Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Киһи олоҕо орто дойдуга төһө уһуннук олорбутунан буолбакка, норуотугар төһө туһалаахтык олорон ааспытынан сыаналанар.

2023 сыл олунньу 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин III ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ, техническэй наука кандидата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Россия национальнай Олимпа» Бүтүн Россия уопсастыбаннай бириэмийэтин «Сыл спикера» бочуоттаах аатын лауреата, Нам улууһун уонна Өлөөн национальнай оройуонун бочуоттаах гражданина Ньургун Семенович Тимофеев төрөөбүтэ 60 сылын туолла.

Киһи олоҕо орто дойдуга төһө уһуннук олорбутунан буолбакка, норуотугар төһө туһалаахтык олорон ааспытынан сыаналанар.

2023 сыл олунньу 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин III ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ, техническэй наука кандидата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Россия национальнай Олимпа» Бүтүн Россия уопсастыбаннай бириэмийэтин «Сыл спикера» бочуоттаах аатын лауреата, Нам улууһун уонна Өлөөн национальнай оройуонун бочуоттаах гражданина Ньургун Семенович Тимофеев төрөөбүтэ 60 сылын туолла.

                                    Кини Россия эдэр спикердэриттэн биирдэстэрэ этэ

2005 с. ыам ыйын 19 күнүгэр Ньургун Семеновиһы Ил Түмэн спикеринэн талбыттара. Эдэр, үөрэхтээх, киэҥ сиринэн үлэлээбит, дириҥ билиилээх, саҥалыы толкуйдаах эдэр спикер тута саҥа сүүрээннэри киллэрэн барбыта.

Ол курдук, ыччаты политикаҕа эрдэттэн чугаһатар сыалтан ыччат парламенын тэрийбитэ. Өрөспүүбүлүкэ улуустарын барытын кэрийэн парламент истиилэрин ыыппыта. Норуот итинник халыыптаах мунньахтары улаханнык биһирээбитэ, элбэх ыйытыылар, соруктар бэриллибиттэрэ. Ити туруорсуулар түмүктэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи программаларга уларыйыылар, ситэриилэр эбии киирбиттэрэ.  Оччолорго Ил Түмэн аптарытыата, күүһэ-уоҕа, норуот итэҕэлэ муҥутаан үрдээн турар бириэмэтэ этэ. Ил Түмэн хонтуруоллуур оруола сүҥкэн улахана. 

«Ньургун Семенович салайар кэмигэр парламент көһө сылдьар истиилэрэ, кэмитиэттэр күннэрэ, о.д.а саҥа саҕалааһыннар баар буолбуттара. Олохтоох сэбиэттэри, муниципальнай тэриллиилэри кытары үлэни үрдүк кэрдиискэ таһааран, Ил Түмэн иһинэн анал салаа үлэтин саҕалаабыта. Тус сыаллаах командировкалар түмүктэринэн, дьон туруорсуутунан  Бэрэссэдээтэлгэ Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кыттыылаах улахан мунньахтар ыытыллаллара. Улахан суолталаах боппуруостары быһаартарыыга Ньургун Семенович Президент, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин иннигэр депутаттар этиилэрин тиһэҕэр диэри туруулаһар киһи ахсын бэриллибэт үтүө хаачыстыбалааҕа. Ньургун Семенович өрөспүүбүлүкэ улахан патриота буоларын Уһук Илиҥҥи парламент Ассамблеятыгар, Ассоциацияҕа туруорар регионнар бырааптарын хорсуннук туруулаһар сытыы боппуруостарыттан, этиилэриттэн билэбит, ону делегация бары чилиэннэрэ киэн туттарбыт», - диэн  САССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥырыылаах, СӨ I, III, IV ыҥырыылаах мунньахтарын депутата Георгий Артемьев ахтыытыгар суруйар.

Кини 2005 с. аан бастакынан «Стратегическая программа прорывного развития Дальнего Востока, создание инвестфонда для аккумулирования корпоративного, банковского, страхового капиталов для привлечения всех ресурсов региона» диэн программа наадалааҕын туруорсан, Государственнай Думаҕа киллэрбитэ. Кэлин ити программа кырдьык суолталааҕын өйдөөннөр дойду Бырабыыталыстыбата ТОР, ТОСЭР диэни тэрийбиттэрэ.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сылдьан нэһилиэнньэни кытта көрсөн, отчуоттаан, ыйытыыларыгар сүрдээх судургутук, ханнык баҕарар киһиэхэ тиийимтиэ гына чуолкайдык хоруйдаан, быһааран биэрэрэ. Олохторун-дьаһахтарын билсэн, кыһалҕаларын истэн иһирэхтик кэпсэтэрэ, кинилэр көрдөһүүлэринэн общественнай приемнай тэриллэн, быыбардааччылар депутаттары кытта көрсөр кыахтаммыттара. Ол курдук, Ил Түмэн кини салайар сылларыгар норуокка аһаҕас, чугас буолбута.  

«Ньургун Семенович үлэтин-хамнаһын, олоҕун бүтүннүүтүн дойдутун сайдыытыгар анаабыта. III ыҥырыылаах Мунньах Бэрэссэдээтэлин быһыытынан парламент сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Ити сылларга өрөспүүбүлүкэбитигэр алмаас хостооһунугар, нефть уонна гаас эйгэлэригэр, социальнай-экономическай сайдыыга үгүс өрүттээх үлэ күргүөмнээхтик ыытыллыбыта. Манна кини бары өттүнэн дириҥ билиитэ, олоҕу киэҥник көрүүтэ, дойдутугар бэриниитэ арылыччы көстүбүтэ.  Кини дойдутун Намын сирин-уотун, олохтоохторун эрэ туһугар буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонун туһугар долгуйара. Ордук тыа сирин сайдыыта, ыччат үөрэхтээх, дириҥ билиилээх буоллаҕына инникилээх буоларын инники күөҥҥэ тутан үлэни ыытара.   Ыччат дьон туһугар, кинилэр инникилэрэ сырдык буоллар ханнык диэн баҕарара. Ол биир туоһутунан спикердыы олорон ыччат парламенын тэрийбитэ буолар. Ньургун Семенович политика эйгэтигэр чаҕылхай үлэтин «Россиятааҕы Национальнай Олимп» бириэмийэ лауреата буолан «Сыл спикерэ — 2006—2007» бочуоттаах ааты ылбыта туоһулуур. Оттон кини дьиҥ үрдүк наҕараадатынан – дьонун, норуотун үрдүк сыанабыла буолар», - диэн Ил Түмэн спикера Алексей Еремеев бэлиэтиир.

                       «Тыа сирэ сайдыбат буоллаҕына - Саха сирэ суох буолар»

«Ньургун Семенович «мас силиһэ сытыйдаҕына кэхтэн өлөр. Ол эбэтэр тыа сирэ сайдыбат, эстэр буоллаҕына, Саха сирэ суох буолар. Биһиги дьон олоҕун уйгута тупсарын туһугар үлэлиибит. Ол туһугар сокуоннары ылынабыт. Ол эрээри билигин сокуоннар наар үөһэттэн оҥоһуллар, ылыныллар буоланнар, итэҕэс-быһаҕас наһаа элбэх. Онон сокуоннары аллараттан муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнара саҕалаан оҥорон таһаарыахтарын наада», -  диир этэ. Ити курдук Ньургун Семенович куруук тугу эрэ толкуйдуу, буһара сылдьара уонна элбэх идеялаах буолара. Ол да иһин 20‑тэн тахса улууска тиийэн, дьону-сэргэни кытта сирэй көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, семинардары ыытан, практическай көмөнү оҥорон кэлэрэ. Кини: «Дьону кытта алтыһар, кэпсэтэр кэммэр уонна айаннаан да иһэн толкуйдуубун, араас идеялар киирэллэр», - диирэ. Бүлүү эргин улуустарынан Мииринэйгэ тиийэ, илин эҥээр, куорат таһынааҕы улуустары барыларын хабан, хоту улуустарга Өймөкөөҥҥө тиийэ, Үөһээ Дьааҥыга, Абыйга баран кэлбиппит. 2007 с. атырдьах ыйын саҥатыгар Н. С. Тимофеев үгүс депутаты илдьэ Абыйга бара сылдьыбыта. Кини онно норуот дьиҥ билиниитин, астыныытын, үрдүк сыанабылын ылбыта», - диэн СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Атласова ахтыытыгар суруйар.

Саха норуота төрүт үгэһин умнубакка илдьэ сылдьыахтааҕын, ынах сүөһүтүн, сылгытын быспакка элбэтэн иһиэхтээҕин, саҥа технологиялары туттан саҥалыы механизированнай хотоннору, базалары тутуохтаахпытын, илии үлэтин чэпчэтиэхтээхпитин, эдэр дьон бу хайысхаҕа үлэлиэхтээхтэрин бэлиэтиирэ. Бэйэтэ итиннэ олоҕуран хас да сылгы үөрүн туппута. Ньургун Семенович аныгы дьон сайдыылаах өйө-санаата, бизнес сайдыыта тыа сирин олоҕо тупсарыгар улахан суолталааҕын этэрэ. Кини үрдүк таһымнаах, киэҥ көрүүлээх политик буоларын промышленноһы кытта тэҥҥэ тутан тыа сирин сайыннарыы саха норуотун олоҕор, инники сайдыытыгар улахан суолталааҕын бэлиэтииирэ  уонна ону олоххо киллэрэргэ улахан кылаатын киллэрбитэ. 

Оччолорго эдэр бэлиитик, салайааччы ханнык баҕарар быһаарыныыны нэһилиэнньэни кытары кэпсэтэн, кинилэр сүбэлэрин истэн баран, ылынарга дьулуһар биир сэдэх, ураты хаачыстыбалааҕын туһунан кинини кытта бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон ахталлар. Ньургун Семенович тыа сиригэр сайдыы улахан куораттары кытта тэҥҥэ барыахтааҕын туһунан элбэхтэ туруорсубут, үлэлэспит бэлиитик.  Кини тус көҕүлээһининэн, «2007-2011 сс. тыа сирдэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагыраамата» ылыныллыбыта.

«Дойдубут сиртэн хостонор баайа норуокка туһалыахтаах, дьон олоҕун чэпчэтиэхтээх»

Промышленность, оҥорон таһаарыы эйгэтэ Саха сиригэр алмаас кырыылыыр промышленность сайдыытыгар Ньургун Семенович оруола сүҥкэн улахан. Ол курдук, 1991 с. суверенитет ылыллыбытын кэннэ, Сахабыт сирин чулуу киһитэ, РНА академига Владимир Петрович Ларионов көҕүлээһининэн «Туймаада Даймонд» диэн алмааһы кырыылыыр бастакы тэрилтэ арыллыбыта. Ону бастакынан тэрийсибит уолаттарынан Георгий Яковлев, Ньургун Тимофеев, Анатолий Антонов буолаллар. Ньургун онно техническэй директорынан үлэлээбитэ. Улахан ювелирнай алмаастан ураты бытархай техническэй алмаастары туһаҕа таһаарар сыалтан 1992 с. туспа «Саха Даймонд» диэн тэрилтэни тэрийбитэ уонна генеральнай директор эбээһинэһин ситиһиилээхтик толорбута. Сотору кэминэн бастакы бородууксуйа — өстүөкүлэ быһар тэрил оҥоһуллубута, онтон алмаастан быһар уонна аалар диискэлэр, буровой массыыналар коронкалара, кэлин медицинскэй скальпеллэр оҥоһуллан барбыттара диэн бииргэ үлэлээбит доҕотторо ахталлар.

Саҥалыы көрүүлээх, техническэй мындыр өйдөөх эдэр уолу таба көрөннөр, 1993 с. өрөспүүбүлүкэ салалтата «АЛРОСА» иһинэн «ЯПТА» (Дьокуускай куоракка алмааһы атыылыыр) тэрилтэни арыйан үлэлэтэригэр сорудах биэрэллэр уонна директорынан аныыллар. Оччолорго Ньургун, отут эрэ саастаах эдэр киһи, толлон турбакка, саҥа 150‑ча киһилээх тэрилтэни арыйар уонна хостоммут алмааһы суордунан арааран өрөспүүбүлүкэ уонна Россия алмааһы кырыылыыр собуоттарыгар атыылаан барар. Тэрилтэ арылларыгар «АЛРОСА» президенэ Андрей Дмитриевич Кириллин, вице-президент Петр Дмитриевич Кириллин, Виктор Петрович Кудрин уо. д.а. төһүү күүс буолбуттара. 1996 с. «АЛРОСА» структуратыгар улахан уларыйыы тахсан, Москваҕа ЕСО (Единая сбытовая организация) тэриллибитигэр, компания президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров Ньургуну онно ыҥыран ылан, генеральнай директор солбуйааччытынан анаабыта.

«Биһиги, физиктэр, олоҕу атыннык, киэҥник көрөбүт, толкуйбут букатын атын», - диэн куруук ахтара, киэн туттара. «Дойдубут сиртэн хостонор баайа норуокка туһалыахтаах, дьон олоҕун чэпчэтиэхтээх», - диирэ. Ол иһин алмаас хостонон баран сырье курдук атыыланара тутаҕын, алмаас кырыыланан ювелирнай киэргэл, техническэй инструмент буолан Россияҕа, тас дойдуларга элбэхтик атыыланнаҕына, барыһа, көдьүүһэ улахан буоларын өйдөөн үлэлиирэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх чааһынай тэрилтэ арыллан үлэтин саҕалаабыта, алмаас бизнеһэ күүскэ сайдыбыта», - диэн  доҕотторо бэлиэтииллэр.

Кини «De Beers» курдук улахан компаниялары кытта алтыһан, алмааһы атыылыыр политиканы 9 сыл ыыппыта. Ньургун Семенович чахчы промышленник, производственник буолан, бэйэтин өйүнэн-санаатынан, үлэтинэн түөрт улахан тэрилтэни тэрийэн Сахатын сиригэр, Россияҕа улахан кылаатын киллэрбитэ. 

СӨ парламенын спикерын бастакы солбуйааччыта Александр Жирков Ньургун Тимофеев, Георгий Яковлев, Анатолий Антонов, Василий Ефимов, Иван Готовцев, Николай Барамыгин Саха сиригэр алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай промышленноһы төрүттээбит уонна инники күөҥҥэ сылдьыбыт саха техническай интеллигенциятын чаҕылхай уолаттара буолалларын бэлиэтиир. Бу эйгэттэн өрөспүүбүлүкэ элитата, саҥа көлүөнэ политическай уонна уопсастыбаннай лидердара уһаарыллан тахсыбыттара диэн кини ахтар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков «АЛРОСА» компания салалтатыгар 2017 сыл ахсынньы 19 күнүнээҕи суругар судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, Саха сиригэр алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай промышленноһы төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Ньургун Семенович Тимофеев аатын алмааска иҥэрэр туһунан туруорсубута.

Айхаллааҕы хайаны байытар комбинат 8 №-дээх фабрикатыгар «Юбилейнай» трубкаттан 2017 сыл ахсынньы 14 күнүгэр көстүбүт 91,76 карат ыйааһыннаах бөдөҥ алмааска Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин III ыҥырыытын Бэрэссэдээтэлэ Ньургун Семенович Тимофеев аата иҥэриллибитэ.

Дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр  ураты бэриниилээх салайааччы этэ

Хаһан даҕаны төрөөбүт дойдутун - Намын умнубат этэ, мэлдьи сибээһи тутуһара, тэйиччи да сырыттар, кыаҕа тиийэринэн биирдиилээн да дьоҥҥо, улууһугар да көмөлөһөрө. 1998 с. Нам улууһугар өтөрүнэн кэлбэтэх улахан уу кэлэн элбэх хоромньуну таһаарбыт кэмигэр Москваттан, Новосибирскайтан икки контейнер бородуукта, материальнай көмө (50 холодильник, 30 морозильнай камера, 50 таҥас сууйар массыына, 150 микроволновай оһох) бэйэтин суотугар аҕалан, ууга барбыт нэһилиэктэр олохтоохторугар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр, биирдиилээн кыаммат кырдьаҕас дьоҥҥо, балыыһаларга, оскуолаларга тарҕаппыта.

