Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Алтынньы --  күһүҥҥү кэм кыһыҥҥылыын көрсүһүөн иннинээҕи быыһык кэмэ. Былыр-былыргыттан баччаларга сайылыктан киирэн, отордоон бүтэн, сааһыланан-наарданан, кыстыкка үктэнэбит.

Алтынньы --  күһүҥҥү кэм кыһыҥҥылыын көрсүһүөн иннинээҕи быыһык кэмэ. Былыр-былыргыттан баччаларга сайылыктан киирэн, отордоон бүтэн, сааһыланан-наарданан, кыстыкка үктэнэбит.

Дьэ, маннык күннэргэ илин-арҕаа сылдьыһар, кэлэр-барар кэмнэрэ. Оттон билиҥҥи кэм хардыытынан хомуур үлэтэ бүтэн, хаһаас ас ууруллан, сүрүн үлэ бүппүт күннэриттэн биирдэстэригэр Хатаспыт аҕам саастаахтара  Дьокуускайга сэбиэскэй кэми санатар, көрдөрөр, кэпсиир “Ретро” диэн түмэлгэ сырыттылар.

4 1

Дьэ, баараҕай киэҥ уораҕайга испиискэттэн саҕалаан, “Урал” массыынаҕа тиийэ сэбиэскэй кэмнээҕи мал-сал, таҥас-сап дэлэччи тэлгэнэн турарын сүрэх өрүкүйэ, дууһа сылаанньыйа көрүү-истии буолла.

3 1

Истии диэн мээнэҕэ эппэтим – сылдьарбыт тухары чаас аҥаардыыта тыаһыыр “Сойуус” грампластинка таһаарбыт пластинкаларыттан Лев Лещенко, “Верасы” ВИА, София Ротару уо.д.а. ырыалара дьиэрэйэр. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, киһи сэргиирэ бүгүн биһигини кытта бииргэ буолбут эдьиийдии-балыстыы Вера Ильинична Иванова, Надежда Ильинична Пестрякова аҕалара Илья Афанасьев илиитин сылааһын иҥэриммит, сатабылын биэрбит дьиэ миэбэллэрин көрдүбүт.

6 1

Ол туһунан Вера Ильинична маннык кэпсиир:

 --Алта саастаахпар аҕам эдьиийэ Татьяна көрдөһүүтүнэн ити хомуоту оҥорбута. Кыһыны быһа олоро түстэ да, быһаҕынан кыһара. Уонна кып-кыра,  ытыс иһигэр тутар устуруустаах этэ, онон туттар этэ. Онно биһиги дьиэбит суох буолан, оскуолаҕа олорор этибит. Дьонум үлэлииллэрэ: аҕам -- оһох оттооччу, ийэм -- остуорас. Кыһыны быһа бэлэмнээн баран, саас аҕыйах хонук иһинэн хомуйан кэбиспитэ. Өссө таһынан ыскаап курдук ааннаабыта, ону мин көрөн баран: “Итииргээбэт дуо?” – диэн, дьонум хойукка диэри күлэллэрэ. Биллибэт гына ол ааны ылбыта. Ити музей аһыллыбытыгар куораттааҕы сиэннэрэ бэлэхтээбиттэрэ. Хаартыскатын ыыппыттара, онно мин үөрбүтүм аҕай. Бүгүн онтубун өссө көрөн үөрдүбүт балтыбынаан Надялыын, ол кэннэ эдьиийбэр аана ойуулаах ыскаап оҥорбута, эмиэ быһаҕынан кыһан. Биһиги элбэх этибит, аны  дьиэбит кыараҕас этэ буоллаҕа... Ол эрээри биир да мас сыыһа, көөбүлэ ыһылла сытарын да, харбыырбын да өйдөөбөппүн. Оннук курдук кини уурбут-туппут туттунуулаах,  бэрээдэктээх буолара. Ол ыскаап билигин кини сыдьааннарын  даачаларыгар турар,  тутталлар үһү. Онтон биһиги үөрэбит эрэ.

2

 Биһиги кэпсээни истибиттэр, көрбүттэр бары да долгуйдубут. Ол кэннэ атын түмэлгэ бараары туран, сэбиэскэй буфекка үссэннибит. Оччолордооҕу дэлэй-холой кэм бэрэскитин курдук толору эттээх, чэрдээх улахан ытыс саҕа бэрэскини мотуйдубут, итии үүттээх чэй истибит. Ол олорон, ил-эйэ тыыннаах 15 өрөспүүбүлүкэ буолан, чахчы да, ньиргиччи, кыахтаахтык олорбут эбиппитин санаатыбыт. Киһи киһини атаҕастыыра, баттыыра билигин да баара, ириҥэлээх баас курдук тахсыталаан кэлэн, бу бүгүҥҥү балаһыанньа курдук буолан кэлэрин сөхтүбүт.  Мобилизацияламмыт дьоммутугар үтүөнү, этэҥҥэ буолууну баҕардыбыт.

8 1

Ол кэннэ Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ тиийэн, үһүс этээстэн саҕалаан, сыыйа аллараа түстүбүт. Манна хаамары ыарырҕатар дьоҥҥо подъемник баара үгүспүтүн үөртэ.

index 1

Эдьигээн улууһун 390 сылыгар анаммыт экспозицияҕа сылдьан, улуу Роман Дмитриев 1972 сыллаахха аан дойдуга саха диэн омук баарын биллэрэн ылбыт Олимпийскай кыһыл көмүс мэтээлин киэн тутта көрдүбүт.

Омук быһыытынан уратыбытын, аан дойдуну, орто дойду олоҕун хайдах ылынан, олох-дьаһах дьаһанан олорбуппутун кэпсиир анал муннуктарга тохтоон, урукку өттүгэр билэр да буолларбыт, хайдах эрэ, саҥалыы атыннык ылынныбыт.

Ойуунтан да үрдүктүк сыаналанар уустарбыт туһунан тыл өс сиэдэрэйинэн, өй-санаа өркөнүнэн ойууламмыт олоҥхолортон быһа тардыллан суруллан турарын дорҕоонноохтук ааҕан долоҕойбутугар киллэрдибит. Манна уус тимири хайдах, хантан ылара көстөрө өссө тиийимтиэ буолла. Улуу дьоммутугар саҥата суох туран сүгүрүйүүбүтүн биллэрдибит. 

Бу айаны, сырыыны тэрийбит Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар (баһылык Е.П. Пермяков, исписэлиис Н.И. Игнатьева), автобустаах тэрилтэ салайааччыта Е.Ю. Шараборин махталбыт улахан.

7

Аныгыс сырыыга  Дьокуускай куораппыт бөдөҥ тутууларын, өйдөбүнньүк пааматынньыктарын кэрийэр маршрут оҥоруох буолан тарҕастыбыт уонна бу дьиксиннэриилээх кэмҥэ бииргэ буоламмыт, биир күһүҥҥү күнү күттүөннээхтик атаарбыппытыттан үөрдүбүт.

 Сэрии икки бэтэрээнэ, биир Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, 4 доруобуйатынан хааччахтаах, уоннааҕылара үлэ бэтэрээннэрэ буолан сырыттыбыт. Бу иннигэр Хатаспыт иһинэн автобуһунан күүлэйдэппиппит, музейга анал быыстапкаҕа сылдьыбыттара, итии үүттээх чэйдээх сэһэргэһии буолбута.

Наталья Руфова

 07.10.22. Хатас - Дьокуускай

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением