Көрсүһүү төрүөтүнэн Саха Сирин ахсыс Дьоруойа анал байыаннай дьайыыга аан бастаан барарыгар мантан харысхал сиэккэтин илдьибитэ буолла. Ол туһунан, салаа салайааччыта, 78 саастаах, Аартыка улуустарын бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайааччы, өрөспүүбүлүкэ көхтөөх волонтердарыттан биирдэстэрэ Тамара Попова киэн тутта кэпсээтэ:
– Родимир Максимов анал байыаннай дьайыыга барарыгар биһигиттэн харысхал сиэккэтин ылбыта. Биһиги бэйэбит алгыспытын анаан, баҕа санаабытын этэн туран, харысхалларбытын бэлэхтээн атаарбыппыт., онон, баҕа санаабыт, алгыспыт эмиэ тиийдэҕэ диэн үөрэбит. Таатта киэн туттар ыччата Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылан кэлэн, волонтер Эбээлэри кытары көрсүбүтүттэн наһаа үөрдүбүт, оҕобутун, уолбутун үрдүк наҕараадаҕа тиксибитинэн эҕэрдэлээтибит итиэннэ инники сулууспатыгар ситиһиилэри баҕардыбыт.
Көрсүһүүгэ Дьоруой сиэккэ өрөр волонтердар алгыстара күүһүгэр күүс эбэн ыарахан кэмҥэ көмөлөспүтүн туһунан биллэрдэ:
– Эһиги эппит баҕа санааҕыт уонна алгыскыт эппэр-хааммар иҥэн, күүс-көмө буолла. Ити иһин, биһиги саамай эрэнэр дьоммутугар, волонтердарга, эһиэхэ махталбыт муҥура суох.
Дьэ, ити курдук, Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов анал сиэккэни оҥорууга үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар волонтердары кытары көрүстэ, кинилрэгэ дириҥ махталын биллэрдэ. Волонтер эбээлэр Дьоруой уолларыгар баҕа санааларын уонна алгыс тылларын астына этэн, анабыл харысхалларын бэлэхтээтилэр.
- 9
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0