Чукотка аптаныамынай уокуругун киинигэр, Анадырь куоракка, ыытыллыбыт Арассыыйа табаһыттарын бэһис сийиэһигэр Саха Сириттэн сэттэ киһилээх дэлэгээссийэ, ол иһигэр Анаабыр чуумсуга Анна Спиридонова, Аллараа Халыматтан «Турваургин» община дириэктэрэ Евгений Антоев, чуумсук Александра Каургина кытыннылар. Сийиэс туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үгэс буолбут хотугу салааларга уонна балык хаһаайыстыбатын салаатын салайааччы Иннокентий Баланов маннык кэпсиир.
Федеральнай сокуон суох
– Сийиэс саҕаланыытыгар олохтон туораабыт дьоммутун: Арассыыйа табаһыттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Анатолий Добрянцевы, табаһыттар Саха Сиринээҕи сойуустарын салайбыт Ил Түмэн дьокутаата Арсентий Николаевы ахтан-санаан, кэриэстээн аастыбыт.
Сүрүн дакылааты Ассоциация вице-бэрэсидьиэнэ Владимир Етылин оҥордо. Билиҥҥэ диэри табаны иитии туһунан федеральнай сокуон суоҕун, эрэгийиэннэр бэйэлэрэ сокуон ылынан үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. Бастыҥ көрдөрүүлээх Ямало-Ненецкэй аптаныамынай уокуруга 780 тыһыынча, Ненец уокуруга 180 тыһыынча, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 170 тыһыынча, Чукотка 145 тыһыынча, Красноярскай кыраай 120 тыһыынча табалаахтар. Сорохтор табалара быста аҕыйаабыт, ол курдук, Амур уобалаһа 1000, Сахалин, Иркутскай уобалас уонна Бурятия сүүстүү эрэ табалаахтар. Биһиги хаһан эрэ бөдөҥ диэн атыылаһа сылдьыбыт боруодабыт, тофалар табата, 200 эрэ хаалбыт. Бу биир сүрүн биричиинэтинэн бырамыысыланнас өтөн киириитэ буолара бэлиэтэннэ, онон тустаах үлэ, анал бырагыраама наадата ыйылынна.
Көс оскуола
Ямало-Ненецкэй аптаныамынай уокурукка таба 75 % чааһынай бас билиигэ баар буолан, табаһыттар интэриэстэрэ улахан эбит. «Аҕа ууһунан, дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьабыт, оҕолорбут интэринээккэ олорон үөрэнэллэр», - дэһэллэр. Кырдьык, Ямалга да, Чукоткаҕа да интэринээттэр тигинэччи үлэлии олороллор. Ол эрээри кыра оҕо төрөппүттэриттэн өр кэмҥэ арахсара охсуулаах диэн, сатаатар, алын сүһүөх кылаастарга көс оскуола аһылларын туруорсаллар. Онуоха Саха Сирин холобурдууллар, биһиэхэ 12 көс оскуола баарын, тустаах сокуон үлэлиирин билэр эбиттэр.
Табаны төһө баҕарар атыылыахпытын сөп дииллэр. Эстэн эрэр табалаахтар кинилэртэн таба ылыа эбиттэр да, ыраахтара чаҕытар, ол кый ыраах дойдуттан табаны тиэйэн да, үүрэн да аҕалар сыанан аҕаабат.
Айти-ыстаада
Ханты-Мансийскай аптаныамынай уокурук дэлэгээссийэтэ «Айти-ыстаада» бырайыагы билиһиннэрдэ. Бу уокурук 70 тыһыынча табалаах. Хас биирдии ыстаадаҕа спутниковай сибээс олохтонон, наадаларын барытын онлайн киэбинэн быһаарса, кэпсэтэ олорор эбиттэр.
Аҕа ууһун общинатын биригэдьиирэ: «Сибээспит үчүгэй, өйөбүл да тубуста, бырамыысыланнай хампаанньалары кытары дуогабар түһэрсэммит, аһынан-үөлүнэн, тиэхиньикэнэн хааччыллыыга көмөлөһүннэрэбит, бородууксуйаны элбэҕи оҥорбоппут, ол оннугар агротуризмҥа ылыстыбыт», - диэн кэпсээтэ.
Сири – табаһыкка!
Коми Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтин тыа хаһаайыстыбатын уонна потребительскэй ырыынак миниистирэ Ильдар Андарьянов салайан аҕалбыт.
– Биһиги уһун сыллаах болдьоххо түүлэһии дуогабарынан мэччирэҥи барытын таба хаһаайыстыбаларыгар сыһыардыбыт, онон сир барыта хаһаайыннанна, ыарахан тиэхиникэ сири-уоту мээнэ тэпсибэт буолла, – диэн этэн соһутта да, үөртэ да!
Дьэ бу бары эрэгийиэннэр быһаарылла илик боппуруоспут буолар. Туундараҕа кэм судургу – олохтоох дьаһалта улуус мунньаҕын быһаарыытынан мэччирэҥи хаһаайыстыбаҕа сыһыарыан сөп. Оттон тайҕа зонатыгар таба мэччирэҥэ ойуур пуондатын сирэ буолан, аукцион эрэ нөҥүө сыһыарыллыахтаах. Ол эрээри биһиги дьоммут үтүмэн харчыны төлөөннөр, кадаастыр докумуонун оҥорторор уонна аукциоҥҥа кыттар кыахтара суох. Инньэ гынан, хамсааһын тахса илик.
Хаайан туран көрүү
Камчаткаҕа уонча хаһаайыстыба баарыттан улаханнара «Камчатоленпром» ГУТ 10 тыһыынча табалаах, онон табаларын элбэтэргэ үлэлииллэр. Ити курдук хас биирдии эрэгийиэн бэйэтин үлэтин билиһиннэрдэ. Ханна даҕаны кыһалҕа биир: үлэһит илии тиийбэт, ыччат табаҕа сыстыбат.
– Ыстаадаларга хаһаайка суох буолла, чуумсук аҕыйаата, хаһааҥҥа диэри чүмэчинэн сырдатынан, яранганан көһө сылдьабытый, үлэлиир-олорор усулуобуйаны тупсарыахха наада, – диэн бары эттилэр.
Таба ахсаанын элбэтэргэ, үлэ усулуобуйатын аныгылыы тэрийэргэ Скандинавия ньыматынан табаны хаайан туран көрүүнү үөрэтэргэ сүбэлэстилэр. Финнэр 1950-с сс. сүүһүнэн гектардаах сирдэри күрүөлээн ылан, учаастактарынан араартааннар, табалары онно солбуһуннара сылдьан мэччитиигэ киирбиттэрэ. Арассыыйаҕа итиччэ киэҥ сири күрүөлүүргэ үп-харчы кырыымчык уонна айылҕа харыстабылын өттүттэн табыгаһа суох, кыыл-сүөл миграцията харгыстанар. Ол эрээри, аҕыйах табалаах хаһаайыстыбаларга бу технология сыыйа киллэриллэр чинчилээх, оччотугар эбии аһылык боппуруоһа күөрэйиэҕэ.
Астааһыны – тобоҕо суох
Чукотка 145 тыһыынча табалаах. Хаһаайыстыбалар бары кэпэрэтиип киэбинэн үлэлииллэр, уокурук салалтата таба этинэн уһуйааннары, оскуолалары хааччыйарга сакаас түһэрэр эбит. Билибиноҕа таба этинэн, балыгынан кэнсиэрбэ оҥорор собуот баар. Губернатор э.т. Владислав Кузнецов таба салаатын өйөөһүҥҥэ бүддьүөтү таһынан пуонда тэрийээри сылдьалларын туһунан кэпсээтэ.
Пленарнай мунньах кэнниттэн «Амгуэма» кэпэрэтиипкэ сырытыннардылар. Табаны чукча төрүт үгэһинэн астаан көрдөрдүлэр, онно табаны сүрэххэ анньан өлөрөллөр уонна дьахталлар эрэ астыыр эбиттэр. Кэпэрэтиип 23 тыһыынча табалаах, көрдөрүүтэ үрдүк: төрүөҕү ылыыта 68 %, улахан табаны чөл тутуута 85 %! Роман Абрамович губернатордаан олорон, Финляндияттан «Кометос» диэн астыыр сыаҕы аҕалан туруорбута бэркэ үлэлии турар. Аны таба иһин-үөһүн, хаанын астааһыҥҥа туспа линия наада дэһэллэр. Даҕатан эттэххэ, биһиги хаһаайыстыбаларбытыгар эмиэ маннык технологияҕа киирэр сорук турар.
Тириини таҥастыыр сыахтарын сэҥээрдим, биһиэхэ маннык сыахтар Анаабырга, Аллараа Халымаҕа, Тополинайга, Сэбээн Күөлгэ, Хатыыстыырга бааллар, атыттар ороскуотун саппат диэн сарбыйбыттарын сөргүтэ сатыыбыт.
Саха Сирин уопута биһирэнэр
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр таба хаһаайыстыбатыгар үс сыл үлэлииргэ дуогабардаспыт алын сүһүөх, орто анал уонна үрдүк анал үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ ый аайы эбии төлөбүр көрүллэрин, «Эдэр табаһыт» социальнай өйөбүл бырагырааматынан 35-гэр диэри саастаах табаһыт дьиэ туттарыгар биир мөлүйүөн солкуобай бэриллэрин уонна тиэхиньикэнэн, туттар тэрилинэн хааччыйыы ырычаахтарын тустарынан кэпсээбиппитин сэргии иһиттилэр.
Араас сылларга Чукоткаттан кэлэн СГТХА-ҕа үөрэммит 20 исписэлиис идэлэринэн үлэлии сылдьар эбиттэр. Ону салҕаан, АГАТУ риэктэрэ Валерий Федоров Чукотка хотугу төрүт салааҕа департаменын начаалынньыга Александр Кудрявцевы кытта каадыры бэлэмнээһиҥҥэ бииргэ үлэлиир дуогабары түһэристэ.
– Сахалар табаны таһынан, ынах сүөһүнү уонна сылгыны ииттэр буолаҥҥыт, үрүҥ ас арааһын, талбыт эккитин сиигит, – дэһэллэр чукчалар уонна саха сылгытын ииттиэхтэрин баҕаралларын, быыстапкаҕа кэлэ сылдьан, Өлүөхүмэ сыырын сөбүлээбиттэрин туһунан этэллэр. Онон бу уокуругу бородууксуйаны батарыы ырыынагын быһыытынан көрүөххэ сөп эбит.
Сийиэс түмүгэр Арассыыйа табаһыттарын Ассоциациятын Бэрэсидьиэнинэн Михаил Яр (Ямал) талылынна, бырабылыанньаҕа биһигиттэн Павел Маракозов (Муома) киллэрилиннэ. Племенной-сэлиэксийэлиир үлэҕэ, хаһаайыстыбалары табанан хааччыйыыга уо.д.а. былааннар ылылыннылар.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0