Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Сандал сааскы сандаархай кэми кытта санаабыт-онообут эмиэ тэҥҥэ сырдыыр, сымныыр-сылыйар. Ону кытта айар-тутар суол аартыктара тыргылла арылланнар, кэлии-барыы, сэргэхсийии, сүргэ көтөҕүллүүтэ буолар. Хатас нэһилиэгин олохтоохторо бу көстүүнү саас ахсын сэргии-кэрэхсии кэтэһэллэр. Быйыл  Хатаска 27 төгүлүн ыытыллар “Ыллыыр оҕо саас” күрэх оҕо аймаҕы муста.

Сандал сааскы сандаархай кэми кытта санаабыт-онообут эмиэ тэҥҥэ сырдыыр, сымныыр-сылыйар. Ону кытта айар-тутар суол аартыктара тыргылла арылланнар, кэлии-барыы, сэргэхсийии, сүргэ көтөҕүллүүтэ буолар. Хатас нэһилиэгин олохтоохторо бу көстүүнү саас ахсын сэргии-кэрэхсии кэтэһэллэр. Быйыл  Хатаска 27 төгүлүн ыытыллар “Ыллыыр оҕо саас” күрэх оҕо аймаҕы муста.

Балаһыанньаҕа киирбит саҥа ньыманан, күрэххэ кэтэхтэн эмиэ кытталлар. 27 сылын ыытыллар буолан, элбэх киһини көрсөргө элбэх ньыма, албас баар. Дьэ, холобур, күрэх кэнсиэрин кыттыылаахтара хас чааска кытталларын эрдэтинэ билэр буоланнар, сүүһүнэн оҕо  уһун күн устата сылайыахтарыгар диэри үмүөрүһэ сылдьыбаттар. Ыйыллыбыт чааска кэлэн, ыллаан-туойан, бэйэлэрин көрдөрөн бараллар. Бу күннээҕи туругунан күрэххэ 500-тэн тахса оҕо суруттарда: күргүөмүнэн ырыа, солистар, дуэттар, триолар, о.д.а.

ca4789c2 7fd0 4b71 8155 a4de5839cda6

Кэнсиэргэ ийэлэр, аҕалар, эбэлэр, эһэлэр, салайааччылар долгуйа, үөрэ-көтө биир тэтимҥэ, тыыҥҥа киирэн сылдьаллара көрөргө олус үчүгэй. Түмсүүлээх буолуу, сомоҕолоһуу, кэрэ эйгэҕэ кыттыһыы салгыныгар киирэн, киһи эрэ барыта сырдык сэбэрэлэнэр-сэргэхсийэр диэн көстүү манна баар.

edf5cf80 d5c7 49c7 938b 3d44ffa7fe06

Бүгүн Варвара, Афанасий Михайловтар уонна Оксана Гаврильева сарсыардаттан иккилии-үстүү буолан, ыалынан хомуллан,  сиэн оҕолор ырыа ылбаҕай ыллыгынан Хатастааҕы “Тускул” КК кэллилэр. Кинилэри кытта кэпсэттим:

 – Урукку өттүгэр күрэх диэни билбэтэх ыалбыт. Биһиги оннун-олоҕун булбут биир күдьүс күннээҕи олохпутун сэргэхситэр сиэннэр диэн минньигэстэй дьоннорбут - игирэ сиэн уолаттарбытын Костиктаах Максимы арыаллаан, атын эйгэҕэ киирэн турабыт. Дьоллоох оҕо саас күннэрэ диэн маны ааттаан эрдэхтэрэ буолуо. Аныгы олох хардыытынан сиэннэрбит төрөппүттэрэ хараҥаны силбэһиннэрэр түбүктээх үлэлээх дьоннор. Онтон маннык эппиэтинэстээх күҥҥэ бары бииргэбит. Инньэ гынан, маннык тэрээһиннэр оҕо талаанын, дьоҕурун арыйыытын ааһан дьиэ-кэргэн ис тутулугар эмиэ улахан суолталаахтар, –  диэн бэлиэтиир Варвара Михайлова.

64838265 500c 455c 958b 8b43546edc5f

– Варвара этэригэр толору сөбүлэһэбин. Маннык тэрээһиннэр оҕо кыбыстарын, куттанарын аһарынан, били этэргэ дылы, бэйэтин-бэйэтэ ыллыырын-туойарын көрдөрөрө олус үчүгэй. Мин ол туһунан сиэним Роберт Никитин холобуругар этиэхпин сөп. Бу олох соторутааҕыта “Хобо чуораан” күрэххэ сүрэхтэммитэ, онон бүгүн сыанаҕа ол күнтэн быдан атыннык таҕыста, – диир Оксана Гаврильева.

d1ef9deb 50f1 498e 88d1 3253d8f18fb2

“Ыллыыр оҕо саас”, “Хобо чуораан” күрэхтэр оҕо аймах сайдарыгар, үүнэригэр, эйэҕэс-сайаҕас, сэргэх буоларыгар тоҕоостоо уонна туһалаах тэрээһиннэр. Тэрийээччилэргэ, бэлэмнээччилэргэ махталбыт улахан.
Күрэх саҕаланна. Түбүктээх үлэ түмүгүн сарсын билиһиннэриэхпит.

  • 6
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением