Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Аллараа Халыма улууһа дьиэ табатын иитиигэ урут-уруккуттан өрөспүүбүлүкэҕэ мэлдьитин бигэ түмүктэрдээх буолааччы. Уларыйыы-тэлэрийии, эрэпиэрмэлээһин, экэниэмикэ сиҥниитэ саҕаламмыт сылларыттан, биир улуус хайдах соҕотоҕун арыыланан ордон хаалыай, ол быһыытынан таба иитиитин салаатын туругун төһө да намтаттар, урукку сэргэх балаһыанньатын билигин да ыһыкта илигин бэлиэтиэххэ сөп.

Аллараа Халыма улууһа дьиэ табатын иитиигэ урут-уруккуттан өрөспүүбүлүкэҕэ мэлдьитин бигэ түмүктэрдээх буолааччы. Уларыйыы-тэлэрийии, эрэпиэрмэлээһин, экэниэмикэ сиҥниитэ саҕаламмыт сылларыттан, биир улуус хайдах соҕотоҕун арыыланан ордон хаалыай, ол быһыытынан таба иитиитин салаатын туругун төһө да намтаттар, урукку сэргэх балаһыанньатын билигин да ыһыкта илигин бэлиэтиэххэ сөп.

 «Турваургин», (чукчалыы «Саҥа олох») уруккута таба иитэр ыстаада, аныгы кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ – көс олохтоох төрүт-уус община – урут да, билигин да улуус табатын 80-ча бырыһыанын тутан кэлбит уонна тутан олорор кэлэктиип буолар. Бүгүҥҥү күннээххэ бу община 13 тыһ. тахса табалаах. «Өлүөрэ» община - 2 тыһ., «Тэвр» община (чукчалыы - яранга тулааһын маһа) – 1 тыһ. табалаахтар. Бу холбоон улуус бүттүүнүн табата буолар.

Евгений Петрович Антоев, идэтинэн бэтэринээр-быраас. 2012 сылтан «Турваургин» производственнай кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир. Ситэрэн этэр буоллахха, Евгений Петрович Таатта Чымынаайытыттан төрүттээх, өйдөнөрүн курдук, табаны тыыннаахтыы харахтаабакка улааппыт уол, 2003 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын акадьыамыйатын бүтэрэн Аллараа Халымаҕа тиийиэҕиттэн, табаттан тэйбэккэ сылдьар.

- Евгений Петрович, кэпсэтиибит сүнньэ төһө да таба буолбутун иһин, киһи таба кэннигэр буолбакка, иннигэр туруохтаах. Ол быһыытынан, дьоҥҥут олохторо-дьаһахтара хайдаҕый, туох үтүө уонна мөкү баарый?

- Биһиги олорор сэлиэнньэбит Колымскай – Халарчатааҕы чукча национальнай нэһилиэгэ – улууспут киинэ Чиэрискэйтэн 180 км ыраах олохтоох. Халыма өрүһү өҥөйө, кытылын үрдүгэр тутуллан турар. 600 киһи олорор, 100-тэн тахса үөрэнээччилээх орто оскуолалаах, балыыһалаах, кулууптаах. Балыыһабыт урут 4 куойка-миэстэлээх этэ, ону сарбыйаннар 1 куойканы хаалларбыттара. Арааһа, үөһээ туундара олохтоохторо ыалдьар бырааптара суох диэтэхтэрэ буолуо. Туундара биэлсэрэ диэн ыстаат көрүллэр этэ, ол сарбыллыбыта олох быданнаата.

Уларыйыылаах сыллар усталарыгар сэлиэнньэҕэ биир да саҥа тутуу бара илик. Колымскай урут сэбиэскэй кэмҥэ сүнньүнэн 12-лии, 16-лыы кыбартыыралаах дьиэлэринэн тутуллубут бөһүөлэк. Туалеттаах, бааннайдаах, уута ититэр систиэмэттэн хааччыллар дьиэлэр. Чааһынай дьиэ олох аҕыйах. Бөһүөлэк дьиэлэрэ эргэрбиттэрин, ресурсалара эстибиттэрин туһунан тэнийэн кэпсии сатыыр наадата суох буолуо. Оскуола дьиэтэ аһара тымныы буолан, оҕолор  кыһыны быһа үөрэммэтилэр. Бөһүөлэк Зырянка чоҕунан оттуллар кииннэммит сылааһынан хааччыллар.

