2020 сыллаахха идэни ылар 3 үөрэхтээһин кыһатыгар хаачыстыбалаах хаадырдары бэлэмниир инниттэн 15 мастарыскыай арыллыбыта. Мастарыскыайдары арыйыыга 118,87 мөллүйүөн солкуобай (федеральнай бүддьүөттэн 103,75 мөл., СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 11,99 солкуобай) көрүллүбүт. Элбэхтэн аҕыйах холобур, П.А. Дудкин аатынан сибээс уонна энергетикэ колледжыгар «Информационнай-коммуникативнай технология» хайысхаҕа «Информационные кабельные сети», «Програмные решения для бизнеса», «Веб-дизайн и разработка», «Разработка мобильных приложений», «Кибербезопасность» диэн кэмпитиэнсийэлэргэ 5 мастарыскыай арыллыбыт.
2021 сылга Саха сиригэр 5 муниципальнай тэриллиигэ билиҥҥи ирдэбилгэ хоруйдуур 28 мастарыскыай 6 үөрэх кыһатыгар арылынна. Мастарыскыайы тэрийиигэ уонна ситэриигэ федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна тас дохуот бүддьүөттэриттэн 254,92 мөллүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Эмиэ элбэхтэн аҕыйах холобур, сыллата ыытыллар атырдьах ыйынааҕы үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕын күннэрин чэрчитинэн, мэдиссиинэ колледжыгар «Социальнай эйгэ» хайысхаҕа «Мэдиссиинискэй уонна социальнай көрүү-харайыы», «Лабораторнай мэдиссиинэ анаалыһа», «Эмтиир үлэ» уонна «Ортопедическай стоматология» диэн билии ылар мастарыскыайдар арылыннылар.
Сибиэһэй сонунтан сырдатар буоллахха, алтынньыга Жатай техникумугар «Бырамыысалыннас уонна инсэниэрийэ технологиялара» хайысха «Мехатроника», «Мобильнай робототехника», «Релелээх харысхалы уонна автоматиканы көрүү-истии, өрмүөннээһин», «Тимир оҥочо куорпуһун таҥыы» диэн кэмпитиэнсийэлэригэр мастарыскыайдар үлэлэрин саҕалаатылар.
Итиэннэ бу сылы түмүктүүр мастарыскыай арыллыыта алтынньы 4 күнүгэр Мииринэйгэ буолла. Мииринэй эрэгийиэннээҕи техническэй колледжын Светлинскэй филиалыгар «Бырамыысалыннас уонна инсэниэрийэ технологиялара» хайысха «Ньиэби уонна гааһы хостооһун», «Электрическэй эниэргийэни өйдөөхтүк учуоттуур систиэмэ», «Сир аннынааҕы хайа үлэлэрэ (сир аннынааҕы электрослесарь», «Бырамыысалыннас робототехниката» диэн билии ыларга табыгастаах мастарыскыайдар үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылыннылар. Ыҥырыылаах ыалдьытынан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ, социальнай партнердар уонна бөдөҥ тэрилтэлэртэн үлэ биэрэччилэрэ буоллулар.
РФ Үөрэххэ министиэристибэтин хамыыһыйатын боротокуолугар олоҕурдахха, 2022-2024 сылларга орто үөрэх кыһаларын материальнай-техническэй баазатын бөҕөргөтүүгэ, тэрийиигэ федеральнай бүддьүөттэн көмө харчы көрүү бырагырааматынан Саха сирэ 42 мастарыскыайы тэрийиигэ 207 875 108,2 солкуобайы субсуудьуйа быһыытынан ылыаҕа.
«Профессиональнай үөрэхтээһини сайыннарар институт»
Пресс-сулууспатын матырыйаалыттан тылбаас
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3290324
сигэнэн киирэн ааҕыҥ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0