Ылдьыын күнэ -- православнай бырааһынньык. Таҥара күүһүн ыраахтааҕы Ахаваҕа көрдөрө, дакаастыы сатаабыт Ылдьаа Бороруок (Илья Пророк) чиэһигэр ааттаммыт күн. Кини Таҥараҕа бэриниилээҕин иһин, халлааҥҥа олоро хаалар. Ол иһин этиҥ эттэҕинэ, чаҕылҕан чаҕылыйдаҕына, эбээлэрбит, эһээлэрбит: “Ылдьаа Бороруок кыыһырбыт, кымньыытынан охсуоланар”, -- дииллэрэ.
Нууччаларга бу күнтэн ыла сөтүө тохтуур. “Ылдьаа ууну тымныппыт. Бүгүн кини ууну булкуйар, абааһылар эрэ сөтүөлүүллэр”, -- дииллэр эбит. Өссө бу күн куосканы, ыты дьиэҕэ киллэрбэттэр. Куһаҕан тыыны кутуруктарыгар сөрөөн киллэриэхтэрэ диэн. Уонна бу күн үлэлээбэккэ, Ылдьаа Бороруокка үҥэллэр.
Оттон биһиэхэ, сахаларга, Ылдьыын күнэ кыдамалар күөрэҥниир, кэбиһиилэр кэчигирэһэр, хортуоппуй кус сымыытын саҕа буолан, амсайан сиир, кус оҕото көтөр, бурдук буһар, моонньоҕоннуур кэми кытта дьүөрэлэһэр.
Атырдьах ыйыгар сайыҥҥы куйаас мөлтүүр, түүнүн лаппа сөрүүкүүр. Ылдьыын, Ыспааһаптар ардахтарын кэнниттэн күн соччо күүскэ сырайбат, түүнүн хаһыҥ түспэтэҕин да иһин, биллэрдик тымныйар. Быһата, ый иккис аҥаарыттан күһүн тыына биллэн барар.
Ойуурга уулаах отон, бааһынаҕа бурдук буһар. Бурдук хомуурун былдьаһыктаах үлэтэ саҕаланар. Норуокка «бааһынаҕа куолас баарын тухары — сыралаһан үлэлээ», «төһөнөн эрдэлиигин да соччонон үчүгэй, хойутаатаххына -- кураанах куолаһы хомуйуоҥ» дииллэрэ.
Хамсыыр харамай олоҕор атырдьах ыйа эмиэ эгэлгэ кэм. Соҕуруу дойдуга кыстыыр көтөрдөр үөрдүүллэр, ыраах суолга бэлэмнэнэллэр, оҕолорун хайдах көтөргө, аһылыктарын булунарга үөрэтэллэр. Кыстааччылар даҕаны түбүктэрэ үгүс. Күн сырдыгын тухары кыһыҥҥы олохторун хааччынан, ас хаһаанан сыбыытаһаллар.
Атырдьах ыйын тиһэх күннэрэ хаһыҥ доҕуһуолланаллар, күн төһө да кылгаатар, ардыгар куйаас буолар. Ханныгын да иһин, атырдьах ыйа сайыҥҥы ый буоллаҕа.
Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр:
Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар.
Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар төһө халыҥыан быһаараллар.
Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап). Тыала — оту-маһы орохсутар тыал.
Бу ыйга олунньу тэҥнэһэр. Ардыы туран, халлаан оройуттан аһылыннаҕына, былыт халлаан тула өттүгэр түһэн халлар буоллаҕына, ардах ааспат, сотору кэлэр. Тыала суох туран, өрүс уута тыаһаатаҕына, сотору тыал түһэр. Ардах түһэр кэмигэр элиэ кистээтэҕинэ, ардах астар. Кустук кытархай, өҥө чаҕылхай буоллаҕына, ардах түһэр.
Ынах тыла уу түөлбэтигэр уста сыддьарын, биитэр уу аннынааҕы үүнээйи умнаһыгар сыылларын көрдөххүнэ, куйаас түһэр. Оттон ынах тыла түөлбэ уутун үрдүгэр баар үүнээйи умнаһыгар ыттыбыт, биитэр уу урсунутар таҥнары ыйанан турар буоллаҕына, сотору ардах кэлэр бэлиэтэ. Чыычаах үөрүн саҥата иһийдэҕинэ, ол кэннэ хойуу от сэбирдэҕэр састаҕына, сотору кэминэн ардаҕы күүт.
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0