Ол курдук, сокуоҥҥа сүрүннээн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар хапсаллар. Араас химияны туттуу, сүөһүгэ сыстыганнаах ыарыыта ноһуому кытта бааһынаҕа тиэрдии тулалыыр эйгэҕэ, дьон доруобуйатыгар охсуулааҕын бэлиэтээтилэр. Мунньуллубут ноһуом анаалыс эрэ кэннэ уоҕурдуу быһыытынан туттуллуохтааҕын туһунан өйдөтөн эттилэр.
Маныаха сокуону тутуһан дьон анал сиргэ ноһуому мунньан, уоҕурдуу оҥорон хаһаайыстыбалар эбии дохуот оҥостуохтарын сөптөөҕүн ыйдылар. Сүөһүлээх дьон хотоннорун таһыгар чөмөхтөөн, оҕуруоттарыгар туһаналлара көҥүллэнэрин туһунан эттилэр. Оттон тэриллиилээх хаһаайыстыбалар балбааҕы сыыһа дьаһаналларын түмүгэр ыстырааптар олохтонон, чуолкайданан, сокуон быһыытынан тахсыахтааҕын иһитиннэрдилэр.
Сүөһү ноһуомун дьайыы, хомуйуу быраабылатын кэһии иһин 450 тыһ. солк. диэри ыстараап олохтонорун туһунан «Ноһуому дьаһайыы ирдэбиллэрин кэһиэн, 450 тыһ. солк. диэри ыстарааптаныан» матырыйаалга киирэн аах.
- 2
- 0
- 1
- 0
- 1
- 2