Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

«Быйылгы от үлэтэ уустук күҥҥэ-дьылга барара адьас чуолкай буолла», - диир Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов. Улуу Эбэ аатырар  хочотугар тэнийэн олорор Нам улууһун дьоно-сэргэтэ, оттон букатын даҕаны өрүһү миинэ сытар нэһилиэк баһылыга итинник тыллаах-өстөөх буоллахтарына, эгэ, атын сиргэ-уокка балаһыанньа хайдах буолуой?

«Быйылгы от үлэтэ уустук күҥҥэ-дьылга барара адьас чуолкай буолла», - диир Нам улууһун II Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов. Улуу Эбэ аатырар  хочотугар тэнийэн олорор Нам улууһун дьоно-сэргэтэ, оттон букатын даҕаны өрүһү миинэ сытар нэһилиэк баһылыга итинник тыллаах-өстөөх буоллахтарына, эгэ, атын сиргэ-уокка балаһыанньа хайдах буолуой?

Этэҥҥэ Бөтүрүөп күнэ буолан, окко киирии саҕаланна. Аныгы сайдыылаах дьон аатыран, сүнньүнэн тиэхиньикэҕэ бүк эрэнэн, оттооһун болдьоҕо уруккутуттан төһө эмэ уларыйбытын үрдүнэн, айылҕа кэһиллиэ суохтаах сокуона баар. Биһиги элэс гынан хаалар кылгас сайыммытыгар, дойдубут отун-маһын  сүмэтэ, битэмиинэ силигилээн ситэр кэмэ биир оннооҕор кылгас буолар. От ыйын ортотун ааһыыта, өссө өрө баран бүтүүтэ ходуһаҕа киирэр буоллахха, чахчы иҥэмтэлээх от оттоммута буолуо диэҕи, киһи тыла өҕүллэн хаалыаҕа. Оттон кураан сатыылаабыт, аһыҥа ыспыт сайыныгар оттооһун технологията букатын даҕаны төрдүттэн уларыта тутуллуохтааҕа эбитэ буолуо. Чэ, итини саха киһитэ барыта билэр дьыалата.

- Биһиги нэһилиэкпит кырата 2 тыһ. туонна оту бэлэмниэн наада, -- диир баһылык Лев Николаевич. Кини күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр киһи. Иккис болдьоҕор үлэлии сылдьар. – Сүрүннээн арыыларга оттуубут, быйыл уу кэлбэккэ отторо онон-манан үүнэн тураллар. Оттон алаастарбыт, үрдүк сирдэрбит хаччаччы хатан, кууран хааллылар. Ордук куһаҕана диэн, улуус үрдүнэн итинник балаһыанньа үөскээтэ. Биһиэхэ илиинэн оттооһун хаалбыта ыраатта, нэһилиэнньэ 99 %-на тиэхиньикэни туһанар.

Тиэхиньикэ барахсан туһата, көдьүүһэ кэмнээх буолуо дуо. Хайа, сынньалаҥын ооккото сыттаҕа дии. Бу гынан баран, от үүнүүтэ уонна оттооһун үлэтэ айылҕаттан быһаччы тутулуктаах процесс уонна дьарык буоларын туһунан этэ да барыллыбат. Кыһалҕа кытыан кымньыылаах. Курааҥҥа, от үүммэтэх дьылыгар илиинэн тирбэҕэлэһии диэн баара. Ол эбэтэр өбүгэ төрүт үгэһинэн, илии хотуурунан уу саҕатын, талах быыһын отун охсон ылан эбинии. Хотуур эрэ батар буоллун, салаа да оту хаалларбат мөккүөрүгэр туруналлара. Урукку отчуттар үүммүтү, сэрбэйбити эрэ барытын охсон ыларга дьулуһуулаахтара.

Улуустарга мобильнай дэнэр суһал оттуур биригээдэлэр тэриллэллэр. Балар тиэхиньикэнэн да, илиинэн да оттуур буолуохтаахтар диэн  эрэнэ сананыллар. Бэйэм ирээтим ходуһаны өҥөйбөтөҕүм олох быданнаатаҕа, дьиҥэр, хайдаҕын-тугун билбэппин. Оттон кэтэх хаһаайыстыба баһылыга хотуурун булгуччу бэрт кичэллээхтик ыйаан турдаҕа. Тиэхиньикэ тиэхиньикэнэн, ол эрэн ардыгар хотууру тугунан да солбуйуоҥ суоҕа.

Устуоруйаттан биллэринэн, II Хомустаах бастакы кэлии нууччалар аан бастаан остуруок туттан, 16 сыл олоро сылдьыбыт сирдэрэ. Халааҥҥа барар буолан, хас да сиргэ көһөн олохсуйа сылдьыбыттар, олортон биирдэстэрэ «Буойун» диэн бэрт кытаанахтык иһиллэр ааттаах сир.

- Нэһилиэнньэбит 800 киһи, -- диэн Лев Николаевич салгыы кэпсиир, -- 130 үөрэнээччилээх 11 кылаастаах оскуолалаахпыт, 25 миэстэлээх интэринээттээх. Мас тардыһыы, көҥүл тустуу дьарыктара тиһигин быспакка үлэлииллэр. Нэһилиэкпит өрөспүүбүлүкэҕэ ыараханнык айаннанар суоллааҕынан-иистээҕинэн ааҕыллар. Сайынын сүнньүнэн мотуордаах оҥочонон эрэ айанныыбыт. Сирбит-уоппут үксүтэ өрүс арыылара, алаас, кырдал сирдэр эмиэ бааллар.

Ынах сүөһүнү, сылгыны ииттэргэ айылҕа анаан айбыт муннуга буолуон сөп этэ. Быйыл сааскы ууну халыппыта буоллар, арыыларгыт күөх отунан хороччу анньан туруох этилэр, төһө да алаастаргыт курааннаабыттарын иһин. Дьэ, сүөһүнү, сылгыны төһө тэнитэн иитэн турар нэһилиэк буолаҕытый?

- Нэһилиэк уопсайа 700-тэн тахса ынах сүөһүлээх уонна 1300-тэн тахса сылгылаах. 11 бааһынай хаһаайыстыба, 2 ТХПК баар. Сүөһү үксэ кэтэххэ тутуллан турар буоллаҕына, сылгы – ТХПК-ҕа баар. Нэһилиэнньэ тыа хаһаайыстыбатын дьарыгынан дохуоттанан, онон бэйэтин ииттинэн олорор. Онон төрүт дьарык эстэн хаалыа дииргэ биһиэхэ билиҥҥитэ төрүөт суох курдук. Айаммытыгар ыарахаттар бааллар курдук буолан баран, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга, кырдьык, бары усулуобуйа баар.

Муниципальнай тэриллии, нэһилиэк баһылыгын бачча көрсөн баран, бэйэм иилэн ылан соччо өйдөөбөккө сылдьар сүөһү баһыгар көрүллэр 35 тыһ. солк. судаарыстыба субсидиятын көдьүүһүн дуу, көлдьүнүн дуу туһунан ыйыталастым. Баһылык туох да муоҕа-чуоҕа суох туһалааҕын, үчүгэй өйөбүллээҕин этэр уонна итинник этэригэр нэһилиэнньэтин туоһу аҕалар. Итинник түгэҥҥэ тугу хааххайдаһа олоруоҥуй, төбөҕүн эрэ кэҕиҥнэтэн кэбиһэҕин. Дьоҥҥо үчүгэй буоллаҕына, ол аата, кырдьык, үчүгэй буоллаҕа.

Лев Николаевиһы толкуйдаах эдэр киһинэн ааҕыахха сөп эбит. Бастаан пед-кэллиэһи физкультура учуутала идэлээх бүтэрбит. Салгыы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэн землеустроитель идэтин ылбыт. Идэлэринэн үлэлээбит уопуттаах, улууһун дьаһалтатыгар, куоракка министиэристибэҕэ исписэлиистээбит. Кэтэхтэн Байкаллааҕы үнүбэрсиэт филиалын судаарыстыбаннай-муниципальнай салайыыга салаатын бүтэрбит. Ити курдук, сыал-сорук туруорунан, иннин хоту баран иһэр кэскиллээх киһи диэххэ наада. Кэскиллээх диэн, киһини кытта кэпсэтэр тылыттан-өһүттэн сылыктаан этэбин. 4 уол аҕата, кырата букатын эһээхэй киһи.

Нэһилиэк баһылыга 31 боломуочуйалаах. Бу гынан баран, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаан «содействие» эрэ оҥорор бырааптаах. Сокуону утары барбаккын, Лев Николаевич туох кыалларынан көмөнү оҥоро сатыыр. Быйыл кыһын нэһилиэнньэ наадыйыытыгар диэн дьаһалта 50 киилэ ыйааһыннаах эбиэс 900 солк. сыанатыттан 400 солк. түһэрэн, босхо тиэрдэн биэрбиттэр.

3 куойкалаах балыыһалаахпыт, оптимизация диэн тылынан сүрэхпитин элбэхтик быллыгырата сырыттылар буолан баран, син тохтоото курдук быһыылаах. 6 куойкалаах саҥа стационары тутарга былаанныыбыт. Ааспыт сылга нэһилиэккэ 17 киһи ковидтаабыта, биир кырдьаҕас киһи өлбүтэ. Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан, 17 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах таас дьиэ тутуллар. Бэдэрээччик – «Прогресс» ХЭУо, салайааччыта «Дыгын оонньууларын» успуонсара – Алексей Пинигин. Бу от ыйыгар туһаҕа киллэрээри күүскэ мөхсө сылдьаллар. «Тыа сирин территорияларын биир кэлим тутуу» федеральнай бырагырааманан 1 км 600 м усталаах суолга аспаал ууруллубута, сорҕото буорунан кутуллубута. 3 км усталаах тротуар суола билииккэнэн ууруллубута. Сааскы халаантан суолларбыт үгүстүк алдьаналлар. Ону туруорсан, саахалы чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллан, суолларбыт таастаах кумах буор бүрүөһүннээх гына хаттаан оҥоһулуннулар.

хомустаах глава 2

Урут, сопхуостар туругуран үлэлиир кэмнэригэр, хаппыыстаны уонна хортуоппуйу өлгөмнүк үүннэрэн куораты аһатар буолар этибит. 2000 сылтан ол барыта тохтообута. Сэлээркэ, тиэйии-таһыы сыаналара ыарааһына улаханнык охсубута. Бааһыналар быраҕыллан сыталлар. Үүнүүнү харайар анал эбийиэк суоҕа (сопхуос саҕанааҕы тутуулар быраҕыллыбыттара ыраатта), суолбут-ииспит алдьанара элбэҕэ бу дьарыгы сөргүтэргэ кыаҕы биэрбэт курдук балаһыанньаны үөскэтэллэр. Бааһыналары хаттаан чөллөрүгэр түһэрэргэ туох да баһаам кээмэйдээх үлэ ыытыллыан наада. Дьиҥэр, сирдэрэ олус уохтаах, үүннэрэр буоллар эрэйгин төлүөх этэ.

Лев Николаевич баһылык уонна дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ. II Хомустаах нэһилиэнньэтэ 800 киһи. 1000-тан тахса киһилээх нэһилиэнньэлээх буоллаҕына, анал бэрэссэдээтэл дуоһунаһа көрүллэр. Муниципальнай тэриллии бүддьүөтэ -- 20 мөл. солк. Бу элбэх дуу, аҕыйах дуу? Элбэх дэнэр хайдах да кыаҕа суох. Харчы, быраабыла курдук, хаһан да элбэх буолбат. Буолан баран, баһылык дьаһалыгар киирэр 31 боломуочуйаҕа үллэрдэххэ. Харчы кырата -- дьыала сорҕото эрэ. Киирии-тахсыы, кэпсэтии, туруорсуу, тылы ылыннарыы – элбэҕи быһаарыан сөп. Оттон икки кириэһилэҕэ олоруу туһунан эттэххэ, үлэлиир сыаллаах-соруктаах, чиэһинэй киһи буоллаҕына, иккиэннэригэр да олордун ээ.

хомустаах глава 3

II Хомустаах 2011 сылтан чөл олоҕу тутуһар нэһилиэк. Баһылык бэл «туочука» суох диир. Бүтэһиккэ, Лев Николаевич «дьон туһугар үлэлиэххэ наада» диэн этэр. Бэрт сөптөөх тыллар.

Прокопий ИВАНОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением