Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Сүрүн сонуннар

Бүгүҥҥү сонуннар

Бэлиитикэ

Иран: Трамп кэлиитинэн уларыйыыны сабаҕалыыллар

Куттала суох буолуу боппуруостарыгар исписэлиис, бэрэпиэссэр Рухолла Модабер бэлиэтииринэн АХШ Арассыыйаны утары илииньийэтин уларыттаҕына, итиэннэ Москуба уонна Вашингтон икки ардыларынааҕы сыһыаннара чөлүгэр түстэҕинэ «барыта Америка норуотун интэриэһигэр…
10.11.24 16:47

Экэниэмикэ

Ипэтиэкэ бырыһыанын ыстаапката үрдүүр

Арассыыйа бааннара РФ Киин баанын сүрүннүүр ыстаапката үрдүүрүн кэтэһэн, ипэтиэкэ биэрэр бырагырымааларынан бырыһыанныыр ыстаапкаларын эрдэттэн үрдэтэн эрэллэр. Ол туһунан дойду сүрүн бааннарын пресс-сулууспалара иһитиннэрэллэр уонна Marcs маркетинговай…
26.10.24 12:56

Уопсастыба

Харбалаах сирэ-уота киэркэйэр

Ханнык баҕарар нэһилиэк олоҕо, укулаата туруктаах буолар төрдүн, олоҕун уйгутун бигэ тирэҕэ – кини бэйэтин дьонун ис кыаҕар, санаатын күүһүгэр, үтүөҕэ тардыһыытыгар олоҕурар. Дойду дьонун-сэргэтин ити дьулуурун күүркэтэн, бэйэтэ да сайдар-туругурар аналлаах.
14.11.24 13:06

Култуура

Түһүлгэ

Тыа сирэ

Дойдуга бэриниилээх буолуу сыла

Эһиил Пионерия төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит

Бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр, Москуба куоракка «Кыайыы» түмэлигэр Норуоттар икки ардыларынааҕы «СПО-ФДО» оҕолор уопсастыбаннай түмсүүлэрин сойууһун ассамблеята ыытылла турар. Арассыыйа эригийиэннэриттэн уонна СНГ дойдуларыттан кэлбит делегаттар сайдар саҕахтары…
01.10.21 23:59

Устуоруйа

Устуоруйа

 Ааттаах айаннар, история кэрэһиттэрэ

Хайа баҕарар дойду ааттаах-суоллаах аартыктардаах алаастара, олорор түөлбэлэрэ кэрэкэ историялаах, таһымныыр дьоннордоох, история кистэммит кэрчигин уйан сытар суоллардаах буолар. Биһиги улууспут кыраайы үөрэтэр Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр…
19.10.24 16:37
Устуоруйа

Суоттум кэрэхсэнэр дьоно

“Туспа киһи үөрүүтүнэн үөрэр, Биһиги ураты дьоллоохпут...” (М.В.Гурьев) Төрөөбүт дойду…
16.09.24 12:16
Устуоруйа

БАМ тутуутун 50 сыла

БАМ - Байкаал-Амур магистрала 20 үйэ биир саамай сүдү бырайыагынан биллэр. Бу баараҕай…
04.07.24 17:49

Аҕыйах сыллаахтан бэттэх Павел КСЕНОФОНТОВ- Ойуур Байбал диэн бэрт дьикти ааттаах эдэр киһи дьон сэҥээриитин ылбыта. Кини аны былырыын буолбут Ил Түмэн дьокутааттарын талар быыбарга Сайсары түөлбэтиттэн туран кыайбыт дьокутаат буолар.  Дьокутааттыырын таһынан “Сахатранснефтегаз” диэн сүрүн гаас ситимин  иилээн-саҕалаан үлэлэтэр бөдөҥ тэрилтэ кылаабынай инженерэ. Оҥорон таһаарар салааны тус хонтуруолугар ылан быһаччы үлэлэтэ сылдьар салайааччы. Ону таһынан биллэр уопсастыбанньык. Уопсайынан, хайа да боппуруоска эппиэттэһэр кыахтаах, саха тыла тыыннаах хааларын туһугар туруулаһар ботуруйуоттуу өйдөөх-санаалаах дьоһуннаах эдэр киһи диэтэхпинэ, сыыспат буолуохтаахпын.  

