Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин устуоруйатын кэпсиир кинигэҕэ үлэлэһэ сылдьабын. Саха Сирин атын нэһилиэктэрин курдук, бу нэһилиэк устуоруйата түҥ былыргыттан саҕаланар. Сүрүн уратытынан икки Социалистическай Үлэ Дьоруойдааҕын Гаврил Семенович Самсоновы, Екатерина Иннокентьевна Новгородованы уонна Гражданскай сэрии дьоруойа Иннокентий Егорович Алексеевы ааттыахха сөп. Үгүс элбэх туруу үлэһиттээх, талааннаах дьоннордоох

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин устуоруйатын кэпсиир кинигэҕэ үлэлэһэ сылдьабын. Саха Сирин атын нэһилиэктэрин курдук, бу нэһилиэк устуоруйата түҥ былыргыттан саҕаланар. Сүрүн уратытынан икки Социалистическай Үлэ Дьоруойдааҕын Гаврил Семенович Самсоновы, Екатерина Иннокентьевна Новгородованы уонна Гражданскай сэрии дьоруойа Иннокентий Егорович Алексеевы ааттыахха сөп. Үгүс элбэх туруу үлэһиттээх, талааннаах дьоннордоох

Кинилэртэн биирдэстэрэ Семен Семенович Васильев туһунан бииргэ төрөөбүт балта, улуус култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ, Хаптаҕай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ Альбина Баишева убайын туһунан кэпсээбитин өрөспүүбүлүкэтин, улууһун дьонугар сырдатыахпын баҕардым.

imagetools0

« …Кинини биһиги саныырбыт тухары кини биһиги аттыбытыгар баар... Убайым Семен Семенович барахсан туһунан истиҥ санаа куруук сүрэхпэр сөҥөн сылдьар. Кини устан хаалларбыт үтүөкэн киинэлэрэ, репортажтара, документальнай, ардыгар научнай хабааннаах киинэлэрэ кинини өрүү санаталлар. Алтынньы 8 күнүгэр саха тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммитэ 60 сылын көрсө, учуутал, настаабынньык, үлэҕэ уһуйбут дьулуурдаах киһи Гаврил Семенович Самсонов төрөөбүтэ 100 сылын көрсө убайбын ахтан ааһыам.

 Саас сааһынан кэпсээтэххэ

Аҕабыт Семен Иванович Васильев Хаптаҕай нэһилиэгин төрүт олохтооҕо этэ. Кини 1909 сыллааҕы төрүөх Суоннар аҕа уустарыттан төрүттээх, элбэх оҕолоох ыал бастакы оҕото. Аҕам Семен Иванович Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Берлиҥҥэ тиийэн сэриини түмүктээбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Ийэбит Акулина Афанасьевна Кириллина‒Игнатьева I Наахара нэһилиэгин Уламдьы аҕатын ууһуттан төрүттээх тыыл, үлэ бэтэрээнэ. 1920 сыллааҕы төрүөх ийэм 1945 с. Улуу Кыайыы кэнниттэн кэргэнин Сэмэни көрсөн, ыал буолан, 7 оҕону төрөппүттэриттэн, урукку кэмҥэ эмп-том суоҕуттан 5 оҕо хаалан, бары үлэһит, ыал буоланнар, сиэн оҕолору бэлэхтээннэр, ийэлээх аҕабыт сиэннэрин көрсөн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.

Безымянный 3

Улахан уол, убайбыт Сэмэн хаартысканан, кэлин киинэ операторын идэтинэн үлүһүйүүтэ оскуолаҕа бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан, оскуола иһинэн учаастакка үтүө суобастаахтык үлэлээн, «Смена» фотоаппаратынан наҕараадаламмытыттан саҕаламмыта дии саныыбын. Оччолорго оскуолаҕа бииргэ төрөөбүт бырааттыы Гаврил Самсонов уонна  балта, биология учуутала Феврония Павлова оскуола иһинэн учаастакка оҕолору иилээн-саҕалаан, оҕуруот мындыр үлэтигэр уһуйбуттара. Учаастакка оҕолор сарсыарда эрдэттэн, киэһээ күн киириэр дылы дьаныһан, адьас улахан дьону кытта тэбис тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Бэлэх ылбыт фотоаппаратын убайым олус харыстыыра, үөһээ уура сылдьара. Биһиги кыралар ону олус ымсыыра көрөрбүт. Кистээн, убайым суоҕуна, сэрэниин-сэрэнэн фотоаппараты тутан-хабан көрөн имэрийэрбит.

Убайым интэриэһиргии, кэрэхсии көрбүтүн барытын хаартыскаҕа түһэрэр буолан барбыта. Түгэннэри олус бэркэ табан түһэрэрин көрбүт эрэ барыта хайҕаабыта. Ол барыта өссө дьикти көстүүлэри талан ылан дьоҥҥо тиэрдэригэр кынаттаабыттара. Оскуолаҕа Константин Антонов учуутал фотокуруһуогу салайан ыыппыта. Убайым онно олус сөбүлээн дьарыктаммыта. Ийэм убайбар ыалтан фотоувеличитель аппаратын атыылаһан биэрбитэ, кэмпилиэк барыта баара: катушка, хаартысканы сууйар бодунуос, эмп суурайар, хаартысканы тутар пинцет, пленкалар араастара. о.д.а. Убайым доҕотторунаан, ордук элбэхтик түүнү быһа Федор Дьячковскайы уонна Серафим Егоровы кытта хаартыска бэчээттииллэрэ. Ким эмп суурайар, хаартыска сууйар, бэлэм хаартыскалары таҥас туттарарынан быаҕа ыйыыр... Биһиги сарсыарда туран, хаартыскалары көрөр этибит.

Безымянный 6

Хаптаҕай аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, убайым 1966 сыллаахха Дьокуускайдааҕы 2№-дээх оскуолатыгар интэринээккэ олорон оскуоланы бүтэрбитэ. Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэри хаартыскаҕа түһэрэн бэчээттиирэ. Ардыгар, убайым барахсан, сайыҥҥы сынньалаҥыгар кытта хаартысканан дьарыктанара. Оскуоланы бүтэрэн, Москубаҕа үөрэххэ туттарса барбыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр түһэрбит хаартыскалары тутар хамыыһыйаҕа илдьэн көрдөрбүтэ. Хамыыһыйа убайым хаартыскаларын хаачыстыбаларын уонна ис хоһоонун, түгэни таба тутан түһэрбитин олус хайҕаабыта, тутатына үөрэххэ ылбыта. Кинооператор идэтигэр ис сүрэҕиттэн кыһаллан, сөбүлээн үөрэммитэ. Кини талаанын үөрэтэр преподавателлэрэ эрдэтинэн таба көрбүттэрэ.  Иккис куурус кэнниттэн, убайбын Москуба Кыһыл болуоссатыгар уһуллар научнай хайысхалаах киинэлэри устарга быраактыка ааспыта. Ол курдук, «Сэмэн үөрэнэ да сылдьан, элбэх научнай, документальнай киинэлэри уһулууга кыттыспыта» диэн доҕотторо билиҥҥэ диэри ахталлар. Кини үөрэнэ киириэн аҕай иннинэ, Москубаҕа сахалартан бастакы Николай Сантаев уонна Никандр Саввинов кинооператор идэтин баһылаабыттара. 1972 сыллаахха Сэмэн талан ылбыт идэтин туйгуннук бүтэрэн, сэдэх идэни баһылаан, кинооператор буолбута. Дойдутугар эргиллэн,  кинематография сайдыытыгар илиитин 10 киилэ ыйааһыннаах кинокамераттан араарбакка сүгэ сылдьан, 50-тан быдан тахса сыллар усталарыгар талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ.

Бастаан Москубаҕа научнай киноленталар устуудьуйаларыгар, онтон Иркутскайга Илин Сибиирдээҕи киинэ устуудьуйаҕа үлэлээн, кэлин Дьокуускайга филиал аһыллыбытыгар үлэлиир. «Сахафильм» уонна «Саха» НКИХ устуудьуйалыгар уһуннук үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсар.

 Өр сыллаах айымньылаах үлэтин иһин

 Арассыыйа Бочуоттаах кинематограба, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Емельян Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Илин Сибиирдээҕи уонна Уһук Илин телеустуудьуйаларын бэстибээлин кыайыылааҕа, Саха Сиринээҕи «Кыһыл көмүс микрофон» куонкурус хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Физкултуура уонна успуорт сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэлээх, «Саха» НКИХ хас да төгүллээх «Сыл бастыҥ телеоператора», Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.А. Кондаков аатынан бириэмийэтин хас да төгүллээх лауреата, Аартыка уонна Евразия киинэлэрин бэстибээлин «Арассыыйа бастыҥ оператора» дипломана, Ханты-Мансийскай норуоттар икки ардыларынааҕы документальнай киинэлэр бэстибээллэрин бастыҥ оператор дипломана, оттон СӨ култууратын туйгуна буолбута. Нуучча саахымакка лигаҕа бастакы миэстэлээх грамотанан бэлиэтэмммитэ. XXVIII Олимпийскай оонньуулар ыытыллар сирдэригэр Афиныга путевканан наҕараадаланан, онно устан кэлбиттээҕэ. Үлэ бэтэрээнэ.

Безымянный 6

Кэргэнэ Клара Гаврильевна Васильева (Вырдылина) Таатта Чөркөөҕүттэн төрүттээх, учуутал, үлэ бэтэрээнэ. Клара Гаврильевна «Кэскил» хаһыат эрэдээксийэтигэр үлэлээбитэ. Кинилэр иллээхтик өр сылларга бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-харыстаһан, саха мааны ыала буолбуттара. Кыыс оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр.

Убайым 1970–1976 сс. Дьокуускай куоракка киинэ кэрэспэдьиэнэ, 1976–1991 сс. Саха АССР «Гостелерадио» оператора, 1991-1995 сс. «Сахафильм» киинэ туруорааччытынан үлэлээбитэ. «Эргэ оонньуур», «Сайылык» (режиссер А.И. Васильев), «Охоноон» (режиссер С. Ермолаев), «Орто Дойду», «Тулабыт барыта хайалар» киинэлэри, «Ыаллыылар» киинэ сериалы, о.д.а. устубута.

Убайым төрөөбүт дойдутугар муҥура суох таптала, дьулуурдаах үлэтэ, идэтигэр бэриниилээҕэ, саҥаттан-саҥаны айан, үлэтин түмүгүн тупсаран  иһэрэ.  Кэрэни-үтүөнү таба көрөр мындыр, кыраҕы хараҕа, олох араас түгэннэриттэн саамай суолталаахтарын устан көрдөрөрө. Кини  дьоҥҥо  аламаҕай сыһыана биһиги олохпутугар өрүү холобур буолар.

Хаптаҕайдар кинооператор Семен Семенович өр сыллаах айымньылаах үлэтинэн, Саха Сиригэр киинэ устуутун сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитин  аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ, биир дойдулаахтара киэн туттабыт.

  • 0
  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31