Кырдьыгы эттэххэ, коронавирус ыарыыта мэһэйдээн Конституцияҕа киллэриллиэхтээх уларыйыылар тула элбэх дьон мустуулаах дьүүллэһиилэр буолбатылар. Ол да буоллар, олохтоохтор сонуну тарҕатар ситимнэртэн толору иһитиннэриини ыла олороллор.
Урукку Конституция сорох ыстатыйалара бүгүҥҥү олохпут баараҕай уларыйыыларыгар ситэри сөп түбэспэт буолан, саҥалыы көрүүнү ирдээтилэр. Ол курдук дойду ис-тас политикатын оҥорооччунан президент тэрийбит Государственнай Сэбиэтэ буолуохтаах уонна кини туох-баар быһаарыыны толору ылар боломуочуйаланыаҕа. Кэлэктиибинэй өй-санаа хаһан баҕарар ордук күүстээҕэ уонна ылыннарыылааҕа чуолкай.
Президент үлэлиир болдьоҕо чопчуланна, атыннык эттэххэ кини икки болдьоххо олоруон сөп. Ол гынан баран, өскө Владимир Путин туһунан эттэххэ, киниэхэ сыһыана суох буолла. Өйдүүрбүт курдук, Валентина Терешкова Госдумаҕа киллэрбит этиитэ депутаттар киэҥ сэҥээриилэрин ылан биһирэммитэ (обнуление прежних сроков Путина). Санаттахха, күн бүгүн геополитикаҕа Владимир Путин курдук ырааҕы көрөр уонна аан дойдуга эйэлээх, бигэ туруктаах политическай архитектураны түстээччи тарбахха баттанар. Ол иһин кини аптарытыатын нөҥүө Россияны кытта сиэрдээх сыһыан олохтонно.
Дойду Бырабыыталыстыбатын уларытыылар кэтэһэллэр, чуолкайдаатахха ‒ президент Федерация Сэбиэтин кытта сүбэлэһэн силовиктары аныыр, оттон миниистирдэри Госдума премьер киллэрбит кандидатураларынан аныаҕа. Өйдүүрбүт курдук, Бырабыыталыстыба астаапкаҕа тахсар түгэнигэр бары тутуспутунан уурайаллара, аны бу уларыйыаҕа: Бырабыыталыстыба чилиэннэригэр астаапка персональнай (биирдиилээн) буолуоҕа. Бу сөптөөх: эбээһинэһин кыайан толорбот киһи эрэ уурайыахтаах.
Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ, сенатордар хас биир регионтан иккилии киһи буолуоҕа уонна 30 федеральнай сенатордардыын бииргэ үлэлиэхтэрэ. Саҥа уларытыылары киллэриигэ Президент боломуочуйата улаатта. Холобур, бары прокурордары кини анаталыыр буолуоҕа, суут чөмчөкөлөрө туора быһыыны оҥордохторуна, кинилэри ууратыыны Президент көҕүлүөҕэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы сууттар быһаарыыларын уонна парламент ылынар сокуоннарын Президент төһө сөптөөхтөрүн чуолкайдаары Конституционнай суукка экспертизэҕэ ыытыаҕа. Өскө Конституционнай Суут сыыһанан аахтаҕына, Президент илии баттаабата көҥүл буолуоҕа. Түмүктүү таарыйа эттэххэ, маннык уларытыылар киирэллэрэ дьиҥ-чахчы бириэмэ ирдэбилин быһыытынан ааҕыллыахтаах.
Биһиги оройуон олохтоохторун санааларын иһиттибит уонна олору ааҕааччыга тиэрдэбит.
Л.Д.Слепцова, үлэ бэтэрээнэ:
‒ Сүрүн Сокуоҥҥа уларытыыларга үлэ киһитигэр уонна биэнсийэлээхтэргэ улахан болҕомто уурулллубутун олус биһирээтим. Мин санаабар, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ тиийинэн олоруу таһымыттан кырата суох буолуохтааҕа уонна ону Конституция мэктиэлиирэ улахан дьыала. Маннык мэктиэлээһиҥҥэ сыллата биэнсийэни индексациялааһын эмиэ киирбитэ үөрүүлээх. Дьиҥэр, урут даҕаны МРОТ уларыйа турара, ол гынан баран уларытыы киирбитэ төрүт Сокуоҥҥа суруллуохтааҕа кини халбаҥнаабакка туолуохтааҕын кэрэһэлиир. Аны туран, уларытыыларга чунуобунньуктарга, дьокутааттарга уонна судьуйаларга омук сирдэригэр гражданстволара суох буолуохтааҕын туох да аһара сэргээтим. Санаан да көрдөххө, хайа эрэ омук сиригэр олорорго пааспардаах тойон сүүс бырыһыан биһиэхэ кыһаллыа дуо? Арааһа, билигин оннук тойоттор бааллар быһыылаах, куоластааһын түмүгэр кинилэр бэйэлэрин бодолорун тардынарга тиийиэхтэрэ. Саамай сөптөөх уларытыылар киириэхтэрэ, онон үөрэ-көтө куоластааһыҥҥа кыттарга бэлэммит, үөлээннээхтэрим эмиэ оннук санаалаахтар.
Н.Г.Павлова, эмп үлэһитэ:
‒ Кырдьыга, уларыйыыларга «русский народ ‒ государствообразующий в многонациональном союзе равноправных народов» диэни кыайан өйдөөбөккө саарбахтаан ылбытым. Онтон болҕомтолоохтук аахтахха чуолкай өйдөнөр: тыһыынча сыллар историялаах Россия «правопреемник и правопродолжатель СССР» диэн баар. Биһиги бары сэбиэскэй сойуустан тахсыбыппыт. Онно олорбут бары норуоттар нуучча норуотун кытта биир сомоҕо күүс буоламмыт дойдубутун көмүскээн, чэлгийэ сайыннаран кэлбиппит. Бүгүн биһиги ол историческай кырдьыкпыт Россиянан салҕанар, сүүһүнэн ахсааннаах араас омуктар бары субъектарга нуучча норуотун кытта тэбис-тэҥ бырааптаах буоламмыт олохпутун тутабыт-айабыт. Урут «общность людей ‒ советский народ» диэн баар эбит буоллаҕына, аныгы кэмҥэ киэн туттан туран «общность людей ‒ российский народ» дииргэ сөп. Манна ханнык да омук өрө тутуллубат эбэтэр аллара түһэриллибэт, нуучча норуота (Россия норуота) государствоны үөскэтэр диэни кытта сөбүлэһэбин.
Буолаары турар куоластааһын улахан тэрээһин, биһиги гражданскай позициябытын көрдөрүөхтээхпит. Муома оройуонун олохтоохторо мэлдьи буоларын курдук көхтөөх кыттыыны ылалларыгар саарбахтааһын суох.
Бэлэмнээтэ Афанасий ИВАНОВ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0