Нам улууһугар бу үлэ олус бэркэ сааһыланан-наарданан бара турарын илэ-чахчы көрөн, дуоһуйан кэллибит. Хатас нэһилиэгин убаастанар, ытыктанар дьоно, 94 саастаах Уваровскай Аркадий Михайловичтан саҕалаан, саамай эдэр 57 саастаах “оҕолоругар” тиийэ, бу айаны өр күүтэн-кэтэһэн, Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата (салайааччы Пермяков Евгений Петрович), бэтэрээннэр сэбиэттэрэ уонна куорат Думаты дьокутаата Иван Салатюк холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр бэлэм тиэхиникэнэн, этэргэ дылы, кирилиэстэн кирилиэскэ диэри тириэрдиллэн, олус табыгастаахтык, сынньалаҥнык сырыттылар.
Сырыыбыт бастакы тохтобула Никольскай нэһилиэгэр Саха Сиригэр сири кытта үлэҕэ уонна бурдук үүннэриитин устуоруйатын түмэлигэр буолла.
Сахалыы бэри диэн бэркэ дьаһанан, сааһыланан, үйэтитиллиэхтээҕи барытын үмүрүтэн, хомуйан, сүрүн өйдөбүлү толору биэрэр кыраттан улаханыгар тиийэ экспонаттар, матырыйааллар сөрү-сөп гына түмүллэн тураллара бу дьоҕус кэлэктиип үйэлээҕи толкуйдаан, айа-тута сылдьалларын, астына-дуоһуйа үлэлииллэрин көрөргө да, истэргэ олус үчүгэй. Манна дьиэлэрин хас биирдии муннуга анал тиэмэлээх, кэпсиирдээх-көрдөрөрдөөх, ханнык баҕарар киһиэхэ (сааһыттан тутулуга суох) тиийимтиэ, өйдөнүмтүө гына оҥоһуллубут, ууруллубут. Үлэһиттэр хас биирдии экспонакка харыстабыллаах уонна дьиҥ ис сүрэхтэн тапталлаах, убаастабыллаах сыһыаннаахтарын киһи киирээт да, бэлиэтии көрөр.
Ордук улахан болҕомтону, сэргээһини, кэрэхсээһини саха дьоно оҕолорун сайыннарарга анаан оҥорбут балык уҥуоҕуттан, сүөһү, таба, сылгы бытархай уҥуохтарыттан, сиэлтэн, кутуруктан, мастан уо.д.а. араас эгэлгэ оонньуурдара угуллубут сундууктара буолла. Саха дьоно, кырдьыга даҕаны, өркөн өйдөөхтөрүн, сатабыллаахтарын сөхтүбүт. Көрдөххө, боп-боростой быаны (ситиини) эрийэн, угун араастаан оҥордоххо, аччаабыта үс араас оонньуу тахсарын биллибит. Аны фотозоналарга араастаан таҥнан-симэнэн, хас биирдии таҥаһы, араас туттар тэрили илиибитинэн тутан-хабан, харахпытынан илэ-чахчы көрөн, устуоруйаларын истэн, эмиэ биир туспа сэргэхсийии буолла. Сайыҥҥы өттүгэр түмэл тиэргэнигэр араас маастар-кылаастары ыытарга эмиэ зоналарынан үлэ барарын истэммит, өссө кэлиэх буолан, салгыы айаннаатыбыт.
Нам улууһун краеведческай, этнографическай музейыгар тиийдибит. Аата да этэрин курдук, сүрдээх киэҥ эйгэлээх, дириҥ ис хоһоонноох үлэлээх түмэлгэ экскурсияҕа, этэргэ дылы, экскурсоводы айахпытын атан баран, эккирэтэ сырыттыбыт. Экскурсовод үлэтэ сүрдээх болҕомтолоох буолууну, дириҥ билиини, уус-ураннык, умсугутуулаахтык кэпсиири эрэйэр уонна ирдиир идэ. Киниттэн түмэл үлэтэ быһаччы тутулуктаах.
Үөрүөхпүт иhин, биһигини Хатаспыт бочуоттаах олохтооҕун А.И. Копырина төрөппүт уола, СӨ култууратын туйгуна, бу түмэли 15 салайар Александр Иванович Копырин олус сылаастык көрүстэ. Манна даҕатан эттэххэ, кини аҕата И.В. Копырин музей үлэтигэр быһаччы сыһыаннаах, бу эйгэни дууһатыгар иҥэриммит киһи этэ. Уус Алдан Бээрийэ нэһилиэгин түмэлин төрүттэспит киһи уонна кэлин Хатас нэһилиэгэр музей баар буоларын туруулаһан туран туруорсубут дьоннортон биирдэстэрэ буолар.
Нам улууһун түмэлин биир кэпсэл-сэһэн буолар уратыта бу манна үгүс элбэх экспонаты тарбахтарыгар талааннаах түмэл үлэһиттэрэ оҥорон, тутан биэриилэрэ эбит. Дьэ, санаан көрүҥ, биир бюст сыаната ортотунан 300-500 тыһ. солк буоллаҕына, бу төһөлөөх курдук үтүө көмөнүй?! Аны маны оҥорбут эдэр киһиэхэ дойдумсах буолуу санаата күүскэ иҥэрин, сүрэҕэр-дууһатыгар ылынарын эбэн кэбис...
Түмэл алта саалалаах эбит, бу сыллар тухары мунньуммут баайдарын-дуолларын киэҥ уораҕайга киллэрэн, олус тупсаҕайдык, дэлэйдик ууран туруораллара түмэллээх эрэ барыта ымсыыра көрүөх курдук. Манна дьиҥ-чахчы тимир болгуону уулларан, урукку туттар тэриллэри чөлүгэр түһэрбиттэрэ эмиэ биир туспа кэпсээн.
Биллэн турар, көстөр саалалары таһынан хранилищелаах, инньэ гынан экспозициялар кэмиттэн кэмигэр уларыйыылара эмиэ хааччыллыбыт. Биир улахан сэҥээриини ылбыт экспонаттара — 1977 сыллаахха М.К. Аммосов олоҕун суолун-ииһин илэ-чахчы көрөн, ол дойдулар салалталарын сирэй-сирэйгэ көрсөн сэһэргэһэн, олус сыаналаах матырыйааллары булбут, аҕалбыт, экспедицияҕа сылдьыбыт 4 “Урал” матасыыкылтан биирэ олус харыстабыллаахтык хараллан турара буолар.
Ол сырыыга сэттиэ буолан сылдьыбыттарыттан күн бүгүн иккиэ буолан хаалбыттар. Экспедиция үбүлүөйдээх ыһыах буолбут түүнүттэн саҕалаан, күһүҥҥү бүтэһик паромҥа тиийэ, уһун бириэмэҕэ буолбут. “Урал” матасыыкылы ис тутулун, кыаҕын-күүһүн, мөлтөх өрүтүн барытын биллэхтэрэ диэн сөҕө-махтайа, махтана санаатыбыт. Санаан да көрдөххө, Орто Азия өҥүрүк куйааһыгар кумах куйаарга матасыыкылынан айанныыр сыанан-арыынан аҕаабата биллэр суол буоллаҕа, төһөлөөх буксуйуу, батыллыы, утатыы, аччыктааһын, 40 кыраадыс итиигэ айан уустуктара, мотуор оргуйуута уо.д.а. суол араас моһуоктара. Буолбуттара буолуой… Ону барытын тулуйан, туруулаһан айаннаан сыалларын сиппит дьоҥҥо күн бүгүн сүгүрүйүөх эрэ тустаахпыт диэн санаа киирэр.
Нам түмэлэ турар киэҥ уораҕайыгар өссө библиотека, култуура киинэ баалларын сэргээтибит, үс сүүстэн тахса киhи киэҥник-куоҥнук олорон, араас тэрээһиннэри көрөр-истэр көрөөччү саалатыгар киирэн олорон көрдүбүт. Дьэ, чахчыта, кыах-күүс тыына кэлэр улахан уораҕайа тутуллубут диэн үөрэн-көтөн, сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Киһи барахсан бу Орто дойдуга олорорун тухары алтыһыылаах, көрсүһүүлээх, кэлэр-барар эрэ буоллаҕына, олох тыгыалас тымырын тутар уонна үүнэр-сайдар. Ону өйдөөн, бэтэрээннэр бу айаннарыгар, тэрээһиннэригэр көмөлөспүт дьоммутугар өссө төгүл махтанабыт.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0