Субсидияны туохха көрөр ордугуй?
Сыллата биэҕэ көрүллэр субсидия сылгы ахсаанын элбэтиэ дииллэр эрээри, ити улахан хамсааһыны таһаара илик. Тоҕо? Ити харчыны ылаары хаһаайыстыбалар биэлэрэ сааһыран, тииһэ элэйэн, туйахтара хайдан, ис уорганнара мөлтөөн, ырыганнаан охтуор диэри сырытыннарарга күһэллэллэр. Сылгы 15-16 сааһыттан доруобуйата айгыраан, төрүөҕэ оккураҥ буолар. Ол түмүгэр, кырдьаҕас биэ ахсаана элбээн, хаһаайыстыба сылгытын уопсай туруга мөлтүүр. Онон харчыны сылгы биэ буолар сааһыттан саҕалаан 14-15 сааһыгар диэри көрүөххэ наада.
Дьиҥинэн, харчыны биэҕэ уонна тыһы убаһаҕа кытыт сааһыгар диэри көрөр буоллар, сылгы ахсаана түргэнник эбиллиэҕэ. Итини таһынан, сылгыны бөһүөлэктэн тэйиччи тутар хаһаайыстыбалары көҕүлүүр буоллар, сылгылары ыраах учаастактарынан олохсутуу күргүөмнээхтик барыа этэ.
Кэтэҕи эмиэ тэйитиэххэ
Тутуу матырыйаалын сыаната ыараабытынан, биир сылгы баазатын тутууга көрүллэр көмө харчыта үс мөлүйүөҥҥэ тиийэ үрдэтилибитин үөрэ иһиттибит. Санаа атастаһыытыгар Мэҥэ Хаҥаластан, Сылгыһыттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ былырыын бааза тутуутугар алта сайаапканы киллэрбиппит да, маттыбыт диэтэ. Дьиҥинэн, илин эҥээрдэр бу хайысханан көмөнү бастакы сылларга үчүгэйдик ылбыттара, ол оннугар Бүлүү эҥээрдэр кыайан тиксибэтэхтэрэ. Илин эҥээр улуустар сирдэрэ-уоттара кыараҕаһа сылгы баазатын тутталларын атахтыыра өйдөнөр. Оттон киэҥ, туһаныллыбакка сытар тыһыынчанан гектар сирдээх-уоттаах Бүлүү эҥээр улуустарга сылгы баазаларын өссө элбэтэр наада. Билигин сылгы 60 %-а кэтэх хаһаайыстыбаларга баар. Бу барахсаттар бөһүөлэккэ ыырданнылар, сатаан хаһан аһаабат, бэлэми мээтиргэтэр сылгыга кубулуйдулар. Бөһүөлэк таһынааҕы мэччирэҥнэр үлтү кэһиллэн бүттүлэр. Сүөһүлээх ыаллар: “Мэччирэҥ суох буолан, сүөһүбүт топпот, үүтүрбэт, уойбат”, -- диэбиттэрэ ыраатта.
Мунньахха Реворий Иванов сылгы этин Кытайга атыылыырга эттэ. Доҕоттоор, бөһүөлэктэн ырааппат сылгы этэ үөннээҕэ чуолкай буоллаҕа. Оччоҕо хайдах атыылыыбытый?! Сылгы баазатын тутуу ирдэбилигэр кэтэх ыаллар сылгыларын дуогабардаһан көрүүнү киллэрэн биэрдэххэ, сылгыны бөһүөлэктэн тэйитии син кыаллыа этэ. Итиннэ эбии «төбө» субсидиятын ыраах учаастактарга баазалаах хаһаайыстыбаларга көрдөххө, дьэ, хамсааһын тахсыаҕа!
Көрдөрүү ырытыллыахтаах
Сылгы ахсаанын элбэтии биир тутаах боппуруоһунан төрүөҕү ылыы буолар. Сыыһа истибэтэх буоллахпына, өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтэ 59 %, племенной хаһаайыстыбаларга 69 % эбит. Дьиҥинэн, бу ситиһии буолбатах, мунньахха: “Көрдөрүү тоҕо намыһаҕый, ханнык улуус өрөспүүбүлүкэ көрдөрүүтүн атахтыырый?» -- диэн ыйытык туруоруллуохтаах. Миниистир дакылаатыгар итинник ырытыыны истиэхпин баҕарбытым да, суох.
Мин Агропромҥа үлэлии сырыттахпына, 1990-с сс. улуустары «илин эҥээрдэр”, “бүлүүлэр” уонна “хотулар” диэн арааран, кулун дьыалабыай тахсыытыгар, улахан сылгыны чөл тутууга күрэхтэһии тэриллэрэ. Мэҥэ Хаҥалас оройуона кулуну ылыыны 85-90 % ситиһэн, биэс сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Бу улахан ситиһии этэ. Бүлүү улуустара 50-60 %-тан өнүйбэт этилэр. Сылгыны чөл тутуу 85 %-тан саҕалаан 100 %-ҥа диэри халбаҥныыра. Бу күрэхтэһии бирииһэ суох да буоллар, хаһыакка ырытыллан бэчээттэнэринэн олус улахан суолталааҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыт оройуон сылгыһыттарын үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанара, бастыҥнар уопуттара тарҕатыллара. Хаһаайыстыбаларга үчүгэй төрүөхтээх биэлэри, буоһатыган атыырдары сүүмэрдээһин уонна саас арааран эбии аһатыы курдук ньымалар олохтононнор, көрдөрүүлэр сыллата тупсарыллан испиттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кэлин ити күрэхтэһиини ыыппат буолан, элбэх төрүөҕү ылыыга интэриэс сылгыһыттарга да, улуустарга да сүттэ.