Евгений Антоев бу кэпсээнин быһа түһэн, бэйэм санаабын кыбытыахпын баҕарабын. Сэбиэскэй былаас бэйэтин кэмигэр Хотугу сири уонна Аартыкатааҕы балаһатын сайыннарыыга улахан үлэни ыыппыта. Тэнийэ барбакка, сыччах өрөспүүбүлүкэбит таһымынан ылар буоллахха, оччотооҕу хотугу уонна аартыкатааҕы оройуоннарбыт кииннэрэ аныгылыы бөдөҥ таас тутууларынан, мас тутуу да буоллаллар дьон олороругар толору хааччыллыылаах орто уонна дьоҕус бөһүөлэктэринэн дьэндэйбиттэрэ. Киин оройуоннар олохтоохторо ымсыырар, ордугургуур балаһыанньалара үөскээбитэ. Төрүт олохтоох хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарга ананан Оленегорскай, Тополинай, Колымскай уо.д.а. уонунан ахсааннаах дьоҕус, аныгылыы хааччыллыылаах бөһүөлэктэр үөскээбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ хотугу оройуоннарыгар тутууну ыытар бөдөҥ тириэстэр, управлениелар баар буолбуттара. Полярнай авиация, муора суола сайдыытын, хотугу  сири олох-дьаһах бары наадалааҕынан, этэргэ дылы, харах халтарыйыар диэри хааччыйыы туһунан этэ да барыллыбат. Ону кытта өрөспүүбүлүкэҕэ 390 тыһ. дьиэ табата иитиллэн турбута.

- Чукча национальнай нэһилиэгэ буолаҕыт. Сэрэйдэххэ, атын хотугу омуктар да бааллара чуолкай. Нэһилиэги төрүттээбит, үөскэппит чукчалар тугунан эрэ чорбойор ойдом балаһыанньалаахтар дуо?

- Оннук балаһыанньалара суох. Халарча туундаратын төрүт олохтоох чукчалара буолаллар. Кинилэри таһынан дьүкээгирдэр, эбээннэр, сахалар эмиэ бааллар. Чукча тыла оскуолаҕа биридимиэт быһыытынан үөрэтиллэр эрээри, улаханы тугу да биэрбэт. Сүнньүнэн биһиэхэ нууччалыы тыл баһыйар. Чукча сүрүн өттө табаҕа үлэлиир. Учууталлар, оҕо саадын, балыыһа, кулууп үлэһиттэрэ – бүддьүөттэн хамнастанааччылар сэлиэнньэни тутан олороллор. Бэкээринэбит үлэлээбэт, онон чааһынайдар хааччыйаллар. Бухааҥка килиэп – 100 солк., сымыыт устууката – 30 солк. «Якутопторг» тэрилтэ ас-үөл ураты наадалаах 11 көрүҥүн быһыллыбыт сыанатынан хааччыйар. Атына барыта – кэмиэрчэскэй атыы-тутуу.

- Салайар кэпэрэтиибиҥ туһунан кэпсээ эрэ.

- Кэпэрэтиип 86 үлэһиттээҕиттэн 56-та табаһыт уонна чуум үлэһитэ. Сайыҥҥы кэмҥэ дуогабарынан үлэлээччилэр бааллар. 11 балыксыттаахпыт, мэхэньисээтэрдэр, дьаһалта-салайыы персонала бааллар.

Кыстык үчүгэйдик ааспыта. Биһиги диэки кыыл таба билигин суоҕун кэриэтэ, онон бөрө эмиэ суох. 2013-2017 сс. ыаллыы Чукуоткаттан бөрө мэнээктээн киирэ сылдьыбыта. Ону күүскэ бултаһан кыайбыппыт. Биһиги табабыт эт хайысхалаах Чукуотка хааргын боруодата буолар. Сахабыт сиригэр билигин бу боруодаҕа аналлаах племенной хаһаайыстыба диэн төрдүттэн суох.

«Турваургин» - табаттан табаарынай бородууксуйаны оҥорор аҕыйах кэпэрэтииптэртэн биирдэстэрэ. 2015 сыллаахха тутуллубут модульнай өлөрөр пууннаахпыт. Былыргы өлөрөр пууммутун эмиэ туһанабыт. Ааспыт сылга 2 тыһ. табаны эккэ анаан өлөрөн соҕотуопкалааччыга туттарбыппыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу соҕотуопкалааччыны датаассыйалыыр. Оттон соҕотуопкаһыта туппут табатын этин бэйэтэ атыылаан дохуоттанар. Биһиги киниэхэ киилэтин 350 солк. туттарбыппыт.

Таба этин астааһын (переработкалааһын) өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыайтарбакка турар. Быйыл Чиэрискэйдээҕи кэллиэс баазатыгар 8 туонна эти астаан фарш, полуфабрикат оҥорорго суоттанабыт. Биһиги оскуолабытын бүтэрбит оҕолор сүрүннээн Чиэрискэйдээҕи кэллиэскэ киирэллэр. Табаһыт-мэхэньисээтэр, элиэктирик, суоппар уо.д.а. идэлэргэ үөрэтэллэр. Астааһыҥҥа үөрэммиттэрин да иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ эккэ анаан өлөрүллэр таба өлүүтэ дуона суоҕунан, бэйэлэрин айахтарын да кыайан ииттибэт балаһыанньаланан хаалыахтара.

Аллараа Халыма өрөспүүбүлүкэ Аартыкатааҕы улуустарыттан биирдэстэрэ. Судаарыстыба бэйэтин Аартыкатааҕы балаһатын сайыннарыыга национальнай бырагыраамалаах. Тугу эрэнэ күүтэр буолаҕытый?

-  Кырдьыгынан эттэххэ, билиҥҥитэ тугу да күүппэппит. Эчи, субу-субу кириисис аатырар. Үрдэ суох саансыйа бөҕөтө. Тулабыт барыта – өстөөхтөр. Аан дойду экэнэмиичэскэй эрэ буолбакка, бэлиитичэскэй балаһыанньата кытта улаханнык дьалкыйан олорор. Итинник балаһыанньаҕа сайдыы, сайыннарыы туһунан дорҕоонноохтук саҥарар кыаллыбата буолуо. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа бэйэтэ оҥорор бастыҥ технологията суоҕун кэриэтэ. Омук дойдуларыттан улуу сыанаҕа атыылаһар. Оттон ол дойдулар, өһөөн туран, улахан сыанаҕа даҕаны атыылыа суохтарын эмиэ сөп. Онон Аартыкатааҕы балаһабытын сайыннарыы илэ-бааччы саҕаланнаҕына эрэ, туох эмэ уларыйыыны кэтэһиэхпит.

- «Турваургин», төһөтүн да иһин, таба иитиитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар общиналартан биирдэстэрэ. Үлэһиттэриҥ хамнастара хайдаҕый?

- Үлэ төлөбүрүн алын таһымыгар (баазабайыгар), хотугу үлэһиккэ ыстааһа уонна эрэсэрээтэ көрүллэн, 33 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Эт туттардахтарына, кэпэрэтиип «Бураан» атыылаһан биэрэр. Билигин табабыт биэс ыстааданан сылдьар, алтыс ыстааданы тэринэргэ суоттанабыт. Сүрүн кыһалҕабыт – үлэһит тиийбэтэ. Табаһыт идэтэ, дьиҥэр, бу – анатыы, оҥоһуу. Улахан хамнаска суоттанар киһи бу идэҕэ олох ылсыбат, сыстар да түбэлтэтигэр, уһаабат.

Дьэ, бу бэрт сөптөөх этии буолла диэн, мин сэһэргэһээччибэр эпсэн биэриэм этэ. Билэр-көрөр дьон табаһыт идэтин олох майгыныгар (образ жизни) киллэрэллэр, оннук холууллар. Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх сылгыһыта Николай Тимофеевич Винокуров биир кэпсэтиигэ миэхэ: «Эдэрбэр дойдубар кылгастык табаһыттаан сылдьыбыттаахпын. Табаһыт эбээннэртэн саллан турабын. Сылы эргиччи аһаҕас халлаан, ардах-хаар анныгар сылдьаллар, үлэлииллэр, олохторун үтүөтүн бириһиэн балааккаҕа олороллор. Уһулуччу тулуурдаахтар. Сарсыарда аһаан баран, ыкса киэһэҕэ, өссө түүн үөһүгэр диэри холкутук сылдьаллар. Тоҥор диэни билбэт курдуктар. Таба, үчүгэйдик көрбөтөххө-истибэтэххэ, баһа хайа диэки салаллар да ол хоту мэнээк баран хаалар, үүтү-хайаҕаһы булан хайаҕа кытта тахсар куһаҕан кэмэлдьилээх. Онон сир хараарда даҕаны, түүннэри харабыллыыллар. Мин курдук киһи кыайан тутуспат дьоно эбит диэн өйдөбүллээхпин», - диэбиттээх.

- Бултаабыт балыккытын хайдах дьаһайар буолаҕыт?

- Балыктаммыт сириттэн бэйэбит кыахпытынан бөһүөлэккэ тиэйэн аҕалабыт. Салгыы Дьокуускайга илтэрэн соҕотуопкаһыкка туттарабыт. Киилэтин – 250 солк. Баан тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибигэр кирэдьиити биэрбэт. Биирдиилээн предпринимателлэри кирэдьииттиир. Балыкка урут датаассыйа көрүллэр этэ, ол икки сыллаахтан тохтоон турар. Быйылгыттан Дьокуускайга бааза туттан балыгы, эти бэйэбит атыылыыр былааннаахпыт. Билигин биэстии хоно-хоно, төһө балыгы бултаабыккын балык кэтэбилин тэрилтэтигэр отчуоттуур эбээһинэстээххин. Бу болдьоҕу көтүттүҥ да, ыстараап. Бу тугуй уонна кимиэхэ наадалааҕый?

Кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлин кэпсээниттэн сиэттэрэр буоллахха, балыгы бултаммыт сириттэн Дьокуускайга диэри тиэрдии ороскуотун кини бэйэтин кыаҕынан толуйар. Манна аҕалан соҕотуопкаһыкка киилэтин 250 солк. туттарар. Оттон хоту бултанар балык сыанатыгар сүрүн миэстэни таһыллыытын ороскуота ылар диэн буолар. Соҕотуопкаһыт Дьокуускайтан тахсыбакка олорон, тиэллэн кэлбит бэлэм балыгы олох чэпчэки сыанаҕа ылар буолан тахсар. Оттон киин куораппыт маҕаһыыннарыгар, ырыынагар ким эмэ сөптөөх соҕус сыанаҕа атыыланар балыгы, баҕар, көрбүтэ буолаарай? Ырыынакка үчүгэй балык киилэтэ 700-1000 солк. дии. Ону ыйыталастахха, транспортировкатын ороскуота улахана бэрт диэн буолар. Мөккүөр суох, хотугу улуустартан тиэйэн аҕалыы сыанан аҕаабат. Тиэйэн-таһан аҕалыы ороскуотун соҕотуопкаһыт бэйэтэ уйунар буоллаҕына, син да этэ. Оттон ити кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ этэрин курдук, ол ороскуоту бэйэлэрэ уйунар буоллахтарына, киһи ылбычча өйдөөбөт балаһыанньата үөскээн тахсар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата нэһилиэнньэтигэр үтүөнү баҕарар буоллаҕына, бултаммыт балыкка сөптөөхтүк датаассыйалаан, атыыланар сыанатын намтатыы бэлиитикэтин тутуһуохтаах этэ.

ыстаада фото люди

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением