Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Сүөһүнү-сылгыны иитии – сахалар төрүт дьарыкпыт. Ити эрээри, уһун тымныы кыһыннаах, кылгас сайыннаах хотугу сиргэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салалтатыгар ылсыбыт эрэ киһи барыта кыайбат, туппут эрэ барыта туругурбат. Манна мындыр өй, тулуур-дьулуур, өтө көрүү, ааҕыныы-суоттаныы, барыллааһын-былааннааһын ирдэнэр.

Сүөһүнү-сылгыны иитии – сахалар төрүт дьарыкпыт. Ити эрээри, уһун тымныы кыһыннаах, кылгас сайыннаах хотугу сиргэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салалтатыгар ылсыбыт эрэ киһи барыта кыайбат, туппут эрэ барыта туругурбат. Манна мындыр өй, тулуур-дьулуур, өтө көрүү, ааҕыныы-суоттаныы, барыллааһын-былааннааһын ирдэнэр.

Иван Константинович Сивцевы биһиги, хатастар, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар, эстибит «Хатас» сопхуос чээрэтигэр тэриллибит «Хатас» кэпэрэтиипкэ үлэлии кэлиэҕиттэн билэбит. Билигин санаатахха үлэтин саҕалыыр эдэр киһиэхэ оччолорго олус да ыарахан эбит: хамнас диэни сылы сылынан көрбөтөх үлэһиттэр, оҥоруохха-тутуохха диэтэххэ мэһэй элбэҕэ, туох да өйөбүл суоҕа… Дьэ манна «саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыллар киниэхэ улахан оруолу оонньообуттар. Ааҕан-суоттаан үлэлиир исписэлииһи бэлиэтии көрөн, Дьокуускай куорат салалтата тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар үлэҕэ ылбыта. Ити кэмҥэ олох хардыытынан, «Хатас» кэпэрэтиип аата-суола, киэбэ, үлэлиир ньымата уларыйан-тэлэрийэн, «Баҕарах» диэн хааччахтамыт эппиэтинэстээх хаһаайыстыбаҕа кубулуйбута. Итини Иван Сивцев сурах хоту эрэ истэр буолбатах этэ, дьиҥ чахчы ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран, «маннык гыннахха үчүгэй буолаарай» диэн иилэспитэ-саҕаласпыта, тэрийсибитэ. Онтон 2019 сыллаахтан быһаччы салайааччы быһыытынан ананан кэлбитэ.

-- Быйыл оттооһун кэккэ ыарахаттардаах этэ, ол да буоллар, икки биригээдэни туруоран, 1 861 туонна оту оттоон, былааммытын 103,4 % толордубут, сиилэһи 800 туонна оннугар 857 туоннаны уктубут, – диэн кэпсиир Иван Константинович. Инньэ гынан, кыстыкка сөп буолар астаах-үөллээх киирдибит. Биллэн турар, итэҕэс-быһаҕас ханна барыай, ол эрээри, үлэ-хамнас былаан быһыытынан баран иһэр. Сыыппараларынан этэр буоллахха, барыта 715 сүөһүлээхпит, ол иһиттэн 386 ыанар ынахтаахпыт. Хамнас кэмигэр төлөнөр. Баалабайынан 684 туонна үүтү ыатыбыт, 672 туонна үүтү туттаран, былааммытын 83 % толорон иһэбит.

-- Үлэҕитигэр сахалыы сиэри-туому төһө тутуһаҕытый?
-- Саха айылҕа оҕото, айылҕаны кытта алтыһыыга үйэттэн үйэҕэ бэриллибит үгэстэри тутуһабыт. Кыстыкка киириигэ, сайылыкка көһүүгэ, оттооһуҥҥа, төрүөх кэлиитигэр уо.д.а анаммыт туомнары толортуубут. Ыһыахха нэһилиэк дьонун кытта бииргэ Сиэллээх аартыкпытыгар хайаан да киирэбит. Бэйэбит түһүлгэбитигэр анал бырагыраамалаах, эстрада сулустара кыттыылаах тэрээһин ыытабыт.
«Баҕарахха» барыта 50 киһи, араас көлүөнэ дьон иллээхтик-эйэлээхтик, биир сыалы-соругу туруорунан үлэлииллэр. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Екатерина Олесова кэргэнинээн, Валерий Перфильевичтыын, үлэлэрин ыстааһа 40-чалыы сыл. Олесовтар алта оҕону күн сирин көрдөрөн, иитэн-үөрэтэн олох киэҥ аартыгар таһаардылар. Күн бүгүн көлүөнэ ситимэ буолан туран, хаһаайыстыбаҕа сүөһү иитиитин араас салаатыгар үлэлииллэр: Екатерина кыыһа Аграфеналыын ыанньыксыттыыллар, аҕалара сайынын бостууктуур, кыһынын комплекска сүөһү аһатар.

