Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

  Билигин быыбар түмүктэнэн Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба саҥа састааптара чуолкайданна. Ил Түмэҥҥэ эһиилги бүддьүөт бастакы ааҕыыга көрүллэрэ чугаһаата. Онон сибээстээн, маннык этиилээхпин.

                   Сүөһү иитиитэ улахан ночооттоох салаа буолла

Мин тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ураты болҕомтону ууран, үбүлээһини күүскэ эбэн сыллааҕы уопсай бүддьүөт 10 %-ын, а.э. быйылгыттан икки бүк үрдэтэн, 2024 сылтан сыллата 30 млрд. солк көрүллэригэр туруорсабын. Эбэтэр өрөспүүбүлүкэ бэйэтин дохуота 170 млрд солк буоллаҕына, 15 %, а.э. саатар 25 млрд солк буоларын ситиһиэххэ. Тоҕо диэтэххэ, мин олорор Кириэстээхпэр  2017 с. – 478 ынах сүөһү, ол иһигэр 171 ыанар ынах баара, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр ынах сүөһү ахсаана 236 буолла, ол иһигэр ыанар ынаҕа 90 төбө,  а.э. 50 %-а эрэ хаалла. Оттон быйылгы кыстыкка киирэн өссө алта ыал, ол эбэтэр 36 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 15 ыанар ынаҕы өлөрөргө былааннанан сылдьаллар. Биричиинэтэ – сүөһү иитиитэ улахан ночооттоох салаа буолла, саас ылан үлэни кыайбат буолан уонна кылаабынайа доруобуйа айгыраата дииллэр.

Маннык балаһыанньа өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэгин аайы баара өйдөнөр. Тыа сирэ эһиннэ да, саха омук эстэр дииллэрэ саамай сөп. Үгүс чиновниктар, дьокутааттар толкуйдарынан, тыа сиригэр үчүгэй оскуола, кулууп, амбулатория, суол-иис, сибээс, интернет, а.э. инфраструктура баар буолла да ыччат олохсуйан барыа дииллэрэ сыыһата өйдөнөр. Инфраструктура сайдарын ким да утарбат, наадалаах дьыала, ол эрээри итини сэргэ ыччат тыа сиригэр үлэлииригэр, олохсуйарыгар ый аайы үчүгэй хамнастаах, дохуоттаах үлэ миэстэтэ баар буолуохтаах. Атыннык эттэххэ, хас нэһилиэк аайы аныгы ирдэбилгэ  эппиэттиир материальнай базалаах, техникалаах, технологиялаах кэпэрэтиибинэй тэрилтэ, бааһынай-чааһынай хаһаайыстыба буолара ирдээнэр.  Кэнники 30 сыллаах олох көрдөрбүтүнэн, тыа сиригэр оннооҕор алмаас тааһы кырыылааһын ночооттооҕо дакаастанна. Оттон нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаан, бүддьүөт тэрилтэлэригэр сылтан сыл сарбыйыы ыытыллан, үлэ миэстэтэ аҕыйыыра биллэр дьыала.                         

         Саҥа, баараҕай оскуолаларга ким үөрэнэр? 

