Хас күн аайы көрсөр тургутуубутун биһиги, көннөрү дьон, буолуохтаах быһыы-майгы, күннээҕи көстүү эрэ курдук ылынабыт, улаханнык аахайбаппыт. Оттон судургуттан кэрэни булан көрөр, күннээҕиттэн үйэлээҕи таҥан таһаарар айар куттаах дьоммут ону ураты суолталаан, айымньыларыгар толкуйдатардыы таайтаран этэллэр, умсугутардыы ураннык хоһуйан, “Чахчы, оннук эбит ээ”, -- диирбит курдук, саргылаах санаалары саҕаллар.
Бу сырыыга Руслан Тараховскай киинэтиттэн оннук саҥа аллайдыбыт. Кини билигин да биһиги олохпутугар: дьон-сэргэ сыһыаныгар, киһи дууһатыгар, кэм-кэрдии хаамыытыгар – барытыгар сэрии буола турарын сэһэргээбит.
Ол биллибэтинэн көрдүгэннээн күөдьүйэ турар, ардыгар тыҥааһыннаах сирэй атааннаһыыга кубулуйан ылар утарылаһыыны уонна дьиҥнээх кырыктаах кыргыһыыны “Саллаат сүрэҕэ” диэн уус-уран киинэҕэ тэҥнии тутан көрүөххүт. Улахан экраҥҥа муус устар 29 күнүттэн таҕыста.
Кэрэни кэрэхсиир киһи кэхтибэт
“Саллаат сүрэҕэ” диэни истээт да, бука, үгүскүт Тимофей Сметанин ырыа буолбут хоһоонун санаабыт буолуохтаах:
“Уулаах окуопаҕа сытан,
Утуйбакка да сылдьан,
Ийэ дойдум дьолун иһин
Эрэйдэммитин иһин
Син биир этиэҕим --
Сирдээҕи дьолу билэбин диэн...”
Чахчыта да, бу киинэҕэ буойун-поэт, прозаик, драматург, оҕо суруйааччыта Тимофей Сметанин уоттаах сэриигэ сылдьара ойууланар. Кини быыс буллар эрэ, кыайыыга эрэли саҕар, ийэ дойдуга тапталы күүһүрдэр, олоҕу сыаналыырга үөрэтэр хоһооннорун суруйара, табаарыстарын мэтириэттэрин уруһуйдаан биэрэрэ. 1943 сыллаахха, фроҥҥа сырыттаҕына, Мэхээлэчээн булчут туһунан кэпсээннэрэ кинигэ буолан тахсыбыта. Олоҕун ити түгэннэрэ барыта киинэҕэ ыпсарыллан киирбиттэр.
Охсуһуу хонуутугар табыллан оҕуннаххына,
Бэйэҥ хааҥҥыттан хараҕыҥ иирдэҕинэ,
Түлэй-балай түһэн сыттаххына,
Өлүү тымныы илиитэ тыыҥҥын тууйдаҕына,
Оччоҕо ордук өйдүүгүн –
Олох кэрэтин,
Күн сырдыгын, үтүөтүн!
Табаарыһыҥ сыыллан кэлэн,
Бааскын саба баайдаҕына,
Буулдьа быыһынан, уот аннынан
Эйигин сүгэн таһаардаҕына,
Оччоҕо ордук өйдүүгүн –
Доҕордоһуу диэн тугун,
Доҕор диэн кимин.
Өскөтүн кыа хааннаах кыргыһыы толоонугар өлүү уонна тыыннаах хаалыы, таҥнарыы уонна бэриниилээх буолуу, сэриилэһии уонна эйэлэһии, өстөөҕү кыдыйыы уонна бэйэ дьонун өрүһүйүү, өһүөн уонна өйөһүү, эрэл уонна уолуйуу, куттаныы уонна хорсун быһыы, о.д.а. киһи уйанын-хатанын тургутар утарсыылар буолар эбит буоллахтарына, билиҥҥи биһиги иллээх олохпутугар ол киирсии киһи дууһатыгар, уопсастыба тутулугар, дьон-сэргэ алтыһыытыгар көстөр. Ону ордук сытыытык ускуустуба үлэһиттэрэ билэллэр. Кинилэр чараас, нарын дууһалара хаҕыс сыһыаны ыарыылаахтык ылынар, айар куттара харчынан кэмнэнэр, бириэмэни сырсыынан муҥурданар күннээҕи түбүгү өйдөөбөккө айманар. Итини Руслан Тараховскай, бэйэтэ бу эйгэ бэрэстэбиитэлэ буолан, бэркэ өйдүүр. Ол иһин иккис сүрүн дьоруойун, ол эбэтэр билиҥҥи кэм киһитин, мусукаан уол нөҥүө көрдөрбүт. Кини бу олоххо кырдьыгы, тапталы, эйэлээх эйгэни, истиҥ иэйиини көрдүүр. Сэриигэ да поэт эмиэ ити сыаннастары өрө тутар.
Сэрии бүтүө, дьол кэлиэ,
Мин олоруом уһуннук.
Билэҕин дуо, Өлүү,
Ким миигин күүтэрин?
Көрсө илик кыыһым,
Күүтэр миигин кыракый
Кэнники төрөтөр оҕом...
Сөп ээ, киһи сарсыҥҥыга эрэнэрин, кэрэни кэрэхсиирин, сүрэҕэ таптыырын тухары кинини ханнык да иэдээннээх алдьархай самнарбат, хайа да сидьиҥ бэйэлээх сүрүн тоһуппат. Ол сиэринэн, манна эмиэ кэрэни айар уонна тапталы өрө тутар дьоммут – поэт уонна скрипач – иккиэн сирдээҕи олох дьолун булаллар: биирэ сэнэбилтэн самныбакка, иккиһэ өлүүттэн өрүһүнэн.
Тыйаатыр тыына
Бу киинэ Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 100 сылыгар 2019 сыллаахха тахсыахтаах эбит. Кэбээйи улууһун дьаһалтата үп көрөн, 2017 сылтан Руслан Тараховскай режиссердаах айар бөлөх уһулан саҕалаабыт. Ол эрээри кэккэ төрүөттэринэн, онно эбии хоруона хамсыга харантыыҥҥа хаайан, улахан экраҥҥа быйыл саҥа тахсыбыт. Оруобуна “Егор Чээрин” киинэлиин утуу-субуу. Хата, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, Тимофей Сметанин олоҕун уонна айар үлэтин туһунан биир уопсай өйдөбүлү биэрэр сиэрийэ курдук ханыыластылар.
Руслан Тараховскай -- Саха тыйаатырын режиссера. Оттон биһиги билэбит, тыйаатыр режиссердара биир сыанаҕа араас кэми алтыһыннарар, хас да дьылҕаны көрдөрөр сатабыллаахтарын. Ол курдук, бу киинэҕэ “параллельнай сюжет” ньыматын туһаммыт. Атын-атын бириэмэ кэпсэнэр, атын-атын дьон олоҕо ойууланар. Ол эрээри хронотоп көмөтүнэн биир ситимҥэ сылдьаллар. Ону кыргыһыы толоонуттан сүппэккэ тиийэн кэлбит кириэс, оччолорго суруллубут уонна билигин ааҕыллыбыт хоһооннор, үйэлээх сыаннастар, о.д.а. кэрэһиттэр, өйдөбүллэр сибээстээн, холбоон биэрэллэр, олох бүппэт эргиирин бигэргэтэллэр.
Тыйаатыр тыынын өссө поэзия киирэн биэрбитэ күүһүрдэр. Ыксаллаах, тыҥааһыннаах, иэйиилээх, долгутуулаах, быһата, дьоруойдарбыт туруктарын (эмоцияларын, чувстволарын) көрдөрөр түгэннэргэ поэт хоһооннорун ааҕан киэргэтэллэр. Литературнай дьүһүйүүнү санатан ылар -- ол киинэни сымнаппат, төттөрүтүн, гражданскай-патриотическай күүрээни эбэр, лирическэй ноталарынан тупсарар.
Сүрүн дьоруойбут, киинэ сценарийынан, испэктээккэ скрипкалаан доҕуһуоллуохтаах. Онно бэлэмнэнэрин көрдөрө таарыйа, көрөөччүгэ быыс кэннинээҕи сүпсүлгэни, түбүгү билиһиннэрбиттэрэ, хайдах эрэ, тыйаатырга ыалдьыттыы сылдьар, эрэпэтииссийэҕэ кэлбит курдук сананан ылаҕын.
Сүрүн оруоллары толорбут дьоммут да мээнэ уулуссаттан талыллыбыт, туспа-туора эйгэттэн кэлэн кыттыспыт буолбатахтар, бары сыана маастардара. Ол эмиэ саҥаралларыгар, тутталларыгар улаханнык таайар. Тимофей Сметанины суруйааччы биир дойдулааҕа, Саха тыйаатырын артыыһа Дмитрий Татаринов итэҕэтиилээхтик оонньообут. Дмитрий Кэбээйи буолан, кыра эрдэҕиттэн поэт туһунан элбэхтэ истэ, айымньыларын ааҕа улаатан, уобараһын чугастык ылынан, бүтүннүү киирэн, бэркэ табыллан толорбут. Тамара Обутова режиссер кыыс оруолун кыайа-хото тутта. Оттон скрипач уол буолбут Олег Уларов мусукаан быһыытынан ситиһии бөҕөлөөх, виртуоз диэн үрдүк ааттаах-суоллаах эбит. Гамбургдааҕы консерваторияны бүтэрбит. Драма артыыһа буолбатар да, бэйэтин тус олоҕор дьүөрэлии соҕус дьылҕалаах эр бэрдин көрдөрөр соругун ситистэ.
Сүрүн санаа – дьоһун дьону иитии
Режиссер Руслан Тараховскай киинэлэрэ бөлүһүөктүү хабааннаахтар, онон устууларыгар үгүс араас бэлиэ (символ) туһаныллыбыт буолар. Холобура, атаакаларга араҥаччылаабыт кириэһин нуучча офицера өлөрүгэр саха саллаатыгар биэрэр. Ити Киристиэһэ, бука, харыстаан буолуо, буойун тыыннаах ордор. Өссө элбэх киһиэхэ бу харысхал туһалыыр: кырдьыар диэри уһуннук олорбут оҕонньорго, дьолун булбут скрипач уолга. Ол аата омугуттан тутулуга суох, бары таҥара илиитигэр баарбытын билинэбит, ол иһин өлөр-хаалар күммүтүгэр үрдүкү күүстэртэн эрэ көмөнү күүтэр айылгылаахпыт. Ханнык да былаастан, бириэмэттэн, бириинсиптэн итэҕэл диэн саамай сүдүтүн бу хартыына өссө төгүл бигэргэтэр.
Кинигэҕэ суолта улаханнык ууруллубут: дууһаны иитэр уһуйааччы, санааны сааһылыыр уйулҕаһыт, кэрэҕэ сирдиир аартык, билии байҕалын баарыһа, бириэмэни ситимниир далаһа быһыытынан ойууламмыт. Урусхалламмыт куорат устун хааман иһэн, күлгэ-көмөргө көмүллүбүт кинигэлэри булан ылан, саллаат төһөлөөх үөрэрий?! Киһи барахсан сырдыкка тардыһыыта итинник күүстээх буолан, араас иэдээни-алдьархайы тулуйар-уйар буоллаҕа эбээт! Оттон скрипач уолга режиссер биэрбит кинигэтэ кини олоҕу көрүүтүн хайдах курдук уларытта? Нууччалыы иитиилээх бэйэтэ Тимофей Сметанин хоһооннорун ааҕан, түгэх өйүгэр саһан сыппыт “сахатын” уһугуннарар. Буойун-суруйааччы Сахатын сиринэн, омугунан олус киэн туттарын хоһоонноруттан билэн, улуу норуот сорҕото буоларын өйдүүр.
Ахсынньы тымныытыгар сиргэ хонноххуна,
Атаххын-илиигин онно үлүппэтэххинэ,
Булчут быһыытынан сыалгын таптаххына,
Хайыһар кэтэн халыйан истэххинэ,
Оччоҕо ордук өйдүүгүн -- эн Сахаҥ сирэ
Эйигин сатаан ииппитин!
Литератураны, муусуканы уонна тыйаатыры холбообут байопик (биографическай аҥаардаах киинэ) сүрүн санаата ити – Сахаҥ сирэ эйигин дьоһун киһи гына иитиэхтээх.
Чэйиҥ, сэриигэ биһиги саллааттарбыт омуктарын, дойдуларын түһэн биэрбэт гына чиэстээхтик, хорсуннук, бэриниилээхтик сылдьыбыттара. Кинилэр бу иллээх олох туһугар олохторун толук уурбуттара, чэгиэн бэйэлэрин харыстаабакка кыргыспыттара. Ол турууласпыт эйэлээх олохторугар этэҥҥэ олорон, былаас, харчы, аат-суол иһин атааннаспакка, киэҥник толкуйдаан, норуоппут кэскилин туһугар айыахха-тутуохха, дойдубут сайдарын туһугар көдьүүстээхтик үлэлиэххэ уонна омукпут сүппэтин туһугар кэнчээри ыччаппытын өбүгэ үгэһигэр, төрөөбүт тылбытыгар, төрүт култуурабытыгар уһуйуохха!
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0