Хатас_кыстык_-_2.jpg

Уопуттаах ыанньыксыт Елена Ксенофонтова кэлэктиип биир төһүү үлэһитэ, эдэрдэргэ холобур буолар настаабынньык. Кини бу пиэрмэҕэ үлэлээбит отуттан тахса сылын устатын тухары төһөлөөх элбэх уларыйыы-тэлэрийии буолбута буолуой? Сопхуос ыһыллыаҕыттан инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан диэбит курдук күннэр-дьыллар, эмиэ да саҥалыы саҕалаан инникигэ эрэл үөскээбит кэмнэрэ... барыта баара. Дьылҕа хаан кытаанах ыйааҕынан үс оҕотун соҕотоҕун ииппитэ, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагыраматынан дьиэ туттубута. Билигин оҕолоро улаатаннар, ийэлэригэр көмө-тирэх буолаллар.

Салайааччыбыт бэйэтигэр да, биһиэхэ да ирдэбиллээх, ол тэҥинэн кыһамньылаах, үлэлиир усулуобуйаны тэрийэргэ кыһанар, – диир кини. – Бээтинсэ аайы бары мустан мунньахтыыр буоламмыт, үлэбит хаамыытын үчүгэйдик билэбит, кыаллыбат баар буоллаҕына, ону уопсай сүбэнэн туоратабыт. Ыанньыксыттар сэттиэбит, хас биирдии ыанньыксыт 50-чалыы ынаҕы ыыр. Биллэн турар, ынах маассабай төрүөҕэ саас буолар эрээри, үүтү сылы эргиччи ыыр туһугар зоотехник Ольга Слепцова уонна осеменатор Вероника Гермогенова тэрээһиннэринэн, ынахтарбыт ыйдарынан аттарыллан төрүүллэр. Вероника Гермогенова осеменатордыырын таһынан бэтэринээр буолан, сүөһү чэгиэн-чэбдик буоларыгар кыһанар, эмтиир-сэртэр үлэни тиһигин быспакка ыытар. Билигин төрүөх кыралаан саҕаланан эрэр. Муҥутаан элбэх үүтү сайын ыыбыт, пиэрмэ үрдүнэн күҥҥэ 3800-4000 туоннаны туттарааччыбыт. Билигин күҥҥэ 2000 туоннаны туттарабыт. Хамнаспыт ким төһөнү ыырынан, онон үүккэ интэриэс улахан.

«Баҕарахтар» нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор-дьаһаҕар көхтөхтүк кытталлар. Ол туһунан Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Евгений Пермяков маннык этэр: 
-- Мин Иван Сивцевы Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар үлэлиир сылларыттан билэбин, онон «Баҕарах» салайааччыта буолбутуттан олус үөрбүтүм. Бэйэтэ идэтинэн зоотехник уонна салайар үлэҕэ уопуттаах буолан, үп-харчы хамсааһынын, уопсай салалта үлэтин хайысхатын үчүгэйдик билэр. Кэлэктииби түмэрэ, сыалы-соругу табан туруорара, былааннааһыны уонна барыллааһыны таба туһанара, уруккуну уонна билиҥҥини сатаан алтыһыннарара атыттарга холобур буолуон сөп. Өссө биир сыаналыыр өрүтүм үлэһиттэри сиэрдээхтик сыаналыыр, ол биллэн турар, таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ кырата суох оруоллаах. Онон даҕаны буоллаҕа, «баҕарахтар» нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар көхтөөтүк кытталлар, бары улахан тэрээһиннэргэ көмө-тирэх буолаллар.

  • 8
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31