Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын ырыынагар биир дьоһун миэстэни ылар «Чүүйэ» муниципальнай унитарнай тэрилтэ сүөһү иитэр комплекса тигинэччи үлэлии турар. 2013 сыллаахха манна улуус салалтатын быһаарыытынан, истиэп кыһыл боруодата сүөһүлэри аҕалбыттара.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын ырыынагар биир дьоһун миэстэни ылар «Чүүйэ» муниципальнай унитарнай тэрилтэ сүөһү иитэр комплекса тигинэччи үлэлии турар. 2013 сыллаахха манна улуус салалтатын быһаарыытынан, истиэп кыһыл боруодата сүөһүлэри аҕалбыттара.

Ол гынан баран, бу сүөһүлэр бастакы көлүөнэ ыанньыктара сааһыраннар итиэннэ оҕолоругар бэйэлэрин хаачыстыбаларын ситэ биэрбэт буоланнар, боруоданы уларытыы боппуруоһа сытыытык турбута.

-- Быйыл саас Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн племенной сүөһүнү атыылаһыыга көрүллэр субсидияны ылары ситиһэммит, ыраас хааннаах 40 симменталы ылыахтаахпыт, ‒ диэн быһаарда тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иннокентий Семенов. ‒ Бу истиэп кыһыл боруодата ынахтар ахсыс ыамнарыгар сылдьаллар. Сааһырдылар, үүт ылыллара мөлтөөтө, ол иһин, ыраас хааннаах симменталга көһөр быһаарыыны ылынныбыт. Эһиил эмиэ племенной сүөһүлэри ылыыга министиэристибэни кытта үлэлэһэр былааннаахпыт. Ньурба улууһуттан И.В.Николаев-Бытык Уйбаан аатынан «Күндээдэ» аахсыйалаах уопсастыбаттан 20 тиҥэһэни атыылаһарга кэпсэппиппит.
Күтэр Саахтаахха сүөһү маҥырыыра иһиллэр буолуоҕуттан, «Чүүйэ» хаһаайыстыба үлэлээбитэ ахсыс сылын ааһарыгар чугаһатан эрэр. Хаһаайыстыба тэриллиэҕиттэн үлэлиир, кыһыл боруоданы бэйэтэ тиэйсэн аҕалбыт зоотехник Иван Петров былырыын Смоленскайга бара сылдьан көрбүт симменталларыгар тэҥнээн, Күндээдэттэн кэлбит симменталлары эмиэ олор курдук быһыылаах-таһаалаах эбиттэр диэн көрөр. Уҥуохтарынан илин эҥэр симменталларыттан арыый кыралар, атахтара кылгас, киппэ соҕустар диир. Ол сүөһүлэри нууччалар «симментальская сычевка» диэн ааттыыллар эбит.

Арка_--_3.JPG
Алтынньы 10 күнүн киэһэтигэр, икки суукка айаннаан, Күндээдэттэн 18 ыраас хааннаах тиҥэһэ тиэллэн кэлбитэ. Аҕыйах тиҥэһэ уулааҕа биллэр. Улуус бэтэринээрдэрэ хас уулааҕын быһаарыахтара. Бэтэринээр управлениетын начаалынньыга Саргылаана Тополина кэлбит сүөһүлэр 30 хонук устата туспа туруохтара, анаалыс ыланнар, доруобуйаларын туругун быһаарыахпыт диир. Харахха көстөрүнэн, тиҥэһэлэр туруктара үчүгэй курдуктар, үчүгэйдик аһаан улааппыттара биллэр. Чүүйэлэр маны таһынан “Тумул” кэпэрэтииптэн уонна “Хорообут” хаһаайыстыбаттан уоннуу симменталь тиҥэһэни атыылаһыахтаахтар. Ол ороскуотун 90 бырыһыанын ТХМ толуйар.
‒ Урукку боруода 334 сүөһүлээхпит, ‒ диир Иван Васильевич. ‒ 120 ынаҕы ыан, күҥҥэ 680 киилэ үүтү туттарабыт. Үүппүт былаана
500 туонна этэ, 70-ча туонна хаалан турар, кэлэр икки ыйга толоруохпут. Үүтү Табаҕаҕа «Саханацпродукт» кэпэрэтиипкэ (Роман Герасимов) туттарабыт. Күн өрүү-өрүү кэлэн ылаллар.
Хаһаайыстыба кэлэктиибэ, сүрүннээн, уларыйан, үлэтигэр саҥа дьонноох кыстыкка киирдэ. Саҥа тиэхиньикэ ылыллан, подсолнух курдук үүнээйини быраактыкаҕа киллэрэн, дьэ үчүгэйдик тэринэн үлэлиир суолга киллэрэн баран, тэриллиэҕиттэн салайбыт Святослав Кириллин атын үлэҕэ баран, билигин хаһаайыстыбаны эдэр, эрчимнээх салайааччы Аркадий Лукин салайар. Киниэхэ солбуйааччытынан Афанасий Илигяев буолар. Елена Сокольникова уонна Федор Анисимов ыанньыксыттыыллар. Кыһынын тыраахтары муоһалыыр төһүү күүс үлэһиттэрэ – Чүүйэ олохтооҕо Николай Скрябин. Барыта, саҥалыын, түөрт тыраахтардаахтар.

Арка_--_4.jpg
-- Сототтон, өтөхпүтүттэн, манна үлэ миэстэлэрэ тахсыбыт сурахтарын истэммит, кэргэним Светлана Филипповалыын үлэлии кэллибит, -- диир Руслан Федотов. – Былырыын үлэлээбит буоламмыт, билэр тэрилтэбит. Ньирэй көрөбүт. Түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ олоробут. Сылаас, хотон ититиллэр систиэмэтигэр холбонон турар. Дьиэҕэ өссө биир ыал баар уонна биир кыбартыыраҕа ыанньыксыт Елена Власьевна, бииригэр икки эр киһи олороллор. Үлэлиир да, олорор да усулуобуйа үчүгэй. Үлэлиир баҕа баар.

Нэһилиэк урукку холкуос аатынан «Кыһыл тыраахтар» диэн 120 гаалаах бааһынатыгар уонна Хара нэһилиэгэр 80 гаалаах Бырыыга, Дмитрий Назаров 10 гаалаах, Хаадьаҕар алаас үрдүнэн баар бааһынатыгар бурдук ыһан тураллар. Олорун урулуоннуу сылдьаллар. Иллэрээ сылтан саҕалаан комплекс таһыгар 10 гааҕа подсолнуҕу ыһан боруобалаабыттар. Иллэрээ сыл курааннаан үүммэтэх буоллаҕына, быйыл бэркэ үүнэн, сайын улуус олохтоохторо оҕолорун-урууларын илдьэ кэлэн хаартыскаҕа түһэр миэстэлэрэ буолбута. Иван Петров бэлиэтииринэн, аһа өлгөм, умнаһа суон буолан, сиилэскэ элбэх маассаны тэбэн биэрэринэн ааттаах эбит. 600-түү туонна күөх маасса угуллар тырансыайалардаах сиилэстэрин дьааматын аҥаарын толорбуттар. Чүүйэ эбэтигэр уонна Хаҥалас улууһун Тойон Арыытыгар 500 туонна оту оттообуттар. 200 туоннаны Төхтүртэн атыылаһарга дуогабардаахтар. 100-чэ туоннатын тиэйэн аҕалбыттар.

Арка_-5.jpg
Сайылыктара ситэ илик. Урукку сэбиэскэй кэмнээҕи, Аммалыыр суолтан чугас сайылыгы сөргүтэр былааннаахтар. Үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ тутуллубута. Эргэ титиигин саҥардыахтаахтар. Титииккэ Германия “ГЕА Фарм” хампаанньатын ынаҕы ыыр систиэмэтин (саалатын) атыылаһар баҕалаахтар, тоҕо диэтэххэ, комплекска ити систиэмэнэн ыы сылдьаллар, билэр тэриллэрэ. “Чүүйэ” муниципальнай унитарнай тэрилтэҕэ, ити курдук, сыыйа боруоданы уларытан, бэйэтин көрдөрөн кэлбит симментал боруоданы иитиигэ былааннаахтык көһүү саҕаланна.


  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением