Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Быйыл сайын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт эбии үөрэхтээһин улахан мунньаҕар үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова этиитин олус биһирии иһиттим.

Быйыл сайын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт эбии үөрэхтээһин улахан мунньаҕар үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова этиитин олус биһирии иһиттим.

Үчүгэй умнуллубат

Сэбиэскэй былаас сылларыгар тыа хаһаайыстыбатын сүрүн үлэлэрин (сүөһүнү-сылгыны көрүү-истии, сиртэн үүнээйини ылыы, сири оҥоруу, ходуһалары нүөлсүтүү үлэлэрин) барытын сопхуостар тэрийэн олорбуттара. Кинилэр ону таһынан, нэһилиэктэргэ баар бары социальнай эбийиэктэри, ол иһигэр уһуйааннары, оскуолалары, култуура кииннэрин туталлара. Оскуолаларга тырахтарыыс, мэхэньисээтэр, электрик идэлэригэр эбии үөрэхтээһин тэриллэрэ. Онон оҕолор оскуола паартатыттан тыа сиригэр олус наадалаах идэлэри баһылааннар, салаа сайдыытыгар бэйэлэрин кырата суох кылааттарын киллэрэллэрэ.

Хомуньуус баартыйа көҕүлээһининэн, «Оскуола — производство – үрдүк үөрэх» диэн девизтээх улахан хамсааһын баара. Орто оскуоланы бүтэрбит ыччаттар дойдуларыгар хаалан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, сүрүннээн сүөһү-сылгы көрүүтүгэр икки сыл үлэлээн-хамсаан баран, хомсомуол путевкатынан салгыы орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарса бараллара. Бу маннык үлэлээн-хамсаан, уопут ылан барбыт эдэр ыччаттар талан ылбыт үөрэхтэригэр киирэн, ону ситиһиилээхтик бүтэрэн, исписэлиис буолан норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ.

Үгүстэр төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэн кэлэн, сүрүн исписэлиистэр, салайааччылар буолбуттара. Элбэхтэн талан холобурдаатахха, биһиги биир дойдулаахтарбытыттан Дмитрий Ноттосов уонна Петр Иванов ССКП райкомун бастакы сэкирэтээрдэринэн, Сидор Филиппов уонна Иван Чыычаахап райсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Николай Дмитриев, Платон Львов, Револий Такасаев, Василий Уйгуров, Иннокентий Анисимов, Иван Николаев, Егор Филиппов сопхуостар дириэктэрдэринэн, Ахмед Варфоломеев СГУ, ХИФУ мединститутун проректорынан, Медицина киинин салайааччытынан, Рево Алексеев Саха Өрөспүүбүлүкэтин кылаабынай травмотологынан үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара, төрөөбүт улуустарын эрэ буолуо дуо, өрөспүүбүлүкэлэрин социальнай-экономическэй сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ.

Сопхуостар ыһыллыахтарыттан

1991 сыллаахтан Сэбиэскэй сойуус ыһыллан, атын систиэмэ кэлэн, элбэх уларыйыылар барбыттара. Тыа сиригэр ыһыллыбыт сопхуостар оннуларыгар араас киэптээх тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллибиттэрэ. Бу хаһаайыстыбалар кыамталара кыра итиэннэ бас билиилэрэ атын буолан, уһуйаан, оскуола уонна култуура киинин курдук социальнай хайысхалаах эбийиэктэри тутар кыахтара суоҕа. Урут сопхуостарга кииннээн быһаарыллыбыт сүөһүнү-сылгыны иитии, сири оҥоруу, күөх маассаны ыһыы таһымнара быста мөлтөөбүттэрэ, ынах сүөһү да, сылгы ла ахсаана лаппа аҕыйаабыта, элбэх бааһына сирэ быраҕыллыбыта.

Сопхуос саҕана сылгыһыт, ыанньыксыт уонна сиртэн үүнээйини ылыы салаатын үлэһиттэрэ социальнай пакетынан туһанар, сыллата уоппускаланар, ыарыйдахтарына больничнай ылар буоллахтарына, билигин ол барыта тохтообута. Атыннык эттэххэ, хотон-хонуу үлэһиттэрэ туох да социальнай харысхала суох хаалбыттара.

Урут, нэһилиэк олохтоохторо сүрүннээн сопхуоска үлэлииллэрин быһыытынан, кинилэр оҕолорун көрөр-истэр, иитэр-үөрэтэр аналлаах уһуйааннар уонна оскуолалар бааллара. Бу тэрилтэлэргэ элбэх оҕо иитиллэрэ-үөрэнэрэ. Билигин нэһилиэк ахсын кэриэтэ орто оскуоланы аҕыйах оҕо бүтэрэрин, сорох сылга төрүт суоҕун, биллэр биричиинэтинэн эдэр, төрүүр-ууһуур саастаах уонна үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар дьон сүөһүлэрин-сылгыларын эһитэлээн, үлэни-дьарыгы батыһан, ким улуус киинигэр, ким куоракка көһөн барара буолар.

Бу маннык чахчылар баалларын үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэни араас кэмнэргэ таһаарыылахтык салайбыт Михаил Ефимович Николаев, Вячеслав Анатольевич Штыров, Егор Афанасьевич Борисов үөрэҕирии салаата бөҕөргүүрүгэр элбэх үлэни-хамнаһы ыыппыттара. Ол түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс нэһилиэктэригэр саҥа уһуйааннар, оскуолалар (өссө таас варианынан!) тутуллубуттара. Бу үлэ салгыы ыытыллан, кэлиҥҥи биэс сылга 274 социальнай эбийиэк: 72 уһуйаан, 43 оскуола, 66 балыыһа, 45 култуура дьиэтэ, 34 спорт саала, ол иһигэр, тыа улуустарыгар 53 уһуйаан, 34 оскуола, 37 култуура дьиэтэ, 24 спорт саала үлэҕэ киирдилэр. Бу – өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна Бырабыыталыстыбата тыа сиригэр үөрэхтээһин итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын ситимин тэҥҥэ тутан кэлимник сайыннарыы боппуруоһун сөптөөхтүк быһаарарын чаҕылхай көстүүтэ буолар.

Миниистир туох диэтэ?

Быйыл сайын биһиэхэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар, эбии үөрэхтээһин хайысхатыгар улахан мунньах буолан ааспыта. Мунньах кэнниттэн Исиидэр Бараахап аатынан Үөһээ Бүлүү 1 №-дээх орто оскуолатыгар үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимованы кытары кылгас кэмҥэ көрсөммүн, тыа сирин оскуолаларын боппуруоһугар санаа атастаһа сылдьыбытым.

– Тыа сиригэр ынах сүөһү уонна сылгы баар буоллаҕына, дьон үлэлээх-хамнастаах буолуоҕа, иккис өттүттэн нэһилиэнньэ ахсаана элбээн, оҕо саадтарыгар иитиллээччи, оскуолаларга үөрэнээччи элбиэҕэ. Оччотугар эрэ тыа сирэ кэлим сайдыан сөп, онон сибээстээн оҕо саадтара, оскуолалар тутуллан, үөрэхтээһин хайысхата сайдар-кэҥиир кэскиллээх, – диэбитэ Ирина Павловна.

Дьэ итини мин олус сэргии, сөбүлүү истибитим. Чахчыта даҕаны, тыа хаһаайыстыбатын уонна үөрэҕирии министиэрстибэлэрэ тыа сирин кэлим сайдыытыгар ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрэ буоллар, ыччаттар улуус кииннэригэр уонна куорат сирдэргэ көспөккө, дойдуларыгар олохсуйуо, оттон үөрэҕи бүтэрбиттэр дойдуларыгар эргиллэн кэлиэ этилэр. Итиэннэ үлэни-хамнаһы тэринэн, ыал буолан, дьиэ-уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн, нэһилиэктэрин социальнай-экономическэй таһымын өрө тардыа этилэр.

Барыта үбүлээһинтэн!

Билигин тыа сиригэр дьоннор сүөһүнү-сылгыны ииттэн, онно тирэҕирэн олохсуйан олороллор. Ол да иһин, нэһилиэк баһылыктара бары уһуйааннары, оскуолалары, култуура кииннэрин туттарарга туруорсабыт, сүүрэбит-көтөбүт. Саҥа оскуола дьиэтин туттарар бырайыагы оҥорторорго нэһилиэнньэ ахсаана, уһуйааҥҥа төһө кырачаан иитиллэрэ, оскуолаҕа төһө оҕо үөрэнэрэ барыта учуоттанар. Атыннык эттэххэ, сүрүн ирдэбил – оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ. Онон сибээстээн, эдэр дьон тыа сиригэр олохсуйалларыгар итиэннэ ынах сүөһүнү, сылгыны ииттэллэригэр анаан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үбүлээһин үгүөрүтүк көрүллүөн наада.

Быйыл, 2023 сылга, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар 12 млрд. 843 мөл. солкуобай харчы көрүлүннэ. Ити иһигэр, үүт соҕотуопкатыгар 3 млрд. 23 мөл., саҥа мэхэньиисим чэрчитинэн, кэтэх ыаллар ыанар ынахтарын ахсыгар, судургутук эттэххэ, ынах «төбөтүгэр» 1 млрд. 291 мөл. солк харчы көрүлүннэ. Урукку сылларга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 1 киилэ үүт соҕотуопкатыгар 35 солк. субсидияны биэрэр эбит буоллаҕына, быйыл бу сыалга 60 солк. көрдө. «Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы», «Агростартап» федеральнай бырагыраамалар, «Сиртэн үүнээйини ылыы» хос бырагыраама чэрчилэринэн, тыа хаһаайыстыбатын бары салаалаларыгар үлэни-хамнаһы тэрийэр хамсааһын барар. Тустаах куонкурустарга, граннарга тирэҕирэн, саҥа ирдэбилгэ эпиэттиир толору хааччыллыылаах сайылыктар, сүөһү иитэр комплекстар, хотоннор, сылгы базалара, оҕуруот аһын харайар ыскылааттар тутуллаллар.

Инники өттүгэр үбүлээһин өссө эбиллэр түгэнигэр, тыа сирин олоҕун таһыма үрдээн, саха дьоно өбүгэлэрбит саҕаттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыктарбытын өрө туттахпытына, тыа сиригэр олохсуйар, үлэлиир-хамсыыр күннээҕи олох сиэрэ буолуо этэ.

Степан Дмитриев, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением