Кыстыыр от 84 %-а
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күн бүгүн 241 420 ынах сүөһү, ол иһигэр 80 385 ыанар ынах итиэннэ 246 468 сылгы, ол иһигэр 118 603 биэ баар.
– Идэһэҕэ туттубут кэнниттэн мантан, быһа холуйан эттэххэ, 30 %-а көҕүрүөҕэ, – диир министиэристибэ Сүөһүнү иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменын эппиэттээх исписэлииһэ Григорий Готовцев. – Билигин хаһаайыстыбалар сайылыктарыттан кыстыктарыгар саҥа көһөн киирэннэр, төһө оттоохторунан көрөн, хас сүөһүнү иитэ хаалларалларын ааҕына-суоттана сылдьаллар. Онуоха биири эрэллээхтик этиэххэ сөп: төрүөҕү биэрэр ийэ сүөһүнү көҕүрэтиэхтэрэ суоҕа.
Алтынньы 4 күнүнээҕи туругунан, 385 тыһыынча туонна от оттонон, сыл тахсар от 84 %-а хааччыллыбыт. Маны таһынан 22 892 туонна сиилэс (былаан 85 %-а) угуллубут, 10 488 туонна сенаж (былаан 71 %-а) бэлэмнэммит. Кырыымчык оттоох улуустарга оту өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕаларга быһаарыллыбыта. Ол эрээри Амур уобалаһыгар уонна Забайкальеҕа сибиинньэ Африкатааҕы чумата турбута бэлиэтэнэн, оту ити эрэгийиэннэртэн кураантан ордук эмсэҕэлээбит улуустарга аҕалар, оттон былааннарын 80 %-ын толорбут улуустарга нэһилиэктэр икки ардыларынан мэнэйдэһэр, атын улуустартан бэриһиннэрэр сорук туруорулунна.
Өбүгэ үгэһинэн
Хаҥалас улууһун саамай бөдөҥ хаһаайыстыбата, II Малдьаҕар нэһилиэгэр баар «Бөртө» сылгы собуота» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (салайааччы Александр Павлов) алаастара курааннааннар, окко былаанын толорботох. Сайын түөрт толору мэхэньисээссийэлээх биригээдэни туруоран, 2 589 туонна оту, 700 туонна сиилэһи уонна 334 күөх маассаны бэлэмнээбит. Истэргэ баһархай сыыппара курдук эрээри, элбэх сүөһүлээх-сылгылаах хаһаайыстыбаҕа бу татым эбит. Ити иһин «Бөртө» отордооһун курдук эти-үүтү оҥорууга тирэх буолар саха төрүт үгэһин көдьүүстээхтик туһаммыт. Араҕас атыыр учаастагар бостуук Владимир Голоков көрүүтүнэн-истиитинэн сайылаабыт 302 субан сүөһүтүн Өлүөнэ өрүс арыытыгар өссө балаҕан ыйын 15 күнүгэр отордото киллэрбит. Онтон Сахсаа сайылыгар Валентин Степанов көрүүтүнэн сайылаабыт 120 калмык сүөһүтүн ааспыт нэдиэлэҕэ эмиэ арыыга көһөрбүт.
– Алаастарбыт курааннаан хааланнар, оппут быйыл дьэ, кырыымчык буолсу, – диир хаһаайыстыба биригэдьиир зоотехнига Ульяна Семенова. – Инньэ гынан, калмык сүөһүлэрин уонна субаннарбытын арыыга киллэрдибит. Кыс хаар түһүөр, улахан тымныы буолуор диэри холкутук сылдьыахтара, бэйэлэрэ бостууктардаахтар уонна быстах турар хотонноохтор. Ити 300-тэн тахса сүөһүнү билиҥҥиттэн хотоҥҥо хаайан кыһыҥҥылыы аһаттахха, туох бэйэлээх ото тук буолуой? Арыы барахсан алаас курдук буолуо дуо, кэм нүөл, кэнчээритэ үчүгэй, онон биир ыйынан өссө уойан-тотон, куҥнанан кэлиэхтэрэ.
Хотоннор бэлэмнээхтэр
Хаһаайыстыба ааспыт сылларга “Туймаада” ҮАПК чэрчитинэн 400 ынар ынахха анаммыт толору хааччыллыылаах икки комплексы туттан үлэҕэ киллэрбитэ. Сүөһүлэр сайылыкка тахсыбыттарын кэнниттэн, хотоннор куурдуллубуттар, салгылатыллыбыттар, истэрэ-тастара ыраастаммыт. Ханна наада буоларынан көрөн, быстах өрөмүөн ыытыллыбыт, муоста сөргүтүллүбүт. Бэтэринээринэй учаастак исписэлиистэрэ кыраапык быһыытынан кэлэннэр, дезинфекция дьаһалларын тэрийбиттэр, атыннык эттэххэ, араас сыстыганнаах ыарыылары көбүтэр үөнү-көйүүрү суох оҥорор эмтээх уунан ыстарбыттар. Онон хотоннор 309 ньирэй уонна 360 ыанар ынах сайылыктан киирэллэрин толору бэлэмнээх көрсүбүттэр.
Хаһаайыстыба ньирэйин икки сиринэн сайылаппыт. Ол курдук, Уу Көхсүн сайылыгар Софья Аркадьева, Герман Аргылов уонна Леонид Анастатов, оттон Куоһаҕаска Любомир Лотов уонна Дьулус Слепцов биирдии бэйэлэрэ нуорма быһыытынан 60-нуу ньирэйи көрбүттэр-истибиттэр. Курааннаан, мэччирэҥ төһө да мөлтөх буоллар, көрүү-истии күүһүнэн, ньирэйдэр туруктара куһаҕана суох. Ый ахсын ыытыллар ыйааһын көрдөрөрүнэн, биир ньирэй сууккатааҕы орто эбиллиитэ 600 грамм буолбут, бастыҥнар 800 грамҥа, өссө сорохтор биир киилэҕэ тиийэ эбиллибиттэр.
Ынахтан 2 400 киилэ үүт
Ыанар ынах үс сайылыгынан сайылаабыт. Уу Көхсүгэр Раиса Борисова, Нина Анастатова, Анна Слепцова, Семен Шишигин, Куоһаҕас сайылыгар Екатерина Иванова, Саргылаана Осипова, Ульяна Архипова, Лариса Лукина, Мондурахха Светлана Трофимова, Анастасия Таппыева, Марина Татаринова биирдии бэйэлэрэ отуттуу ынаҕы ыабыттар. Александр Абрамов, Семен Шишигин, Валентин Яковлев, Дьулус Слепцов уонна Валерий Ефремов бостууктаабыттар. Мэччирэҥ төһө да халтаҥ буоллар, сүөһүнү табыгастаах сирдэринэн мэччиппиттэрин түмүгэр, пиэрмэ үрдүнэн сыл саҕаланыаҕыттан балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри 668 туонна үүт, ол эбэтэр биир фуражнай ынахтан 2 400 киилэ үүт ыаммыт!
– Ынах ахсыттан ортотунан 2 700 киилэ үүтү ыатахпытына, сыллааҕы былааммытын толоробут, – диир Ульяна Степановна эрэллээхтик. – Көһүү түбүгэр ыаммыт көрдөрүүтэ түһэ сылдьан баран, саҥа тахсан эрэр. Күҥҥэ икки туонна үүтү ыыбыт. Билигин ынахтарбытын уонна ньирэйдэрбитин кыһыҥҥылыы аһатан эрэбит, от уонна сиилэс сиэтэбит. Окко былааммытын толорботубут да буоллар, үөһэттэн баалкылаан, 100 туонна оту илдьэ бардылар, «Новай» сопхуоска. Инньэ гынан, курбутун өссө ыга тардынар буоллубут. Төһө ынаҕы кыстатарбытын ректальнай көрүү түмүгүнэн быһаарыахпыт. Биллэн турар, ыанньык ахсаанын аччатыахпыт суоҕа, кырдьаҕастары сыыйталыахпыт. Калмык сүөһүтүн хайдах быһаарарбытын бырабылыанньаҕа сүбэлэһэ сылдьабыт, биһиэхэ, үүккэ үлэлиир хаһаайыстыбаҕа, төрүт көдьүүһэ суох сүөһүлэр эбит диэнтүмүккэ кэллибит. Оттон субаннартан үүттээх ынахтар удьуордарын талан, 30 тыһы тыһаҕаһы племенной атыыга биэриэхпит уонна 30 тыһаҕаһы иитиигэ хаалларыахпыт, ыанньыкка солбук наада. Атыттарын эккэ «туттуохпут».
Комиттан 40 тыһаҕас
Өлгөм үүтү, эмис эти ылыыга сүөһү боруодата улахан оруоллаах. Ити иһин, племенной үлэни тиһигин быспакка ыытар, хаһаайыстыбаларга кэмиттэн кэмигэр сүөһү хаанын уларытар, тупсарар ирдэнэр.
«Бөртө» Коми Өрөспүүбүлүкэтиттэн 40 тыһаҕаһы атыыласпыт, бастакы баартыйа 20 тыһаҕас ааспыт нэдиэлэҕэ кэлбитин, харантыыҥҥа туруорбуттар. Сабыылаах массыынанан икки нэдиэлэ усталаах ыраах айаны барахсаттар бэркэ тулуйбуттар, улаханнык илистибэтэхтэр. Хаһаайыстыба салалтата бу тыһаҕастары харантыын кэнниттэн түөрт уопуттаах ыанньыксыкка туттарарга быһаарбыт. Иккис баартыйа сотору кэлиэҕэ, айаннаан иһэллэр дэһэллэр.
Быраактыкалана сылдьаллар
Биһиги сибээстэһэр кэммитигэр болдьообут курдук, АГАТУ бэтэринээрийэҕэ факультетын устудьуоннара, 18 оҕо, быраактыкаҕа кэлбит эбиттэр.
Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ буолуохтаах эдэр дьоннор хаһаайыстыбаҕа сылдьан күннээҕи үлэни-хамнаһы билсэллэрэ, бэйэлэрэ тутан-хабан үлэлииллэрэ кэнэҕэски идэлэрин баһылыылларыгар тирэх буолара өйдөнөр. Бастакы күннэргэ ынахтарга битэмиин укуолун биэрэргэ көмөлөспүттэр итиэннэ техник-осеменатор Светлана Васильева УЗИ аппаратынан ынахтар ис уорганнарын бэрэбиэркэлиирин көрбүттэр-истибиттэр. Ону таһынан пиэрмэ кыбыытын ыраастаабыттар. Ити курдук, дьарыктара күн аайы уларыйан иһэр.
* * *
Күн бүгүҥҥү туругунан барыта холбоон биир тыһыынча ынах сүөһүлээх «Бөртө» сылгы собуота» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ сүөһүлэрин наардаан, субан өттүн отордото ыытан, ньирэйдэрин уонна ыанньыктарын хотоннорунан араартаан, орун-оруннарын буллартаата. Кыстык саҕаланна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0