Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын Декларациятын уонна Төрүт сокуонун, итиэннэ РФ Конституциятын оҥорсубут, Ил Түмэн атаҕар турарыгар төһүү күүс буолбут бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэл Егор Ларионов бүгүн, ол эбэтэр ахсынньы 4 күнүгэр, 80 сааһын томточчу туолла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын Декларациятын уонна Төрүт сокуонун, итиэннэ РФ Конституциятын оҥорсубут, Ил Түмэн атаҕар турарыгар төһүү күүс буолбут бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэл Егор Ларионов бүгүн, ол эбэтэр ахсынньы 4 күнүгэр, 80 сааһын томточчу туолла.

Сааһын тухары Сахабыт сирин саргытын салайсыбыт, сайдар саҕахтарын арыйсыбыт, сокуонунан көмүскэллээх буолуутун хааччыйбыт, кэрэ киэҥ кэскилин түстэспит үтүөкэн киһибитин, улахан сокуонньуту, талааннаах юриһы, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, Сунтаар уонна Нам улуустарын бочуоттаах гражданинын, ытыктабыллаах Егор Михайловиһы, үбүлүөйдээх үөрүүтүнэн эҕэрдэлээн туран, кини ситиһиигэ сирдиир соргулаах олоҕун киэн тутта кэпсиибит. 

«Бэлэм буол» сабыдыала                         

Егор Михайлович Ларионов 1940 сыллаахха, уот сэриини көрсө, Нам Салбаҥар төрөөбүтэ. Улахан олоҕу олорор, баччаҕа диэри кэлэр быатыгар кини эрэ 9 бииргэ төрөөбүттэртэн тыыннаах хаалбыта.

—Аас-туор, кыһалҕалаах кырыымчык кэмнэргэ оҕо сааһым ааспыта. Ол барыта доруобуйабар охсон, ыарыһах буоламмын, Нам улууһун Хамаҕатта оскуо­латын «нуул» кылааһыгар 9 сааспар хойутаан киирбитим. Аны эчэйэммин, балтараа сыл үөрэммэтэҕим. Онон кылааспар саамай «саастаахтара» этим.

ларионов5

Кини оччолортон үлэҕэ кыһамньылаах, эппиэтинэстээх эбит. Ону  1959 сыллаахха саҥаттаан сөргүтүллэн тахсыбыт «Бэлэм буол» хаһыат матырыйаала туоһулуур. Ол туһунан Егор Михайлович бу курдук ахтар:

«Алтыс кылааска үөрэнэр сылбар оскуола комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээринэн талбыттара. Бэҕэһээ курдук саныыбын, «Бэлэм буол» эрэдээксийэтэ «Төлөннөөх сүрэхтэр» этэрээти биһиэхэ, Хамаҕаттаҕа, тэрийэ кэлбитин. Онно биһиги кылааспыт түбэспитэ. Сорукпут — холкуос үлэтигэр көмөлөһүү этэ. Ол курдук, гидропоннай оту үүннэрэн, уҥуох күлүн мунньан, ньирэй эбиллиитин ситиспиппит. Биһиги таһаарбыт ыҥырыыбытын ылынан, атын оскуола оҕолоро эмиэ хотон үлэһиттэригэр көмөлөһөр буолбуттара. Ону хаһыаттан ааҕан үөрэрбит. Аны быа хатарга анаан, сиэллээһин кэмигэр сылгыһыттарга барарбыт. Оттон саас хортуоппуй олордуута, оскуола саһаа­на... Сэттэ кылаастаах оскуолаҕа биһиги, алтыстар, улахан дьон дэнэрбит, учууталларбытын кытта мас охторорбут. Эрбээн, саһааннаан, ойуурга үлэ бырааһынньыга буолара. Аны уопсастыбаннай өттүнэн эмиэ сатаа-сатаама — барытыгар инники буолуохтааххын. Чэпчэки атлетиканан дьарыктанарым, саахыматтыырым. Син бэркэ оонньуурум, өрөспүүбүлүкэҕэ III миэстэ буолан турардаахпын.

Биһигини, «төлөннөөх сүрэхтэри", оскуола бүтүннүүтэ билинэрэ, сорохтор ымсыыраллара даҕаны. Учууталлар тэҥнээхтэрин курдук аахсаллара. Педсэбиэккэ сылдьан, кинилэри кытта тэнҥэ дьүүллэһэрбит.

Оскуолабын бүтэрэн, үлэһит буолан да баран, олоххо дьулуурбун күүһүрдүбүт, уопсай үлэҕэ уһуйбут, салайар-тэри­йэр дьоҕурбун бастакынан тургуппут «Төлөннөөх сүрэхтэр» этэрээккэ, 5 сыл буола-буола, саҥа көлүөнэ ыччаты киллэрэр үөрүүлээх тэрээһиннэригэр көтүппэккэ сылдьа сатыырым. Онноо­ҕор Сунтаарга үлэлии олорон кэлбиттээхпин. Оннук тэрээһиҥҥэ «Бэлэм буол» эрдээксийэтин оччотооҕу үлэһиттэрин Нина Протопопованы, Амма Аччыгыйын, Николай Дмитриеви көрсөрүм. Саҥа этэрээт ылыллыытын аайы түспүт хаартыскаларым, хаһыатым өр сыллаах тиһилигэ — күндү баайым. Оҕо эрдэхтэн актыбыыс буола улааппыппар «Бэлэм буол» сабыдыала улахан. Онно иитиллибит «зарядым» билиҥҥэ диэри баар. «Бэлэм буол» тэрийбит «Төлөннөөх сүрэҕэ» улахан үлэһит буоларбар кыым сахпыта, ол иһин өрүү махтана саныыбын». ("Кэскил" , 1996).

студент Устудьуон Егор төрөппүттэрин кытта

Үтүө дьон алгыһынан

—Билигин санаатахха, бэлиитикэҕэ сыстыым оскуола саҕаттан саҕаламмыт эбит. Үрдүкү кылаастарга мин Нам оскуолатыгар үөрэммитим. Тохсуска сырыттахпына, Нам оройуон­нааҕы хомсомуолун бастакы сэкирэтээрэ Иннокентий Кривошапкин миигин райком чилиэнинэн ылбыта. Онтон оскуоланы бүтэрбиппин кэнниттэн инструкторынан ыҥырбыта. Онно баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн аатырбыт партийнай үлэһит Степан Николаевич Платонов үлэлиирэ. Кини миэхэ олоххо «путевкабын» биэрбитэ:  Свердловскайдааҕы юридическай институкка үөрэттэрэ ыыппыта. Бастаан кэнэн санаабар аккаастана сатаабытым. Санаам да тиийбэт ыраах соҕуруу дойдутугар, буолаары буолан киһи салла истэр юрист идэтигэр мин хайдах үөрэниэхпиний диэн. Ол гынан баран, Степан Николаевич айылҕаттан дипломат буолан, тылыгар киллэрэн,  иннибин ылбыта.

Кэскиллээх эдэр уолу муударай салайааччы таба көрөн, сөптөөх суолга туһаайан: «Түөрт сылынан борокуруор буолан кэлээр», — диэн алҕаан атаарбыта. Эппиэтинэстээх эр бэрдэ эрэллэрин түһэн биэрбэт гына  кыһаллан үөрэммитэ.

 Ол саҕана Борис Ельцин Свердловскай обкомугар бастакы сэкирэтээр этэ. Институппутугар кэлэ сылдьан, түннүгүнэн көрө-көрө: «Аата сүрүн, үөрэх кыһатын таһыгар ыскылааттар буолан. Ити оннугар уопсай дьиэлэри туттарыахпыт», — диэбитэ. Кырдьык, икки сылынан ол эппитэ туолбута. Москваҕа да тиийэн, бэрээдэги олохтоон испитэ. Ол эрээри кинини политбюро чилиэнинэн оҥорботохторо, хандьыдаатынан эрэ хаалларбыттара. Онтон улаханнык хомойбут этэ. Мин саныахпар,  1985 сыллаахха Горбачев оннугар тута Ельцини олордубуттара эбитэ буоллар, хомуньуус баартыйата билиҥҥэ диэри өрөгөйдүү сылдьар буолуо этэ.

Иккис кууруска сылдьан, Егор Михайлович тэҥҥэ оонньоон улааппыт кыыһын Степанида Касьянованы кэргэн ылбыта.

Биһиги сайылыкка билсибиппит. Мин 12 саастааҕым, кини 10-нааҕа. Оччолортон доҕордоһон, Степанида Степановналыын үйэ аҥаара кэм биир­гэ дьоллоохтук олорбуппут. Нуучча тылын учуутала идэлээҕэ. Кини сүбэ-ама, өйөбүл-тирэх буолан, мин элбэҕи ситистэҕим дии.

Егор Михайлович үрдүк үөрэҕин бүтэрээт, бастаан Үрдүкү суукка консультанынан үлэлээбитэ, онтон Ленс­кэйгэ судьуйанан анаммыта.

—Ноҕурууската аһара улахана: сылга 120 холуобунай дьыаланы көрөрбүт. Онно эбии гражданскайдар, аны 5 хаайыы баара. Наһаа сылаарҕааммын, киэһэ аайы муннубуттан хаан кэлэр буол­бута. Ол иһин төрдүс сылбар төттөрү Дьокуускайга төннөн кэлбитим уонна, сууттан тэйэн, баартыйа ыйар суолунан айаннаабытым: бастаан горкомҥа, обкомҥа, ол кэнниттэн Сунтаарга, онтон дойдубар Намҥа сэкирэтээрдээбитим, ол быыһыгар Хабаровскайга үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэммитим. Салайар үлэҕэ хатарыллыбытым, үчүгэй уопуту ылбытым. 

Уларыта тутуу уххана

Егор Михайлович үлүмнэһэн үлэлиир кэмэ олох дьалхааннаах сылларыгар түбэспитэ. «Төлөннөөх сүрэхтээх» пионертан саҕалаан, эдэр сааһын суолдьут сулуһа буолбут баартыйата биирдэ суох буолбута. Туох тосхолу тутуһар, ханнык идиэ­йэҕэ тирэҕирэр мунаах кэмнэр үүммүттэрэ.

 Михаил Николаев өссө Сойуус эстэ илигинэ: «ССРС үрэллэн эрэр, саҥа Конституцияны бэлэмнээн саҕалыахха», — диэн эппитэ. 1990 сыллаах­ха мин Нам улууһуттан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥыырытын дьокутаата буолбутум. Бу састаап былаас уларыйыытыгар түбэһэн, үтүмэн үлэни көрсүбүтэ, өрөспүүбүлүкэ тирэх буолар докумуоннарын ылыммыта: Судаарыстыбаннай суверенитет Декларациятын (1990 с. балаҕан ыйын 27 күнэ), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун  (1992 с.  муус устар 27 күнэ),  СӨ Бэрэсидьиэнин туһунан сокуону (1991 с.).

ларионов3

РФ Конституциятын суруйарга эрэгийиэн аайыттан 2-лии киһини Москва көрдөөбүтэ. Онно Конституционнай суут бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Дмитриевич Петракову уонна Егор Михайлович Ларионовы анаабыттара.

—Үрдүкү Сэбиэти Хасбулатов салайара. Ельцин киһитэ буолан, бастаан иккиэн биир бырайыактаахтара. Онтон сатаспакка, Бэрэсидьиэн туспа бэйэтин барылын оҥорбута. Онно эбии өссө учуонайдар торумнаабыт бырайыактара баара. Мин Свердловскайдааҕы преподавателим Сергей Алексеев, итиэннэ Сергей Шахрай бэлэмнээбит этилэрэ. Ол бырайыак, дьиҥэр, үчүгэй этэ эрээри, наһаа  либеральнай тосхоллооҕо. Оччотооҕу уопсастыба сатаан ылыныа суоҕа этэ. Итинник диэн мин аһаҕастык кириитикэлээбитим. Онуоха учууталым: «Не зря понатаскал Ларионова, правильные замечания», — диэн сөбүлэспитэ. Ити кэмҥэ Ельцин уонна Үрдүкү Сэбиэт утарсыылара тыҥаабыта. Ол тугунан түмүктэммитин бары билэбит — Үрүҥ дьиэни тааҥкалаах кэлэн ытыалаабыттара. Саха сиригэр Үрдүкү Сэбиэти ыһар туһунан бирикээс кэлбитэ. Миигин Юстиция министиэристибэтигэр көһөрөөрү гыммыттара да, бэйэм аккаастаммытым. Үлэтэ суох хаалан баран, дойдубар Намҥа тахсыбытым. Ол кэмҥэ Москваттан эрийэн, Конституцияны салгыы оҥорсорго эппиттэрэ. 

Төрүт сокуон төлкөтүн түстэһэн

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба быһыытынан билинэллэрин, айылҕатын баайын бэйэтэ эрэ бас билэрин уонна былаас уорганнарын тэрийиигэ толору бырааптаах буоларын ситиһэр соруктаах этибит. Ол иһин Конституцияҕа федеральнай киин субъектары  дуогабарга уонна сөбүлэҥҥэ эрэ олоҕуран дьаһайыан, салайыан сөбүн туһунан киллэрбиппит, компетенцияларын ыйан туран. Хомойуох иһин, Үрүҥ дьиэни ытыалааһын кэнниттэн балаһыанньа уларыйбыт этэ. Ол этиилэрбитин тиэкистэн ылан бырахпыттара. Оннооҕор кыраай да, өрөспүүбүлүкэ да, уобалас да диэни билиммэт, субъектарынан араарыыны утарар, эрэгийиэннэри барыларын тэҥниир баҕалаах бөлөх баар буолбут этэ. Олору кытта сөбүлэспэппитин биллэрэн, мунньахтан тахсан барарбыт. Оннук куттаан эҥин, Конституцияҕа «өрөспүүбүлүкэ» диэн тыл кэнниттэн скобкаҕа «судаарыстыба» диэни туруор­тарбыппыт.

Егор Михайлович Сахатын сирин статуһун, боломуочуйатын, бас билиитин күөмчүлэппэт туһуттан утарылаһара элбэҕэ, Конституцияны оҥорор хамыыһыйаҕа саамай туруорсуулаахтара этэ. Кини РФ Төрүт сокуонугар Федеративнай дуогабары уларыппакка, ыстатыйаларынан ыспакка, тирэх эрэ оҥостубакка, сыһыарыы курдук бэйэтинэн киллэртэрэ сатаабыта... Ол да буоллар, Ларионов элбэх этиитэ Конституция тиэкиһигэр бигэргэммитэ. Холобур, 9-с ыстатыйаҕа «земля и другие природные ресурсы используются и охраняются в Российской Федерации как основа жизни и деятельности народов, проживающих на соответствующей территории» диэн. Итини сэргэ оҕо саада, оскуола, орто анал үөрэх барыта босхо, төрөөбүт тыл көмүскэллээх буолуутун, борокуратуураны былаас уорганын быһыытынан билинии, о.д.а. туһунан.

Ларионов1

Ил Түмэҥҥэ

1993 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт бүтэһик ХХ сиэссийэтигэр парламент туһунан Концепцияны өйөөбүттэрэ. СӨ Бэрэсидьиэнэ ону бигэргэппитэ. Онон ахсынньыга Ил Түмэҥҥэ бастакы дьокутааттары талар быыбар буолбута. Егор Ларионовы биир дойдулаахтара намнар өссө Москваҕа үлэлии сырыттаҕына хандьыдаатынан турарга көрдөспүттэрэ.

—Михаил Ефимович: «Палаата бэрэссэдээтэлинэн вице-бэрэсидьиэн буолар», — диэбитэ. Оччолорго В.А. Штыров этэ. Бастакы мунньаҕы кини ыыппыта. Ол эрээри дьокутааттар ити дьаһалы биһирээбэтэхтэрэ. Миигин оҥорор санаалаахтара. Ол туһунан Дмитрий Попов эппитэ, кинини Артур Алексеев уонна  Андрей Кривошапкин тута өйөөбүттэрэ. Куоластааһыҥҥа 100 %-ны ылан, Судаарыстыбаннай Мунньах бастакы спикерэ буолбутум. 

Ларионов2

Биһиги былаас олох саҥа уорганын олохтообуппут. Сокуону барытын саҥаттан кэриэтэ суруйбуппут. Ону сырдатар парламентскай хаһыаты тэрийбиппит. Бырабыыталыстыба 1-кы №-дээх дьиэтигэр бастаан батан олорбуппут. Үп-харчы, хаһаайыстыбаннай чаас боппуруостарын барытын Бэрэсидьиэн аппараата быһаарара. Сылы быһа киирсэн, бэйэбит бас билэр буолбуппут. Ил Түмэн икки ыҥыырытыгар дьокутаат этим. Онтон Вячеслав Штыров Бэрэсидьиэн дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччытынан ыҥырбыта. Судаарыстыбаннай-правовой боппуруостарга уонна РФ федеральнай уорганнарын алтыһыыларыгар департамены сүрүннүүрүм. Кэлин Конституционнай суукка Бэрэсидьиэн бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитим.

Билигин Егор Михайлович бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ол эрээри син биир үлэ үөһүгэр сылдьар: ахтыылары, ыстатыйалары суруйар, эдэр көлүөнэ дьокутааттарга сүбэ-ама буолар. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением