Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар, бааһынай хаһаайыстыбалар, биирдиилээн урбаанньыттар, чааһынай ыаллар, бэйэлэрин тиэргэннэригэр толору хааччыллыылаах ыалдьыттыыр дьиэ биитэр гостиница туттан, куораттан уоппускаларыгар тахсар дьону ыалдьыттата, сынньата таарыйа кинилэргэ тыа сирин үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр кыахтаннылар – тохсунньу 1 күнүттэн тыа сирин туризмын (агротуризм) туһунан сокуон олоххо киллэрилиннэ.

Бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар, бааһынай хаһаайыстыбалар, биирдиилээн урбаанньыттар, чааһынай ыаллар, бэйэлэрин тиэргэннэригэр толору хааччыллыылаах ыалдьыттыыр дьиэ биитэр гостиница туттан, куораттан уоппускаларыгар тахсар дьону ыалдьыттата, сынньата таарыйа кинилэргэ тыа сирин үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр кыахтаннылар – тохсунньу 1 күнүттэн тыа сирин туризмын (агротуризм) туһунан сокуон олоххо киллэрилиннэ.

Дохуот үс гыммыт биирэ!

История этэринэн, XX-с үйэ иккис аҥарыгар арҕааҥҥы дойдуларга тыа сирин туризмын сайдыытыгар тыа хаһаайыстыбатын аан дойдутааҕы кириисиһэ олук уурбут. Тыа сиригэр үлэ-хамнас суох буолбута, пиэрмэрдэр дохуоттара биллэрдик аччаабыта үп-харчы киллэринэр саҥа суолу-ииһи тобуларга күһэйбит. Куораттарга уонна бырамыысаланнай бөһүөлэктэргэ олорор дьоннор аҕыйах хонукка дэриэбинэлэргэ тахсан, айылҕаҕа сылдьыахтрын, сибиэһэй аһылыгы аһыахтарын, көй салгыҥҥа хамсыахтарын-имсиэхтэрин, сүөһүнү көрүөхтэрин-истиэхтэрин баҕараллара итиэннэ ол туһугар харчы төлүүргэ кыахтаахтара биллибит. Дьэ итинтэн сиэттэрэн «тыа сирин туризма», «агротуризм» диэн туризм биир сонун хайысхата үөскээбит.

Статистика көрдөрөрүнэн, тыа сирин туризма Европа дойдуларыгар балачча киэҥник тарҕаммыт. Европа олохтоохторун 50 %-нара тыа сиригэр сынньанар, ону ааһан араас атын дойдулартан, ол иһигэр Арассыыйаттан элбэх турист кэлэр эбит. Онон, туристическай ассоциация чахчытынан, олохтоох пиэрмэрдэр дохуоттарын үс гыммыттан биирин туристическай өҥөнөн киллэринэр эбиттэр.

Пандемия күһэйиитэ эбитэ дуу

Арассыыйаҕа бу саҥа саҕаланан эрэ хайысха. «Ведомости» хаһыат былырыын саас суруйбутунан, дойду үрдүнэн регистрацияламмытынан, тыа сиригэр туристары көрсөргө анаммыт 4 500 эбийиэк, ол иһигэр 3 500 ыалдьыттыыр дьиэ уонна 1000 агротуристическай пиэрмэ үлэлиир. Ырытааччылар этэллэринэн бу олус аҕыйах итиэннэ сүрүннээн дьону аҕыйах хонукка дьаарбатар-көччүтэр, гастрономическай (ол эбэтэр тустаах эрэгийиэн төрүт олохтоохторун астарын-үөллэрин амсатар, маастар-кылаастары көрдөрөр) эрэ хайысхалаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, тыа сирин туризма туспа хайысха быһыытынан ОКВЭД-ка (үлэ-хамнас көрүҥүн тэрийии Бүтүн Арассыыйатааҕы классификаторыгар) киллэриллибэтэх буолан, урбаанньыттар мантан ордугу тугу даҕаны тэрийэр кыахтара суох. 1996 сыллаахха – 26 сыл анараа өттүгэр – ылыллыбыт туризм туһунан сокуон тыа сиригэр туризм тэриллэр кыахтааҕын төрүт учуоттаабатах.

Коронавирус пандемията киһиэхэ сибиэһэй салгын, экология өттүнэн ыраас, олохтоох ас-үөл олус наадаларын көрдөрдө. Итинэн тыа сирин туризмын күүскэ уонна саҥа киэбинэн сайыннарыы, ону сокуонунан бигэргэтии бүгүҥҥү күн ирдэбилэ буолла.

Саҥа сокуон сыала-соруга

Тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар интэриэһи тардар, дьону, чуолаан эдэрдэри сиргэ, төрүт дьарыкка сыһыарар, кинилэр дойдуларыгар олохсуйан үлэ-хамнас саҥа көрүҥнэрин тэрийэллэрин көҕүлүүр итиэннэ тыа сирин олохтоохторун дохуоттуур сыалтан «Арассыыйа Федерациятыгар туристскай үлэ төрүттэрин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа итиэннэ «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан» федеральнай сокуон 7-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» 318 №-дээх федеральнай сокуон барыла оҥоһуллубута. Итиэннэ 2021 сыл от ыйын 2 күнүгэр бигэргэммитэ.

Сокуон барыла көрүллэригэр Федерация Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕаны туһаныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Зеленко тыа сирин туризмын сайыннарыы хас да кыһалҕаны быһаарар кыахтааҕын туһунан бэлиэтээн, маннык эппитэ: "Бастатан туран, эдэр дьоннор тыа сиригэр олохсуйалларын, пиэрмэр хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлиилэрин көҕүлүөҕэ. Иккиһинэн, тыа сирин инфраструктурата тупсарыгар тирэх буолуоҕа. Дойду нэһилиэнньэтин чиэппэрэ тыа сиригэр олорорунан, ити олус улахан суолталаах".

Туох ирдэнэрий?

Туризм федеральнай ааҕыныстыбата, атыннык эттэххэ Ростуризм, саҥардыллыбыт «Арассыыйа Федерациятыгар туристскай үлэ төрүттэрин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, тыа сирин туризмын тэрийиигэ ирдэбиллэри бигэргэппит. Ол быһыытынан, үлэ маннык көрүҥэр ылсар хаһаайыстыба итии-тымныы уулаах, толору хааччыллыылаах ыалдьыттыыр дьиэ (эрэгийиэн уратытынан көрөн гостиница, бунгало, шале, сурт, балыксыт дьиэтэ, булчут үүтээнэ) туттуохтаах. Онно массыынаны туруорар сир баар буолуохтаах, нүөмэрдэр гостиница тэриллэринэн, миэбэллэринэн хааччыллыахтаахтар.

«Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан» федеральнай сокуон судаарыстыба өйөбүлүн сүрүн хайысхаларын туһунан 7-с ыстатыйатыгар «Тыа сирин туризмын сайыннарыы уонна өйөөһүн туһунан» саҥа, 15-с пуун эбиллэн биэрдэ. Ону ыйынньык оҥостон, Тыа хаһаайыстыбатын федеральнай министиэристибэтэ оҥоһуллар өҥө көрүҥнэрин бигэргэппит. Онно ыалдьыттары гостиницаҕа олохтооһун, кинилэргэ тыа хаһаайыстыбатын табаарын атыылааһын, экскурсияны, сынньалаҥы тэрийии, кинилэри бородууксуйаны оҥорууга, күннээҕи үлэҕэ-хамнаска кытыннарыы уо.д.а. бааллар. Манна өссө тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, төрүт үгэстэри, фольклору итиэннэ тустаах сир айылҕатын уратытын билиһиннэрии эмиэ киирбиттэр.

Ханнык баҕарар үтүө саҕалааһын үбүнэн-харчынан мэктиэлэнэр тирэхтээх эрэ түбэлтэтигэр, олоххо киириитэ сэниэлээх буолар. Ахсынньы 22 күнүгэр премьер-миниистир Михаил Мишустин тыа сирин туризмын тэрийэр хаһаайыстыбаларга судаарыстыба өттүттэн субсидияны көрөр туһунан уураахха илии баттаата.

Тыа хаһаайыстыбатын федеральнай министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт судаарыстыбанай бырагыраама чэрчитинэн «Арассыыйа Федерациятыгар тыа сирин туризмын сайыннарыы» диэн бырайыагы оҥордо, онон быйылгы сылтан саҕалаан бүддьүөккэ анал үбүлээһин көрүллэрэ былааннанна. Бу көмө базаны тэринэргэ (ыалдьыттары түһэрэр дьиэни тутарга, сынньатар инфраструктураны тэрийэргэ, турист тэрилин атыылаһарга) туттуллуохтаах. Кээмэйэ аччаабыта 10 мөл. солк., онуоха граны ылааччы бырайыагар көрбүт харчытын 25 %-а бэйэтигэр баар буолуохтаах.

Бэйэҕэ кэллэххэ

-- Саҥа сокуону өрөспүүбүлүкэ төһө бэлэмнээх көрсөрүй? – диэн ыйытыы күөрэйэр.

Саха сиригэр туризм дьыл кэминэн тэриллэр. Ол курдук, кыһыҥҥы бытарҕан тымныы ааһыыта, саас салаллан кэлиитэ салаасканан сырылыыр сыырдаах, хатыыскалаах туристическай эбийиэктэр үлэлииллэр. Сайыҥҥы өттүгэр өрүстэргэ оҥочонон устуу, сынньаныы, балыктааһын, сир астааһын тэриллэр. Экология, этническэй култуура хайысхатынан айылҕа кэрэтин, уратытын билиһиннэрэр экскурсиялар, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль, тымныы чыпчаала Өймөкөөҥҥө туурдар олохтоохтору эрэ буолбакка, атын эрэгийиэннэртэн, омук сирдэриттэн кэлэр дьон интэриэстэрин тардар. Статистика чахчытынан, пандемия иннигэр сынньалаҥы тэрийэр оператордар өҥөлөрүнэн сылга 200 тыһыынча турист туһанар эбит.

– Биһиэхэ тыа сирин туризмынан дьарыктаныахтарын баҕарар бааһынай хаһаайыстыбалар уонна биирдэм урбаанньыттар суох буолбатахтар, – диир Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ Айаал Тимофеев. – Холобур, сүөһүнү-сылгыны уонна табаны иитиигэ тирэҕирэн, саха төрүт үгэстэрин, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр тиэргэни тэринэргэ былааннанар дьоннор бааллар. Саҥа сокуон чэрчитинэн субсидияны биэрии бэрээдэгэ саҥа бигэргэннэ. «Агростартап» куонкуруһун манна бэйэбит ыытар буоллахпытына, тыа сирин туризмын гранын куонкуруһа Тыа хаһаайыстыбатын федеральнай министиэристибэтигэр ыытыллыахтаах. Биһиги билигин бэрээдэк оҥоро сылдьабыт, ол быһыытынан сайаапкалары манна сүүмэрдээн баран, төһө харчы көрүллэриттэн тутулуктанан Москваҕа түһэриэхтээхпит, сөбүлэһиилэри оҥорсуохтаахпыт. Бу барыта бастакы кыбаарталга быһаарыллыаҕа.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением