Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Мин кинини кытары үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр аан бастаан көрсүһээт, ирэ-хоро кэпсэппиппит, бэйэ-бэйэбитин өйдөспүппүт, истиҥ табаарыстыы буолбуппут. Ону билигин даҕаны бу баардыы өйдүүбүн.

Мин кинини кытары үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр аан бастаан көрсүһээт, ирэ-хоро кэпсэппиппит, бэйэ-бэйэбитин өйдөспүппүт, истиҥ табаарыстыы буолбуппут. Ону билигин даҕаны бу баардыы өйдүүбүн.

Ол саҕана олорор, үлэлиир сирбиттэн, Ленскэйтэн, уоппускабар кэлэ сылдьан, үгэс быһыытынан суруйбут сонуннарбын «Саха сирэ» хаһыакка аҕалан сурук салаатыгар туттардым. Мин История институтугар баран, М.С. Иванову-Багдарыын Сүлбэни көрсөр санаалаахпын билэн, таарыччы киниэхэ сурук илдьэн биэрэрбэр көрдөстүлэр. Онон бэлэм сылтаҕынан Михаил Спиридоновиһы көрсөр буолбуппуттан сүргэм көтөҕүллэн, сурукпун туппутунан бардаҕым дии. Сэргэх соҕустук туттан-хаптан, институт аанын аһан иһирдьэ киирбитим, Михаил Спиридонович үлэлиир кэбиниэтин аанын аһан, бэттэх хайыһан олорор. Ону-маны кэпсэтэн, ыйыталаһан баран: «Эйиэхэ этнограф наада эбит, мин кинилиин билиһиннэриэм», -- диэн баран, миигин батыһыннаран көрүдүөргэ таҕыстыбыт. Көрүдүөргэ икки киһи кэпсэтэ туралларыгар тиийэн: «Былатыан, бу эйиэхэ наадалаах киһини аҕаллым, билсэн кэбиһиҥ»,  -- диэтэ. Кэлин билбитим, доҕорум кэпсэтэ турар киһитэ искусствовед, художник И.Потапов эбит этэ. Барахсаттар, билигин үһүөн биһиги кэккэбитигэр суохтар. Дьэ итинник, биһиги аан бастаан эн-мин дэһэн, билсиһэн турабыт. Итинтэн ылата өр сыллар устата бииргэ алтыһан ааспыппыт. Доҕорум Былатыан миэхэ массыыҥканан бэчээттээбит курдук ып-ыраас, дыргыччы суруйбут буочарынан ыыппыт суругун элбэхтик туппутум. Онтон  аҕыйаҕы быһа тардан билиһиннэриим.

Папа 1

“Кыра кыыс манна чугас оҕо саадыгар сылдьан абыраан эрэр. Эн аҕалбыт этэрбэскин тойточчу кэтэр. Кырдьаҕастар кэмнэринэн, эһээ (СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Л.Г.Колесов) хаһыатыгар үлэлии сылдьар”, "Эн кинигэҕин төһөлөстүҥ? Биирдэ баран эттэххэ, мин да редактор буолуом этэ", "Бу ый ортотугар 1994 сыллаахха бэрт хомолтолоохтук барбыт убайа суох киһиэхэ убай оҥостубут этнограф Федор Васильев бу саҥардыыта тахсыбыт “Военное дело якутов” кинигэтин билиһиннэрии буолар», «Багдарыын Сүлбэ бэркэ үлэлии сылдьар. Коммунистар былааска кэлиэхтэрэ  диэн олус сэрэхэчийэр» (Платон Алексеевич кинини олус ытыктыыра, үрдүктүк сыаналыыра, улуу киһинэн ааҕара – Н.К.). Бэйэм научнай үлэм син барар диэххэ сөп. Докторскай үлэм сүрүн идиэйэлэрин чопчулаан эрэбин. Мантан инньэ конкретно үлэлиэххэ наада», «Эн суруйууларыҥ олус интэриэһинэйдэр, хаһыакка таһаарар матырыйаалларгын өрүү ааҕабын», «Ленин суолугар» (Нам улууһун хаһыата) күһүөрү И.Е. Винокуров туһунан суруйууҥ тахсыбыта, ону кэнники ыытыам», «М.К. Аммосов конференцията Хатырыкка уонна Намҥа үчүгэйдик ааста. Илья Егоровичка бэлэмнэнии бөҕө баран эрэр. Эн матырыйаалгын эмиэ ылыахтаахтар. Онон сыыйа-баайа бэлэмнээн ыытарыҥ буоллар». “Россия журналистарын чилиэнэ буолбуккунан сурук үлэтигэр кыра сыһыаннаах киһи быһыытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Өр сыллаах айар үлэҥ, төрөөбүт дойдугар, өбүгэлэргэр, дьоҥҥор-сэргэҕэр итии тапталыҥ, тус бэйэҥ, тутаах үлэҥ таһынан сүрэҕиҥ этиитинэн, дьулуурдаахтык үлэлээҥҥин бу ааты ыллыҥ диэн сыаналыыбын. Баар-баара батарбат диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Төрүт уус, удьуор син биир билэр, таайар дииллэрэ кырдьык эбит”.

Дьэ ити курдук биһиги бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн, үөрүүбүтүн-көтүүбүтүн, хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэн бииргэ алтыһан ааспыппыт. Былатыан олус үтүө санаалаах, холку, сэмэй майгылаах, кыраттан даҕаны үөрүнньэҥ, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх, элбэх үтүө-мааны доҕоттордоох, киэҥ билиилээх, сахалыы киэҥ толкуйдаах киһи этэ.

Мин кинилэргэ элбэхтик сылдьан, хонон, өрөөн ааспытым. Дьиэлээх хаһаайка Галина Лукинична астаабыт минньигэс аһын амсайбыт, аһаабыт киһибин. Мин кинилэргэ кэллэхпинэ, үөрүү-көтүү буолара. Кыра кыыстара Катяны көтөхпүт оҕом. Билигин кини үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, билиҥҥинэн магистрант. Кыыс оҕолоох, ыал ийэтэ. Улахан кыыстара Маша эбэлээх эһэтигэр иитиллибитэ.

Доҕорум Платон Алексеевич бэйэтэ эппитин курдук, кинигэлэрбин эрэдээксийэлээн, бэчээккэ бэлэмнээн, күн сырдыгын көрдөрбүт, тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх-өҥөлөөх киһи. Оннооҕор түһээн, кини долбууртан ылан миэхэ икки кинигэни биэрбитин көрөн турабын. Ол «Муустаах Байҕал кытылыгар» (2000 с.) уонна «Төрөөбүт төрүт түөлбэбит» (2004 с.) «Бичик» НКК тахсыталаабыт кинигэлэрим.

2005 сыл сааһыгар «Төрөөбүт төрүт түөлбэбит» кинигэм сүрэхтэниитигэр оҕотуттан-оҕонньоругар тиийэ бүтүн дьиэ кэргэнинэн кыттыыны ылбыттара. Кинигэни билиһиннэрии Хотугу норуоттарга уонна федеративнай  сыһыаннаһыыга Департамент киэҥ-куоҥ аактабай саалатыгар буолбута. Кинигэм сүрэхтэниитин Платон Алексеевич бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыыппыта.

Аан бастаан мин туспунан «Саха сирэ» хаһыакка суруйан, өрөспүүбүлүкэ ааҕааччыларын киэҥ эйгэтигэр таһаарбыт киһинэн доҕорум Былатыан этэ. Эмиэ кини үтүөтүнэн, сабыдыалынан Е.Е.Алексеев («Төрөөбүт төрүт түөлбэбит” кинигэҕэ аан тылын суруйбута), В.В. Илларионов, Г.Г.Филиппов, И.Е.Алексеев, А.Н.Жирков, М.У.Тимофеев, П.Г.Петрова, Р.И.Бравина, Л.Р.Кулаковская, О.А. Мельничук курдук наука, култуура диэйэтэллэрин билсэн, алтыһан ааспытым, быһата, саха интэлигиэнсийэтин сүөгэйэ-сүмэтэ буолбут, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр дьоннордуун алтыспытым. Кинилэр эмиэ үгүстэрэ миэхэ көмөлөспүт, хаһан баҕарар үтүөнү-кэрэни оҥорортон туора турбат дьон.

Платон Алексеевич Слепцов олус дьулуурдаах үлэһит, сылайары-элэйэри билбэт сүрэхтээх-бэлэстээх киһи этэ. Кини бэйэтин сүрүн үлэтин таһынан, омуктары, сороҕор бэйэбит учуонайдарбытын, археологтарбытын кытта экспедицияларга устудьуоннардыын этнографическай быраактыкаларга үгүстүк сылдьара. Ону таһынан элбэх ахсааннаах, научнай-популярнай, документальнай-публицистическай, бэлиитиическэй кинигэлэр, араас альбомнар, брошюралар ааптардара, хос ааптардара, редактор быһыытынан үгүс сыратын-сылбатын биэрэн туран үлэлээбитэ, кыттыбыта.

Платон Алексеевич Слепцов төрөөбүт норуотун, дойдутун дириҥник таптыыра, дьиҥнээх патриота этэ. Мин элбэх сыллар устата кинилиин доҕордоһон, дьиэ кэргэттэриниин алтыһан ааспыппыттан олус диэн үөрэбин, астынабын уонна дьылҕабар махтанабын.

Николай КҮНДҮЛҮН,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун, РФ Географическай уопсастыбатын чилиэнэ. Усуйаана оройуонун уонна Хаһааччыйа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением