Тааттатааҕы социальнай көмүскэл киинин стационарнай салаатын баазатыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын былаһааккатын үлэлэтэр. Лааҕыр дьиэнэн-уотунан уонна үлэһитинэн толору хааччыллыылаах. Стационарнай салаа сэбиэдиссэйинэн Айсен Окоемов үлэлиир. Үс иитээччи оҕолор сынньалаҥнарын тэрийэллэр, түөрт күннээҕи эрэсиим дьуһуурунайдара уонна миэдик оҕолору көрөллөр-истэллэр, маны таһынан, ас астааччылар, суоппардар үлэлииллэр.
Хас сылын ахсын бу оҕо лааҕырдара тус-туспа хайысхалаах, хатыламмат ураты бырагыраамалаах буолаллар. Ол курдук, иллэрээ сыл оҕолору идэҕэ туһаайар үлэни ыыппыттар. Былырыын үлэ СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев көҕүлээбит «Муусука барыбытыгар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн тэриллибит. Онтон бу сайын оҕо сынньалаҥ былаһаакката үс болдьоххо арахсан, 15-тэн тахсалыы оҕону хабан, «Дорообо, сайын!», «Сайын өҥнөрө» уонна «Арт-каникул» диэн ааттанан үлэлээтэ. Бастакы-иккис болдьохторго оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэрэ сынньаммыттар, онтон үһүскэ эрдэҕэс (подросток) оҕолор сылдьыбыттар. Оҕолорго аналлаах араас хайысханан сынньалаҥ, иитэр-үөрэтэр тэрээһиннэр, улуус тэрилтэлэригэр, түмэллэргэ экскурсиялар, биллиилээх дьону кытта көрсүһүүлэр, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Онон оҕолор күннэтэ солото суохтар, саастыылаахтарын кытта айымньылаахтык алтыһаллар, иллэҥ кэмнэригэр дуоһуйа оонньууллар.
Дойдумсах буолууну иҥэрэн
-- Быйылгы үлэбит сүрүн уратытынан, былаһааккабыт иккис-үһүс болдьохторугар оҕолору патриоттуу иитиигэ туһаайбыппыт буолла. Ол курдук, оҕолорго дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну иҥэрэр сыаллаах-сруктаах бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллар «Донецкай оҕолоругар сурук» аахсыйаҕа кыттыстыбыт. Патриоттуу санаа оҕолорго сурук суруйар кэмнэригэр киирэр. Маныаха, аахсыйаҕа кыттыах иннинэ иитиллээччилэрбитигэр АБДь тула буола турар быһыыны-майгыны кэпсээбиппит, бу өрөспүүбүлүкэ туһунан видео-презентацияны көрдөрбүппүт, онно олорор оҕолор олохторун билиһиннэрбиппит. Оҕолор интэриэһиргээн көрбүттэрэ-истибиттэрэ, элбэх ыйытыыны биэрбиттэрэ. Кинилэр Донецкай оҕолоругар үөрүүнү уонна өрө көтөҕүллүүнү үөскэтэр өйөбүл наадатын өйдүүллэр. Онон аахсыйаҕа эппиэтинэстээхтик уонна истиҥник кыттыыны ыллылар. Суруктарын олус кичэйэн, истиҥник суруйбуттара, уруһуйдаабыттара. Маҥнайгынан бэйэлэрин билиһиннэрэн, оскуолаларын уонна төрөөбүт сирдэрин туһунан сырдатан суруйдулар, салгыы саастыылаахтарыгар өйөбүл тылларын тиэртилэр, баҕа санааларын үллэһиннилэр. Онтон «Докучаевскай куорат оҕолоругар кинигэ» диэн аахсыйаҕа Таатта олохтоохторо, социальнай көмүскэл киинин үлэһиттэрэ, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноро кинигэ хомуйаннар, көхтөөх кыттыыны ыллылар. Маннык тэрээһин оҕолорго аһыныгас, амарах буолууну, үтүө санааны үөскэтэр уратылаах. Биһиги оҕолорбут баһыылкалара уустук балаһыанньалаах олохтоох Донецкай оҕолоругар эйэлээх олоххо, инникилэригэр эрэли, итиэннэ итэҕэли саҕыаҕа диэн бигэ эрэллээхпит, – диэн Варвара Николаевна кэпсээтэ.
Оҕолор илдьиттэрин айана
Сынньалаҥ былаһаакка оҕолоро уонна иитээччилэрэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Руслан Захаровтыын көрсөн бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, сынньалаҥ былаһааккаларын туһунан кэпсээтилэр. Руслан Захаров маннык аахсыйа Таатта улууһугар бастакытын ыытыллыбытын бэлиэтээн туран, махталын биллэрдэ. Оҕолор суруктарын, уруһуйдарын, итиэннэ хомуллубут кинигэлэри «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда социальнай координаторыгар Агафья Ионоваҕа туттардылар. Салгыы баһыылканы Таатта улууһун дьаһалтатын сүрүн исписэлииһэ Яна Винокурова Дьокуускай куоракка илдьэн, СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин үлэһиттэригэр туттарда. Онтон Тырааныспарга миниистир Владимир Сивцев баһыылканы аадырыска тириэрдиэ. Оҕолор аахсыйалара олоххо киирэригэр көмөтүн иһин СӨ Тырааныспарга министиэристибэтигэр, чуолаан миниистири бастакы солбуйааччы Анатолий Потаповка махталларын тиэрдэллэр.
Кырачаан патриоттар уонна социальнай киин үлэһиттэрэ «ДНӨ оҕолоругар сурук» уонна «Докучаевскай куорат оҕолоругар кинигэлэр» аахсыйалар улуус оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар салгыы тарҕанарыгар баҕараллар. Бу аахсыйа Донецкай оҕолорун өйөөһүн бэлиэтэ эрэ буолбатах - бу оҕолор кырасдааныскай санааларын тириэрдэр, оннооҕор кыра да оҕо үтүөнү оҥорор кыахтаах диэн көрдөрөр тэрээһининэн буолар.
Антонина НЕУСТРОЕВА,
Хаартыскалар Тааттатааҕы НСКК архыыбыттан
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0