Биэрэпиһи ыытыы улахан суолталаах судаарыстыбаннай дьыала. Туох барыта ааспыт суоллаах-иистээх, устуоруйалаах буоларын быһыытынан, биһиги ол быданнааҕы кэмҥэ уонна сабыытыйаҕа төннө түһэн ылыаҕыҥ. Этэргэ дылы, ааспыта суох билиҥҥи баар буолуон хайдах да сатаммат.
Оччотооҕу Арассыыйа импиэрийэтин сиригэр-уотугар нэһилиэнньэни бастакы бүттүүн биэрэпистээһин 1897 сыллаахха ыытыллыбыта биллэр. Бүтүн Арассыыйатааҕы бүттүүн уопсай биэрэпис буоларынан, модун импиэрийэ састаабыгар киирэр, кини бары сирдэригэр-уоттарыгар олорор, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, бары норуоттар эбэтэр бүттүүн нэһилиэнньэ хабыллан суруллубута.
Оччолорго Саха уобалаһа диэн анал туруктаах Сахабыт сирин бүттүүн нэһилиэнньэтигэр ыытыллыбыт бастакы биэрэпиһинэн ааҕыллар толору бырааптаах. Саха сиригэр сыһыаннаан «бастакы биэрэпис» диэн өйдөбүлү туттар буоллахпытына, маныаха эмиэ булгуччу устуоруйаҕа сигэнэ түһэн ылыахпытын сөп курдук. Өссө ааспыт үйэ 60-с сылларыгар историк-учуонай В.Н.Иванов архыыптан 1642 сыллааҕы саха нэһилиэнньэтин суруйуу докумуонун булан турар. Манна сылын өйбүтүгэр хатаан кэбиһиэҕиҥ. Саха сирэ Нуучча судаарыстыбатыгар холбоммута баара эрэ уонча сылын ааспыт кэмэ.
Сахаларга тутатына кииһинэн төлөнөр дьаһаах түһэриллибитэ. Күндү түүлээх, кыратык эбэн биэрэ түһэн эттэххэ, Арассыыйа былыргы кэмнэртэн сүүрбэһис үйэ бүтүөр диэри, баар-суох «сымнаҕас валютата» этэ. Кыайбыт-хоппут, баһылаабыт ким баҕарар талбытынан айбардыыра хаһан баҕарар баар суол. Киис түһээнэ саханы улаханнык солбонуппута, кини матырыйаалынай бэйэни хааччыллыыта төрдүттэн эстибитэ.
Историк-учуонай Андриан Борисов 1642 сыллаахха Саха сирин төрүт олохтоох нэһилиэнньэтигэр ыытыллыбыт биэрэпистэн бэйэтин суруйуутугар кыра быһа тардыыны аҕалар. Ол ону мин салгыы ааҕааччыларбар тиэрдэргэ холонуом. «Үөдэй буолаһын (билиҥҥи Нам улууһун Үөдэйэ) Унегин уола, саха кинээһэ Сергуй балаҕана. Бэйэтэ олорор. 10 аттаах, 20 биэлээх, 6 убаһалаах». Эмиэ бу буоласка «Мындый балаҕана. Бэйэтэ олорор. Биир ынахтаах. Кини уола Генын икки ынахтаах». Боотуруускай буолаһа (билиҥҥи Чурапчы улууһа) «Табытай уола, саха кинээһэ Очей. Бэйэтин балаҕанынан олорор. 120 биэлээх, 20 тыһы биэлээх уонна убаһалаах». Салгыы «Тагазар уола Толук балаҕана. Бэйэтэ олорор. Ойохтоох, кыра оҕолордоох. 2 ынахтаах, туҥуй бургунастаах уонна тарбыйахтаах».
Учуонай бу былыргы суруйууну маннык быһаарар: дьиэ кэргэн дьоҕус куорматынан чааһынай бас билии баара сабаҕаланар. Сахаларга кэтэх бас билии сүөһүгэ уонна оттуур ходуһаҕа тарҕанара. Биирдэм хаһаайыстыбалар экэнэмиичэскэй тутулуга суох буолууларын туоһулуур. Ол аата барыта дьиэ кэргэн баһылыгын дьаһалыгар баара.
Бэйэттэн эбэн эттэххэ, бу 1642 сыллааҕы саха нэһилиэнньэтин суруйуу төрүөтэ син биир кииһи кытта сибээстээх. Бастатан туран, киис түһээнин төлөөччү саха ахсаана чуолкайданыахтаах этэ. Иккиһинэн, түһээни төлөөччү баайа-дуола учуоттаныахтаах. Саха сирин устуоруйатыттан биллэринэн, эр дьоҥҥо оттонор сир киис өлбүгэтинэн быһаарыллар буолбута. Онон буоллаҕына, бу 1642 сыллааҕы биэрэпиһи биһиги, сахалар, хайдах ылыныахтаахпытый? Саха сирин бастакы биэрэпиһэ этэ диэхпитин сөп дуо?
1897 сыллаахха Арассыыйа нэһилиэнньэтэ бүттүүнэ, ол иһигэр импиэрийэ туох баар бары кытыы сирдэрин нэһилиэнньэлэрэ аан бастаан учуоттаммыттара. Ол иһигэр Саха уобалаһын нэһилиэнньэтэ кытта. Онон судаарыстыба таһымыгар 1897 сыллааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ бастакынан ыытыллыбыт уонна олоххо киллэриллибит дьаһал быһыытынан официальнайдык билиниллэр.
Улахан биэрэпискэ төнүннэххэ, бу дьоһун суолталаах судаарыстыбаннай дьыаланы олоххо киллэриигэ туһуламмыт күүстээх тэрээһин үлэ ыытыллыбыта. Ол үлэни киэҥ биллиилээх нуучча учуонайа, ол кэмҥэ Ис дьыала министиэристибэтин киин статистическай кэмитиэтин салайааччыта П.П.Семенов-Тян-Шанскай баһылаан-көһүлээн ыыппыта. 1874 сыллаахха кини Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыытыыга анаан, «Биэрэпиһи ыытыы туһунан балаһыанньа бырайыагын» ырытан оҥорон хамыыһыйаҕа киллэрбитэ. Балаһыанньаны ыраахтааҕы 20 сыл буолан баран, 1895 сыллаахха бигэргэппитэ. Биэрэпиһи салайыыга ис дьыала миниистирэ баһылыктаах биэрэпиһи ыытар кылаабынай хамыыһыйа туруоруллубута. Атылыы маннык хамыыһыйалар миэстэлэргэ эмиэ тэриллибиттэрэ.
Саха сиригэр нэһилиэнньэ биэрэпиһин тэрийиигэ уонна ыытыыга күбүрүнээтэр В.Н.Скрипицын баһылыктаах Саха уобалаһын биэрэпиһин хамыыһыйата тэриллибитэ. Миэстэлэргэ эмиэ уокуруктардааҕы биэрэпис хамыыһыйалара тэриллибиттэрэ, олор састааптарыгар официальнай сирэйдэри таһынан уопсастыбаҕа убаастанар дьон киирбитэ.
Саха сирин нэһилиэнньэтэ, син биир Арассыыйа үрдүнэн курдук, биэрэпискэ итэҕэйбэттик сыһыаннаспыта. Түһээни эбэтэр дьаһааҕы хомуйар соҕотох фискальнай сыалынан ыытыллыбыт эрэбиисийэлэр, дьон өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык олорон хаалбыт этилэр. Дьэ ол иһин биэрэпистиир хамыыһыйалар быһааран биэрии үлэтин күүскэ ыыталлара биир сүрүн сорук быһыытынан туруоруллубута. Биэрэпис туһунан биллэриилэр сахалыы тылга тылбаастананнар бары нэһилиэктэргэ тарҕатыллыбыттара. Биэрэпистиир хамыыһыйалар чилиэттэрэ дьону кытта көрсүтэлээн, бу дьаһал сыалын уонна соруктарын быһааран биэрэллэрэ.
1897 сыллааҕы биэрэпистиир лиис ортотунан бүк тутуллубут көннөрү лиис этэ. Ис өттүнээҕи туруору колонкаларыгар биэрэпис боппуруостара киирбиттэрэ, сытыары устуруокалара биирдиилээн дьону суруйарга аналлаахтара. Биир суруйар лиискэ 10 киһини суруйуохха сөптөөҕө.
Биэрэпистиир лиистэргэ маннык бэлиэлэр эрэгистирээссийэлэнэллэрэ: араспаанньа (хос аат), аат уонна аҕатын аата, физическэй итэҕэстээх буолуу эбэтэр өйүнэн ыалдьыы бэлиэтэ, эр киһитэ-дьахтара, сааһа, дьиэ кэргэн баһылыгар уонна хаһаайыстыба баһылыгар сыһыан, эрдээҕэ-ойохтооҕо, сососулуобуйата, солото, баайа-дуола, төрөөбүт сирэ, сыһыарыллыбыт миэстэтэ, олорор сирэ, суоҕун туһунан, ханна эрэ барбытын туһунан эбэтэр быстах кэмҥэ баарын туһунан бэлиэтээһин, ханнык итэҕэли тутуһара, төрөөбүт тыла, үөрэҕэ, сатаан ааҕара, ханна үөрэнэрэ, үөрэммитэ эбэтэр үөрэх кууруһун бүтэрбитэ, дьарыга, идэтэ, дуоһунаһа эбэтэр сулууспата: а) олоҕу олороругар туох күүс-көмө буолара, б) ойоҕос эбэтэр көмөлтөлөөх өрүттээҕэ.
1896 сыл ахсынньытыгар Арассыыйа нэһилиэнньэтин бүттүүн уопсай биэрэпиһин ыытыы күнэ бүтэһиктээхтик олохтоммута – 1897 сыл тохсунньу 28 күнэ.
Саха уобалаһын сиригэр-уотугар нэһилиэнньэ биэрэпиһин биир кэмҥэ ыытыы кыаллыбата көстөн тахсыбыта. Биэрэпиһи ыытыыга айылҕа уонна килиимэт усулуобуйалара күүстээхтк сабыдыаллыыллара. Ол иһин, Биэрэпис кылаабынай хамыыһыйатын сөбүлэҥинэн, үлэ 1896 сыл сэтинньититтэн саҕаламмыта. Саха сиригэр чуолаан бу кэмҥэ өрүстэр бүтэйэ тоҥмуттара, хаар түспүтэ эрээри, өссө да халыҥыы илигэ. Сылдьыһарга суоллар сүнньүнэн аһыллыбыттара. Ити кэмҥэ нэһилиэнньэ туһунан барыллааһын сибидиэнньэлэр хомуллубуттара. Ааҕааччы биэрэпис лиистэрин толорон баран, иккис эксэмпилээрин хаһаайыстыбаҕа хаалларара. Хаһааһыйстыба бэрэстэбиитэлэ тохсунньуга ол эксэмпилээрин илдьэ кэлэн тахсыбыт уларыйыылар тустарынан иһитиннэрэрэ.
Биэрэпиһи ыытыыга сүрүн киһинэн ааҕааччы буолара, кини үөрэҕиттэн, кыһамньытыттан, бэрээдэгиттэн бүтэһиктээх түмүк тутулуктанара. Саха уобалаһыгар бастакы биэрэпискэ барыта 331 киһи ааҕааччынан үлэлээбитэ. Оччотооҕу кэм үөрэхтээх дьоно бары биэрэпискэ кыттыыны ылбыттара. Ааҕааччылар ортолоругар учууталлар, бэлитиичэскэй сыылынайдар, хаһаактар, бааһынайдар уонна атын куораттартан сылдьааччылар бааллара.
Олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын уратыларыттан, Саха сирин географическай уонна килиимэт усулуобуйаларыттан тутулуктанан, биэрэпис 1897 сыл балаҕан ыйыгар түмүктэммитэ.
Биэрэпис кылаабынай хамыыһыйата ааҕааччылары наҕараадалыырга анаан, анал харчы пуондатын көрбүтэ: ордук тахсыылаахтык үлэлээбит 115 ааҕааччы «1897 сыллааҕы нэһилиэнньэни бастакы бүттүүн уопсай биэрэпистээһиҥҥэ үлэлэрин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Саха уобалаһын нэһилиэнньэтин бастакы бүттүүн биэрэпистээһин түмүктэрэ 1905 сыллаахха туспа таһаарынан бэчээттэммиттэрэ.
1897 сыллааҕы нэһилиэнньэни бастакы бүтүн уопсай биэрэпистээһин бэчээттэммит дааннайдарынан, Саха уобалаһыгар 269880 киһи олороро, (мантан эр киһитэ – 139597, дьахтара – 130283) ыйыллыбыт. Куорат нэһилиэнньэтэ, уобалас нэһилиэнньэтин уопсай ахсаанын 3,4%-гар (9,2 тыһ. киһиэхэ) тэҥнэһэрэ. Уобалас бүттүүн нэһилиэнньэтиттэн 50%-тан ордуга Дьокуускай уокуругар түмүллэн олороро, саамай аҕыйах нэһилиэнньэлээҕинэн Халыма уокуруга буолара (уобалас бүттүүн нэһилиэнньэтиттэн 3%-ны кыайбат киһилээҕэ).
Биэрэпис түмүгүттэн биллибитинэн, уобалас нэһилиэнньэтин сүрүн маассата туора урдус сосулуобуйатыттан (86,96%-на) турара. Төрүт олохтоох нэһилиэнньэ ынах сүөһүнү, сылгыны уонна дьиэ табатын иитиинэн дьарыгырара. Уобалас соҕуруу уокуруктарыгар сири оҥоруу үөскүөх курдук буолан эрэрэ. Биэрэпиһи ыытааччылар, көмүһү хостооһун сабыдыалынан быһыы-майгы уларыйан эрэригэр болҕомтолорун хатаабыттара. Көмүскэ үлэлиир оробуочай кылаас аска-үөлгэ сытыытык наадыйарынан, саха улуустарын олохтоохторун кытта эргиэннии ырыынак сыһыаннаһыылара олохтонон барбыттара. Үчүгэй килиимэттээх улуустарга сири оҥорууга, бурдугу үүннэриигэ ылсан барбыттара.
Биэрэпис түмүгүнэн, уобаласка саамай элбэх ахсааннаах киһилээх нэһилиэньэнэн сахалар буолаллара бэлиэтэммитэ. Саха ахсаана 221467 киһиэхэ тэҥнэспитэ, ол эбэтэр уобалас бүттүүн нэһилиэнньэтин 82,1%-нын ылбыта. Нууччалар – 30225 киһинэн (11,2%), тоҥустар – 11647 киһинэн (4,3%), татаардар – 1565 киһинэн (0,6%), чукчалар – 1557 киһинэн (0,6%) уонна дьүкээгирдэр – 948 киһинэн (0,3%) бэлиэтэммиттэрэ.
Нэһилиэнньэни сааһынан ыллахха, уобаласка 90 сааһын аһарбыт 1098 киһи баара бэлиэтэммитэ. Уобаласка эр дьон ахсаана дьахтар ахсаанын биллэрдик баһыйара. 1000 эр киһи баһыгар 933 дьахтар тиксэрэ. Саха уобалаһа нэһилиэнньэтин үөрэхтээһининэн Арассыыйа импиэрийэтигэр саамай тиһэх миэстэҕэ сылдьара. Биэрэпис көрдөрбүтүнэн, 11090 үөрэхтээх киһилээҕэ, ол эбэтэр бүттүүн нэһилиэнньэтин 4,11%-гар тэҥнэһэрэ.
П.П.Тянь-Шанскай Арассыыйа импиэрийэтин бүттүүн уопсай нэһилиэнньэтин биэрэпиһин тэрээһинин характеристикалаан туран: «1897 сыллааҕы биэрэпис аан дойдуга атын биир да судаарыстыба көрсүбэтэх ыарахаттарын: уйаара-кэйээрэ суох киэҥ сири-уоту, сирин икки ардылара ыраахтарын, биһиги кыһыммыт сөҕүмэр тымныыларын, кыһыҥҥы күммүт кылгаһын, судаарыстыбабыт нэһилиэнньэлэрин култуураларын таһымнара араастаһыыларын, о.д.а. уонунан ахсааннаах харгыстарын туорааммыт сыалбытын ситистибит. Тыа сирин нэһилиэнньэтэ бүттүүнэ кэриэтэ үөрэҕэ суоҕунан, биэрэпиһи ыытыыга саамай ыарахан өлүү чаас биэрэпиһи ааҕааччыларга тигистэ» диэн бэлиэтээн эппитэ.
Уобарастаан эттэххэ, П.П.Тянь-Шанскай Саха уобалаһын оччотооҕу биэрэпиһин хаамыытын адьас көрөн олорбут эбэтэр бэйэтэ быһаччы сирэй кыттыбыт киһи курдук, ойуулаан эппит эбит диэххэ наада.
Прокопий ИВАНОВ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0