылдьар эбит. Дьэ, Арассыыйа киинэтин ускуус­тубата дьүдэйбит, дьүүкээрбит да эбит! Көрө сатаан баран, ортотуттан тэлэбиисэрбин саба тутарга күһэллибитим. Этэргэ дылы, өйгө да, сүрэххэ да тугу да биэрбэт, хаалларбат таах хойҕур хартыына. Бука, көрөөччүнү «сэргэхситээри» эбитэ дуу эбэтэр бэлиитикэҕэ кытыаран дуу, «өйгө-санааҕа иҥэн хаалар» биир адьас аҥала оһуобай отдел үлэһитин уонна блатной персонажтара бааллара быһыылаах этэ.

IMG 20200729 081516

Бэриниилээх сүрэх батарбат

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын кылаабынай археограба, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Александрович Калашников ааптар­даах «Саха Сирин буойуннара Ржев аннынааҕы кыргыһыыга» кинигэ таҕыста. Кинигэни «Кыайыы — 75» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуонда үбүлээбит. Чахчы астык «эттээх-сииннээх», үбүлүөй ирдэбилигэр эппиэттиир кинигэ тахсыбыт. Кылаабынайа, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуламмыт буолан, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бары улахан сабыытыйаларыттан урукку өттүгэр ситэ сырдатыллыбатах Ржевтээҕи кыргыһыы туһунан дьоһуннаах информацияны, билиини, сыанабылы толору ылыахха сөп.

Кинигэ тутатына ааҕааччытыгар элбэҕи биллэрэр киирии уонна түмүк тыллардаах. РФ Оборуонатын министиэристибэтин Киин архыыбын пуондаларын дөкүмүөннэрэ, Ржевтээҕи кыргыһыыны үөрэппит дьон үлэтэ туһаныллыбыттар. Кыргыһыыга охтубут саха буойннарын туһунан суруйуулар, тыыннаах ордубут дьон ахтыылара киирбиттэр. Кинигэ ааҕааччыны кэрэхсэтэр биир салаатынан, киин хаһыаттар оччотооҕу кэрэспэдьиэннэрин, сабыытыйалар сирэй туоһуларын, суруйуулара буолуоҕа.

Ама, аҕыйах саха саллаата өлбүтэ дуо?

Кинигэ 38 лииһин илин уонна кэлин өттүлэригэр толору, Саха Сириттэн 1942-1943 сс. Ржевтээҕи-Вязьматааҕы кыргыһыыга охтубут 1126 буойун испииһэгэ киирбит. Испииһэккэ араспаанньалара, ааттара, аҕаларын ааттара, туох сыбаанньалаахтара, ханнык сылга, ханна төрөөбүттэрэ, ханнааҕы байыҥкамаатынан ыҥырыллыбыттара, ханнык сылга, күҥҥэ, ыйга туохтан өлбүттэрэ, ханнык куоракка, оройуоҥҥа, дэриэбинэҕэ, сороҕор кылабыыһаҕа көмүллүбүт сибидиэнньэлэрэ киирбиттэр.

Бу, биллэн турар, ырааҕынан толору испииһэк буолбатах. Сирийэн көрдөххө, бу кинигэ испииһэгэр сылдьар 1126 киһиттэн 80 тахса бырыһыана — саха дьоно. Бары кэриэтэ 1941 уонна 1942 сылларга сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыттар. Маны тоҕо чорбото тутан бэлиэтэнэрий?

Ардыгар көннөрү кэпсэтиигэ, ардыгар хаһыаттарга суруйууларга сорох саастаах уонна үөрэхтээх дэнэр саха дьонун өттүттэн «саха сэриигэ уонна тыылга өлбүтүн үлүннэрэн көрдөрүү, олоҕо суох сыыппаларынан көөчүктэнии баар» диэн быһаччы сымыйарҕааһын, итэҕэйбэт буолуу түбэлтэлэрэ өрүүтүн көстөөччү. Бу олох соторутааҕыта, уруккута өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, билигин ытык кырдьаҕас киһи, сахалыы тыллаах хаһыакка « саха ахсаана аҕыйах, ол үксүлэрэ нууччабыт дьоно баран умсубут буолуохтаахтар. Тыылга үксүлэрэ ыалдьан уонна кырдьан өлбүттэрэ» диэх курдук тылласпыт этэ.

Сэрии иннинээҕи кэмҥэ саха ахсаана 220-230 тыһыынча киһинэн ааҕыллара. Бу бачча ахсааннаах саха оччолорго өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 80 бырыһыанын ылара. Нуучча нэһилиэнньэтэ сүрүннээн Дьокуускай, Алдан куораттарга уонна көмүһү хостуур бириискэлэргэ баара. Сэрии бастакы сылларыгар, дойдуга уһулуччу кытаанах балаһыанньа үөскээн, Алдантан уонна көмүс бириискэлэриттэн (Дьокуускайтан ханнык да саарабыла суох) дьону аармыйаҕа ыҥырыы ыытыллыбыта. Өстөөх сүрүн кыргыһыыларга кыайтартаабытын кэннэ, саамай сүнньэ ленд-лиз дуогабара үлэлиэҕиттэн, валюта боппуруоһа инники күөҥҥэ тахсыаҕыттан, бириискэттэн аармыйаҕа буолбакка, көҥүлтэн бириискэҕэ «утаарыы» күүһүрбүтүн бэркэ билэбит. Өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит, өрөспүүбүлүкэтигэр ол саҕана баһыйар ахсааннаах төрүт норуот, уопсай киһитин ахсаанын өлүүтүгэр таһаардахха, элбэх сүтүктэммитэ ханнык да мөккүөргэ туруо суох тустааҕа.

Атын өттүнэн, 200 тыһыынча иһинэн-таһынан ахсааннаах букатын дьоҕус норуот, аҕыйах тыһыынча да киһититтэн мэлийдэҕинэ, бу өтөрүнэн оһоруммат ороскуота буолуоҕа. Сэриигэ омукпут көмүс пуондата, норуоппут чулуу удьуора баран умсубута. Төһөлөөх оҕону-урууну, удьуору ууһатыах, норуоту хаҥатыах этилэрэй?! Ама өйүнэн сылдьар хайа да киһи, норуота элбэх киһитин сүтэрбитинэн киһиргиэх, ол онтон ас таһаарыныах туһа суох. Курутуйара, санаа баттыга оҥосторо, араастык өйдүүрэ уонна ылынара – аньыы буолбатах.

IMG 20200729 081543

Нуучча кырдьаҕас куоратын кытта сибээспит

Ржев аннынааҕы кыргыһыы (Ржевтээҕи-Вязьматааҕы плацдарм) историята саҥа киэҥник суруллан эрэринэн, Александр Калашников бу саҥа кинигэтиттэн тоҕоостоох лоскуйдары  киллэрэри наадалааҕынан ааҕабын. Ол иннинэ, толорутук да буолбатар, маннык түгэннэргэ тохтоон ааһыам этэ.

Биһиги, сахалар, Ржеви уонна куорат уопсастыбаннаһын кытары туруктаах сибээстээхпит. Сэрии саҕаламмыт 1941 сылыгар Саха Сириттэн 17 тыһыынчаттан тахса киһи боруоҥҥа ыҥырыллыбыта. Сахалар Москуба аннынааҕы кыргыһыыларга кыттыбыттара. Бу кыргыһыыларга өлбүт да, бааһырбыт да аҕыйаҕа суоҕа. Өстөөх Москуба анныгар кыайтаран, чугуйан Ржев-Вязьма, Ржев-Сычевка плацдарм оҥостон, уонунан ахсааннаах дэриэбинэлэргэ, нэһилиэнньэлээх пууннарга бөҕөргөтүнэн утарсааччытын эрэллээхтик көрсөргө толору бэлэмнэммитэ. 1941 сыллааҕы Москуба аннынааҕы кыргыһыылартан тыыннаах ордубут саха саллааттарыттан уонна 1942 сылга сэриилэһэр аармыйаҕа тиийбит сахалартан «Ржевтээҕи мясорубка» мэһийиитигэр түбэспиттэр ахсааннарын чуолкайдааһын кыайтарбат кэриэтэ дьыала буолла быһыылаах. Александр Калашников суруйарынан,  Оборуона Киин архыыбын чуолаан Ржев аннынааҕы кыргыһыыларга  сыһыаннаах пуондалара билиҥҥэ диэри сабыылаахтар, туһанарга көҥүллэммэттэр.

1994 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Ржев куораттан 7 килэмиэтирдээх Филькино дэриэбинэҕэ, Ржев куораты босхолооһуҥҥа охтубут саха буойуннарын чиэстэригэр, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын үбүлээһининэн, мемориальнай пааматынньык аһыллыбыта. Кыайыы 60 сылыгар, мемориальнай пааматынньык аттыгар, саха буойуннарын  кэриэстэригэр Николай Чудотворец хараам-чосуобуната тутуллан сибэтии гыныллыбыта. Сылын аайы ыам ыйын 9 күнүгэр СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дэлэгээссийэтэ манна кэлэн, сибэкки ууран өлбүттэри кэриэстиир. Чурапчы улууһун бочуоттаах киһитэ,  П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха АССР үтүөлээх учуутала, буойун-фронтовик Павлов Иван Михайлович «Сахалар Ржевтээҕи-Вязьматааҕы кыргыһыыларга» кинигэни суруйан таһаартарбыта.

IMG 20200729 081724

Ржевтээҕи кыргыһыы сорох түгэннэриттэн

Өстөөх «Киин» диэн ааттаах аармыйаларын бөлөҕө сэбиэскэй сэриилэри киһитин ахсаанынан 1,4 төгүл, артылыарыйатынан уонна минометынан 1,8 төгүл, тааҥкатынан – 1,7 төгүл, бойобуой сөмөлүөттэринэн – 2 төгүл баһыйара. Ол үрдүнэн 1941 сыл алтынньытыгар Москуба аннынааҕы кыргыһыылар хаамыыларыгар сэбиэскэй сэриилэр утарсыылара улам күүһүрэн, оттон өстөөх аармыйатын кимэн киириитин тэтимэ аҕырамнаан иһэрэ бэлиэтэммитэ. Гитлер күлүмэх түргэннээх кыайыыны ситиһэр былаана тохтон барбыта. Сэбиэскэй норуот, Москуба олохтоохторун дьоруойдуу күүрээннэригэр тирэҕирэн, дойду илиҥҥи өттүттэн  сибиэһэй күүстээх дибиисийэлэри Москуба анныгар быраҕыы түмүгэр, сэтинньи саҥатыгар өстөөх кимэн киириитэ тохтотуллубута. «Тайфун» эпэрээссийэ күппүлүү барбыта. Ньиэмэс аармыйата сэтинньи ортотуттан ахсынньы саҥатыгар диэри, 155 тыһыынча киһитин, 300 оруудьуйатын, 800-чэ тааҥкатын уонна 1500-чэ сөмөлүөтүн сүтэрбитэ.

Сэбиэскэй сэриилэр хардары кимэн киириилэрин түмүгэр өстөөх Москубаттан 150-300 км. тэйиччи быраҕыллыбыта. Сэбиэскэй сэриилэр Москубаттан чугастааҕы уонна ыраахтааҕы барбыт кыргыһыыларга уопсай төннүбэт сүтүктэрэ 926 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэспитэ. (Төннүбэт сүтүккэ сэрии толоонугар охтубуттар уонна бааһырыыларыттан өлбүттэр, сураҕа суох сүппүттэр, билиэҥҥэ түбэспиттэр киирэллэр. Бойобуой дьайыылар ыытылла турар сирдэриттэн эвакуацияланан аармыйатааҕы, боруоннааҕы, уонна тыыллааҕы хуоспуталларга түбэспит бааһырбыттар, контузияламмыттар, уокка сиэппиттэр, үлүйбүттэр саньытаарынай сүтүккэ киирсэллэр). Ньиэмэс аармыйата 615 тыһыынча киһи сүтүктэммитэ. Гитлеровскай хамаандабанньа өссө хаһан да маннык улахан сүтүктэнэ илигэ.

Өстөөх Москуба анныгар төһө да улахан хотторууну көрүстэр, «Киин» аармыйалар бөлөхтөрүн бойобуой кыаҕа син-биир улахан этэ. Өстөөх хамаандабанньата биһиги Арҕааҥҥы уонна Калининскай боруоннарбыт кимэн киириилэрин кыһыҥҥы кэмҥэ тохтоторго суоттаммыта. Оттон Үрдүкү Кылаабынай Хамаандабанньа Ставката (Сталин, Василевскай), Арҕааҥҥы уонна Калининскай боруоннар хамаандыссайдарыгар өстөөх бөҕөргөтүнэн сытар можайскайдааҕы-гжатскайдааҕы-вяземскайдааҕы бөлөҕүн төгүрүйэллэригэр бирикээстээбитэ.

348-с стрелковай дибиисийэ 1174-с пуолкатын 3-с оруотатын урукку политруга Иван Михайлович Тихомиров  ахтар: «1942 сыл от ыйын 30 күнүн үчүгэйдик өйдүүбүн. Артылыарыйалар ньиргиэрдэрэ биһиги кимэн киириибит саҕаламмытын биллэрбиттэрэ. Ржев хас биирдии сүөм да саҕа сирэ улахан кыргыһыынан уонна биир оннук хааны тоҕон туран ылыллара. Биһиги дибиисийэбит Филькино, Тимонцево, Коростелево, Митьково, Гнездово дэриэбинэлэри бохолообута. Атын учаастактарга эмиэ балачча ситиһиилээх кыргыһыылар барбыттара. Атын боруоннарга сүрдээх ыарахан балаһыанньалар үөскээбит кэмнэригэр, ити кыра да буоллар, кыайыы этэ. Оттон стратегия өттүнэн кыайтарыы буолбута. Эпэрээссийэ табыллыбатаҕа, хааҥҥа харбыта, ол быһыытынан Ржевы ыларга күүс тиийбэтэҕэ.

 Ханна эрэ үөһээ үчүгэйдик ырытыл­лан толкуйдамматаҕар, сэрии сэбин көрүҥнэринэн кыайан хааччыллыбатаҕар, салгынтан өйөбүлү ылбатаҕар саллаат буруйа суох этэ. Аҥаардас саллаат эр санаатыгар эрэнии, онно суоттаныы сыыһата адьас дьэҥкэтик көстөн тахсыбыта».

Астаапкаҕа олорор 3-с рангалаах капитан Владимир Зайцев ахтар: «Ржев тумула» диэн, 14 ый тухары барбыт улахан хаан тохтуулаах сэриилэһиигэ Арҕааҥҥы уонна Калининскай боруоннар табыла суох кимэн киириилэрин түмүгэр үөскээбит балаһыанньа этэ. Ставка, өстөөх «Киин» аармыйаларын бөлөхтөрүн Ржев, Сычевка уонна Вязьма оройуоннарыгар төгүрүйэн үлтүрүтэргэ суоттаммыта. Бойобуой дьайыылар түмүктэригэр хас да дэриэбинэ босхоломмута эрээри, олохтоохтор үөрүүлэрэ уһаабатаҕа. Фашистар хаттаан төттөрү былдьаабыттара. 1942 сыл тохсунньутугар фашистар Ржев өттүттэн Волганы кыйа тааҥкалары, мотопехотаны уонна авиацияны быраҕаннар кэккэ дэриэбинэлэри ылбыттара. 29-с аармыйа хоту диэки көҥү көтөн тахса сатаабыта табыллыбатаҕа. Өстөөх төгүрүктээһинэ хам ылан испитэ.

Быыстала суох барар кыргыһыылартан бырдылара быстыбыт, төгүрүктэммит биһиги чаастарбыт төгүрүччү иилии көмүскэниигэ киирбиттэрэ. Ытар тэрил, уматык, ас-үөл саппааһа быстыбыта. Олунньуга харыйа мутукчатын ууга оргутан ону иһэн, өлбүт сылгы этинэн аһылыктанан тулуһан сылдьыбыттара. Олохтоох нэһилиэнньэ туох кыахтааҕынан көмөлөһө сатыыра. Өстөөх 29-с аармыйаны төгүрүктээһини ситэрэн баран, чаастарга араартаан суох гынарга ылсыбыта. Биһиги дьоммут бааһыран, үлүйэн, хоргуйан туран, бэйэлэрин көмүскэнэр кирбиилэрин бырахпатахтара.

Олунньу 6 күнүгэр ньиэмэстэр Ступино дэриэбинэттэн Окороково хайысханан 185-с дибиисийэни утары тааҥкалары бырахпыттара. Хас да күннээх алдьархайдаах хаан тохтуулаах кыргыһыы барбыта. Икки өттүттэн кэмэ суох элбэх сүтүк тахсыбыта. Өлбүттэри тоҥ буорунан, тааһынан, хаарынан барбах саба тарыйан кэбиһэллэрэ. 365-с стрелковай дибиисийэ сор суолламмыта, бүтүннүү кыргыллыбыта»…

DvlTTA WoAAlaWV копия

Сүтүк учуоттамматах

Ньиэмэс-басыыс хара суордара 17 ый устата (балтараа сыл кэриҥэ кэмҥэ) нуучча былыргы куоратыгар Ржевкэ – тимир уонна шоссе суоллар түмүллэн  ааһар бөдөҥ түмүктэригэр – аҥаардастыы хаһаайыннаабыттара. Басыыстар Москуба анныгар хотторон да бараннар, иккистээн кимэн киирэн Сэбиэскэй Сойуус киин куоратын ылар былааннарыттан аккаастамматахтара. Ол инниттэн ньиэмэстэр, сэбиэскэй сэриилэр 1941-1942 сс. кыһыҥҥы хампаанньаҕа арҕааҥҥы хайысханан кимэн киириилэрин саҕана үөскээбит Ржев тумулун эрэллээхтик илиигэ тутарга стратегическай улахан суолтаны биэрбиттэрэ.

Өстөөх «Киин» ржевтээҕи-вязем­скай­дааҕы аармыйаларын бөлөҕүн үлтүрүтэр инниттэн, сэбиэскэй хамаандабанньа түөрт стратегическай кимэн киирии эпэрээссийэтин ыыппыта. Мантан үһэ табыллыбатаҕа. Ржев тумуһа 1943 сыл кулун тутар саҥатыгар ыытыллыбыт эпэрээссийэ түмүгэр үлтүрүтүллүбүтэ. Өстөөх Ржевы хаалларарга күһэллибитэ, эрдэттэн бэлэмнэниллибит позицияларыгар чугуйан биэрбитэ. Ол эрээри Арҕааҥҥы уонна Калининскай боруоннар сэриилэрэ өстөөх Ржевтээҕи-Вязьматааҕы плацдармын биир ый иһигэр үлтү охсубуттара.

Сэбиэскэй сэриилэр 1942-1943 сс. Ржевтээҕи-Вязьматааҕы плацдармҥа түөрт кимэн киириигэ сүтүктэрэ.

Төннүбэт сүтүктэрэ – 433037. Саньытаарынай сүтүктэрэ – 891786. Барыта – 13248233.

Бу аҕалыллыбыт дааннайдар толорута суохтарын туһунан историк-учуонай, Ржевтээҕи кыргыһыы историятын анаан үөрэппит, «Ржевтээҕи кэйгэллээһин. Жуков сүтэрбит кыайыыта» кинигэ ааптара С.А.Герасимова суруйар. Кини  бэлиэтииринэн, сураҕа суох сүппүттэр, билиэҥҥэ түбэспиттэр, кимэн киирии ыытыллыбатах 7 ыйыгар тахсыбыт сүтүк учуоттамматахтар. Оттон сураҕа сүппүттэр, төннүбэт дэнэр бары сүтүк үс гыммыт иккитигэр тэҥнэһэр.  Ржевтээҕи-Вязьматааҕы плацдармҥа кыргыһыыларга Кыһыл аармыйа 2 мөлүйүөн кэриҥэ киһи сүтүктэммит буолуон сөбүн туһунан суруйар.

 Александр Калашников «Саха Сирин буойуннара Ржев аннынааҕы кыргыһыыга» кинигэтиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением