Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр көдьүүстээхтик үлэлиир тосхоллортон биирдэстэрэ уонна сүрүннэрэ – “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” судаарыстыба бырагыраамата. Тыа сиригэр дьон олоҕун-дьаһаҕын таһыма уонна дохуота үрдүүрэ, эдэр ыччат олохсуйара, тыа хаһаайыстыбата сайдан, ас-үөл дэлэйэрэ барыта бу тосхол олоххо хайдах киллэриллэриттэн тутулуктаах диэн Улус Медиа иhитиннэрэр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр көдьүүстээхтик үлэлиир тосхоллортон биирдэстэрэ уонна сүрүннэрэ – “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” судаарыстыба бырагыраамата. Тыа сиригэр дьон олоҕун-дьаһаҕын таһыма уонна дохуота үрдүүрэ, эдэр ыччат олохсуйара, тыа хаһаайыстыбата сайдан, ас-үөл дэлэйэрэ барыта бу тосхол олоххо хайдах киллэриллэриттэн тутулуктаах диэн Улус Медиа иhитиннэрэр.

 5256094846026891563 121

“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020–2025 сылларга тыа сирин кэлимник сайыннарыы” судаарыстыба бырагыраамата Ил Дархан Айсен Николаев 2019 сыл ахсынньы 16 күнүнээҕи 906-с №-дээх Ыйааҕынан ылыныллыбыта. Бу тосхол РФ бырабыыталыстыбатын 2019 сыл ыам ыйын 31 күнүнээҕи уурааҕынан бигэргэммит тыа сирин кэлимник сайыннарыыга туһуланар судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа олоҕуран оҥоһуллубута. Биллэрин курдук, дойду үрдүнэн 2003 – 2012 сс. “Тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын сайыннарыы”, 2014 – 2019 сс. “Тыа сирин бигэтик сайыннарыы” тус сыаллаах федеральнай бырагыраамалар РФ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга судаарыстыбаннай тосхолун хос бырагырааматын быһыытынан үлэлээбиттэрэ.

Онон, кэлиҥҥи үс сылга тыа сирин сайыннарыыга дойду уонна эрэгийиэн таһымнарыгар ураты боччумнаах болҕомто ууруллар. Чопчу бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит ылыммыт бырагырааматын олоххо киллэриигэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сүрүн эппиэтинэһи сүгэр толорооччунан, Тутуу уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэлэрэ кыттыгас толорооччуларынан анаммыттара. Дьиҥэр, кыттыбат министиэристибэ, биэдэмэстибэ суоҕун кэриэтэ. Ол курдук суол-иис, энэргиэтикэ, хомунаалынай хаһаайыстыба, үөрэх, култуура, успуорт, социальнай көмүскэл эйгэтэ барыта хабыллар.

Бу тосхолу олоххо киллэрии түмүгэр 2025 сылга тиийэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 34,1 бырыһыана тыа сиригэр олорор 2020 сыллааҕы таһымын оннунан тута сылдьыы, куорат уонна тыа сирин дьиэ кэргэттэрин хаһаайыстыбаларын ыйдааҕы орто үптэрин-астарын сыһыаннаһыытын 75,1 бырыһыантан (2020 с.) 80 бырыһыаҥҥа тиэрдии уонна тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар толору хааччыллыылаах олорор дьиэ ылар өлүүтүн 2,2-тэн 6,6 бырыһыаҥҥа диэри элбэтии соруктара ситиһиллиэхтээхтэр. Мантан аллара бырагыраама үс сылыгар туох оҥоһуллубутун сырдатыахпыт.

IMG 20221216 WA0070

Ол иннинэ дьиҥ олоххо баар чахчыларга тохтоон ааһыахха. Тыа сирин уонна куорат ыалларын дохуоттарын сыһыаннаһыыларыгар саха тыатын сирин ылар өлүүтэ дойду орто көрдөрүүтүттэн лаппа үрдүк эрээри, тыа сиригэр толору хааччыллыылаах олорор дьиэни оҥостууга ырааҕынан хаалабыт (2019 сыллааҕы дааннайынан, 36 бырыһыаны утары – сыччах 2 бырыһыан этэ). Өссө ити өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар толору хааччыллыы ирдэбилигэр “көҕүрэттэр-чэпчэтинэр сир” (туалет) тоҕо эрэ киллэриллибэтэҕин үрдүнэн. Иккиһинэн, тыа сирин сайыннарыыга туһуламмыт тус сыаллаах федеральнай бырагыраама үлэлээбит 19 сылын устатыгар Арассыыйаҕа тыа сирин нэһилиэнньэтэ 4,5 %-нан аҕыйаабыт буоллаҕына, Саха сирин ойуччу ыллахха – 2 бырыһыан. Ити биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тосхол көдьүүстээхтик үлэлиирин туоһута буолуон сөп.

Оттон туох баар үлэ, биллэрин курдук, үпкэ-харчыга тирэҕирэр. Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирэ туһааннаах федеральнай бырагыраамаҕа Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн биир саамай элбэх үбү ылар субъегынан биллэрин, маныаха муниципальнай оройуоннар өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта ыкса үлэлэһэн, куонкуруска көхтөөхтүк кытталлара улахан оруоллааҕын мэлдьи бэлиэтиир. Соторутааҕыта Федерация Сэбиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ ыытыллар кэмигэр РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Людмила Компаниец “тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматын олоххо киллэрии бастакы сылыттан Саха сирэ көхтөөхтүк кыттан, бары эрэгийиэннэртэн элбэх үпкэ тиксэрин, кэлиҥҥи үс сылга 5,5 млрд солкуобайдаах көмөнү ылбытын” эттэ.

IMG 20221216 WA0068

СӨ судаарыстыбаннай бырагыраамата, бырайыак быһыытынан, 6 сыл (2020 – 2025 сс.) устатыгар 9 млрд 511 мөл. солкуобайынан үбүлэниэхтээх. Мантан 8 млрд солкуобайа федеральнай хааһынаттан көрүллэр, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 877 мөл., олохтоох бүддьүөттэртэн 389 мөл. уонна бүддьүөтү таһынан 236 мөл. солкуобай угуллуохтаах. Үп-харчы 3 дьаһал сүнньүнэн 7 хайысхаҕа тыырыллан тиийэр:

1.1 Тыа сирин дьонун сөптөөх уонна тупсаҕай дьиэнэн хааччыйар усулуобуйаны тэрийии. Олорор дьиэни тутарга (атыылаһарга) социальнай төлөбүр. Ааспыт өттүгэр тыа сиригэр олорор эрэ буоллар, тыа хаһаайыстыбатыгар эбэтэр социальнай эйгэҕэ үлэлиириттэн тутулуга суох, тыһыынчанан ыал саҥа дьиэлэммитэ. Саха сиригэр 2020 с. – 56, 2021 с. – 20 ыал социальнай төлөбүрүнэн туһаннылар. Быйылгы көрдөрүү өссө сэмэй: 11 дьиэ кэргэн холбоон 18,83 мөл. солкуобайы ылан, 900 кв. м иэннээх дьиэҕэ көһөн киирэрэ күүтүллэр.

Көстөрүн курдук, саҥардыллыбыт, кэҥэтиллибит бырагыраама үлэлиэҕиттэн кэтэх олорор дьиэни тутууга (атыылаһыыга) көрүллэр төлөбүр хас эмит бүк кыччаата. Тэҥнэбилгэ: 2019 с. 433 ыал 509,3 мөл. солкуобайы ылан, 31,4 тыһ. кв. м иэннээх дьиэни туттан киирбитэ. Туһааннаах исписэлиистэртэн тоҕотун туоһуластахха, кыра бырыһыаннаах “Тыа сирин ипотеката” сир ахсын киэҥник тэнийбитин кытта ситимнииллэр. Ону тэҥэ бырагыраама бэлиитикэтин нэһилиэнньэлээх пуун социальнай эбийиэктэригэр уонна инфраструктуратыгар туһаайбыта сабыдыаллыыра чахчы.

1.2. Муниципальнай тэриллиилэр наймы дуогабарынан исписэлиистэри олордор дьиэни туталларыгар көмөлөһүү.
Тыа сиригэр анал идэлээх исписэлиистэр тиийбэттэр. Онон, чуолаан, кытыы нэһилиэктэргэ бу дьаһалы биһирээтилэр. Бырагыраама маҥнайгы сылыгар үс нэһилиэккэ түөртүү кыбартыыралаах 2 дьиэ уонна 3 биирдэм (кэтэх) дьиэ, 2021 – 2022 сылларга түөрт нэһилиэккэ түөртүү кыбартыыралаах 2 дьиэ, икки кыбартыыралаах 1 дьиэ уонна 2 биирдэм дьиэ тутулуннулар. Кэлиҥҥи икки сылга 6 нэһилиэккэ 12 дьиэ кэргэн наймынан дьиэлэннилэр. Үүнэр 2023 сылга 37 мөл. солк. көрүллүбүтүгэр сүүмэрдээһин бу ахсынньыга ыытыллыахтаах.

1.3. Тыа сиригэр түөлбэлээн тутууга анаан суолун-ииһин, уотун-күөһүн оҥоруу.
Маннык үлэ 2020 с. Нам улууһун 2-с Хомустаах нэһилиэгэр Хатас Сэргэлээх түөлбэтигэр түмүктэммитэ. Нам Бартыһааныгар 50 кэтэх дьиэ тутуллуохтаах түөлбэтигэр 2021 сылтан үлэ саҕаланан, эһиил түмүктэниэхтээх. Эһиил 224,3 мөл. солк. көрүллүбүтүгэр сүүмэрдээһин ыытыллан, Кириэс Кытыл (Нам) уонна Сунтаар сэлиэнньэтин бырайыактара кыайдылар.

Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар идэлээх исписэлиистэринэн хааччыллалларыгар көмөлөһүү. 2.1. Үөрэнээччи уонна сыаллаах үөрэх дуогабардарын түһэрсэн үөрэнэр дьоҥҥо. Сайабылыанньалаах тэрилтэҕэ үлэһитин үөрэттэрбит ороскуотун 90 бырыһыана толуйуллар. Маннык көмө 2021 с. Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка үөрэнэр 3 үлэһиккэ оҥоһуллубута. Быйыл эмиэ университекка технолог уонна экэнэмиис идэлэригэр үөрэнэр 6 үлэһиттэригэр

В.И. Бережнева бааһынай хаһаайыстыбата (Нам, Үөдэй), “Хоту” (Мэҥэ Хаҥалас), “Эрэл” (Нам), “Мүрү Ас” (Уус Алдан) кэпэрэтииптэр туһаннылар. Бу хайысхаҕа быйыл 359,4 тыһ. солк. ороскуоттаммыт буоллаҕына, кэлэр сылга икки төгүл эбиллэн, 773,53 тыһ. солк. угулунна.

2.2. Быраактыканы ааһарга көмө үлэҕэ быраактыкаланааччыларга эбэтэр тэрилтэҕэ 6 ый үлэлии илик дьоҥҥо көрүллэр. Манна эмиэ 90 бырыһыана толуйуллар. Толуйууга хамнас төлөбүрэ уонна быраактыкаланааччы олорор ороскуота аахсыллар. 2021 с. “Бөртө” сылгы собуота агротехнологическай университеттан 128 устудьуон быраактыканы барбытыгар толуйуу ылбыта. Быйыл 6 устудьуон “Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата” ХЭУо-ҕа, 4 устудьуон “Эрэл” ТХПК-гэр быраактыкаланнылар.

Тыа сиригэр инфраструктураны оҥоруу уонна сайыннарыы. 3.1. “Тыа сирин тупсаран оҥоруу” дьаһал сүнньүнэн 2020 с. 21 улууска 113 бырайыагы олоххо киллэриигэ федеральнай бүддьүөттэн 121,6 мөл., өрөспүүбүлүкэттэн 10,6 мөл., олохтоох бүддьүөттэртэн 27,1 мөл. солкуобай үбүлэммитэ. 43 нэһилиэккэ дьон сынньанар сирэ, 23 успуорт уонна оҕо былаһаакката, 10 пааматынньык, бөх мунньар 9 былаһаакка тутуллубуттара. 2021 сылга 13 улууска 48,98 мөл. солкуобай суумаҕа үлэ ыытыллыбыта. Быйыл

8,3 мөл. солкуобай көрүллэн, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Томпо, Кэбээйи улуустарыгар 4 бырайыак олоххо киирдэ. Кэлэр сылга 9,3 мөл. солкуобай угуллан, Тааттаҕа, Намҥа уонна Үөһээ Бүлүү Намыгар, Быракааныгар үлэ ыытыллыа.

3.2. “Тыа сирин аныгы сирэйэ” сүрүн дьаһал. Судаарыстыбаннай бырагыраама үбүн 90-тан тахса бырыһыана бу дьаһалга туттуллар. 2020 – 2022 сылларга 16 эбийиэк тутуллан киирдилэр: 2 оҕо саада (Өлөөн Дьэлиҥдэтигэр 50 уонна Хаҥалас Улахан Ааныгар 90 миэстэлээх), 3 оскуола-саад (Чурапчы Кытаанаҕар 90/25 уонна Хайахсытыгар 90/40, Эдьигээн Кыстатыамыгар 60/30 миэстэлээхтэр), Сунтаар Хордоҕойугар успуорт чэбдигирдэр киинэ, Бэрдьигэстээххэ (Куорунай) канализациялаах ыраастыыр тэрил, 102,1 км уһуннаах бөһүөлэк иһинээҕи гаас ситимэ, Хаҥалас Күөрдэмигэр быраас хоһо, Чурапчы Дьабыылыгар сайыҥҥы уу ситимэ уонна олорор дьиэлэргэ гаас ситимэ.

Быйыл бу дьаһалга федеральнай бүддьүөттэн 1,4 млрд солкуобай (үбүлээһин 93,4 бырыһыана) көрүллэн, былааҥҥа 11 эбийиэк үлэҕэ киллэриллэрэ турар. Ол курдук, 4 уһуйаан дьиэтэ Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Сунтаарга, Уус Алдаҥҥа, 3 оскуола Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, 1 култуура-успуорт комплекса Үөһээ Бүлүүгэ уонна бассейннаах успуорт уораҕайа Сунтаарга, 1 сайдыы тыа сиринээҕи киинэ Чурапчыга тутуллаллар уонна Үөһээ Бүлүүгэ уулуссаны сырдаталлар. Маны таһынан үс сыл устатыгар үөрэх салаатыгар 9, доруобуйа харыстабылыгар 6 уонна култуураҕа 5 массыынаны атыыластылар.

Бу күннэргэ саҥа эбийиэктэри үлэҕэ киллэриини малааһынныыллар. Ахсынньы 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар икки улахан тутуу киирдэ: Кырыкыйга култуура-успуорт комплекса уонна Маҥааска 35 миэстэлээх

уһуйаан дьиэтэ. Ахсынньы 17 күнүгэр Сунтаар Күндэйэтигэр 50 миэстэлээх уһуйаан дьиэтин арыйдылар. Онтон ахсынньы 24-гэр Чурапчы Хадаарыгар сайыннарар киини малааһынныахтара.

Ити курдук биһиги өрөспүүбүлүкэбит анал судаарыстыбаннай бырагыраама оҥостон, федеральнай киини кытта хара ааныттан көхтөөхтүк ыкса үлэлэһэн кэллэ. Бырагыраама өйөбүлүн ылар иһин эрэгийиэннэртэн муниципальнай тэриллиилэр бырайыак оҥорон көмүскүүллэр. Үлэм сүнньүнэн дьон “тоҕо наар биир улуустан эбэтэр нэһилиэктэн көмөнү ылалларый” диэн дьиктиргээн ыйыталларын истэбин.

Ол быһаарыыта маннык. Куонкурус 10-ча бааллаах критерийдэртэн турар. Ол ирдэбилгэ толору эппиэттиир үлэни оҥорон киллэрдэххинэ эрэ федеральнай хамыыһыйа ылынар. Үгүстэр докумуоннарын сыыһа уонна итэҕэс суруйан киллэрэн, тэбиллэн хаалаллара кистэл буолбатах. Муниципальнай тэриллии (федераллар улуус-нэһилиэк диэн араарбаттар), бу түбэлтэҕэ чопчу нэһилиэк бэйэтин көрүүтүнэн, баҕатынан бырайыагын федеральнай хамыыһыйа көрүүтүгэр быһалыы киллэрэрин ким даҕаны боппот. Кэккэ улуустар нэһилиэктэригэр оскуолалара эбэтэр кулууптара эргэрэн, анньыһааччы элбэҕиттэн күрэстэһээччилэрин иннилэригэр түһэ, “күрүөһүлүү” сатыыллара өйдөнөр. Ити эрээри, сүбэлэһэн, түмсэн үлэлиир улуустар кыайыылаах тахсалларын олох көрдөрдө.

Түмүк оннугар

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тыа сирин кэлимник сайыннарыыга отделын салайааччыта Николай Тарабукин иһитиннэрэринэн, кэлэр 2023 сылга тыа сирин кэлимник сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама “Тыа сирин аныгы сирэйэ” диэн сүрүн дьаһалын сүнньүнэн 507,2 мөл. солкуобай (ол иһигэр федеральнайтан – 398,4 мөл. солкуобай) суумалаах икки бырайыак сүүмэрдэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэринэн Федерация Сэбиэтигэр тэриллибит кэпсэтиигэ эрэгийиэн салалтата бырагыраама сүрүн дьаһалыгар үрдүк бааллаах түөрт бырайыагы эбии киллэрэргэ туруорсубутун сенатордар ылынан, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээһин боппуруоһун хос көрөрүгэр этии киллэрдилэр. Манна сыһыаран суруйдахха, өрөспүүбүлүкэбит тыа сирин кэлимник сайыннарыыга туһуламмыт бырагыраамата сөргүтүллэн, салгыы 2023 – 2027 сылларга суоттанан үлэлиэҕэ. Онон тыа сирэ кэлимник уонна утумнаахтык сайдарыгар бигэ олук охсулунна.

Хаартыскаларга: Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый нэһилиэгэр култуура-успуорт комплексын, Маҥаас нэһилиэгэр уонна Сунтаар Күндэйэтигэр уһуйаан саҥа дьиэлэрин үөрүүлээхтик арыйыы түгэннэрэ.


  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24