2023 с. тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Саха Сиригэр 55 843 инбэлиит, ол иһигэр 6 992 оҕо олорор. Кыайан хаампат, көрбөт-истибэт дьон уопсастыбаннай эйгэҕэ сылдьалларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии өрөспүүбүлүкэҕэ 2012 с. ыытыллар. Уонча сыл тухары социальнай инфраструктура 500 эбийиэгэ табыгастаах буоларын тэрийэргэ 646,8 мөл. солк. көрүллүбүт.
Саха Сирин олохтоохторугар социальнай өйөбүлү хааччыйар судаарыстыбаннай бырагыраама «Табыгастаах эйгэ» түһүмэҕэр 2023с. олохтоох бүддьүөккэ 43,4 мөл. солк. тыырыллыбыт. Бастатан туран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ пандус оҥорууга, киирэр-тахсар ааны кэҥэтиигэ болҕомто ууруллар.
Күн бүгүн Саха Сиригэр 7 реабилитационнай киин үлэлиир, онтон 4-дэ оҕолорго аналлаах. 2023 с. кулун тутар 22 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан, 2030с. диэри инбэлиит дьону реабилитациялааһын уонна абилитациялааһын ситимин сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаннай эйгэҕэ сылдьалларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир бастакы солбуйааччыта Альбина Трубина иһитиннэрдэ.
2015 с. муниципальнай тэриллиилэргэ, куорат уокуругар бүддьүөттэн 90 мөл. тахса суумалаах субсидия бэриллибит. Муниципальнай бас билиигэ баар дьиэлэргэ пандус, илиинэн бигээн көрөр ыйынньыктары, информационнай табло оҥорорго, дьүлэй, харахтарынан мөлтөх дьоҥҥо анаммыт тэрили о.д.а. туруорарга кыттыгас үбүлээһиҥҥэ итинник субсидия көрүллэр. Итиэннэ уҥуох-сүһүөх ыарыытыгар бастакы группалаах инбэлиит дьон чааһынай дьиэлэрин толору хааччыллыылаах гына өрөмүөннүүргэ көмө оҥоһуллар. Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ муниципальнай тэриллиилэр реабилитационнай оборудование атыылаһалларыгар субсидия күүс-көмө буолар.
Муниципальнай дьиэ-уот пуондатыгар 1047 дьиэҕэ инбэлиит дьон олорор, 2022 с. 590 дьиэ усулуобуйатын бэрэбиэркэлээбиттэр, ол түмүгүнэн 477 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ инбэлиит киһи киирэригэр-тахсарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх. 113 дьиэҕэ оннук усулуобуйа тэрийэр кыаллыбата биллибит. Итинник үлэни тэрийэргэ 87 дьиэни былааҥҥа киллэрбиттэр. 25 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 35 кыбартыыра инбэлиит киһи ирдэбилигэр сөп түбэһэр гына оҥоһуллубут.
СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин департаменын салайааччыта Дьулустаан Чыычаахап 2022 с. көрүллүбүт 5 мөл. солк. субсидияҕа 2, 3 №-дээх Дьокуускай куорат, Ньурба, Үөһээ Дьааҥы балыыһатыгар кыайан хаампат дьону киллэрэргэ-таһаарарга туох үлэ ыытыллыбытын билиһиннэрдэ.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Виктория Захарова иһитиннэрбитинэн, 2023 с. уопсайа 24 103 устудьуон 42 үөрэх кыһатыгар үөрэнэриттэн 359 доруобуйатынан хааччахтаах. Хараҕынан мөлтөх, кыайан истибэт, хаамарын ыарырҕатар устудьуоннар үөрэнэн, идэ ылалларын туһугар 25 үөрэх кыһатыгар табыгастаах усулуобуйа тэриллибит.
СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистир солбуйааччыта Ольга Рафаилова доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уосастыбаннай тырааныспарга сылдьалларыгар 2013-2021 сс. 24 оптуобус, 19 светофор атыылаһыллыбытын туһунан эттэ. 2023 с. оптуобус уонна светофор эбии атыылаһарга 12 мөл. солк. көрүллүбүт. Дьокуускайга аэропорт, тимир суол, оптуобус вокзалыгар барыларыгар инбэлииттэргэ табыгастаах эйгэ тэриллибит.
Төгүрүк остуол дакылаатчыттарын истэн баран, норуодунай дьокутааттар оскуолаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору илдьии, дьиэҕэ үөрэтии, култуурунай тэрээһиннэргэ, быыбарга сылдьыыны тэрийии, саҥа тутуллар дьиэлэри инбэлииттэргэ сөптөөх тэрилинэн хааччыйыы туһунан о.д.а. ыйытыктары биэрдилэр.
Ол туһунан сиһилии «Ил Түмэн» кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын хаартыскалара
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0