Тэрээһиҥҥэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыалдьытымсах буолуу холбоһугун» ресторатордар, отельердар уонна туризм национальнай холбоһугун салайааччыта Иннокентий Лукин, куорат таһынааҕы сир-уот сайдыытын, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын, атыы-эргиэн уонна урбаан боппуруостарыгар Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччыта Владимир Аржаков, СӨ урбаан, атыы уонна туризм министиэристибэтин арыгы ырыынагын бэрээдэктиир салаатын салайааччыта Василий Григорьев, Дьокуускай куорат уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Елена Аммосова кытыннылар.
Санатан эттэххэ, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын розничнай атыытын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтары олохтуур туһунан» 885-VI №-дээх 2013 сыл ахсынньы 5 күнүгэр ылыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар сэтинньи 30 күнүгэр Ил Түмэн бастакы ааҕыыга уларытыылары ылынан турар. Ону таһынан, «Этиловай испиири, арыгылаах уонна испиирдээх дородууксуйаны оҥорон таһаарыыны уонна туһаныыны судаарыстыба өттүттэн бэрээдэктиир уонна арыгылаах бородууксуйаны туттууну (иһиини) хааччахтыыр туһунан» 171-ФЗ №-дээх 1995 сыл сэтинньи 22 күнүгэр ылыллыбыт сокуон баар.
Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутууга уонна олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев сокуон туһунан иһитиннэриитин видео сибээс көмөтүнэн тиэртэ:
«СӨ 885-VI №-дээх сокуона ылыллыаҕыттан, 180 тахса нэһилиэнньэлээх пууҥҥа арыгы атыытын хааччахтааһына киирбитэ. Олохтоох нэһилиэнньэ ону бэйэтин баҕа санаатынан, туһааннаах сэбиэт уурааҕынан биһиэхэ ходатайство түһэрэн нэһилиэктэригэр сокуон быһыытынан ылынан кэллилэр. Ол гынан баран, 2020 сыллаахха 171-ФЗ №-дээх федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киирбитэ. Уларытыы “эрэгийиэн олохтоох былаастара дьону аһатар сиргэ арыгы атыылааһынын бобуо суохтаахтар” диэн ис хоһоонноох. Инньэ гынан, биһиги кэккэ күчүмэҕэйдэри көрүстүбүт. Ил Түмэн түөрт уон биирис (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар СӨ 885-VI №-дээх сокуонугар 75 кыбадыраат миэтэрэттэн кыра иэннээх дьону аһатар сиргэ арыгыны атыылыыр бобулларын туһунан уларытыылары киллэрдибит. Ол түмүгүнэн, Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Николаевич эппитин курдук, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бу сокуон олоххо киирдэҕинэ, Дьокуускайга 60 тахса “туочука” сабыллыахтаах. Итинник ньыманан үөрэтэн, анаалыстаан бара туруохтаахпыт. Федеральнай сокуон биэрбит кыаҕын туһанан дьоммутугар-сэргэбитигэр туһалаах сокуоннары ылыныахтаахпыт», – диэтэ Владимир Прокопьев.
Дьүүллэһии кэмигэр кыттааччылар санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, Елена Аммосова уонна Иннокентий Лукин бу сокуон чуолаан лже-кафелары эрэ боборун туһугар дьону аһатар сирдэр классификацияларын оҥорор наадатын эттилэр. Итинник чопчу киритиэрийдэр, нуормалар киирдэхтэринэ, сымыйа кафелар бобуллан, үтүө суобастаах урбаанньыттар үлэлэрэ тохтуо суоҕа этэ.
Ити санааны салҕаан Иннокентий Лукин арыгы атыытын букатын боптоххо, дьон суррогат иһэн доруобуйалары, олохторугар өссө улахан кутталы үөскэтиэхтэрин сөп диэтэ.
Владимир Аржаков үтүө суобастаах тэрилтэлэр үлэлиэхтээхтэр, кинилэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээпит диэн эттэ.
Василий Григорьев этэринэн, ыччат ортотугар өйдөтөр, сынньалаҥнарын тэрийэр улахан үлэ ыытыллыахтаах.
Сокуон барылын дьокутааттар уонна туһааннаах уорганнар салгыы дьүүллэһиэхтэрэ, «наливайкалары» утары охсуһуу салгыы барыахтаах, ону бар дьон өйүүрэ көстөр диэн түмүк санаа этилиннэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0