Аҕыйах сыллаахтан бэттэх Павел КСЕНОФОНТОВ- Ойуур Байбал диэн бэрт дьикти ааттаах эдэр киһи дьон сэҥээриитин ылбыта. Кини аны былырыын буолбут Ил Түмэн дьокутааттарын талар быыбарга Сайсары түөлбэтиттэн туран кыайбыт дьокутаат буолар.  Дьокутааттыырын таһынан “Сахатранснефтегаз” диэн сүрүн гаас ситимин  иилээн-саҕалаан үлэлэтэр бөдөҥ тэрилтэ кылаабынай инженерэ. Оҥорон таһаарар салааны тус хонтуруолугар ылан быһаччы үлэлэтэ сылдьар салайааччы. Ону таһынан биллэр уопсастыбанньык. Уопсайынан, хайа да боппуруоска эппиэттэһэр кыахтаах, саха тыла тыыннаах хааларын туһугар туруулаһар ботуруйуоттуу өйдөөх-санаалаах дьоһуннаах эдэр киһи диэтэхпинэ, сыыспат буолуохтаахпын.  

– Тэлэбиидэнньэҕэ “Сэргээ” биэриигэ кыттыаххыттан, эн санааҕын, этиигин дьон-сэргэ бэркэ сэҥээрэр буолла. Ол эрээри эн кимҥин-туоххун бу диэн билбэппит эбит. Онон бэйэҕин билиһиннэр эрэ. Хайа дойдугунуй? Төрөппүттэриҥ кимнээҕий?

 Мин төрөөбүт-үөскээбит ытык сирим Үөһээ Бүлүү Ороһута буолар. Аҕам Семёнов Валерий Николаевич Саха сирин тустууга үтүөлээх эрчийээччитэ. Бу бэс ыйын 2018 сылыгар үлэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи Ыччат уонна оҕо күрэҕин кыһатын салайааччытынан үлэлээн түмүктээтэ. Дьон-сэргэ ыйытааччы: “Аҕаҥ – Семёнов, оттон эн тоҕо Ксенофонтов буоллуҥ?” –  диэн. Ол эппиэтэ маннык. Аҕабын 1,5 саастааҕар ийэтин балта иитэ ылбыт. Эһэм Ксенофонтов Василий Саввич кэлин төттөрү ылаары гыммыт эрээри, кэпсэтии быһыытынан аймахтыы Семёновтарга оҕотун ииттэрэ хаалларбыт. Оччолорго аймахтар икки ардыларыгар оҕону ииттэрэ биэрии судургу этэ. Онон кыра сааспытыттан аҕам өттүттэн икки эһэлээх улааппытым, иккиэн  учууталлар. Семёнов Ньукулай, хос аата Көрөр Ньукулай диэн, үлэ учуутала уонна Ксенофонтов Василий – устуоруйа учуутала. Кэлин, үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, хаан араспаанньабын ыларга санаммытым. Ол санаабын үлэһит киһи буолан баран, аҕабыттан көҥүл ылан ситиспитим. Хаан эһэбит өттүнэн төрүт сирбит Үөһээ Бүлүү Сургулууга буолар.

Аҕам ийэтэ Криговорницына, Үөһээ Бүлүү Оҥхой диэн сириттэн төрүттээх. Кини аҕата (мин хос эһэм) Криговорницын Семён Юрьевич Оҥхой диэн сиргэ, Аһыкай диэн алааска ууһаан олорбута. Эһэтэ (мин хос-хос эһэм), көһөн кэлбит хаһаак этэ.

Ийэм Семёнова Полина Ивановна кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата Малахаева, Үөһээ Бүлүү Ороһутуттан төрүттээх. Ийэм өттүнэн эһэм Малахаев Иван Лаврентьевич, кини эһэтэ Ороһу сиригэр эмиэ көһөн кэлбит киһи буолар. Ол иһин араспаанньата даҕаны сахаттан атын. Оттон ийэм өттүнэн эбэм Мария Ивановна Адамова диэн, төрдө  Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕа. Төрдүбүн кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник.

WhatsApp Image 2020 10 19 at 15.35.08

– Оҕо хайдах киһи буолан тахсара, дьиэ кэргэн иитиититтэн дуу, оччотооҕу тулалыыр эйгэттэн дуу, эбэтэр оскуола такайыытыттан тутулуктаах дии саныыгыный? Эн  кыра эрдэххинэ хайдах оҕо этигиний?

 Мин оҕо сылдьан ийэ уонна эбээ оҕото этим. Күнү быһа ийэлээх эбэбин батыһан, кинилэргэ илии-атах буолан улааппытым. Саха сиэрин, тылын-өһүн ийэлээх эбэм иҥэрбиттэрэ. Тулалыыр эйгэ оҕо сырыттахха дьайыыта улахан. Оҕо көрөн-истэн үөрэнэр. Ийэм Полина уонна аҕам Валерий  сахалыы тыыннаах дьон. Аҕам Киевтэн үөрэнэн кэлэн баран, саха сахалыы ааттаах буолуохтаах диэн, мин иннибэр эрэ төрөөбүт эдьиийдэрбин Ньургустаана, Саргы, оттон убайбын Дьулустаан диэн ааттаабыта. Миигин даҕорун Павел Пинигин аатынан ааттаабыта. Павел диэн ааты сахалыы Байбал диир буоланнар, сахалыы ааттаахпын дии саныыр этим. Билигин Павел Пинигини кытта дьокутааттыы сылдьарбынан киэн туттабын. Ол эрээри успуорт эйгэтигэр соччо сыстыбатаҕым, 4 кылааска сылдьан быарым ыалдьан, өр балыыһаҕа сытан баран тахсарбар аҕам успуордунан дьарыктанарбын бобон кэбиспитэ. Онон үөрэххэ охтубутум. Күнү быһа кинигэ ааҕан тахсар этим. Түүн уоту күүстэринэн араардахтарына, суорҕаны бүрүнэ сытан банаарыктаах ааҕарым. Төһө даҕаны элбэхтик аахтарбын, нуучча тылын кырамаатыкатыгар олус мөлтөх этим. Биирдэ эбэм Маарыйа аһара хомойбуппун көрөн: “Чэ, нохоо, туох ааттаах хомойдуҥ, ким баҕарар, хаһан баҕарар сыыһа суруйуон сөп, оттон эн курдук кинигэ ааҕар оҕону көрө иликпин. Онон санаарҕаама, өссө кинигэтэ ааҕан биэр, суругуҥ көнүөҕэ”,  диэбитин кэннэ, өссө күүскэ кинигэ ааҕар буолбутум. Билигин даҕаны кинигэтэ суох сылдьыбаппын. Кэм буола-буола санаам “кинигэтэ аах” дииргэ дылы. Үөһээ Бүлүү гимназиятыгар үөрэммитим. Онно үөрэх кыһата барыта сахалыы уонна эбиитин эр киһи тыыннаах этэ. Дьахтар учууталы нуучча уонна омук эрэ тылыгар көрсөр этибит. Билигин толкуйдаатахха, үөрэх кыһатын салайааччы Долгунов Василий Софронович уонна кини иннинэ физмат үөрэҕи төрүттээбит Алексеев Михаил Андреевич ис бэлиитикэлэрэ эбит. Мин дьахтар куһаҕаннык үөрэтэр диэбэппин, ол эрээри эр киһи учууталлаах үөрэх кыһатын тыына олох атын дии саныыбын. Онон эр киһи бу эйгэҕэ элбииригэр баҕарабын.

– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, учууталлар этэллэрин толору ылынар этиҥ дуу, бэйэҥ санааҕынан сылдьаргын ордороруҥ дуу?

Учууталларбыт, сүрүннээн, эр дьон буолан, учуутал тылын истибэт диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Учуутал Таҥараҕа тэҥнээх этэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

– Оҕо бэйэтэ көҥүл санаалаах буолуохтаах дуо? Урукку уонна билиҥҥи оҕону, ыччаты тэҥнээн көрдөххүнэ, хайдаҕый? Хайата ордугуй?

Билиҥҥи оҕо кэмин туһунан хоруйдуур уустук. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ дьон сыһыана, бэлиитикэ, үлэ-дьарык судургу соҕус этэ. Онон оҕо ол эйгэҕэ хоруйдаан эмиэ судургутук толкуйдуура уонна олоҕу оннук ылынара. Холобур, сэриилээх киинэ көрөр буоллахха – сэбиэскэйдэр уонна фашистар. Ким куһаҕана, ким кыайара эрдэттэн биллэр. Оттон билигин, хантан даҕаны буоллун, барыта булкуур кэмэ. Ким куһаҕана, ким үчүгэйэ соччо өйдөммөт. Улахан даҕаны киһи булкуллар, сорох түгэҥҥэ “бу маннык” диэн этэр кыаҕа суох. Ол иһин билиҥҥи оҕо төһө сайдыылааҕый даҕаны, соччонон көрүүтэ араас-араас буолар. Олоххо маннык сыһыан куһаҕаннаах даҕаны, үчүгэйдээх даҕаны. Куһаҕана – оҕо саха эйгэтиттэн тэйэн иһэр, үчүгэйэ – ханнык баҕарар хайысханы чэпчэктик ылынар. Билигин дьиҥнээх саха буоларга олус табыгастаах кэм кэллэ. Ону биһиги мүччү тутуо суохтаахпыт. Ыһыгынныбыт даҕаны, 10 сылынан сахалыы толкуйдаах ыччат олус аҕыйыаҕа.

впа

– Бэйэҥ оҕолоргун хайдах иитэҕиний? Сахалыы билэллэр дуо?

Мин 4 оҕолоохпун. Улаханым –  Кэрэчээнэ, билигин Владивосток куоракка үрдүк үөрэххэ үөрэнэр. Сахалыы өйдүүр, саҥарар. Ол эрээри булкуйан саҥарар. Дойдутуттан ыраах сылдьар буолан, сахалыы кыһаллар буолбут. Онтон үөрэбин. Кини кэннэ кэлэр кыыс –  Сулустаана. Оҕо сааһыттан ыалдьар, ол иһин сүрэх кэпсэтиитинэн саҥарсабыт. Дайаана –  8 кылаас, сахалыы суруйар, саҥарар. Оттон кыра уол Харысхал 3 кылаас буолла, эмиэ сахалыы саҥарар, суруйар. Ол эрээри оҕолору кытта оонньууругар нууччалыы быһаарсар. Тоҕо диэтэххэ, тула барыта нууччалыы саҥалаах ыччаттар. Дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэбит, ол син оҕолору сааһылыыр. Сахабыт диэн өйдөрүгэр киирэр. Уол кыра сылдьан “саха тыла – кистэлэҥ тыл” диэн ааттыыра. Киин куораттарга сынньана бардахха, биһиги кэпсэтэрбитин ким даҕаны өйдөөбөт диэн, аан бастаан сөхпүт кэмигэр. Кыра оҕолор, сүнньүнэн, ийэлэрин кытта алтыһаллар, миигин кытта киэһэ эрэ кэпсэтэллэр. Онон сахалыы тылы-өһү, эйгэни, өйдөбүлү, сүнньүнэн, ийэ биэрэр.

WhatsApp Image 2020 10 19 at 15.35.09 1

WhatsApp Image 2020 10 19 at 15.35.09

– Саха тыла сайдарын туһугар ис дууһаҕыттан ыалдьаргын билэбин. Уруккуттан иитийэхтии сылдьыбыт туруорсууҥ дуу, эбэтэр туох эрэ төрүөттэн маннык туруулаһар турукка кэлбитиҥ дуу?

 Оҕо сырыттахха, саха буоларбыт, сахалыы саҥарарбыт, үөрэх бастакы күнүгэр булгуччу сахалыы таҥас кэтэрбит буолуохтааҕын курдук этэ. Онтон биирдэ ийэбин көрдөһөн “Центральное дело” диэн кинигэни суруйтаран ылбытым. Иван Николаев кинигэтин. Ойуунускайдаах туһунан. Ол кинигэни ааҕан баран, олус соһуйбутум, абаран ытыахча даҕаны буолбутум. Сарсыҥҥытыгар олох атын санаалаах киһи оскуолабар кэлбитим. Киириигэ “Нөрүөн нөргүй” диэн суруллан турар буолара, ол сурук олох атыннык көстүбүтэ – бу сахалыы олохпут туһугар дьон тыынын толук биэрэр эбит диэн, киирии суругу ытыктыы көрбүтүм. Кэлин толкуйдаан көрдөххө, биһиги Егор Петрович Жирков көҕүлээһининэн, үөрэххэ сахалыы кэнсиэпсийэ үлэлии турар кэмигэр улааппыт оҕолор эбиппит. Онон “мин сахабын” диэн санаа силиһэ онно сытар.

– Билигин Интэриниэт, Ютуб үйэтэ кэлэн, оҕолорбут, бэл, тыа оҕолоро, нууччалыы тыыннанан эрэллэр. Бу кыһалҕаны хайдах тохтотуохха сөбүй?

 Бобуу, дьиҥэр, улахан туһаны аҕалбат. Саҥа ситими саха эйгэтэ сайдарыгар туһа курдук көрүөхтээхпит дии саныыбын. Бу маннык сыһыаннастахпытына, туһалаах ханааллары арыйан, дьон дьоҕурун туттан, араас ньыманан киирэн, саха тыла, эйгэтэ өссө күүһүрүөх, бөҕөргүөх курдук көрөбүн. Аан дойдуга 6 тыһ. тахса тыл баар буоллаҕына, 200 тахса эрэ тыл сааһыланан сылдьар. Ол иһигэр саха тыла эмиэ киирэр. Онон өбүгэлэрбит сүдү суолталаах бэлэхтэрэ – саха тыла уонна литэрэтиирэтэ. Онон биһиги тылбыт олус бигэ тирэхтээх. Онтон тайанан, сайдыы саҥа ситимнэрин туһанан, саха тылын уонна эйгэтин өссө төгүл бөҕөргөтүөхтээхпит.

– Бэйэҥ бырамыысыланнаска салайар үлэҕэ сыстан үлэлии сылдьар киһигин. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ уматыгы оҥорон таһаарар, бэйэбит нэһилиэнньэбитигэр чэпчэкитик атыылыыр кыахтаах дуо?

Саха дьоно-сэргэтэ 90-с сыллартан сайдарыгар гаас ситимин тарҕаныыта олус улахан суолталаммыта. Ону ким даҕаны мөккүспэт. Ол эрээри төһөнөн элбэх нэһилиэги гаас ситимигэр холбуугун даҕаны, соччонон ол ситими көрүүгэ-истиигэ элбэх үп көрүллэрэ наада буолар. Орто Бүлүүбүт гааһын ситимэ тас дойдуга тахсыбат, элбэх гааһы туттар тэрилтэ суох, онон гаас ситимэ элбиир да, төлөбүрэ үрдүүр. Эбиитин, гаас сүрүн ситимнэрэ үлэлээбиттэрэ 50 сылтан ордон эрэр. Билэргит курдук, эргэрдэ да, көрүүтэ-истиитэ эмиэ улаатар. Онон билиҥҥи кэмҥэ гаас төлөбүрэ аччыа диэн эрэнэр кыах суох. Онтон, дьэ, Орто Бүлүүбүт гааһын ситимигэр элбэх гааһы туттар саҥа тэрилтэ холбонноҕуна, гаас төлөбүрэ аччыан сөп.

–  Гаастаах дьон сыаната үрдүгүн сөбүлээбэттэр эбит. Киллэриигэ да, ыйдааҕы төлөбүргэ да тоҕо чэпчэтии көрүллүбэтий?

 Гаас ситимин тарҕатыы сүрүн сорук буолбатах дии саныыбын. Сүрүнэ – дьону оһохтон араарыы. Дьэ, ону эн хайдах араарарыҥ, ньымаҥ хас даҕаны буолуон сөп. Гаас ситимин тарҕатыы – биир ньыма. Гааһы таҥастаан СПГ, КПГ оҥорон хочуолунайдарга убаҕас гааһы таһыы –иккис ньыма, чоҕунан оттуу уонна киин ситимҥэ дьиэлэри холбооһун  үһүс ньыма, о.д.а. Биллэн турар, гаас тиийбит сиригэр тыа дьоно абыранар, бастатан туран, төлөбүрэ удамыр (мастааҕар), иккиһинэн, бэйэ дьарыккар бириэмэ баар буолар, долгуйбакка кэлиэххэ-барыахха, айанныахха сөп. Онон гаас кэллэҕинэ, дьон-сэргэ сайдар. Ол эрээри, этиллибитин курдук, гаас ситимин тарҕатыыга элбэх үп наада. Урут ол үбү “Якутуголь” уонна АЛРОСА аахсыйаларын атыылаан булбут буоллахпытына, билигин оннук кыах суох. Ол иһин үбүлээһин атын ньымаларын була сатыахтаахпыт. Бу кэлэр 3-4 сылга ити хайысхаҕа улахан хамсааһын тахсыа суоҕа.

WhatsApp Image 2020 10 19 at 15.35.10

– Саха ыччата бу эйгэҕэ көхтөөхтүк сыстарыгар туох кыһалҕа, мэһэй баарый?

 Гаас эйэгэтигэр саха ыччата сыстыбыта ыраатта, 50 сылтан орто. Онон Саха сирин дьоно алмаас уонна көмүс эрэ хостооһунунан муҥурдамматтар, атын омуктары кытта гааска эмиэ эн-мин дэһэбит. “Сахатранснефтегаз” диэн бэйэбит тэрилтэбит үлэлии турара – үтүө холобур. Ньиэп өттүгэр саха соччо сыстыбатах буоллаҕына, гаас эйгэтигэр саха ыччата баһаам. Онон кэлин, ити “Газпром” туппут уонна билигин көрө-истэ сылдьар “Сибиир күүһэ” гаас ситимин сахалар илиилэригэр ылыахтара.

– Ыччат үксэ бу эйгэҕэ бардаҕына эбэтэр урбааҥҥа сыһыннаҕына, тыа сирэ кэнэҕэс иччитэхсийиэ суоҕа дуо?

 Ханнык да сайдыы таһымыгар тиийбиппит иһин, саха эйгэтэ тыа сиригэр баарын өйдүөхтээхпит. Экэниэмикэ барыстаах атын хайысхаларыттан тыа сирэ сайдарыгар үбү ыыта туруохтаахпыт. Ыччат аныгы олох сиэринэн сайдыы баар эрэ сиригэр олохсуйар. Ол аата – итии, уу-хаар, сылаас, чэпчэки, көнө суол, куйаар уонна аан ситим, үлэ-хамнас баар сиригэр. Бу этиллибит хайысхалар билигин тыа сиригэр балачча киирэн эрэллэр. Саха ыччата, ханна да үлэлээбитин иһин, дойдутугар кэлэ туруоҕа. Онон тэхиниичэскэй үөрэҕи талан, бырамыысыланнаска үлэлиир туох даҕаны куһаҕана суох. Ол эрээри син биир бары бырамыысыланнаска барбат буоллахпыт. Олоххо араас буолар, аан бастаан онно үлэлээн, атахха туран баран, атынынан даҕаны дьарыгырыахха сөп буоллаҕа.

– Өбүгэ үгэһин тутан хаалыыны кэхтии дии саныыгын дуу, утум дуу?

 Эппитим курдук, билиҥҥи балыырдаах үйэҕэ, киһи, дьон-сэргэ булкуллара олус элбэх. Саҥаттан саҥа санаа, сонун, дьарык киирэ турар. Саҥа сүүрээн  өрүү үчүгэйи аҕалар диир кыах суох. Ардыгар олус урусхаллаах даҕаны буолуон сөп. Онон тирэхтээх буоларбыт туһугар саха дьоно-сэргэтэ тыһыынчаннан сыл бүөбэйдээн, харыстаан кэлбит сиэригэр олоҕуран сайдыахтаахпыт. Дьэ, оччоҕо ханнык даҕаны балысханнаах сайдыы биһигини симэлитиэ, бэйэ икки ардыгар сиэрдээх сыһыан уостуо суоҕа, өрүү иллээх-эйэлээх буолуохпут. Онтон, иллээх-эйэлээх дьон сайдыыны өрүү сөпкө туһаналлар. Онон өбүгэ үгэһэ – биһиги бигэ тирэхпит. Тэйдибит даҕаны – тимириэхпит.

– Эн ити биир иһитиннэриигэр туалет туһунан бэрт дьиибэтик эппиккин. Сөпкө ылсан үлэлэһэ сылдьар эбиккин, ханна даҕаны бу биир ураты кыһалҕа буолааччы.

 Мин туалеты “чэпчэ” диэн ааттыыбын, бу тиэрмини олоххо киллэрэ сатаабытым үс сылтан орто. Ким ылынар ылынар, ким күлүү-элэк оҥостор – оннук бара турар. Бу тиэрмини тарҕатыыга хас да соруктаах этим. Бастакыта, сахалыы тылы тарҕатыы. “Туалет” дии сылдьыбытыҥ дуу, “чэпчэ” диэбитиҥ дуу? Биллэн турар, “чэпчэ” истэргэ сахалыы сайаҕас. Иккиһэ, туалеты сахалыы ааттаан, дьон сыһыанын уларытаары, сылаас, ыраас буоларын туһугар кыһаллыахтара диэн. Чэпчэҕэ киһи чэпчиир, соҕотоҕун олорон олоҕун саныыр, саҥа соруктары толкуйдуур, ким ааҕар, ким сиэп сэлэспэтин (суотабай төлөпүөн) көрөр, онон чэпчэ сылаас, ыраас буоллаҕына – киһи кэрэни, сырдыгы толкуйдуур дии саныыбын. Оттон чэпчэ кирдээх, сыта-сымара куһаҕан буоллаҕына, биллэн турар, оннук сиртэн киһи кыйаханар эрэ. Оттон кыйаханар киһи куһаҕан дьайга түргэнник ылларар.

– Айан суолугар кэрэх мастар, тохтобуллар бүтүннүү бөҕүнэн-саҕынан көмүллүбүт буолааччылар. Маныаха эн туох санаалааххын?

 Чэпчэҕэ сыһыан бөҕү-саҕы кытта ыкса сыһыаннаах. Киһи соҕотоҕун чэпчэ иһигэр хайдаҕый да, бөххө сыһыана эмиэ оннук буолар. Өрүү кирдээх чэпчэҕэ сылдьар киһи, бөҕү-кири аахайбат, буолуохтааҕын курдук ылынар. Оттон ыраас сылаас чэпчэҕэ сылдьар киһи – туттунар, бэйэ бодотун тардынар. Оннук киһи тула өттүн ыраастыы, сааһылыы сатыыр. Төһөнөн итинник дьон элбэҕий да, соччонон тула өттүбүт ыраас буолар. Манна эбии сиэрдээх буолуу баар буолуохтаах. Оттон сиэри-туому сокуон эрэ буолбакка, сүрүннээн, өбүгэ үгэһэ иитэр-такыйар. Ону судургутук  Итэҕэл диибит. Тула өттүбүт барыта кир-хох, ол аата, сахалар Итэҕэлбит таһыма оннук. Онон бары бэйэбитин тардыныахха, сааһыланыахха, толкуйдуохха уонна сиэрдээх олох Итэҕэлин саҕалыахха диэн этиэм этэ.

– Айылҕа харыстабылыгар киирдэххэ, ойуурбут умайарын быыһыгар, сири-буору аннынан кытайдар хоро таһан бүтэрэн эрэллэр диэн истэбит. Эн туох дии саныыгын?

 Кытай дьонунан куттааһын баар суол, ол иннинэ нууччалар кэлэн, барытын ыһан-тоҕон айбардыахтара диэн баара. Саха дьонун Хотугу Муустаах байҕалга үүрүөхтэрэ диэн. Биллэн турар, итинник сэрэнии баар буолуохтаах. Ол эрээри онон олус үлүһүйэр сөбө суох курдук. Сахалар, бастатан туран, бэйэлэрин икки ардыгар эрэбиллээх уонна эйэлээх буолуохтаахтар. Оччоҕуна иллээх буолуохпут. Иллээх буоллахпытына, ил тула мустан, хас сырыы аайы хайа да кыһалҕаны тулуйар уонна кыайар буолуохпут. Бу күҥҥэ диэри иллээх буолан, тыһыынчанан сыл тухары кыайан, бэйэбит тыллаах-өстөөх, сирдээх-уоттаах кэллибит. Бу кэлэр кыһалҕалары сөпкө өйдөөн, ырытан, бииргэ кыайыахпыт диэн эрэллээхпин. Саха – күн киһитэ, айыы оҕото, онон биһигини Айылҕа таптыыр, Таҥара өйүүр, бэйэбит эрэ ыһыллыбакка, кыыһырсыбакка, өстөспөккө олоруохтаахпыт.

– Байбал, сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтанабын.

Сэһэргэстэ Туйаара СИККИЭР.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Саха киһитэ сахатын инникитин туһугар кыһаллара хайҕаллаах

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением