Үрдүкү салалта нэһилиэнньэни ыксамар дьайыылары таһаарбаттарыгар ыҥыраллар, тэрилтэлэринэн атыы тиэйэн аҕалыы бырассыаһа харгыстары көрсөр түбэлтэтигэр, маҕаһыыннар сөптөөх саппааһынан хааччыллыылаахтарын бэлиэтииллэр.
Ас-үөл, бородуукта, араас табаар, эмп тиийбэтин, итиэннэ ырыынакка балаһыанньа хаһан бигэтийэрин туһунан билигин долгуйар наада дуо? Оҥорон таһаарааччы бөдөҥ хампаанньалара уонна араас таһымнаах атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ, билигин баар балаһыанньаны туһанан, сыананы суобаһа суох үрдэтэллэриттэн тоҕо дойдубут боростуой дьоно эрэйдэниэхтээҕий?
Аймалҕантан кураанах долбуурдар
Дойду үрдүнэн Европа уонна АХШ дойдулара санкциялары биллэрбиттэринэн, эрэгийиэннэргэ эмкэ, уһун болдьохтоох аска-үөлгэ наадыйыы күүскэ үрдээтэ. Дьон сүрүн айманар биричиинэтэ – табаар көрүҥэ атыыга суох буолуута уонна сыана үрдээһинэ. Эрэгийиэн былаастара үгүстэрэ социальнай суолталаах бородуукта саппааһа ыйтан ордук сыл аҥаарыгар, эмкэ сыл аҥаарыттан ордук болдьоххо тиийэр диэн эрэннэрэллэр. Ол да үрдүнэн, социальнай суолталаах табаардарга наадыйыы ирдэбилэ улаатара тохтообот. Бородуукта сыаната ыраах сытар, уустук суоллаах хотугу улуустарга эрэ буолбакка, дойду киин эрэгийэннэригэр эмиэ үрдүүр. Холобур, Москубаҕа ааспыт нэдиэлэҕэ супермаркеттар атыыһыттара атыылаһааччы ахсаана үрдээбитин бэлиэтээтилэр. «Сүрүннээн бурдугу, куруппаны, саахары, кэнсиэрбэни атыылаһаллар» диэн Kostroma.Today ТГК суруйар.
Куорат олохтоохторо социальнай ситимнэринэн «Сорох маҕаһыыннарга саахар букатын да көстүбэт» диэн хомойбут санааларын үллэстэллэр. Кураанах долбуурдары Екатеринбург куоракка хаартыскаҕа түһэрэллэр. Ордук куруппаны атыылаһаллар: ириис, гречка, сэлиэһинэй куруппа. Ол иһигэр чэпчэки сыаналаах мас арыытыгар уонна мокоруон оҥоһуктарыгар сыана үрдээтэ, сорох көрүҥнэрэ олох да атыыга суох буоллулар. Киин иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньалар бэлиэтииллэринэн, долбуурдары сыыйа-баайа, болҕомтоҕо ылан, табаарынан толороллор эрээри, сыана таһыма былырыыҥҥытааҕар быдан үрдүк. РФ Бырамыысыланнаска уонна атыыга-эргиэҥҥэ министиэристибэтэ эрэннэрэринэн, маҕаһыыннарга мокоруон, гречка, о.д.а. табаар саппааһа тиийэр. Атыы- эргиэн тэрилтэлэрэ урукку эрэсииминэн үлэлииллэр, наадыйыы үрдүүр түгэнигэр, табаары тиэрдии үлэтин тэтимин уларытарга бэлэмнэр. Оттон фармацевтическай салааҕа санкциялар сыһыана суохтар уонна эмтэри тас дойдулартан киллэриигэ сабыдыаллаабаттар.
Госдума санкцияны утары үлэлиир
Госдумаҕа Арассыыйа ырыынагар омук эмин эбии киллэрэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынна.
Докумуонунан омук эмин бэйэтин хаҕыгар нууччалыы ыйынньыктаах атыылааһыны ирдиир. Сокуон сыала - эминэн хааччыйыыга тас дойду санкцияларын сабыдыалларыгар оҕустарыыны намыратыы. Эмп оҥорооччулар уонна тас дойдулартан киллэрээччи хампаанньалар үлэлэрин сэрэтиитэ суох тохтотоллоругар хааччахтааһын көрүллэр.
— Манна ас-үөл, эмп сыаналарын хонтуруолун туһунан этиллэр. Биһиэхэ тустаах хоруй биэрдиннэр: кинилэргэ ити боломуочуйалара наадата суох буоллаҕына — ол аата кыһамматтар, - диир Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин. - Биһиги тустаах сокуону оҥорорбут сүрүн сыалбыт-сорукпут буоларын өйдөөн, РФ Бырабыыталыстыбатыгар эбии боломуочуйалары биэрии туһунан быһаарыы ылынарга этии киллэрдибит. Онтон салгыы туох буоларый? Ол барыта эһигиттэн тутулуктаах, — диэн спикер РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэллэриттэн көрдөстө.
— Өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын: урут барыс ылар эрэ туһунан саныыр киһи, билиҥҥи балаһыанньаҕа, бастакынан, дьонун уонна дойдутун туһунан саныахтаах. Арассыыйа ырыынагыттан куотан барбыт хампаанньалар оннуларыгар оробуочай миэстэлэри оннунан хаалларыы, оҥорон таһаарыыны кэҥэтии туһунан толкуйдуохтаахпыт. Олох көрдөрөрүнэн, омук сиригэр кими да күүппэттэр, - диэн түмүктүүр Вячеслав Володин.
Сыана үрдүүрүгэр үҥсүү үгүс
Ааспыт икки нэдиэлэ устата Саха Сиринээҕи эрэгийиэн управлениетын киинигэр (ЭУК) өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан сыана үрдээһинин туһунан барыта 33 үҥсүү киирдэ. Бу туһунан ЭУК пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Гражданнартан киирэр үҥсүүлэри СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоров салалталаах суһал ыстаап хонтуруоллуур.
– Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун болҕомтолоругар туһаайыахпын баҕарабын, бастатан туран, сыана үрдээһинэ дьоҕус уонна орто биисинэс урбаанньыттарыттан буолбакка, сүрүннээн, дойду үрдүнэн оҥорон таһаарар табаардары тиэрдээччиттэн тутулуктаах. Билигин сыананы тута сатыыбыт, — диир Михаил Никифоров.
Маны сэргэ Саха Сирин олохтоохторо социальнай ситимнэргэ оҕуруот аһын сыаната үрдээбитин хаартысканан туоһулаан ыыталлар. Телеграм ханаалларга ыытар хаартыскалары көрдөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ үүннэриллибит оҕурсу сыаната киилэтэ 400 солк. кэриҥэ улаатта. Санаттахха, кулун тутар 1 күнүгэр бастакы наадалаах социальнай бородуукта сыанатын күүскэ кэтииргэ эрэгийиэҥҥэ суһал ыстаап тэриллибитэ. Бастакы наадалаах социальнай табаар испииһэгин СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин саайтыгар булан көрүөххэ сөп. Испииһэккэ киирбит табаар сыаната үрдүк буоллаҕына, Саха Сирин олохтоохторун кэмитиэккэ иһитиннэриилэри ыыталларыгар ыҥыраллар. Маныаха табаар сыанатын ыйынньыга, кассовай чиэгэ уонна маҕаһыын аадырыһа наада. Үҥсүүнү биэдэмистибэ саайтыгар https://gkcp.sakha.gov.ru/cabinet/statements/create уонна телеграм ханаалга https://t.me/goskomtsen, ВКонтакте https://vk.com/public168766379 социальнай ситимнэринэн, ону тэҥэ хаартыскаҕа түһэрэн, +7(984)118-01-05 бассаап нүөмэргэ ыытаҕыт. «Итии лииньийэ» нүөмэрдэрэ: +7(984) 118-01-05; 8 (4112) 508-026.
Кириисиһи утары дьаһаллар
Саха Сирин былаастара урбаанньыттары кытта санкциялар усулуобуйаларыгар кириисиһи утары дьаһаллары өйөөһүн былаанын торумнаатылар.
— Билигин ас-үөл саппааһын сөптөөх таһыма тэрилиннэ. Саха Сиригэр тэрилтэлэр социальнай суолталаах табаарынан харгыһа суох толору хааччыйарга бэлэмнэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын сүрүн соруга - олохтоох бородууксуйаны тиэрдиини хааччыйыы эрэ буолбакка, тиэйэн аҕалааччы тэрилтэлэри үп-харчы өттүнэн өйүүр мэхэньиисимнэрин ырытан оҥоруу буолар. Дьоҕус биисинэһи өйүүр сыалтан, судургутуллубут нолуок систиэмэтигэр үлэлиир тэрилтэлэр «дохуоттаах» нолуоктара 1%-ҥа диэри аччыаҕа, оттон «дохуоттан ороскуоту көҕүрэтии» нолуога 5 %-ҥа диэри түһүөҕэ. Ону тэҥэ сир кадастровай сыанатыгар тэрилтэ баайын-дуолун нолуогун киллэриини 2023 сылга көһөрөр туһунан этиини киллэрдим. Ковидынан бисиинэһи бэрэбиэркэлээһин тохтоото. Салгыы биисинэс уопсастыбатын кытта көрсүһүүлэр ыытыллыахтара. Уопсастыба, биисинэс уонна былаас буолан бииргэ үлэлээн, бу судургута суох кэмҥэ ситиһиини оҥорор кыахтанныбыт, - диир СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.
Ырыынак уонна ас-үөл куттала суох буолуутун хааччыйыыга мунньах түмүгүнэн маннык быһаарыылар ылылыннылар:
- кууһунан атыылыыр атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ кирэдьиит бырыһыаннаах ыстаапкатын чааһын төлөбүрүгэр субсидия ылыахтара;
- ас-үөл бородууктатын урутаан тиэйиэхтэрэ;
- билиҥҥи сыананан бурдугу атыылыахтара;.
- атын эрэгийиэннэртэн тимир суолунан Аллараа Бэстээххэ диэри таһаҕаһы аҕалар хааччыллыаҕа.
Маны таһынан, СӨ Бырабыыталыстыбата «АлмаасЭргиэнБаан» АКХ уонна Урбааны өйүүр пуонданы кытта биисинэскэ көмөлөһөр саҥа миэрэлэри олоххо киллэриэхтэрэ. Сүрүннээн бу үлэлэргэ урбаан уопсастыбатын көхтөөхтүк кытыннарар сүдү суолталаах.
Ити курдук, дьоҕус уонна орто биисинэс эбии нолуокка өйөбүлү ылыаҕа, ону тэҥэ тэрилтэлэргэ бородууксуйаны, ол иһигэр бурдугу уонна саахары урутаан атыылаһарга көмөлөһүөхтэрэ.
Интэриэһинэй, тэттик, тэтимнээх сонуннары телеграм-ханаалга көрүҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0