Кириэстээххэ 2009 сылга 19 оҕо төрөөбүт буоллаҕына, 2021 сыллаахха 4 оҕо, 2022 сылга 2 оҕо төрөөтө. Бу саҥа талыллыбыт Ил Түмэн дьокутааттара аны биэс сылынан үлэлээн бүтэллэригэр, Кириэстээххэ бастакы кылааска биир-икки эрэ оҕо үөрэнэр туруктаах. Аны биэс, 10  сылынан нэһилиэктэргэ төһө сүөһү, сылгы хааларын уонна оҕо төрүүрүн улуустар дьаһалталара, Экономика министиэристибэтэ ааҕан-суоттаан, тугу эмит былаанныылара дуу? Салгыы туох да уларыйыы буолбатаҕына, тыа сиригэр тутуллубут таас оскуолалары, уһуйааннар сабарга күһэллиэхтэрэ. Оскуола сабылынна да, нэһилиэк эстэр. Биитэр тыа сиригэр атын омуктары аҕалан үлэлэтии түмүгэр, оскуолаларбытыгар олор оҕолоро үөрэнэллэригэр тиийэр дуу? Оннук буолбатын туһугар тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын, чуолаан сүөһү иитиитин букатыннаахтык эспэт буоллахха, саха эдэр ыччатын олохсутууга улахан кэлим бырагыраама, бырайыак оҥорон, онно сөптөөх үбүлээһини көрөн, материальнай интэриэһи тосту үрдэтэн, хойутаабакка күүстээх, уталытыллыбат дьаһаллары ылар наада буолла. Өссө төгүл санатабын Аан дойдуга Саха сирин ураты тыйыс услуобуйата (кыһыммыт уһуна, халлааммыт олус тымныыта,  ырааҕынан тарҕанан олорорбут, суолбут-ииспит мөлтөҕө, ирбэт тоҥмут уо.д.а.) баарынан тыа хаһаайыстыбата Арассыыйа Европатааҕы регионнарыттан кырата үс бүк ыарахан, уустук услуобуйаҕа үлэлиирбит толору дакаастанан турар. Ол аата үбүлээһин үс бүк элбэх буолуохтаах. Итини таһынан балтараа сылтан бэттэх СВО уонна араас сааҥсыйалар саҕаламмыттарын кэнниттэн, оттук-уматык, уот, гаас, тиэхиньикэ, саппаас чаас, тутуу матырыйаала, ас-таҥас, араас өҥө уо.д.а. кырата 50-100 % ыараан, инфляция тохтообокко, сыана бас-баттах хонтуруола суох үрдүү турарын бары билэбит. Арассыыйаҕа сайдыылаах дойдулар курдук хамнаһыттан, дохуотуттан көрөн 50 %-ҥа диэри  прогрессивнай нолуок уонна биэнсийэ потолога олохтоно иликтэринэ, сыана үрдээһинэ тохтообото биллэр дьыала.            

         Ыанар ынах ахсын 50 тыһ. солк. көрүөххэ

Сайыҥҥы куйааска, кумаарга, кыһыҥҥы бытархан тымныыга биир күн өрөөбөккө сүөһүнү көрүү-истии төһө сыраны-хараны, ороскуоту эрэйэрин куорат уонна улуус киинигэр олорор сахалар билбэт буолбуттара отучча сыл буолла. Онон, Бырабыыталыстыба уонна парламент саха омуга чөл хааларын туһугар, тыа сиригэр дьадайыыттан тахсыы дьаһалларыгар уонна бэйэлэрин бырагыраамаларыгар олоҕуран, күүстээх дьаһаллары ылалларыгар тоҕоостоох кэм кэллэ. Холобур, эһиил ыанар ынах ахсыгар 50 тыһ. солк., онно эбии кэтэх ыал туттарар 1 киилэ үүтүгэр 80 солк, бааһынайдарга --100 солк, кэпэрэтииптэргэ 150 солк харчыны,  нолуок төлүүллэрин иһин, биэриэххэ. Итини таһынан медиктэргэ, эдэр учууталларга, табаһыттарга биэрэр курдук 20 ынаҕы тутан үлэлиир ыанньыксыкка тэрилтэ биэрэр хамнаһын таһынан бүддьүөттэн ый аайы 50 тыһ. солк. көрүөххэ. Субан сүөһүнү көрөөччүлэргэ, сылгыһыттарга, мэхэньисээтэрдэргэ 30-40 тыһ. солк биэриэххэ. Оччоҕо эдэр ыччат интэриэһэ үрдээн, дойдутугар олохсуйан үлэлии хаалыа этэ.

         Атын дойдуларга хайдаҕый?

