Биһиги бүгүн, ааспыт сыл түмүгэ таһаарыллыбыт, саҥа сыл соруктара быһаарыллыбыт кэмигэр, Өлүөхүмэ улууһугар ыытыллыбыт үлэҕэ-хамнас уонна кыстык туругун туһунан ыйыталаспыппытыгар, тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын начальнига Федор Чердонов маннык кэпсээтэ:
Кураан охсуута
Өлүөхүмэ сирэ-уота төһө даҕаны өҥ аатырдар, ааспыт сайын турбут уот кураан биһигини тумнубата. Инньэ гынан, оттооһуҥҥа даҕаны, бурдук хомууругар даҕаны уустук балаһыанньа үөскээбитэ, хата, күһүҥҥү өттө уһаан биэрэн, эбии оттотон абыраата. Курааннаабыт нэһилиэктэр аҕыс мобильнай биригээдэни тэрийэн, үрэхтэр бастарынан уонна ыраах учаастактарынан көһөн 580 туоннаны оттообуттара. Ол түмүгэр, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, улуус үрдүнэн 13 990 туонна от оттонон, былааннаах оппут 83 %-а хааччыллыбыта, 2 214 туонна сиилэс (былаан 136 %-а) уонна 1 500 туонна сенаж (былаан 109,8 %-а) бэлэмнэммитэ.
Бурдукка идэтийэр биэс хаһаайыстыбалаахпыт. Кинилэр саас бурдугу барыта холбоон 667 гектарга ыһан, судаарыстыба түһэрбит былаанын 130 % толорбуттара. Саас бааһыналар диискэлэммит итиэннэ эминэн ыстарыллыбыт буоланнар, үүнэн эрэр куоластарга аһыҥа үөн улахан кутталы оҥорботоҕо эрээри кураан син биир оҕуста: 20 гектар бааһына үүнүүтэ быраҕыллыбыта, ол эбэтэр списаниеҕа таһаарыллыбыта, 198 гектар бааһына үүнүүтэ сүөһү аһылыгар көһөрүллүбүтэ. Онон 448 гектар бааһына бурдуга быһыллан, баалабайынан 278,6 туонна (60,6 туонна сэлиэһинэй, 155,2 туонна ньиэчимиэн уонна 62,8 туонна эбиэс) ылыллыбыта.
Улуус үрдүнэн 5 544 туонна хортуоппуй, 475 туонна оҕуруот аһа (164 туонна хаппыыста, 99 туонна моркуоп, 89 туонна сүбүөкүлэ) хомуллубута. Итинтэн хаһаайыстыбалар соҕотуопкаҕа 486 туонна хортуоппуйу, ол иһигэр 340,4 туоннаны «Өлүөхүмэ-Агропродукт» кэпэрэтиипкэ, 145,6 туоннаны «Якутоптторга» туттарбыттара.
Үүтү туттарыы
Салааны өйөөһүҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 222 мөлүйүөн 721 тыһыынча солкуобай көрүллэн тустаахтарда тиэрдилиннэ. Ити иһиттэн кэтэх ыаллар ыанар ынахтарыгар 47 мөлүйүөн 355 тыһыынча солкуобай, үүтү туттарааччыларга 120 мөлүйүөн 65 тыһыынча солкуобай бэрилиннэ. Ону таһынан улуус бүддьүөтүттэн 11,5 мөлүйүөн, нэһилиэктэр бүддьүөттэриттэн 130 тыһыынча солкуобай харчы көрүлүннэ.
Үүтү туттарыыга сорудах 2 400 туоннаҕа түһэриллибитэ, субсидия харчыта онон суоттанан көрүллүбүтэ. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларбыт («Өлүөхүмэ кыладабыайа» ХЭТ, «Саҥыйахтаах» кэпэрэтиип уонна 75 бааһынай хаһаайыстыба) уонна сорох кэтэх ыаллар барыта холбоон 3054 туонна үүтү туттарбыттара. Ол түмүгэр, былааны аһары соҕотуопкаламмыт 500 туонна үүт биир киилэтэ 15 эрэ солкуобайга тутуллан, хаһаайыстыбалар ночооту көрүстүлэр. Ону учуоттаан, бу үүммүт 2022 сылга үүт соҕотуопкатын былаанын 3 100 туоннаҕа тиэрдэргэ үлэлэһэ сылдьабыт.
Ынах эбилиннэ, таба көҕүрээтэ
Кыстык, хонтуора сууххай тылынан эттэххэ, ыстааттаах араспысаанньа быһыытынан этэҥҥэ баран иһэр. Күн бүгүн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох барыта 6 823 ынах сүөһү, ол иһигэр 2 790 ыанар ынах кыстатыллан турар. Былырыыҥҥы сылы кытары тэҥнээн көрдөххө, сүөһү уопсай ахсаана 603 төбөнөн, ыанар ынах ахсаана 67-нэн эбилиннэ. Бу – өрөспүүбүлүкэ салалтата сүөһү ахсаанын аччаппат туһуттан, кэтэх ыалларга ыанар ынах ахсыгар 35 тыһыынча солкуобай көмө харчыны биэрбитин түмүгэ буолар.
Сылгы ахсаана ааспыт сыллартан сыыйа эбиллэн иһэр, күн бүгүн 7 740 сылгы баар. Оттон таба ахсаана көҕүрүүр, былырыын баччаларга 5 257 таба баар буоллаҕына, билигин – 4 939. Айылҕа араас тургутуутугар (кыһыҥҥы халыҥ хаарга, сааскы халааҥҥа, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска, үөҥҥэ-көйүүргэ) бөрө уонна эһэ курдук адьырҕа кыыллар эпсэннэр, үгүс кыһалҕаны үөскэтэллэр.
Үрүҥ ас былаана 119 % толорулунна
Баалабайынан 7157 туонна үүт ыанна, тыыннаах ыйааһынынан 637 туонна сүөһү уонна көтөр этэ оҥоһулунна, 208 тыһыынча куурусса сымыыта ылылынна.
Тарбахха баттыыр соҕотох бөдөҥ хаһаайыстыбабыт «Өлүөхүмэ кыладабыайа» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ буолар. Үҥкүргэ итиэннэ Өлүөхүмэ Амматыгар холмогор ынах сүөһүнү иитиигэ идэтийэр племенной пиэрмэлэрдээх, ону таһынан улууска кииннэммит соҕотуопсук буолан нэһилиэктэртэн үүт тутар. Өлүөхүмэ куоратыгар баар астыыр кэмбинээтигэр бэйэтин пиэрмэлэрин таһынан, Бастакы Нөөрүктээйиттэн саҕалаан Улахан Муҥкуга тиийэ нэһилиэктэртэн үүтү аҕалан үрүҥ ас арааһын астыыр, оттон ыраах сытар нэһилиэктэргэ арыылыыр. Ааспыт сыл устатыгар 327 туонна пастеризованнай үүтү, 29 туонна чөчөгөйү, 37 туонна сүөгэйи, 65 туонна суораты, 28 туонна иэдьэгэйи, 50 туонна арыыны уонна 57 туонна сыыры оҥорон, былаанын 119 % толордо. Даҕатан эттэххэ, бородууксуйатын улуус иһигэр итиэннэ Ленскэйгэ, Дьокуускайга илдьэн батарар. Кэмиттэн кэмигэр дьаарбаҥка тэрийэр.
Чааһынай ыаллар даҕаны, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар даҕаны билигин сааскы маассабай төрүөххэ бэлэмнэнэн, ынахтарын сүрүннээн уоллардылар. Үүт биллэрдик аҕыйаата, инньэ гынан астыыр кэмбинээт социальнай эбийиэктэри, оҕо саадтарын, оскуолаллары уонна балыыһалары үрүҥ аһынан хааччыйыыга үлэлиир.
Базаны хаҥатыыга
Бурдук хаһаайыстылара сопхуос саҕаттан быраҕыллан сыппыт бааһыналары чөлүгэр түһэрэн, сыл ахсын бааһыналарын сирин кэҥэтэн иһэллэр. Холобур, ааспыт сайын устатыгар 135 гектар сири саҥаттан таҥастаан, чөлүгэр түһэрдилэр уонна 10,5 километр усталаах бүтэйи оҥордулар. Материальнай-тэхэньиичэскэй базаны хаҥатыы чэрчитинэн, алта тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна холбонор тэриллэри ылыннылар. «Өлүөхүмэ кыладабыайа» Түбэ сайылыгар аныгы технологиянан толору хааччыллыбыт титииги итиэннэ Үҥкүргэ симиэнэҕэ уон сүөһүнү өлөрөн астыыр-үөллүүр дьоҕус буойунаны тутан үлэҕэ киллэрдэ.
Кэлэр өттүгэр бу хайысханан үлэ салгыы ыытыллыаҕа. «Поиск» кэпэрэтиип Үҥкүргэ баар базатын саҥардар санаалаах. Уопсайынан, үлэлиэх-хамсыах диэтэххэ, былаан элбэх, ол иһигэр Мархаҕа уонна Маалыкааҥҥа хортуоппуйу харайар ыскылааты оҥорор, Өлүөхүмэ Амматыгар сүөһү иитэр комплексы тутар, Саҥыйахтаах хотонун саҥардар итиэннэ Өлүөхүмэ хаһаайыстыбалара оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын тэрээһиннээхтик илдьэн батарарга анаан, Дьокуускайга логистика киинин тэрийэр бырайыактар бааллар.
Түмүк оннугар
Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр 2022 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатын үбүлээһиҥҥэ ааспыт өттүгэр хаһан да көрүллэ илик үгүөрү үп, 12,5 миллиард солкуобай харчы, көрүллэрин туһунан эппитэ. Ити биһиэхэ, агропромышленнай комплекс бары үлэһиттэригэр, миэстэҕэ үлэни-хамнаһы сөптөөхтүк тэрийэргэ, аһы-үөлү оҥоруу таһымын тупсарарга улахан эппиэтинэһи уонна эбээһинэһи сүктэрдэ.
Билигин биһиги үүммүт сыл соруктарын тиэрдэ, сөбүлэһиилэри бэлэмнии, илии баттаһа, үүтү туттарыы былаанын чопчулаһа, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар үлэтин атын даҕаны көрүҥнэринэн төһө кээмэйдээх субсидия көрүллүөхтээҕин быһаарса, ааҕа-суоттуу сылдьабыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0