Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Орто туруу бараан дойду  олоҕун кистэлэҥин толору билбит суох. Дьылҕа хаан тугу анаабытынан олоробут.  Анабыл тус-туһунан буолар, ону киһи барахсан хайдах ылынара бэйэтиттэн эмиэ тутулуктааҕа саарбаҕа суох.

Мин иннибэр оҕо сааһыттан билэр Мааһыҥкам олорор...

Орто туруу бараан дойду  олоҕун кистэлэҥин толору билбит суох. Дьылҕа хаан тугу анаабытынан олоробут.  Анабыл тус-туһунан буолар, ону киһи барахсан хайдах ылынара бэйэтиттэн эмиэ тутулуктааҕа саарбаҕа суох.

Мин иннибэр оҕо сааһыттан билэр Мааһыҥкам олорор...

Биэстээх-алталаах кыысчаан эбээтин  Боккуо күп-күөх ыраас тэлгэһитигэр сүүрэн сэрбэкэчийэ сылдьара бу баарга дылы. Өссө күн бээһээҥҥи курдук өйдүүбүн Мааһыҥка төрөппүттэрин сыбаайбатын. Эбээ Боккуолаах киэҥ тиэргэннэригэр икки уруу тэҥинэн буолбут үөрүүлээх, сырдык түгэнин. Оччолорго төһө да оҕо буолларбын, кырдьаҕастар “икки урууну маннык тэрийэр аньыы” диэн сипсийэн  кэпсэтэллэрин истэн хаалбыппын эмиэ  өйдүүбүн. Оччолорго, ааспыт үйэ  сэттэ уонус сылларыгар,   Сэбиэскэй Сойуус муҥутуур сайдан турар кэмигэр, ама, ким ол сахалыы сиэри-туому саныай, билиэй. Таҥарабыт биир – хомуньуус баартыйа эрэ буоллаҕа. Ол гынан баран, эмээхситтэр дььаархаммыттара олохтоох курдук буолбута эбээт, кэлин санаатахха...

Оттон бүгүн биһиги бүтүн аймах уустук, аһыылаах да, ардыгар үөрүүлээх да дьылҕатын ырыта барбаппыт. Ол букатын туспа сэһэн-сэппэн. Икки урууну тэрийбит биир эдэрдэр улахан кыыстарын Маша эндирдээх олоҕун суолун кыратык сэгэтэн көрүөхпүт.  

Хотууйа

“Ииппит киһим - эбээм Прасковья Спиридоновна Шестакова буолар. Эбээлээх буоламмын дьоллоох оҕо сааһы билбитим. Түгэнинэн туһанан эбээм аатын ааттыырбыттан олус үөрэбин”, - диир бүгүҥҥү дьоруойум. Кинини билигин Мааһыҥка да, Мария да диэбэккин. Кини аатын сахалыыга уларыттаран, Хотууйа диэн сүрэхтэммитэ.  Бу чахчы аныгы кэм сүүрээнигэр сөп түбэһиннэрии эрэ буолбатах,  аатын уларытарыгар улахан төрүөт баара.

45 сааспар ааппын уларыппытым. “Мария” диэн аат олохпор көрсүбүт охсууга туруулаһарбар барсыбат курдук ылыммытым. Ыарахан ыарыы буулаабытыгар аатым миэхэ күүс биэрэр буолуохтааҕа. Толкуйдаан баран “Хотууйа” диэн ааты ылыммытым. “Хот” уонна “уйа” диэн күүстээх саха тылларын холбоон таһаарбытым.”

Мария  Хотууйа буолуон инниттэн кыыс Ньургун олоҕунан олорбута. Дьылҕа хаана тэбиитинэн. Кини оскуола кэнниттэн орто үөрэҕи бүтэрэн, буҕаалтар идэтин ылбыта, онтон салгыы Санкт-Петербурдааҕы профсоюзтар университеттарыгар үөрэнэн, экэнэмиис идэтин  баһылаабыта. Ол кэнниттэн 13 сыл төрөөбүт-үөскээбит Чурапчытыгар бааҥҥа үлэлээбитэ.

Кэлин санаабын ээ, хаарыан сылларбын баан үлэтигэр бараабыппын диэн. Мин биир сиргэ таба олорбот, барарбын-кэлэрбин сөбүлүүр киһи уонтан тахса сыл кабинекка хаайтаран олордоҕум үһү. Баантан уурайан баран бэйэ дьыалатын тэрийэн үлэлээбитим. Урбаан эйгэтигэр киириим – мин аналым буоларын билбитим. Ачыкы атыылыыр маҕаһыын, кэлин түннүгү оҥорор сыах арынан, кэргэмминээн Иосифтыын тигинэччи үлэлээн барбыппыт. Дьэ, бэйэм дьыалабын булунан, өрө тыынан олорон испитим баара...

Тургутуу

Мария 45 сааһыгар олоҕо туох да омуна  суох 180 кыраадыска эргийбитэ. Эмискэччи бүөрэ аккаастаан кэбиспитэ. Ыар сонун бүтүн бэйэтин  муустаах ураҕаһынан биэрбитэ. Кустук араас өҥүнэн ооньуур олоҕо биирдэ  өлбөөдүйэн хаалбыта. “Тоҕо?! Тоҕо дьылҕа хаан бу курдук биир бэйэбин сордоон эрэрий!” Бу ыйытыы салгыҥҥа ыйаммыта. Ол эрэн, кини ыарыы мээнэҕэ кэлбэтэҕин таайара. Барыта олоҕор ылбыт охсуутуттан. Көхсүгэ сөҥөн испит бииртэн биир охсуу таах хаалбат эбит. Хомойуох иһин... 

Маша баара-суоҕа 23 саастааҕар ийэтэ алта кырбас оҕону хаалларан, күн сириттэн күрэммитэ. Оҕолор аҕалара баар курдук этэ да, туһата суоҕа. Онон кини бырааттарын, балтыларын иитэ ыларыгар тиийбитэ.  

Бэйэм биир оҕолоох эдэр ийэ этим, атыны толкуйдуу барбакка, тулаайах хаалбыт оҕолору кэргэмминээн Иосифтыын ылбыппыт. Олоҕум аргыһыгар махталым муҥура суох. Кини 12 оҕолоох ыал оҕото буолан, олоххо бэлэмнээх, ол да иһин миигин өйдөөн-өйөөн оҕолорбутун киһи-хара гыннахпыт. Дьиҥэр, уолаттары иитэр уустук этэ. Мэниктээһиннэрэ, бэрээдэги кэһиилэрэ ханна барыай. Ону барытын, эдэрбит да бэрт буолан буоллаҕа, таһаҕас оҥостубакка аһарынан олорбуппут. Элбэх оҕону аһатар-таҥыннарар  манан дьыала буолбатах этэ.  Хамнаспыт бүүс-бүтүннүүтэ аска барара.  Күн аайы алталыы бухааҥка килиэби атыылаһар этибит. Бэйэбит өссө икки уол оҕону төрөппүппүт. Дьоннор миигин өйдөөбөттөр этэ, итиччэ элбэх оҕолоох сылдьан, өссө төрүүр диэн. Ол эрэн, эрэллээх кэргэннээх, бэйэм эдэр-эрчимнээх буоламмын барытын тулуйан, дьон тэҥинэн  олордохпут. Олоҕум тухары аттыбар  эбээм баара, кини сүбэтэ-соргута күүс буолара.

Эбээ Боккуо

Мария күүстээх санаатыттан киһи сөҕөр. Оҕолорун барыларын атахтарыгар туруоран, бырааттарын эр-биир олох суолугар атааран испитэ. Хас биирдиилэригэр сүрэҕэ долгуйар. Ол эрэн, наар аанньа диэбиккэ дылы, туох эрэ хара дьайа арахсан биэрбэтэҕэ. Бырааттара араас оһолго түбэһэн, барыталаан барбыттара. Сиппит-хоппут уолаттар...

Биир бэйэм хас киһини көмпүтүм буолуой, аньыырҕаан аахпаппын. Тоҕо бу курдук ким эрэ кыраабытын курдугуй диэн, аһыылаах-сүтүктээх киһи араас көрбүөччүлэрэгэ сылдьыбытым. Хайдаҕа эбитэ буоллар, биир айылҕалаах дьахтар эппитинэн, былыр биир хаартыһыт киһи сүүйтэрэн баран, өбүгэбитин кыраабыт үһү. Арааһа, сэттээх тыллаах киһи буоллаҕа. Бу диэн көрбүт суох да буоллар...

Мария өссө биир ыар охсуутунан тапталлаах эбээтэ Прасковья Спиридоновна 84 сааһыгар кинини,  киҥкинэс күн сиригэр хаалларан барыыта буолбута.

Эбээм барахсан олус да уустук олоҕу олордоҕо. Ол эрээри, кини наһаа сырдык санаалаах этэ. Кими эмит мөкүтүк саҥарбытын дуу, үөхпүтүн дуу истибэтэҕим. Дьону наар өйдүүр этэ. Эбээм барахсан... Кэпсээнэ-сэппэнэ элбэҕэ. Аны кыраҕы харахтаах, имигэс илиилээх иистэнньэҥ бэрдэ. Кини илиитин сылааһынан угуттаан тикпит таҥаһын бары кэтэн улааппыппыт. Эбээм мин илиибэр сытан барбыта. Бүтэһик баҕа санаатынан табах тардан баран, уу чуумпутук, куттаабакка-уолуппакка тыына быстыбыта. Дьиктитэ диэн, эбээбит хара дьайы бэйэтин кытта илдьэ барбыт курдук буолбута. Улаханнык саҥарбаппын эрээри, онтон ыла өлүү-сүтүү тохтообута.

Ол эрэн, аны биир кыһалҕа Хотууйаны  ытарчалыы тутан турдаҕа.

            Хотууйа хотуулаах санаата

Дьоруойум төрдүс сылын диализка сылдьар. Кини олоҕун тосту уларыппыт  ыарыы өрө туран кэбиспитигэр маҥнай утаа төрүкү ылымматах.

Эмтэннэхпинэ ааһыа дии санаабытым. Диализка эрэ кииримээри соҕуруунан-хотунан эмтэнэ сатаабытым. Төгүрүк сылы быһа буолуммаккабын олох иэдэйэммин диализка холбоммутум. Онно тута харахтан сыыһы ылбыт курдук чэпчээбитим. Куоракка олорбүтүм 4 сыл буолла, Чурапчыга диализ киинин аһалларын күүтэбин. Былааҥҥа баар дииллэр, -диэн кэпсиир Хотууйа.

Омос көрдөххө кыыһым улахан кыһалҕата суох курдук. Күлэн-үөрэн мичилийэн, саҥаран-иҥэрэн киһини эрэ бэйэтигэр тардар күүстээх киһи. Сытыы-хотуу кыыс диализка холбонон баран дьону бэйэтин тула түмпүт.  Уустук дьылҕалаах дьон олоҕор көрсөр кыһалҕаларын тэҥҥэ үллэстэн көмө буолара биир. Аны туран дьонун санаатын көтөҕөөрү араас бырааһынньыктары  тэрийэр. Саҥа Дьыл, ыһыах дьон санаатыгар хаалан, күүстэригэр күүс эппит тэрээһиннэр буолан, өйдөнөн хаалбыттара баар суол. 

Диализка тыһыынчанан киһи баар. Ол быыһыгар эдэр дьон аҕыйаҕа суохтар. Мин этэр этиим биир – оҕо кыра сааһыттан доруобуйатын харыстанарга үөрэниэхтээх. Уһуйааннарга, оскуолаҕа “уроки здоровья” диэни киллэриэххэ наада. Эдэр сылдьан тоҥон-хатан, сыыһа-халта туттубутуҥ мээнэ ааспат, доруобуйаҕа охсуулаах буоларын эрдэттэн билэр наада. Бэйэ доруобуйатын билиигэ култуура баар буолуохтаах. Уонна ыалдьыбыт дьоҥҥо сүбэлиибин, тута диализка холбонор олус наада. Мин алҕаспын хатылаамаҥ. Диализка холбонон, 25 сылга тиийэ олороллор. Билигин мэдиссиинэ сайдан турар кэмигэр уорганы уларытан олордуу эпэрээссийэтэ стиһиилээхтик оҥоһуллар. Онон эрэли сүтэримиэххэ наада, - диир Хотууйа Лаврова.

Таптал күүһэ

Хотууйа эриирдээх-мускуурдаах олоҕор эркинин курдук эрэнэр олоҕун доҕоро Иосиф Яковлевич Лавров оруола туох даҕаны улахан. Кини өйүүр буолан, тулаайах хаалбыт оҕолору ииттибиттэрэ, ыалдьыбытыгар бэйэтэ баһаарынай чааска караул начаалынньыга үлэлээх киһи кэргэнин дьыалатын ылан, өрөбүллэригэр үлэлэтэн, Чурапчы саҥа дьиэлэрин түннүктүү сылдьар. Олох хайа баҕарар түгэнигэр  тапталлаах кэргэнигэр эркиннээх эрэл. Кэнники сылларга олохторун киэргэппит, саҥа тыыннаабыт  сиэннэрин көрсөр. Лавровтар үс боотур уолаттара кэрэчээн кийииттэри аҕалан, сиэннэри бэлэхтээн, удьуордара утумнанар. 

Бу курдук таптал  хайа да  хахсаат тыалтан куттаммат. Икки таптаһар сүрэх бииргэ буоллахтарына олоххо баар бары тоһууру этэҥҥэ туоруохтара.  Таптал баар - модун күүс. Ону туоһулууллар 32 сыл бииргэ бур-бур буруону унаарытан олорор Хотууйа, Иосиф Лавровтар.

Айталина НИКИФОРОВА.

  

  • 2
  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением