Саха сиригэр спорт дьылҕата хайдах буолуоҕун туһунан санааларын Ил Түмэн ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев үллэһиннэ. Норуот дьокутаата этэринэн, бу эйгэҕэ балаһыанньа ыараабыт. Онон кини: «Өскөтүн билигин кырдьыгы эппэтэхпитинэ, кэнники хойутуубут», – диэн аһаҕас кэпсэтиигэ бэлэмин биллэрдэ.
Оҕо саастан саҕаланар
М и х а и л Г у л я е в оҕо спордугар күүстээх болҕомто ууруллуохтааҕын уонна өйөбүл баар буолуохтааҕын тоһоҕолоон этэр. Тоҕо диэтэххэ, күүстээх уонна биллэр спортсменнар бары оҕо спортивнай күрэхтэһиилэриттэн кынат анньыммыттара. «Холобура, Виктор Лебедев, Георгий Балакшин, Сардаана Трофимова...» – диэн Михаил Дмитриевич үтүмэн спортсмены ааттыыр. Маны тэҥэ «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар бүтүн хас да көлүөнэ спортсмены иитэн таһаарбыт суолтатын бэлиэтиир.
Онон Саха сиригэр спорт сайдар кэскилэ үрдүкү салалта, физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтэ сөптөөх бэлиитикэни уонна көҕүлүүр үлэни ыыталларыттан быһаччы тутулуктаах.
Сарбыйыы да сабыллыы
Ол эрээри күн бүгүн СӨ Физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин, итиэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһаллара, уураахтара оҕо спорда сайдарын атахтыыллара хомолтолоох. Маннык кыһалҕа тирээбитин норуот дьокутаата Михаил Гуляевтыын кэпсэтэ олорон дьэҥкэ өйдөөтүм.
– СӨ Бырабыыталыстыбата олунньу 26 күнүгэр «Саха сиригэр 2030 сылга диэри физкултуура уонна спорт сайдыытын стратегията» диэн сүрдээх үчүгэй былааны ылыммыта. Ол гынан баран, хас даҕаны нормативнай докумуоннары тэҥинэн бигэргэппиттэрин отой өйдөөбөтүм. Холобура, онно олоҕуран, СӨ Бырабыыталыстыбатын бу дьыл атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи уурааҕынан тириэньэр штаттара сарбыллыннылар: футбол өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатыгар – 7, Сунтаарга А.И. Иванов аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа – 12, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интэринээт-оскуолаҕа 8 штат. Онон оҕолор тириэньэрдэрэ суох хааллылар. Бу олох улахан сыыһа дьаһал буолар. Ылан көрөр буоллахха, СӨ спортивнай оскуолаларыгар, ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, спортсмен оҕолор ахсааннара 2200-нэн аҕыйаабыт, – парламентарий ылыныллыбыт уураахтары кытта сөбүлэспэтин биллэрэр. Михаил Гуляев этэринэн, сүрүннээн, саҕалаан эрэр спортсменнары бэлэмниир тириэньэрдэри үлэлэриттэн уураппыттар. Төрүөттэрэ – үлэлэрэ таһаарыыта, көдьүүһэ, үчүгэй түмүгэ суох үһү.
– Ааспыт сылга пандемияттан сылтаан туох даҕаны спортивнай күрэхтэһии ыытыллыбатах буоллаҕына, хайдах таһаарыылаах үлэ ыытыллыай? – диэн бэркиһиирин.
Маны таһынан СӨ Физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин 2021 сыл от ыйын 23 күнүнээҕи ОД-268 №-дээх уурааҕынан Р.М. Дмитриев аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа балаҕан ыйын 1-гы күнүттэн буулдьанан ытыы, ыарахан (тяжелай) атлетика, тхэквондо, хайыһарынан сырсыы, чэпчэки атлетика (доруобуйаларынан хааччахтаахтарга туһуламмыт эмиэ) уонна пауэрлифтинг көрүҥнэригэр эрчийэр салаалар сабыллыбыттар.
– Бу спорт көрүҥнэригэр Арассыыйа, Европа, аан дойду чөмпүйүөннэрин, призердарын бэлэмнээбиттэрэ. Холобур, ыарахан атлетика салаата Нерюнгрига баара. Мин спорт миниистиринэн үлэлиир эрдэхпинэ аһыллыбыта. Никита Абраменко Арассыыйа чөмпүйүөннэрин бэлэмнээн саҕалаабыта. Кэлин оннооҕор аан дойду кыайыылаахтарын үүннэрэн таһаарбыта. Итинник кэскиллээх хайысхалары өйүөххэ наада. Хайыһарга Рыбкин уонна Кулагин Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ буолбуттара. Ити салааларбытын барытын сабан кэбистилэр, – диэн Михаил Гуляев кыһыйан кэпсиир.
Сөп ээ, киһи эрэ кыһыйыах. Итиччэ сыралаһан тэрийбиккин кэннэ, биир дьаһалынан ылан сотон кэбиһэллэрэ абалаах.
Норуот дьокутаата өс хоһоонунан этэринии, «оҥорор уустук, алдьатар дөбөҥ». Туруорсан төттөрү сөргүтүөххэ, сабыллыбыт хайысхалары хаттаан арыйыахха сөп, ол эрээри барытын саҥаттан сүүрүөххэ-көтүөххэ, элбэх кэпсэтиини ыытыахха, булуохха-талыахха наада. Онно эмиэ бириэмэ, үп-харчы уонна, этэргэ дылы, ньиэрбэ баранар. Онон баары суох гыныах иннинэ бастаан үчүгэйдик ырытан толкуйдуохха наада.
Күүс-уох астан кэлэр
Саха сиригэр спортсмен оҕо аһылыгар күҥҥэ 550 солкуобай көрүллэр эбит. Маны норуот дьокутаата «эргэрбит» суоттааһынынан ааҕар. Арассыыйа билиҥҥи нуорматынан 1300 солкуобай көрүллүөхтээх. Бары билэрбит курдук, спортсмен хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри эрчиллэр. Ол иһин хаачыстыбалаах уонна иҥэмтэлээх аһылыгынан үчүгэйдик аһыахтаах. Бу кыһалҕаны соторутааҕыта биллэр тустуук, хапсаҕайдьыт Николай Чукров көтөхпүтэ. Ол саайка баар, сигэтэ бу: https://sakhalife. ru/yunye-sportsmeny-yakutii-golodayut-v-uorroditel/. Киирэн ааҕыаххытын сөп.
Аны туран, олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа уһуйуллар спортсменнар олорор уопсайдарын хоруона хамсыгынан ыалдьыбыт дьон эмтэнэр сирдэрэ оҥорбуттар, оттон үөрэнээччилэри аттынааҕы гостиницаҕа түһэрбиттэр. Спорт министиэристибэтэ оҕолор олорор сирдэрин туран биэрбитин Михаил Гуляев улахан сыыһанан ааҕар. «Кытаанахтык туруорсубатахтар, турууласпатахтар», – диэн хомойор.
Чахчы даҕаны, үүнүөхтээх-сайдыахтаах спортсмен оҕолорбутугар өрөспүүбүлүкэбит салалтатын сыһыана маннык буоллаҕына, инникитин спорду уонна физическэй култуураны хайдах түөрэ-лаҥкы тутан сайыннарыахтарын дьиксинэ саныыгын.
Чэбдигирии сыла диибит даҕаны...
Инфляцияҕа олоҕуран, бары хайысхаларга үбүлээһин аччаата дииллэр. Ол гынан баран, Михаил Гуляев биэрбит дааннайдарыгар олоҕурдахха, үөрэхтээһин сайдарыгар 2019 с. – 48 млрд 246 мөл. солк., 2020 с. – 49 млрд 961 мөл., 2021 с. 51 млрд. 170 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Доруобуйа харыстабылын үбүлээһинэ 2019 с. – 22 млрд. 603 мөл. солк., 2020 с. – 31 млрд. 472 мөл. солк., 2021 сылга 29 млрд. 274 мөл. солкуобай.
Оттон физическэй култуура уонна спорт хайысхатыгар 2019 с. – 3 млрд 198 мөл. солк. бүддьүөттэн тыырыллыбыт эбит буоллаҕына, 2021 сылга – баара-суоҕа 2 млрд. 766 мөл. солкуобай. Санаан көрүҥ, үөрэхтээһинэ кытта тэҥнээтэххэ, 10-тан тахса төгүл аҕыйах харчы анаммыт. Уонна бу сылы Чэбдигирии сыла диэн биллэрбиппит. Доруобуйа эти-сиини эрчийииттэн улахан тутулуктааҕын бары билэбит. Биир өттүнэн: «Чөл олоҕу көҕүлүөххэ! Маассабай спорду тэнитиэххэ! Чэбдигирии 10 сылын биллэрдибит!» – диэн уруйдуубут, атын өттүнэн ону өйүүргэ, үлэлэтэргэ сөптөөх үбү көрбөт эбиппит.
Михаил Гуляев этэринэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ, элбэх эбиилэр кэннилэриттэн, барыллаан 280 млрд. солкуобайга тэҥнэспит. 2014 сыллаахха, кини миниистирдиир эрдэҕинэ, 150 миллиард солкуобай эбит. Уонна оччолорго спорка 2 млрд. 339 мөл. солк. көрүллэрэ. Ити сууматтан спортсменнар атын куораттарга күрэхтэһэ баралларыгар 260 мөл. солкуобай тыырыллар эбит буоллаҕына, билигин 152 мөл. солкуобайы биэрэллэр. Спорка көрүллүбүт быйылгы сууматтан 1 млрд тахса солкуобайын 8 эбийиэги тутууга бараабыттар. Онтон хаалбыта спорт эбийиэктэрин көрүүгэ-истиигэ, үлэһиттэр хамнастарын төлүүргэ, спортсмен оҕолор аһыылларыгар ороскуоттаммыт. Михаил Гуляев эбийиэктэр матырыйаалынай базалара эргэрбитин бэлиэтиир. «Билигин энтузиаст тириэньэрдэр баар буоланнар эрэ, спорка ситиһиилэр кэлэ тураллар», – диэн балаһыанньаны быһаарар.
Көҥүл тустуу дьылҕата
Норуот дьокутаата этэринэн, көҥүл тустууга тириэньэрдэрбит үчүгэйдэр, тустууктарбыт да кыахтара баарынан күрэхтэһэллэр. Ол гынан баран, атын куораттарга баран тусталлара аҕыйах.
– Биир кэм ыалдьааччыларбыт: «Дагестан, Осетия бөҕөстөрө оччо чулуулар, бачча уһулуччулар», – диэн хайҕаан тахсаллар. Оттон ити икки этиллибит эригийиэннэр, онно эбии Чечня, Кабардино-Балкария бэйэ-бэйэлэриттэн олох ыкса ыаллаһа олороллор. Кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар тохтоло суох мэлдьи күрэхтэһэллэр. Ону тэҥэ Дагестан иһигэр аан дойдуга биллэр тустуу оскуолалара бааллар. Олор иитиллээччилэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта тустан сайдаллар. Өссө даҕатан этэр буоллахха, биһиги сорох улуустарбыт икки ардыларыгар сырыы да суох: ыраахтара да бэрт, суол-иис да суох, айаммыт төлөбүрэ да ыарахан. Төһөлөөх элбэх оҕо ол иһин сайдыбакка хаалара буолуой?
Кырдьык, Өймөкөөн улууһуттан Уус Алдаҥҥа дуу, биитэр Дьокуускайга дуу оскуола оҕолоро сотору-сотору күрэхтэһэ бараллара кыаллыбата чахчы. Сылга биирдэ кытыннахтарына махтал. Сиринэн 1000 килэмиэтири айанныыллар, оттон сөмөлүөтүнэн биир уһугар 20-чэ тыһыынча солк. төлүүллэр. Оттон Осетияттан Чечняҕа диэри баарасуоҕа 156,6 км, онно эбии суоллара көбүс-көнө аспаал. Ол иһин биһиги тустууктарбыт элбэхтэ күрэхтэһэ баралларын хааччыйар курдук үп көрүллүөх тустаах. Кыһалҕа төрдүн билбэккэ сылдьан, тустууктарбытын уонна тириэньэрдэрбитин сиилиир табыллыбат.
Түмүктүүр буоллахха, Саха сиригэр спорт балаһыанньата хобдох. Үбүлээһин улааттаҕына эрэ, спорт бары көрүҥнэригэр ситиһиилэр баар буолуохтара. Михаил Гуляев бу эйгэни биэс тарбаҕын курдук билэр буолан, кыһалҕа дириҥээн иһэрин өйдөөн, ону аһаҕастык этэр уонна норуот дьокутаатын быһыытынан туруорсар соруктаах. Сокуону оҥорор уонна толорор уорганнар, биир санаанан салайтаран, спорт сайдыытын туһугар сөптөөх үлэни ыыталларын күүтэбит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0