Мин 1996 с. Умео куорат, 2001 с. Германияҕа Эрфурт куорат, 2005 с. Канадаҕа Торонто куорат аграрнай университеттарыгар, Кытайга үстэ уоннуу күннээх  куурустарга үөрэммитим. Онно ураты ичигэс килиимэттээх дойдуларга тыа хаһаайыстыбата ночооттоох салаа буоларын чуолкай билэр буолан, биир киилэ үүккэ 25 % субсидияны биэрэллэрэ, ону таһынан бары хаһаайыстыбаларга, агрохолдиннарга сүөһү ахсаанынан уонна ыһыллар бааһына иэнинэн эмиэ үбүлүүллэрэ. Онно кэпсииллэринэн, 1960-1970 сс. Европа дойдуларыгар уонна Америкаҕа олохтоох эт-үүт тиийбэт кыһалҕатыттан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сыл аайы кырата 100-нэн млрд. доллар  үбүлээһини оҥороммут, билиҥҥи сайдыылаах таһымҥа тиийдибит дииллэрэ. Сүрүнэ үбүлээһини ханнык да араас тиксиһиннэрээччинэн, муниципалитеттарынан эргиппэккэ, быһа табаары оҥорооччуларга тиэрдибиттэр. Оттон табаары оҥорооччулар ким түргэн, хаачыстыбалаах, үчүгэй өҥөнү оҥорооччуларга харчынан төлүүллэрэ өйдөнөр, ол элбэх харчыттан тииһээри араас хааччыйар тэрилтэлэр баар буолбуттар.

Сэбиэскэй былааска, онтон Арассыыйаҕа 1999 с. диэри тыа хаһаайыстыбата ночооттоох салаа буоларын билэн, учуоттаан ураты үбүлээһин уонна нолуоктааһын систиэмэтэ оҥоһуллара, онтон 1999 сылга Госдума саҥа Гражданскай Кодексы ылынарыгар судаарыстыба эстэн олорор буолан, үбүлээһини тосту аҕыйатаары тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин бары атыы-эргиэн, тутуу, бырамыысыланнас, өҥөнү оҥорор уо.д.а. тэрилтэлэри кытары  тэҥнээн кэбиспитин үгүстэр билбэт буолуохтаахтар. Ол суотугар билигин оннооҕор сорох чиновниктар, дьокутааттар ночооттоох салааны судаарыстыба үбүлүө суохтаах диэн өйдүүллэр.    

         Бэриллэр харчы көдьүүһэ кэмчи                     

Иккис өртүттэн көрдөххө, бэриллэр харчы көдьүүһүн үрдэтэр сорук турар буолуохтаах. Биһиги бары билэрбит курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт 14 млрд. солк. харчыттан дьиҥнээх табаары оҥорооччуларга, тыа сиригэр баара-суоҕа үүккэ, кэтэх ыаллар ыанар ынахтарыгар, үбүнэн чэбдигирдии бырагырааматыгар, бурдукка, кормопроизводствоҕа уо.д.а. баара суоҕа 7 млрд солк ороскуоттанар, хаалбыт 50 % , а.э. 7 млрд. солк. тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө куоракка баар өҥөнү оҥорор, тиксиһиннэрээччи тэрилтэлэргэ, бэтэринээрийэҕэ, племхолбоһукка уо.д.а.  тэрилтэлэргэ түҥэтиллэр. Табаары оҥорооччуларга көрүллүбүт харчыттан быһа саатар 80 % тиийэрэ буоллар сатаныа этэ.     

                    Түмүк оннугар

Улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэ, олох уустук оскуолатын ааспыт муударай бэтэрээн кырдьаҕастары саатар сылга биирдэ эмит түмэн,  кинилэр санааларын, сүбэлэрин истии уурайбыта сүүрбэччэ сыл буолла. Биллэн турар, биһиги бэтэрээннэр этиилэрбит уонна суруйууларбыт барыта сөп буолбата буолуо эрээри, үксэ күннээҕи үлэҕэ-хамнаска туһалыыра чуолкай. Кырдьаҕас, саастаах дьону убаастаабат, ытыктаабат, суолта биэрбэт уопсастыба, норуот инники кэскилэ мөлтөх буолар дииллэрэ сөп курдук.                            

Горн ПЛАТОНОВ,

1992--2007 сс. «Кириэстээх» кэпэрэтиип дириэктэрэ.

Сунтаар.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением