Отчуоттуур бөлөх Уолбут, Кэбэргэнэ, Сыаҥааннаах, Муҥурдаах уонна Ураһалаах нэһилиэктэринэн, отчуот түмүк күнүгэр Белай Гораҕа үлэлээтэ. Улуус тэрилтэлэрин салайааччылара 2022 сыл устата туох үлэ ыытыллыбытын сырдаттылар. Нэһилиэктэр олохтоохторо улуус дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин отчуотун истэн баран, бэйэлэрин боппуруостарын уонна этиилэрин киллэрдилэр. Сүрүннээн олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар, үөрэҕириигэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, ону таһынан, хаһан да буоларын курдук, ордук элбэх боппуруос доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр туһаайылынна. Бу туһунан улуус хаһыата иһитиннэрэр.
Киин хочуолунайга уон ыал олорор дьиэтэ холбонуо дуо?
Уолбут нэһилиэгэ. Мунньахха улуус сэбиэтин дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ Айдар Ефимов, тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайааччыта Михаил Ефимов, улуустааҕы үөрэҕирии салаатын начаалынньыга Сергей Мартынов, улуустааҕы ОДьКХ дириэктэрэ Павел Акакиев, участковай Андрей Гурьев, айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Анатолий Софронов, ойуур хаһаайыстыбатыттан Дмитрий Слепцов кытыннылар, тустаах боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Баһылык Владимир Новиков улуус дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин отчуотун кэнниттэн, кылгас иһитиннэрии оҥордо. Олунньу ый ортотугар икки нэдиэлэ устата мобильнай биригээдэ кэлэн нэһилиэнньэ доруобуйатын көрүө диэн эттэ. Бу сылга оройуоҥҥа түргэнник ситэр салааны сайыннарар сыалтан сайаапканан сибиинньэ оҕотун, сымыыттыыр кууруссаны аҕалыыга үлэ бара турарын билиһиннэрдэ. Түргэнник ситэр салаа нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, олохтоох бородууксуйанан хааччыйыыга суолтатын быһаарда. «Үөрэҕирии» национальнай бырайыагынан 2022 сылга саҕаламмыт өрөмүөн үлэтэ быйыл салгыы ыытылларын, быйыл федеральнай бырагыраамаҕа үбүлээһин кыччаан турарын эттэ. Маны таһынан быстах хомуурга барбыт уол аҕатыгар Аркадий Слепцовка ититиигэ холбонуу боппуруоһугар үлэ ыытылларын иһитиннэрдэ.
Олохтоохтор сүрүн боппуруостара ОДьКХ киин хочуолунайыгар уон ыал олорор дьиэтин холбооһуна буолла. Маны таһынан доруобуйа харыстабылын салаатын үлэтин-хамнаһын таарыйдылар. Инбэлииттэргэ босхо көрүллэр эмп былырыын бэриллибэтэҕин, инбэлииккэ таһаарар хамыыһыйа хаһан кэлэрин уонна төрүөҕүттэн инбэлиит оҕо Дьокуускай куоракка балыыһаҕа баран көрдөрүнэригэр бырайыаһын ким төлүөхтээҕин ыйыттылар.
Улууска «Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан кырдьаҕастарга саҥа дьиэ, Белай Гора оскуолатын, спорт саала тутууларыгар сытыы боппуруостары биэрдилэр.
Участковай Андрей Гурьевка нэһилиэктэринэн сылдьан дьоҥҥо профилактическай үлэни ыытарыгар этии киллэрдилэр. Олохтоохтор нотариуска наадыйалларын, интернет күүһэ бытаанын ыйдылар уонна арктическай улуустарга пенсияҕа тахсар сааһы быһаарарга туруорустулар.
Доруобуйа харыстабылыгар сытыы боппуруостар турдулар
Ураһалаахха баһылык улуус дьаһалтата нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттара түмүктэнэн эрэллэрин, «Хотугу кыым» хаһыакка 2022 сыллааҕы үлэ сиһилии бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан иһитиннэрдэ.
«Биһиги олохтоохтор санааларын истиэхпитин баҕарабыт, сайдыы бары бииргэ үлэлээтэхпитинэ эрэ ситиһиллэр”, - диэн Владимир Вадимович мунньаҕы саҕалаата. Баһылык сүрүн иһитиннэриитигэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус буоларбыт быһыытынан, инникитин сылгыга, табаҕа улахан болҕомто ууруллуо, онуоха күүс-көмө буолуохпут диэн эрэннэрдэ. Статистиканан көрдөххө, улуустан көһөн барыы, өлүү элбээбитин эттэ. Мантан сылтаан оройуон бюджета эмиэ аччыырын бэлиэтээтэ. Ол үрдүнэн Ураһалаах нэһилиэгин бюджетыгар быйыл 2 мөл. солк. кэриҥэ эбии көрүллүбүтүн туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.
Улуустааҕы үөрэҕирии салаатын начаалынньыга Сергей Мартынов былырыын «Үөрэҕирии» национальнай бырайыагынан икки оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн бастакы этаабын үлэтэ ыытыллыбытын кэпсээтэ. Маныаха Кэбэргэнэ оскуолатыгар 44 мөл. солк., Киэҥ Күөлгэ 25-28 мөл. солк., үөрэх тэриллэринэн хааччыллыыга, хаһан да бэриллибэтэх үп-харчы көрүллүбүтүн эттэ. Майыар оскуолатыгар - 6,5 мөл. солк., Уолбукка - 3,7 мөл.солк.
Былаан быһыытынан быйыл Ураһалаах оскуолатыгар федеральнай бырагырааманан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтааҕын дойду үрдүнэн буола турар быһыынан-майгынан үлэ тохтообутун эттэ. Маны сэргэ Сутуруоха оскуолата былырыын «Үөрэҕирии» национальнай бырайыагынан «Цифровая образовательная среда» кабинеттаммытын, «Точка Роста» киин аһыллыбытын эттэ. Үөрэх тэриллэрэ быйыл кыһыҥҥы суолунан тиэллэн кэлэрин бэлиэтээтэ.
ОДьКХ дириэктэрэ Павел Акакиев быйыл икки техника турар гарааһа тутуллуохтааҕын туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.
Ити курдук, сүрүн дакылаат кэнниттэн олохтоохтор бары хайысхаларга интэриэһиргиир, кыһалҕалаах боппуруостарыгар сөптөөх хоруйдары иһиттилэр. Дириэктэрктэр Изольда Стручкова оскуолаҕа уонна оҕо уһуйааныгар благоустройство киллэриитин боппуруоһун ыйытта. Маныаха баһылык эбии тутуу оҥоһуллубат буоллаҕына, бу үлэ кыаллыан сөптөөҕүн эттэ, сметатын оҥорон, быйылгы былааҥҥа киллэрэллэригэр сүбэлээтэ. Саха боруодатын ынаҕын аҕалан ууһатыыга ханнык бырагыраамма үлэлиирин, хантан ылыахха сөбүн, спортсаала өрөмүөнүн туоһуласта. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатын начаалынньыга Михаил Ефимов «Саха ынаҕа» АО баарын эттэ. Маныаха кэпсэтии ыытыахха сөп эрээри, тиэйэн аҕалыытын бэйэҕит уйунаҕыт диэтэ. Спортсаала өрөмүөнүгэр бу иннинэ баһылык кэпсэтии ыыта сылдьыбытын, үлэ 28-29 мөл. солк. сыаналаммытын эһиилги былааҥҥа көрүөхтэрин эттэ.
Социальнай үлэһит Туйара Садовникова федеральнай эмп рецебын испииһэгэ тоҕо уларыйбатын, улууска УЗИ аппарат баарын үрдүнэн тоҕо үлэлээбэтин, анал үөрэхтээх киһи суох буоллаҕына, аҕыйах күҥҥэ специалиһы ыҥыран үлэлэтэр кыаллыбат дуо диэн ыйыталаста. Маны таһынан олохтоохтортон нэһилиэккэ тоҕо эмп-томп атыыламматый диэн боппуруос киирдэ.
ОДьКХ тэрилтэтигэр икки боппуруос киирдэ. Олохтоохтор төһө да киин бөһүөлэги уун-утары көрөн олордоллор, Индигир өрүс мууһун ыытта да, үлэ-хамнас өттүгэр ыарахаттары көрсөллөрүн эттилэр.Таас чох тиэйиитигэр транспорт суох буолан, бириэмэтигэр таһыллыбатын, нэһилиэккэ төгүрүк сыл погрузчик наадатын ыйдылар. Маныаха Павел Акакиев быйыл погрузчик нэһилиэккэ диэн бэриллиэ, таас чох тиэйиитигэр үлэни ыытыахпыт диэн эрэннэрдэ.
Отчуоттуур бөлөх бэрэстэбиитэллэрэ ыйытыктарга барыларыгар тустаах хоруйдары биэрдилэр, сорохторго туһааннаах тэрилтэлэр салайааччыларын кытта тус көрсөн, кыһалҕаларын чопчулаан, туруорсууларын суругунан киллэрэллэригэр сүбэлээтилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0