Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Быйыл сайын, бэс ыйын 14 күнүгэр, биллэр судаарыстыбаннай, баартыйа уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Юрий Николаевич Прокопьев 90 сыллаах үбүлүөйүн киэҥ хабааннаахтык көрүстүбүт. Юрий Николаевич Сахабыт сирин аптаныамыйата төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн, кини туһунан араас сылларга суруллубут истиҥ ахтыыларга сигэнэн өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ.

Быйыл сайын, бэс ыйын 14 күнүгэр, биллэр судаарыстыбаннай, баартыйа уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Юрий Николаевич Прокопьев 90 сыллаах үбүлүөйүн киэҥ хабааннаахтык көрүстүбүт. Юрий Николаевич Сахабыт сирин аптаныамыйата төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн, кини туһунан араас сылларга суруллубут истиҥ ахтыыларга сигэнэн өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ.

«Норуотун туһугар эрэ үлэлиирэ»

Ульяна Терентьевна Тимофеева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, ССРС үөрэҕириитин туйгуна, 92 хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас:

edbedf45 6bb8 4025 bb32 f417be4b2f1a

— Юрий Прокопьев олоҕун бүүс-бүтүннүү төрөөбүт норуотун, өрөспүүбүлүкэ чэлгийэ сайдарын туһугар анаабыт патриот салайааччы буолар. Кини ханнык да дуоһунаска талыллан үлэлээбитин иһин, барытыгар билиитин, дьоҕурун биэрэн туран үлэлиирэ, ол иһин үлэтэ ситиһиилээх буолара дии саныыбын.

Ордук ЮрийПрокопьев тэрийэр талаана хомсомуол үлэтигэр арыллыбыта. Кини дьону, ыччаты кытта сатаан сыал-сорук туруоран үлэлиирэ биһигини, хомсомуоллары, угуйбута. Киһи быһыытынан киэҥ-холку, кэрэ дууһалаах салайааччы этэ диэн өйдүүбүн.

1958 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун «Чэчир» литературнай түмсүүтэ тэриллибитэ. Н. Якутскай, П.Тобуруокап, А.Федоров, В.Чиряев, Дьүөгэ Ааныстыырап, С.Руфов, И.Гаврильев, С.Дадаскинов, В.Гольдеров, А.Николаев ааттара өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибитэ. Кэлин Н.Герасимов-Айталыын, В.Титов, П.Одорусов, У. Оросунскай, В.Сивцев, П.Прокопьев, о.д.а. суруйааччылар үүммүттэрэ.

d04def65 89e4 4ae2 9633 e3e5fae00308 copy

Үөһээ Бүлүү ыччата кини салалтатынан бастакынан оройуон бары нэһилиэктэригэр тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии тахсарга өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыы таһаарбыттара. Үгүс доруобай, талааннаах ыччаппыт «оскуолаттан производствоҕа, онтон үрдүк үөрэххэ» диэн девизтээх холкуостарга ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ.

Мин оччолорго тыа оскуолатыгар учууталынан үлэлиирим. Онон бу кэскиллээх тэрээһиҥҥэ хомсомуол РК Пленумун чилиэнин быһыытынан көмөлөһөрүм,  ыччаты тыаҕа үлэҕэ аттаран туруорууга үлэлэспитим.   Ол курдук, 1963 сыллаахха хомсомуол Александра Николаевна Иванова өрөспүүбүлүкэҕэ  аан бастаан 3860 лиитирэ үүтү хас биирдии ынаҕыттан ыан, уһулуччу көрдөрүүнү ситиспитэ. Кэлин үрдүк үөрэҕи баһылаан, уһуннук бырааһынан үлэлээбитэ, РФ үтүөлээх бырааһа буолбута.

Хомсомуол XVI сийиэһин дэлэгээтинэн  О.Васильева, хомсомуол XX сийиэһин дэлэгээтинэн В. Поскачина талыллыбыттара. Саха АССР Үрдүк сэбиэтин дьокутааттарынан хомсомуоллар З.Хогунова, М. Данилова, М.Ильина, С.Андреева, К.Тимофеева, А.Николаева быыбарданан үлэлээбиттэрэ.  Хомсомуол оскуолатын ааспыт Ф.С. Тумусов, В.Д. Михайлов, А.Ф. Абрамов, Д.Д.Саввинов, Н.Г. Номрова – Карадчина, И.И. Шамаев, А.Г. Лыглаев, И.Е. Егоров, А.И. Полосова наука дуоктардарынан буолбуттара.

«Биһиги өрүү доҕордуу этибит»

Николай Тобуруокап, филологическай наука дуоктара, норуоттар икки ардыларынааҕы түүрдэр Академияларын академига:

— Мин КПСС обкомугар үлэбин саҕалыырбар, Юрий Николаевич номнуо Москуба куоракка үөрэнэрэ. «О становлении и развитии жанра романа в якутской и бурятской литературах» диссертациятын суруйар кэмигэр, Эрилик Эристиин прозатын исписэлииһин, билим салаатын сэбиэдиссэйин быһыытынан миэхэ хаста даҕаны тахса сылдьыбыта. Бу курдук биһиги билсиһиибит, истиҥ доҕордоһуубут саҕаламмыта.

882c1d23 40c1 44fb 8737 313c54495e3e copy

Холобур, биһиги кинилиин В.В. Никифоров литературнай нэһилиэстибэтигэр сыанабылбыт тэҥ этэ. В.Горбатенко сымыйа докумуоннарга олоҕуран, билим эйгэтигэр киирбитэ элбэх айдааны, түбүгү таһаарбыта. Саха судаарыстыбаннай университетыгар кини экэниэмикэ наукаларын дуоктарын быһыытынан киирбитэ, хандьыдааттары бэлэмнээһини саҕалаабыта, диссертационнай Сэбиэти тэрийбитэ.  «Правда» хаһыат сирэйигэр саралыы тардар матырыйаал тахсыбыта, онуоха  КПСС маҥнайгы сэкирэтээрэ Г.И. Чиряев миигин уонна Юрий Николаевиһы ыҥыран ылбыта, быһаарсарбытыгар сорудахтаабыта.

Кэлин биллибитинэн, обком сэкирэтээрэ В.Г. Павлов Москуба куоракка экэнэмиичэскэй наука учуонай истиэпэнин хандьыдаата буоларга атын  дьон үлэлэрин туох даҕаны ссылката суох суруйбута биллибитэ.  Баартыйа хамыыһыйатын бэрэстэбиитэлэ И.Н. Чибаковы кытта ыспыраапка бэлэмнээбиппит, манна ырылыччы көстүбүтүнэн, КПСС обкомун бэрэссэдээтэлэ Павлов В.Г. диссертациятын 30% элбэҕэ атын дьон үлэлэригэр олохтоммута көстүбүтэ.

Баартыйа обкомун идеологическай боппуруостарыгар сэкирэтээринэн үлэлиир кэмнигэр Юрий Николаевич доҕотторугар, табаарыстарыгар сыһыанын уларыппатаҕа. Үлэһиттэр быһыытынан күннээҕи үлэҕэ сыһыаммыт атын, доҕордуу сыһыаммыт үлэ кэмин кэнниттэн этэ.  Прокопьевтар дьиэ кэргэннэрэ биһиэхэ олус чугастар. Кэргэнэ Вера Лаврентьевна мин кэргэним Валентина Максимовна уу тэстибэт дьүөгэлиилэр. Оҕолорбут Наташа, Оля, Юра кинилэр оҕолорунаан Аллалыын уонна Наташалыын билиҥҥэ диэри доҕордоһоллор.

ю.н. прокопьев

«Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ тутулуга суох буолуутун тосхоллоро»

Василий Власов, III, V ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата:

— Юрий Николаевич Саха сирин 1982 сылтан салайбыта. Үстэн тахса сыл көмөлөһөөччү быһыытынан үлэлиир кэммэр, кинилиин араас боппуруостары ырытар кыахтааҕым – Кытай, Франция, Италия компартияларын кытары КПСС  сыһыаннаһыыларын, уопсастыба бэлитиичэскэй систиэмэтигэр компартия оруолун, Сэбиэскэй Сойуус экэниэмикэтин уларыта тутууларын о.д.а.

Мин өйдүүрбүнэн, 1990 сыллаахха обком уонна өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ киэҥ хабааннаах билим-практическай кэмпэриэнсийэни тэрийбиттэрэ. Манна өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй тутулуга суох буолуутун сүрүн тосхоллоро суруллубуттара, бу тиэкиһи кэлин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын декларациятыгар киллэриигэ дакылааты Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлин сорудаҕынан туруорбутум.

Дойду үрдүнэн былааннаммыт, кииннэммит экэниэмикэ усулуобуйатыгар, өрөспүүбүлүкэттэн  маннык идеялар уонна дириҥ үөрэтиилэр дьоһуннаах уонна эппиэтинэстээх хардыы буолбуттара. Бу докумуон Сахабыт сирин олохтоохторун интэриэстэрин учуоттаан экэниэмикэ үлэтигэр быраап, нуорма базатыгар уларыйыылары киллэриини, судаарыстыбаннай-оҥорон таһаарар  түмсүүлэр уонна тэрилтэлэр тэрийэр-быраап нуормаларын уларыта тутууларын, нолуок систиэмэтин, сыананы, тарыыптары  хаарыйбыта. Бу барыта кэлин өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтинэн үлэҕэ киирэрин саҕалаабыта. Ол эрэн, 80-с сыллар бүтүүлэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ ураты суолталааҕа, уонна Юрий Николаевич Прокопьев дьокутаатынан талыллан үлэлээбит СӨ Үрдүкү Сэбиэтигэр оҥкул буолбута.

c364d6ff 4e3f 4e93 8413 d2a7002bbc2d copy

«Ураты көрүүлээх-истиилээх личность этэ»

Владислав Шамшин, 1989-1991 сс. Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата:

— Сыллар хонуктар түргэнник ааһаллар. Юрий Николаевичтыын бииргэ алтыһан үлэлээбиппэр дьылҕабар махтанабын. Кини кырдьык ураты көрүүлээх-истиилээх личность этэ. Отой уһулуччу бэрээдэктээҕэ, бар дьонугар эппиэтинэстээҕэ, оттон күннээҕи олоҕор – олус сэмэйэ, бэйэ бодотун туттунара, доҕордуу сыһыаннааҕа, көмөҕө кимиэхэ баҕарар улгумнук кэлэрэ.

1988 сыллаахха кини тус көҕүлээһининэн, обком бюротун быһаарыытынан улахан хамыыһыйа тэриллибитэ, салайары миэхэ эппитэ. Хамыыһыйа Саха АССР бэйэни салайыныы уонна үбүлээһин бириинсиптэрин кэнсиэпсийэтин толкуйдуохтааҕа. Экэнэмиистэр тылларынан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй, үбүлээһин балаансатын тобулуохтаахпыт. Аан маҥнайгытын экэниэмикэ, көмүс-алмаас хостуур тэрилтэлэр үптэрин көрдөрүүлэрэ судаарыстыбаннай кистэлэҥ буолан бүппүттэрэ.

94ade28d 8b01 494e 9464 88162a74e445

Биир сыллаах күүстээх үлэ кэнниттэн, 1989 сыллаахха, хамыыһыйа маннык түмүккэ кэлбитэ: ол кэмҥэ баар мэхэньиисимҥэ, Саха сирэ, Арассыыйа уонна СССР экэнэмиичэскэй сыһыаннаһыыларыгар тосту уларыйыы кыаллыбата. Ону ааһан, РСФСР уонна СССР былаастарын ол кэмнээҕи бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай дотациялыыр, инвестициялыыр, харчы-кирэдьиит уонна үбүлээһин бэлиитикэтигэр ырыынак экэниэмикэтигэр көһүү кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын дириҥ кириисискэ тиэрдиэн сөп диэн суоттаабыппыт. 1989 сыллаахха СССР уонна РСФСР бүддьүөттэриттэн, кииннэммит министиэристибэлэр уонна пуондалар  дотациялара быһыллыбыта, сорохторо сотуллубута. Оҥорон таһаарыыга ороскуот эмискэ улааппыта, нолуокка уонна кирэдьииттээһиҥҥэ үлэлии турбут чэпчэтиилэр суох буолбуттара. Бу барыта норуот хаһаайыстыбатыгар, ордук социальнай эйгэни кириисискэ, кытаанах балаһыанньаҕа туруорбута. Юрий Николаевич өрөспүүбүлүкэҕэ экэниэмикэ депрессията социальнай эйгэҕэ күүскэ охсуон сөбүн  бэркэ өйдүүрэ. 1990 сыл сэтинньи 11 күнүгэр «Концептуальные подходы бюро (обкома КПСС) к программе республики по стабилизации экономики и перехода к рыночным отношениям» быһаарыллыбыта. Докумуоҥҥа бырабыыталыстыбалар (СССР, РСФСР, Саха АССР) икки ардыларыгар 1991-1992 сылларга экэниэмикэҕэ сөбүлэҥ түһэриллиитэ булгуччулааҕа этиллэрэ. Бу докумуон өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ суверенитетын олоххо киллэрэр сыаллааҕа, боломуочуйаларга быраап өттүгэр дьэҥкэни, өрүттэр бырааптарыгар уонна эппиэтинэстэригэр, оҥорон таһаарыыга, хаһаайыстыбаннай, үбүлээһин-бүддьүөт сыһыаннаһыыларыгар дьэҥкэни олохтообута.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением