Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Уустук кэмҥэ киһи кимэ-туга биллэр диэччилэр. Туох да диэбит, бэйэни атынынан аралдьыта санаабыт иһин, билигин дойдубут үрдүнэн уустук кэмнэр үөскээн туралларын мэлдьэһэр, билиммэт буоларбыт хайдах да сатаммат. Арай, сороҕор оннук бэйэҕин сабардаабыт уорастыгас санаа биир үтүө тылтан, биитэр быһыыттан кыым сахтаран хат эрэли эргитэр буолара, дэҥҥэ да буоллар, баар буолааччы.

Уустук кэмҥэ киһи кимэ-туга биллэр диэччилэр. Туох да диэбит, бэйэни атынынан аралдьыта санаабыт иһин, билигин дойдубут үрдүнэн уустук кэмнэр үөскээн туралларын мэлдьэһэр, билиммэт буоларбыт хайдах да сатаммат. Арай, сороҕор оннук бэйэҕин сабардаабыт уорастыгас санаа биир үтүө тылтан, биитэр быһыыттан кыым сахтаран хат эрэли эргитэр буолара, дэҥҥэ да буоллар, баар буолааччы.

Үтүө бачыым аргыстаах

Бу сайын хоту үлэлии сырыттахпына, төлөпүөнүм тыаһаабытыгар ылан истибитим, Дмитрий Прокопьевич Григорьев эрийэр эбит. Саха дьонун сиэринэн бастаан сонуммутун кыккыраччы мэлдьэһэн баран, дьиҥ кэпсэтиибитигэр киирдибит.

-Көр, манныкка тиийдим. Бу кыһын бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта мустан олорон, дьээбэ курдук биир уолум: «Бэйи эрэ, эн бу 50-ча сааскын ааһыаххар диэри дьиэ бөҕөтүн дьоҥҥо тутан кэллиҥ. Уопсайа хас дьиэни маастардаан туппутуҥ буо­луой?», — диэн ыйыппытыгар хас дьиэ туппуппутун ааҕан көрүү буолла. Син уһун суоттааһын уонна бэлиэтээһиннэрбин хат көрбүппүт кэнниттэн, ол кэмҥэ маастардаан 95 дьиэни туппуппут биллибитэ. Бу сүүрбэттэн тахса сыл иһигэр. «Тыый, убайбыт, сүүһүс дьиэҕин босхо тутууһуккун дии? Биһиги көмөлөһүөхпүт буоллаҕа» диэн үлэлиир уолаттарым күлэ-үөрэ да буоллар, бэрт чиҥник эппиттэрин сэргии санаабытым. Онон, быйыл сүүс ахсааннаах дьиэбитин босхо тутабыт диэн быһаарынан сылдьабыт. Билигин хас да сакаастаахпыт, ол кэннэ быһыыта күһүөрү буолара буолуо. Сүрүнэ, тутан биэрэр дьоммут биитэр элбэх оҕолоох, эбэтэр эдэр, саҥа дьиэ-уот туттар баҕалаах дьон буолуохтарын наада дии саныыбын» диэн Дмитрий Прокопьевич санаатын эппитигэр биһирии санаабытым.

78adac21 ded1 4bb1 83b1 476bfea1f9d7

Учууталларга босхо дьиэ

Бу кэпсэтии кэнниттэн син бириэмэ ааспыта. Кэлиэхтээх кыһын аргыый кэлэн, алтынньытааҕы бастакы хаардар түһүтэлээн, сир-дойду үрүҥүнэн бүрүллэ тэлгэммитэ. Арай биир күн төлөпүөнүм өрө тыаһаабытыгар ылбытым Дмитрий саҥата иһилиннэ.

-Дорообо. Били бу сайын кэпсээбит дьиэбитин тутан саҕалаары гынныбыт. Эн кэлэ сылдьарыҥ буоллар. Туох сыаллаах-соруктаах тутан эрэрбитин, кимнээх буолан тутарбытын кэпсиэ этибит, —  диэн буолла.

Сарсыныгар болдьоспут кэммитигэр, Дмитрий харааһыгар тиийбитим, дьиэ тутуохтаах уолаттар бары мустан, ким эрбии, сүгэ сытыылана, ким тутууга туһаныллар сэби-сэбиргэли массыынаҕа уга, быһатын эттэххэ, тэринии үгэнигэр кэллим.

- Хайа, бу үчүгэй таҥаһынан кэлээхтээбиккин дии? Итиннэ үлэҕэ кэтэр тас таҥас баар буолуохтаах. Бэйэҥ көрөн кэт. Үлэҕэ тэҥҥэ сырыттаххына тугун-ханныгын билэн суруйаргар да ордук буолуо, — Мишка диэн ааттаах уол көх-нэм буолла.  Бары тэринэн бүтэн үлэ ыытыллыахтаах сиригэр айаннаатыбыт. Дмитрий сэһэргии иһэр:

 - Бу сыл бары өттүттэн үтүө да, ыгым да кэмнэрдээх буолан эрэр диэтэххэ, быһыыта сыыспатым буолуо. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэбит аптаныамыйатын ылыммыта сүүс, биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов төрөөбүтэ сүүс, кини убайа, саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов сүүс биэс сылларын бэлиэтээтибит. Онтон иккиһинэн, хараастыылааҕынан, аан дойду үрдүнэн номнуо хаһыс да сылын сатыылаабыт хара дьай сыдьаана, коронавирус, арҕааҥҥы дойдулар күөртээһиннэринэн үөскээбит дойдуга буола турар быстах хомуур да буоллун, бу киһи санаатын хайа да өттүттэн долгутар түгэннэр буоллахтара. Маннык кэмҥэ дьон санаата алдьанара, ыгылыйара баар суол. Биир үксүн оннук санааттан сиэттэрэн, 100-һүс дьиэбитин тутарга быһаарынныбыт. Дьиэ тутар ыалбыт Алёна, Гаврил Григорьевтар диэн элбэх оҕолоох учуутал идэлээх ыаллар. Дьиэ тутар маһа, матырыйаала бэйэлэриттэн. Биһиги дьиэтин эрэ босхо тутан биэрэбит.

Дьэ, ити ээ. Сэмэй буолуу дьиҥ көстүүтэ. Дьиҥин ыллахха, маннык дьиэ тутуута билигин, быһатын эттэххэ, мөлүйүөн аҥаара сыаналаах буолан турар. Ону бу уолаттар «тутуутун эрэ босхо оҥоробут» дэһэллэр.  Дьиэ тутуллуохтаах сирбит сэлиэнньэ саҥа тыырыллан оҥоһуллубут учаастактара буолан, күүрүүлээх уот тардылла илик эбит. Инньэ гынан, биригээдэ аны уматыгынан барар генератор көрдүүр түбүгэр түстэ. Бары да бииргэ үлэлээбиттэрэ ырааппыт дьон сиэринэн, бары туттуу-хаптыы, эппиккэ дылы, «автомат» кэриэтэ чочуллубут. Ким тугу гыныахтааҕа биир этиитэ, хатылааһына суох оҥоһуллар.

e3f090c6 bdd9 42e6 9301 f911b773c758

Сүүс төгүл үтүөнэн эргийдин

Сэмэн Дьячковскай, биригээдэ тутаах киһитэ:

 - Дмитрий бу сайын 100-һүс дьиэбитин тутуохха диэн этии киллэрбитин бары да сэргии истэммит, убайбытын биир-биэс тыла суох өйөөбүппүт. Арай, биир уустук «кимиэхэ тутан биэрэбит» диэн ыйытык эрэ үөскээбитэ. Бэйэҕинэн тиийэн «биһиги оннук гынахпытын баҕарабыт» диэн ханнык эмэ салалтаҕа этэр олуона баҕайы курдук эбит. Санааҕар киһиргэнэр да курдук көстөн хаалыах курдук. Ол эрэн, «баҕа баар буоллаҕына, дьыала да баар буолар» диэн этии баар дии. Биир ыалга дьиэ ханапаакытыгар үлэлии сылдьан, «маннык санаалаахпыт» диэн үлэм быыһыгар кэпсиир киһи буолан биэрдим. Онтум үөрэҕирии салалтатыгар үлэлиир киһи буолан, сэҥээрэн, салгыы бэйэтин кэллиэгэлэригэр тириэрдибит этэ. Өр буолбакка, дьиэ туттарыан баҕалаах дьон көстөннөр, бу бүгүн үлэбитин саҕалаан эрдэхпит. Даҕатан эттэххэ, дьиэ туттарыан баҕалаах дьон баар эрээри, матырыйааллара суох буолар эбит. Ити эмиэ элбэх санааны үөскэтэр, — диэн сэһэргэһээччим үлэтин быыһыгар аргыый кэпсиир.

Бу үлэлии сырыттахпытына улуус баһылыга Никита Андреев кэлэн үлэ хаамыытын кытта билистэ. Үлэлии сылдьар уолаттарга туһаайан: «Улахан дьыаланы оҥоро сылдьаҕыт. Дойдуга бэриниилээх буолуу, дьиҥ патриоттуу  өй-санаа эһигиттэн тахсар», — диэн махтал тылыгар эппитэ, уолаттар санааларын өрө көтөхпүтэ тута биллэргэ дылы буолла. Оннук ээ, ханнык баҕарар дьыалаҕа өйөбүл, тирэх баар буоллаҕына үлэ таһаарыылаах, үтүө түмүктээх буолар. Ол туоһута, Никита Викторович «Үлэ кэмигэр туох эмэ тиийбэт, кыайтарбат түгэн үөскээтэҕинэ, тута биллэрэн иһиҥ, биһиги өттүбүтүттэн баарынан көмөлөһүөхпүт» диэбитэ даҕаны элбэҕи этэр ээ.

Павел Павлов, маастар:

- Биһиги Дмитрий Прокопьевичка сыстан үлэлэспиппит син өр буолла. Ол иһин кини бачыымын толору өйөөн, үөрэ-көтө бу дьиэни ылыстыбыт. Доҕорум, кэллиэгэм да диэххэ сөп, Михаил Решетниковтыын кэлэн көмөлөһө сылдьабыт. Үтүө өрүү үтүө аргыстаах диэччилэр. Биһиги дьиэ тутарбытын истэн баран «Южнай» маҕаһыын салайааччыта, урбаанньыт Фёдор Попов 20 тыһ. солк. суумаҕа бородууктанан хааччыйда. Инньэ гынан, ас өттүгэр хааччыллыылаахпыт. Үлэҕэ тоҥо-хата сылдьар дьоҥҥо онтон ордук өйөбүл туох кэлиэй. Киһи санаата эрэ көтөҕүллэр буоллаҕа, — бэрт сэмэйдик хардарар. Манна тохтоотоххо, Фёдор Попов нэһилиэккэ, улууска ыытыллар үтүө аахсыйаҕа өрүү холобур буолар урбаанньыт диэн бэлиэтиэххэ наада.

Алёна Григорьева, дьиэ хаһаайката:

— Биhиги Маалтааны нэhилиэгиттэн төрүттээх  биэс оҕолоох, биир кырачаан уол сиэннээх,  ыал буолабыт. Бэйэм Кэптин оскуолатыгар үөрэх чааһыгар  дириэктэри солбуйааччынан, аҕабыт Гаврил Гаврильевич физкультура учууталынан үлэлиир. Атырдьах ыйыгар үөрэх салалтатын методиһа Мария Корякина босхо дьиэ туттарыыга аахсыйа ыытылларын туһунан биллэрбитэ. Ирдэбилэ диэн элбэх оҕолоох, дьиэ туттарарга матырыйааллара баар ыал буолуохтаахтар диэн этэ. Биһиги тута сайаапка түһэрбиппит. Кэлэр сыл Арассыыйаҕа, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэриллибитэ уонна быйыл саҥа дьиэҕэ киирэн эрэбит, биһиэхэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, олус улахан үөрүү. Түгэнинэн туһанан, тутуу биригээдэтигэр Дмитрий Григорьевка, Семен Дьячковскайга, Павел Павловка, Михаил Решетниковка, улууспут баhылыгар Никита Викторовичка, үөрэх салалтатын начаалынньыгар Варвара Сметанинаҕа барҕа  махталбытын тиэрдэбит. Доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиhиилэри баҕарабыт. Үтүөнү оҥорбуккут сүүс төгүл үтүөнэн эргийэн кэллин диэн алгыс тылбытын аныыбыт, — диэн махтал тылларын анаата.

Махталбыт муҥура суох

Дьиэ тутуута барбыта нэдиэлэ буолбутун кэннэ Сэмэн эрийдэ. - Дьиэбитин түмүктээтибит. Хаһаайыттар махтал тылларын анаатылар. Сорох ардыгар, киһи да кэмчиэрийиэх курдук, буолуталаан ыллыбыт ээ. Көр, махтанан идэһэҕэ диэн борооску анаатылар. Онон үөрүү үөһэ үөрүү диэн этиэххэ сөп. Туох да уустук эҥин үөскүү сылдьыбата. Дьиэбит маһын билэр дьоммут суобаска эрбэтэн аҕаллылар. Инньэ гынан, дьиэ хаачыстыбалаахтык тутулунна диэн этиэххэ наада, - санаата чахчы көтөҕүллүбүт киһи куолаһа төлөпүөн нөҥүө иһилиннэ. Төһө да Сэмэн «уустук тахсыбата» диэн сэмэйдик сэһэргээтэр, дьиҥэр аҥаардас үлэлиир массыыналара кэлин ускуораһа баран хаалан, массыына кэннилииригэр уолаттар ойон тахсан күргүөмүнэн анньаллара, үлэлии сырыттахтарына биирдэстэригэр быстах байыаннай хомуурга бэбиэскэ кэлэ да сылдьыбыта (элбэх оҕолоох буолан тохтообута) элбэҕи этэр ээ. Ону, ол диэбэккэ, барыта этэҥҥэ түмүктэнэн, билигин Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр өссө биир саҥа дьиэ дьэндэйэн, эппиккэ дылы, сайдыы бара турар. Оннук эрэ буоллун.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44