Ол оннугар Сылгыһыттар күннэригэр сылгыһыттар тус бэйэлэрин кыахтарын сүүрүүгэ, аты сүүрдүүгэ, ыҥыырдааһыҥҥа көрдөрөр күрэхтэһии тэриллэн, улахан бириистэр туруоруллар буоллулар.
Мин маны сылгы сайдыытын көҕүлээбэт, үлүгэрдээх үп туһата суохха кутуллар диэн ахсарбаппын. Тоҕо диэтэххэ, ат сүүрүүлэригэр онто да суох сөптөөх харчы көрүллэр эбээт! Үлүгэрдээх үпкэ атыылаһыллыбыт, соччо сыанаҕа көрүллэр-истиллэр сылгылаах уонна күрэхтэһиигэ кыайбыт аттаах хаһаайыны болҕомтоҕо ылар оннугар, Ил Дархан, миниистир уо.д.а. ааттарыттан бириистэрдээх бастыҥ племенной атыырдар, үчүгэй төрүөхтээх биэлэр күрэхтэһиилэрин тэрийэр быдан көдьүүстээх түмүктэниэ этэ.
Үлэ наукаҕа тирэҕириэхтээх
АГАТУ-га уонна тыа хаһаайыстыбатын техникумугар сылгыны тупсарар анал племенной дьаһаллары ыытар селекционердары бэлэмнээһин баччааҥҥа диэри суох. Мин итини туруорсубутум отучча сыл буолла...
1990-с сс. биһиги Диана Васильевналыын Өймөкөөн сылгытыгар зоотехническэй уонна генетическэй чинчийиилэри ыытаммыт, бу тыйыс айылҕалаах хоту дойду усулуобуйатын тулуйар, биэлэрин сыл аайы эрдэ буоһатар бастыҥ атыырдары талбыппыт. Диана Васильевна иммуногетика анализтарын оҥорон, бастыҥ атыырдар удьуордарын быһааран, үс бастыҥ атыыр линияларын үөскэтиинэн дьарыктаммыппыт. Онно талыллыбыт сылгылар сыдьааннара Николай Винокуров уонна Семен Винокуров хаһаайыстыбаларыгар сылгы төрдө буоланнар, сыллата бастыҥ көрдөрүүлэри ситиһэллэр. Учуонай кэллиэгэбит Николай Винокуров саҕаламмыт үлэни салҕаан, бэйэтэ салайар “Тонор” хаһаайыстыбатыгар селекционнай-племенной үлэни ыытан, күннээҕи үлэҕэ наука ситиһиитигэр тирэҕирэр туһалааҕын толору дакаастаата.
Племенной хаһаайыстыбаларга сылгы физиологиятын, айылҕа хаппырыыһын утарсар күүстэрин, сылгыны хайдах көрдөххө төһө бородууксуйаны ылыахха сөбүн туһунан наука уонна бастыҥ уопут ньымаларын билэр селекционер-зоотехниктар наадалар. Сорохтор зоотехник эрэ барыта селекция боппуруоһун билэр дииллэрэ сыыһа. Оҕо эрдэҕиттэн сылгыга сыстыбыт, оскуола сааһыгар сылгы куруһуогар дьарыктаммыт эрэ киһи сылгыны үчүгэйдик билэр исписэлиис буолар. Холобур, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕын оскуолата бу өттүгэр таһаарыылаахтык үлэлиир. Дьэ, маннык хайысхалаах агрооскуолалары бүтэрбит оҕолору Москубаҕа, Тимирязев аатынан Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэттэрэн, племенной хаһаайыстыбалары селекционердарынан хааччыйыахха наада.
Арассыыйатааҕы Сылгыны чинчийэр-үөрэтэр институт дириэктэрэ Александр Зайцев наука ньымаларын судургутутан, производствоҕа туһанар сорук турарын туһунан эппитин биһирээтим. Бу ССТХНЧИ иннигэр турар сорук. Ааспыты аҕыннахха, институт сылгы лабораториятыгар сэбиэдиссэйэ Н.Алексеев сылгылары физиологическай тестэринэн сайыннарар ордук диэн, саха сылгытын тупсарыыга селекциянан дьарыктанар исписэлиистэр (Н.Андреев, И.Винокуров, Д. Потапова, Б.Потапов) научнай тиэмэлэрбитин саптаран кэбиспитэ. Онтон ыла лабораторияҕа анал бэлэмнээх учуонай селекционер үлэлии илик...
Селекция наукатын ньымаларын племенной хаһаайыстыбаларга иилээн-саҕалаан ыытар ученай исписэлиистэр суох буоланнар, сылгы собуоттарыгар бастыҥ сылгылары, атыырдары талан, линия таһаарыытын таһымыгар эппиэттиир үлэлэр ыытыллыбаттар, сылгы собуоттарын сылгыларын хаачыстыбалара атыттартан уратылара суох, көрдөрүүлэрэ астыннарбат. Казахстаҥҥа өссө Сэбиэскэй былаас саҕаттан сылгы учуонайдара сылгы собуоттарыгар үрдүттэн олорон, сылгыһыттары, исписэлиистэри кытары бииргэ үлэлиир буолан көрдөрүүлэрэ үрдүк. Тоҕо биһиги ити холобуру туһаммаппытый? Ыстатыйабын Александр Зайцев этиитинэн түмүктүүбүн: “Наука кэбиниэккэ олорон ситиһиилэммэт, кини производстваҕа научнай ньымалары киллэрэн, туһаны аҕалыахтаах”.
Борис Потапов, сылгы селекциятыгар идэтийбит учуонай, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, өрөспүүбүлүкэ АПК-тын бочуоттаах үлэһитэ.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0