Ньургун Семенович ситэри олорботох олоҕор оҥорон,дьаһайан хаалларбыт ахсаана суох үгүс үтүөкэн дьыалатыттан саамай үрдүк суолталаахтара — 1941—1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охтубут Саха сириттэн ыҥырыллыбыт саллааттар, буойуннар кэриэстэригэр 1994 с. атырдьах ыйын 22 күнүгэр Тверь уобалаһын Ржев куоратыгар тутуллубут мемориалы саҥардан оҥорууну көҕүлээбитэ уонна үбүлээбитэ буолар. Ону таһынан, Ржевтээҕи мемориал туһунан И. М. Павлов кинигэтэ икки тылынан тахсыытын үбүлээбитэ, сэрии хонуутугар охтубут, олохторун толук уурбут буойуннар кэриэстэригэр, кинилэр дууһалара тиксэригэр анаан Ржевкэ храм-часовняны 2005 с. Улуу Кыайыы 60 сылыгар туттаран үлэҕэ киллэртэрбитэ.

«Оскуолалар, детсадтар, балыыһалар, кулууптар материальнай базалара сайдыыларыгар ахсаабат сыратын, болҕомтотун уурбута. Нам улууһуттан үөрэнэр студеннарга, аспираннарга көмө фондатын тэрийэн үлэлэппитэ. Ньургун олус сэмэй этэ. Дьонугар-сэргэтигэр элбэх үтүөнү, кэскиллээх көмө бөҕөтүн оҥорор этэ да, онон хаһан да өҥ туттубат этэ. Нэһилиэнньэ араас араҥатыгар: боростуой үлэһит дьон кыһалҕатыгар, оҕо-ыччат үөрэҕин, эмкэ-томко барааччылар, олох-дьаһах боппуруостарыгар, кырдьаҕастарга- кыамматтарга төһөлөөх өйөбүлү, көмөнү оҥорбутун ким ааҕан-суоттаан билиэ баарай?», - диэн учуутала, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Николай Христофорович Горохов ахтыытыгар суруйар.

Кэлин Ньургун Семенович депутат, спикер буолан баран, бэйэтин суотугар дойдутугар Намҥа Иоанно Предтеча аатынан таҥара дьиэтин тутуутугар гаас ситимин тартаран, куолакалларын Воронеж куоракка сакаастаан оҥорторон, аҕалтаран сүҥкэнник көмөлөспүтэ.  

«Ньургун Семенович кылгас эрээри, олус чаҕылхай олоҕу олорон барда. Норуот муудараһа баар: «Эн олоҕуҥ бу орто дойдуга төһө уһуннук олорбуккунан буолбакка, эн норуоккар, дьоҥҥор-сэргэҕэр төһө туһалаахтык олорон ааспыккынан сыаналанар», — диэн. Биири  бэлиэтиэхпин баҕарабын: ким эрэ политиканан, бизнеһинэн эбэтэр науканан аҥаардастыы үлүһүйэн дьарыктанар, оттон Ньургун араас хайысхалаах эйгэни барытын тэҥинэн тутан үлэлиирэ сөхтөрөрө. Ол кини киэҥ, дириҥ толкуйдааҕын, дэгиттэр сайдыылааҕын, далааһыннааҕын көрдөрөр. Кини үтүө аата, үлэлээбит сырата-сылбата оҕолоругар, сиэннэригэр, дьонугар-сэргэтигэр, норуотугар үйэлэр тухары ааттана туруо уонна сыдьааннарыттан биир эмэ ыччат кинини утумнуо, аатын ааттатыа диэн эрэнэбит», - диэн кини СГУ-га бииргэ үөрэммит доҕоро, көмөлөһөөччүтэ Сидор Нестеров ахтар.

Ньургун Семенович  бэйэтэ туттарбыт, дьон сөбүлээн тохтоон, сынньанан ааһар «Үс Сэргэ» диэн мырааҥҥа баар площадкатыгар туран эрэн: «Дойдум, Эҥсиэлим хочото, Намым сирэ М. К. Аммосов, И. Е. Винокуров, Е. С. Сивцев курдук улуу дьону иитэн-үөрэтэн таһаарбыта, кэлин да Намым сириттэн чулуу дьон төрөөн-ууһаан иһиэхтэрэ», — диэн эрэнэрэ хайаан да туолуоҕа.

Бүгүн Намҥа баар Ньургун Семенович Тимофеев аатын сүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай олимпийскай резервэтин оскуолатыгар талааннаах оҕолор, ыччаттар күннэтэ эрчиллэн, Ньургун Тимофеев туолбатах баҕа санаатын толорон Олимп үрдүкү чыпчаалыгар тахсарга утумнаахтык дьулуһаллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24