Дьэ ити иһин, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тэрээһининэн, федеральнай пилотнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ племенной статустаах хаһаайыстыбаларыгар (саха сүөһүтүн иитэр генопуонда тэрилтэтигэр итиэннэ симменталь уонна холмогор боруода сүөһүлэри иитиигэ идэтийэр хаһаайыстыбаларга) улахан үлэ ыытыллан, сүөһү боруодата, төрдө-ууһа төрдүс көлүөнэҕэ тиийэ чопчуланан, «Селэкс – молочный скот» бырагыраамаҕа киллэриллэ сылдьар.
Саҥа дьыл үүнээри ахан турдаҕына, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, «Саха сүөһүтэ» генопуонда тэрилтэтин, «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин уонна Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институт исписэлиистэриттэн састааптаах оробуочай хамыыһыйа Эбээн Бытантай национальнай улууһугар баран үлэлээн кэллэ.
Сыалбыт – федерация билинэрин ситиһии
Ол туһунан «Сахаагроплем» тэрилтэ исписэлииһэ, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига Татьяна Протопопова маннык кэпсиир:
– Пилотнай бырайыагынан ыытыллар үлэбит үчүгэйдик түмүктэнэн бигэргэннэҕинэ, федеральнай бырагыраамаҕа саха сүөһүтүн эстэн эрэр, бэйэбит төрүт боруодабыт, оттон симменталбытын уонна холмогорбутун саха сүөһүтэ булкаастаах, олохсутуллубут боруода быһыытынан бигэргэттэрэри ситиһиэхпит. Оччотугар саха сүөһүтүгэр федерацияттан көрүллэр субсидия икки төгүл элбиэхтээх. Оттон симменталга уонна холмогорга идэтийэр хаһаайыстыбаларбытыттан сыл устатыгар ынахтан 5000 киилэ үүтү ыыр ирдэниэ суох этэ, билигин дойду үрдүнэн туруоруллар ити ирдэбилтэн сылтаан, элбэх хаһаайыстыбабыт племенной статуһу кыайан ылбакка, федеральнай субсидияттан матан олороллор. Онон, уобарастаан эттэххэ, урукку сылларга үлэлээбит аҕа көлүөнэ, билигин үлэлии сылдьар дьоммут хара көлөһүннэрин кыһыл көмүскэ кубулутар туһугар унньуктаах үлэ ыытылла сылдьар.
Бу ааспыт 2022 сылга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Сүөһүнү иитиигэ, племенной үлэни кэтээн көрүүгэ, кэпэрээссийэҕэ уонна хаһаайыннааһын дьоҕус киэптэригэр департаменын салайааччытын солбуйааччы, биология наукатын хандьыдаата Галина Осипова уонна «Сахаагроплем» салайааччыта Алексей Жирков көҕүлээһиннэринэн, «Саха сүөһүтэ» генопуонда тэрилтэтин хас биирдии салааларыгар уонна тирэх хаһаайыстыбаларыгар цифровой инвентаризация, бонитировка, линейнай сыанабыл үлэлэрэ күүскэ ыытылынна.
Саҥа дьыл иннинэ алта киһилээх оробуочай бөлөх: министиэристибэттэн Галина Осипова, ТХНЧИ-ттэн Прасковья Пермякова, «Сахаагроплемтэн» мин, «Саха сүөһүтэ» генопуонда тэрилтэтиттэн Степан Заровняев, Алексей Варламов уонна Егор Таппаров буоламмыт, Эбээн Бытантай национальнай улууһугар үлэлээн кэллибит. Сэбиэскэй былаас саҕана манна «Ленинскэй» сопхуос диэн баара, элбэх ынах сүөһү иитиллэрэ. Киинтэн ыраах сытар буолан, симменталь уонна холмогор о.д.а. араас боруода илдьиллибэтэҕэ. Инньэ гынан, ыраас хааннаах саха сүөһүтэ бу түбэҕэ эрэ ордон хаалан, төрүт сүөһүбүтүн сөргүтэргэ тирэх буолбута. Билигин «Саха сүөһүтэ» генопуонда тэрилтэтин салаата Саккырыырга уонна Кустуурга баар. Биһиги олорго итиэннэ тирэх хаһаайыстыбаларга сылдьан, төрүт сүөһүбүт төрдүн-ууһун, ийэтин-аҕатын чопчу быһааран, линейнэй сыанабыл оҥордубут, саха ынаҕын бородууксуйа биэрэр хаачыстыбатын методикатын оҥорорго тирэх буолар чахчылары хомуйдубут. Хаһаайыстыбалар туруктарын көрдүбүт-иһиттибит, үлэ кэлэктииптэрин кытары көрүстүбүт.
Матырыйаалынай-тиэхэньиичэскэй базаны хаҥатыы чэрчитинэн, Саккырыырга үс сыллааҕыта толору хааччыллыылаах сүөһү иитэр комплекс тутуллубута. Ону Светлана Дмитриевна Слепцова салайааччылаах кэлэктиип бэркэ көрөн-истэн олорор эбит. Күн бүгүҥҥү туругунан, 116 сүөһү, ол иһигэр 39 ыанар ынах баар. Оттон Кустуурдааҕы салааҕа (салайааччы Максим Ильич Аммосов) 156 сүөһү, ол иһигэр 48 ыанар ынах турар.
Ааспыт сайын оттуурга төһө да уустуктар үөскээтэллэр, кыстыыр отторун хааччыммыттар, билиҥҥитэ улаханнык саҥарыллыбат да буоллар, сүөһүлэр туруктара куһаҕана суох.
Даҕатан эттэххэ, селекционер учуонайдар ынах сүөһү хаачыстыбатын биир бэлиэтэ кини атаҕа буоларын ыйаллар. Холобур, саха ынаҕын атаҕа үрдүк хобулукка үктэнэн турар үҥкүүһүт кыыс атаҕын курдук, туйаҕа чиргэл, өссө лаахтаабыт курдук кып-кылабачыгас! Оттон симменталь, гольштин о.д.а. курдук киһи бэйэтэ ууһатан таһаарбыт култуурунай боруода ынахтар туйахтара араастаан сараччы үүнэн, сотору-сотору сарбыллар, ити кинилэр төһөнөн сааһыраллар да, организмнара соччонон айгырыырын бэлиэтэ буолар.
- 3
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0